Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Саатар кинилэр дьоллоох буоллуннар”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Саатар кинилэр дьоллоох буоллуннар”
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
04.03.2019 11:07
Бу сырыыга кини өссө эрдэлик дьиэтин булбута. Тапталлаах доҕорум түүн икки чаас буолуор диэри суох эбититтэн туох санаа киирбэтэҕэ баарай. Туохха түбэстэ дуу, кырбанна дуу? Чэ, барыта этэҥҥэ, идэтинэн, дьиэтин син булар ини диэн, алы гына сатыы олордохпуна, аан субонуога өрө тирилии түспүтэ. Мин хаһан ааҥҥа тиийиэхпэр диэри лүҥсүйүү буолла. Аан нөҥүө бэрт билэр саҥам иһиллэр курдук. Бу дьолбуун! Тыыннаах! Арыйбытым, букатын билбэт киһим турар. Киниэхэ бэрт нэһиилэ атаҕар уйуттар буола туруктаммыт эрим өйөммүт аҕай. Арыгытын сытыан! Анараа киһи: – Үтүө түүнүнэн, дамочка! Бу “баайгын” хомуй уонна харчыгын төлөө, – диэт, киһибин үҥүлүтэн кэбистэ. Өр соһуоккаласпыт бадахтаах. Ньиэрбинэйдээбитэ өтө көстөр. Мин хантан ылбыт күүһүм буолла, нэһиилэ да буоллар уйукпун булан, эрбин өйүү тутаат: “Төһөнү биэриэхтээхпиний?” – диибин. – 2000! Таксиспын, куруусчутунан наймыыласпатаҕым. Хайыамый “баайдаах” киһи, “баһаалыста, тохтуу түс дуу” диэт, киһибин хоспор соһобун. Ороҥҥо сытыараары гыммыппар киһим бөлүөхсүбүт куолаһынан өссө саҥарар: «Варя, кэлиэ суохтаах этим! Чэ, бэйэҥ Олегка бар! Истэҕин да?” Итириги кытта балкыһа турар кэм суох, суорҕанынан бүрүйэ тардаат, харчы булан, таксиска төлөһө тиэтэйэбин. Эрбин аҕалбыт аанньалым төлөбүрүн ылаат, үтүөнү баҕарда. “Бу абааһы үлэтиттэн уурайбыт да киһи баар ини!!” диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ кирилиэһинэн түһэ турда. Киирбитим, киһим муннун тыаһа муораҕа тиийбитэ быданнаабыт. Арыгы дьаарыгар тумнастар санаа суох. Сыттыкпын ылан, көстүүнэйбэр көһөбүн. “Сарсыарда туран тугу-тугу туойбутун туоһулаһыам” диибин. Түһээн, арай арҕахха киирбиппин. Тыатааҕы мунна субу сирэйим иннигэр ыарахан-ыараханнык тыынар. Ким кыыл аһа буолуон баҕарыай, сүрэҕим бип-битигирэс. Арай онтум бөтөн барар. Мин: «Ээ, хата, тот эбит», – диэхчэ буолан иһэн, уһуктан кэлэбин. Эрим буолуохсут миэхэ сирэйинэн буолан, тобуктаан олорор эбит. Тугу эрэ саҥара сатыыр да, ис хоһооно дьүүлэ-дьаабыта иһиллибэт, бөт да бөт буолар. – Туох буолла, Митя? – Кэпсиэм, “кхх” (бөтөр да бөтөр) Ас суох да? – бүтэҥи куолаһынан ыйытар. Дьэ, аһыы олорон кэпсиир оҕотун кэпсээбэт дуо?! Олег диэн доҕору булунан, бэҕэһээни супту арыгылаабыттар. Суотабайын батарыайата олорон, эрийбэтэх үһү. – Бөлүүн миигин тоҕо ол Олегкар ыыта сатаатыҥ? – ыйытыах буолбуппун ыйытабын. – А! Арба, мин эйигин Олегка биэриэх буолбутум этэ! – диир уонна тугу эппитигэр суолта биэрбэккэ, халбаһылаах килиэбин мотуйа-мотуйа тэлэбиисэртэн хараҕа арахпат. – Ол хайда-ах... ойоххун... биэрэҕин?! Мал үһүбүн дуо, ол?! – төһө да өһүргэннэрбин, дьээбэлэнэригэр бүк эрэллээх ыйытабын! Ыстыырын быыһыгар: – Тугу этэҕин? А! Суох, бэҕэһээ олус хотторбут этим. Хайдах эрэ оннук тахсан хаалбыта. Бырастыы, эр киһи биир тыллаах. Билигин эн кини дьахтара буолаҕын. Олег диэн, билэҕин, П-й диэн баара дии, өйдүүгүн? – Билиминэ! – олох да дьээбэлэммэтин өйдөөн, тулуйарбыттан ааһан, куолаһым сыыйа улаатан, хаһыыга кубулуйан барар. – Кини мин
көмпүүтэрбин оҥорон биэрбитэ, миигин эн киниэхэ илдьэ сылдьыбытыҥ. Онно билсибиккит кинилиин! Киһим хаһыытыыбын эрэ суох, ымыр да гыммат. Муҥ саатар киһи кэпсэтэр диэн, хайыһан абыраабат. Тугу булан ылаары, куолаһым уоҕа-кылына астан барар. Эрим туһунан тугу саныырбын, олохпун алдьаппытын, ыраас иэйиибин сиргэ-буорга тэпсибитин, арыгылыыра итээн өссө эр дьоҥҥо биэрэргэ санаммытын барытын ахтабын. Оттон кини... баҕайы баара, эн ытаа да ыллаа, сарсыардааҥҥы уочараттаах сериалыгар бүтүннүү киирэн баран олорор буоллаҕа үһү. Кэлэйбитим, хоргуппутум бэрдиттэн, салгыы саҥарар кыахпыттан матан, чуумпутук чымадаанын хомуйан аҕалан, аттыгар ууран биэрэбин. – Үлэҕэр бардыҥ да? – Митя бэрт холкутук, туох да буолбатаҕыныы, ыйытар. – Үлэбэр буолумуна! Нэдиэлэ биэс күнүгэр үлэлиибин! Арай эн таах олороҕун. Эн да бу күнтэн үлэ буларыҥ уолдьаста. Түксү!!! Эйигин иитэн-аһатан бүтэбин. Малыҥ бу баар!! Кэлэрбэр суох буолуоҥ диэн эрэнэбин, – диибин. Киһим сол да тэлэбиисэрин көрбүтүнэн олорон, өс хоту төбөтүн тоҥхох гыннарар. * * * Дууһам, иһим бүүс-бүтүннүү хаппыт курдук. Ытыыр да, атыны толкуйдуур да кыах суох. Хаҕым эрэ саллаҥнаан сырыттым. Дьиэбэр кэлбитим, эрим буолуохсут суох. Ким да суоҕун туһанан, ороммор умса түһэн, дьэ, ханна эрэ хаатыйалана сылдьыбыт хараҕым уута, саба халыйан кэлэн, саҥа таһааран марылаан барабын. Чаас аҥаара ааспата, сэниэм бүтүннүү эстэн, муннубун өрө сыҥа сатыыр ухханыгар сыттым. Төбөм дыҥ курдук. Утуйуом баара дуо, аспыт харахпын саппатым. Ийэм наар миэхэ “дьэ, булан-булан булаҕын ээ” диэн, кавалердарбын саҥарар буолара. Дьүөгэлэрим да онно сөпсөһөллөрө. Онон бу хобдох, сааттаах түгэни кэпсээн, “буруйдаахпын” чиҥэтинэр санаа суох. Онто да суох: “Сэрэтэ сатаныллыбыта! Истибэтэҕиҥ”, – диэн харда кулгаахпар иһиллэргэ дылы. Сатахха, үлэбэр баран аралдьыйыахпын, өрөбүлүм. Бу да буолларбыт, эрим өйдөөх күннэригэр, иккиэн бииргэ атаарар буоларбыт маннык өрөбүллэри... Ханна кэбэлийбитэ буолла? Соҕотоҕун тахсан хаамыахпын баҕарбаппын. Тэлэбиисэри ончу көрбөт идэлээхпин. Кинигэбин ааҕыахпын – бүтэрбитим. Көмпүүтэр диэн баар этэ, арба! Эмискэ ити тылтан Олегы санаан кэлэбин. Бээрэ, ол киһи визитката миэхэ баар этэ... “Итинник буолар буоллаххытына, эһиэхэ үчүгэй аҕайдык бэйэбин биллэриэм. Собус-соруйан баҕатын хоту, бас бэриниэм. Абатын-кыһыытын. Че мне терять?!» – диэн атаҕастаммыт дьахтар акаары санаата саба халыйан кэлэр. Өсөһүм да дэлэ, хараҕым анна көҕөрө быһыытыйбытын, ытаан-ытаан бүтэйэ оспут харахпын чөлүгэр түһэрэр, тупсарынан аатыгар түһэбин. Оҥостон олорон, бэрт кыһамньылаахтык уһун кыламаммын тууштанабын. Бүгүүрэбин тупсарар саамай барсар быакагар былаачыйабын ыскааптан булан таһааран, өтүүктүүбүн. Эрбэр ыарыылаахтык иэстэһэр санааны ылынан, дьахтар киэнэ талбата буола оҥостон, эрчимнээхтик ааммын аһан, таһырдьа тахсабын. *** Киһим өр күүттэрбэтэ, аан арылла түстэ. Олег, кырдьыгынан эттэххэ, дьахтар сирбэт барахсана. Бөгүүрэтэ, бүрүчүөскэтэ да, орун-оннугар. Күөх арылхай харахтаах. Умус уонна күөрэйимэ диэх курдук: манныгы дьахталлар сөбүлүүбүт. Боруогу ситэ атыллаабакка да туран, өһөспүт дьахтар киэбинэн,
тута кутан-симэн барабын: – Олег диэн эн да? Оттон мин Варябын! Митя миигин эйиэхэ ыытта. Кэллим!! – Эн?... Варяҕын? Баспыттан атахпар диэни өрө көрөн таһаарар. Хараҕар мыыммыта өтө көстөр. Дьахтар киһиэхэ ити көрүү өссө эбии буораттар да, улуу өһөспөр көрөн баран турабын. Киһим, мэктиэтигэр, турар сиригэр тэпсэҥэлээн ылла. Бу сүүйүүтүн кини хайдах гынан туһаныан дуу, туһанымыан дуу саараабыттыы, мух-мах буолар: – Бырастыы гын, бырастыы гын... – диир. – Хайа, оттон киллэрбэккин да, бу дьиэҕэр? – диибин. – Ээ, киир оттон... Киир. Хоһун кыл түгэнэ кэриччи көрөн ыллым. Соҕотох эр киһи олорор дьиэтэ диэтэххэ, хата, кимнээҕэр хоп курдук, ыраас, сырдык. Бу киһи, ама, дьахтары арыгыга “атыылаһыар” диэри итириктиир буоллаҕа дуу диэх курдук. Олег дьыбаан диэки ыйан баран, бастакынан бэйэтэ “лах” гына олоро түстэ. Икки-хас мүнүүтэ хайабыт да, туох диэнтэн саҕалаан кэпсэтиэхпитин билиминэ, бэйэ-бэйэбитин үөрэтэрдии утары көрсөн олордубут. Кини мунаахсыйбыт дьүһүннээх. Мин хаһан арыгыга “атыыламмытым” баарай, оннук баарын, дьахталлар хайдах быһыыланалларын толкуйдаан да көрбөт этим. – Пиибэ иһиэххин баҕараҕын? – эмискэ ыйытар. Табыгаһа суох балаһыанньаттан тахсар суол син тобуллар эбит. – Суох! – хардарабын, – мин испэппин. – Олох испэккин дуо? – соһуйар. Кини холуочуйуу туруга балаһыанньаны сымнатыа диэбитэ, атын буолан хомотто бадахтаах. Бэйэм да табыгаһа суох балаһыанньаттан ыксаан, соруйан: – Ханныгый? – Туох? Ээ, пиибэ дуо? Билигин көрүөм! – Олег сүр чэпчээбиттии, куухунатыгар ойор. Бэрт сотору сурунаал остуолугар икки бакаал, сокууска баар буола түһэр. Киһим куолайа хаппыт дуу, бэрт тиэтэлинэн биир омурду “кылк” гыннаран кэбиһэр. – Тугунан дьарыктанаҕын? – ыйытар. – Мультиктары уруһуйдуубун, – диэт, боруобалаабатах аһым да буоллар, кыратык сыпсырыйдаҕа буолабын. – Үлэҕин ыйытабын ээ. О, эмиэ. Ким да мультик уруһуйдьутун дуоспуруннаахтык ылыммат үгэстээх. Ону баара, бэл, билигин аныгы технология сайдыбыт үйэтигэр үгүс сыраны, эппиэтинэһи ирдиир идэ. Чэ, саҥа истэрим буоллаҕай бу ыйытыыны. Кыһыылаах, биллэн турар. Маннык олоруохпут дуо диэн, интэриэһиргээн кэлбит боппуруоспар сыыйа иэҕэн барабын. – Олег, баһаалыста, эт эрэ, эн хайдах маннык олоххо, сыаннаска тиийэн хааллыҥ? – туох да кирдээххэ умньаныа суох курдук күөх чээлэй хараҕыттан көрүүбүн халтарыппакка олорон ыйытабын. Олег дириҥник өрө тыынар: – Бука диэн, бырастыы гын дуу, Варя. Олус толоостук тахсан хаалла! – Сөпкө этэҕин. – Чэ, кэпсиим. Өйдүү сатаа дуу миигин. Мин кыыстаахпын... этим. Хм, эмиэ Варя диэн. Кини ханнык эрэ Дималааҕын эппитэ. Кинилэр эһиги дьиэҕитигэр олороллор... Митя миэхэ кэлбитигэр, испиппит. Митя олоҕун, бэйэтин Варятын, ол эбэтэр эн тускунан кэпсээн барбыта. Ону, мин акаары, мин Варябын этэр диэн өйдөөбүтүм. Арыгылаан быһа сытыйбыт мэйиибинэн, иэстэһэргэ санаммытым. Кырдьыгынан эттэххэ, Митя тута сөбүлэһиэ эрэ дии санаабатаҕым. Ону
баара, бэйэҥ билэҕин, сөбүлэспитэ. Бырастыы гын, эйиэхэ бу маны истэриҥ судургута суоҕа буолуо. – Ньучубуо, арааһы истэ үөрэммитим. Ол аата, эн этэргинэн, Варяҥ биһиги дьиэҕэ олорор? – Оннук. Олороллор. Киһитин эрэ көрө иликпин. Олег, пиибэ испиччэ, тыла өһүллэн, тапталлаах, кинини бырахпыт Варятын туһунан саас-сааһынан кэпсээн киирэн барбыта. Истэ олорон эмискэ аттынааҕы кыбартыыраҕа биир кыыс олорорун, эр киһилээҕэ көстүбэтин, арай куоскалаах эрэ эбитин санаан кэлбитим. Куоската мин болкуоммар киирэрин иһин, ас уурар идэлэммитим дии! Димуля диэн ыҥырар быһыылааҕа. Ыйытабын: – Олег, арай мин оннубар Варяҥ кэлбит буоллун, хайыаҥ этэй? – Ох, Варь.. тугу кистиэмий, ханна да, кимҥэ да ыыппаттыы хам кууһан ылыам этэ... Дириҥник өрө тыынаат, бэлиэр иккистээн куттубут бакаалын биирдэ хантас гыннаран кэбиспитэ, саҥаны куттан киллиргэппитэ: – Дималаммытын да бырастыы гыныам этэ. Истэҕиэн, мин кинини таптыырым бэрт! Кинини сүтэрэн, абааһы аһыгар ылларан буорайаары гынным. Санаабар, син чэпчиир курдукпун. Мин эрчимнээхтик ойон турбутум. Олег: – Ханна бардыҥ? Кэбис, эйиэхэ куһаҕаны оҥорбоппун, тыыппаппын. Эйиэхэ санаабын сайҕардан, кэпсиибиниий. – Миигин күүт. Ханна да халбарыйыма. Мин бэрт сотору Варяҕын аҕалыам дии саныыбын. Эн, истэҕин дуо, олох иһимэ! Иһимэ, сөп дуо? – диэт буутум быстарынан аан диэки тэбиммитим. Табыллар быатыгар, анаабыт курдук, ыалым кыыһы уун-утары көрсө түспүтүм. Таайтарыылаахтык мичээрдээт, киниэхэ Олег олус-олус таптыырын эппитим. Кини хаастарын түрдэс гыннараат: – Олег? Эн кинини... миигин хантан билэҕин? – улаханнык соһуйбута. Мин били визитканы ороон ууммутум. Кыыһым ону ыларыгар тарбахтара салыбыраан ылалларыттан сылыктаатахха, олус долгуйбут этэ. Таптыыр эрэ киһи итинник буолуон сөп. – Варя, көмүһүөм, бара оҕус. Эйигинэ суох киһиҥ буорайар. Кини эйигин олус таптыыр, – диэн баран, тиэтэтэрдии уулусса диэки хайыһыннара анньыбытым. Кыысчаан хараҕа уулана түспүтэ, тугу эрэ саныырдыы, ырааҕы одуулаат: – Олежка, Олежка... мин сип-сибилигин, – диэмэхтээбитэ. Суол устун сүүрэ турбута. Мин хаһан да бэйэбиттэн маннык астымматах киһи, бу түгэҥҥэ олус дьоллоох уонна наадалаах киһи курдук санаммытым. Бэйэм олоҕум сатамматаҕын аатыгар, саатар, бу икки бэйэ-бэйэлэрин олус таптаһар эрээри сыыһа өйдөспүт дьоҥҥо үтүөнү оҥорбуппуттан дуоһуйбутум. Баҕар, мин да хаһан эрэ дьиҥнээхтик таптыыр киһибин көрсүөм, бэйэбэр бэйэм көмөлөһүөм дии санаабытым. Варя бакыаттаах дьиэлээн испитин санаан, “оо, куоската аччыктыыр буолбут. Дьоллоох дьон кинини умналлара чуолкай” диэт, дьиэбэр тэбиммитим. ЮГ суруйуутуттан көҥүл тылбаас. Тапталина.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан