Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыл сэтэ-сэлээнэ киһиэхэ бэйэтигэр тиийиэн сөп

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыл сэтэ-сэлээнэ киһиэхэ бэйэтигэр тиийиэн сөп

K
23.11.2023 16:24
«Что отправите в пространство, то и вернется!» – гласит вечный Закон Бумеранга      Соторутааҕыта улаханнык ытыктыыр, мэлдьи сылдьар, сүбэлэтэр-амалатар, ыраастатар, арчылатар ытык киһибин кытта бу тиэмэҕэ уһуннук, киэҥник ырытан кэпсэттибит. Уһун түүнү быһа сандалы остуол тула олорон, үүттээх чэй иһэ-иһэ, араас сиэртэн-туомтан саҕалаан кэпсэтиибит, дьэ, бу тула иэҕилиннэ. Мин урут кинилиин билсиэм иннинэ, ыраахтан толло көрөр, саллан чугаһаабат киһим этэ. Тоҕо диэтэххэ, мээнэ киһи буолбатах, сахатын дьонугар аата-суола киэҥник биллэр. Кини аатын элбэх киһи ааттаан-суоллаан, көмө көрдөөн кэлэр, сүбэ-соргу ылар, кыһалҕатын быһаартарар. Урут толло көрөр киһим, чугастык билистэххэ, боростуойа сүрдээх буолан биэрдэ. Кини норуот эмчитэ, уйулҕа үөрэхтээҕэ, мэдиссиинэ идэлээх.        Дьиэтээҕи үлэлиир остуолугар илиинэн уруһуй­даммыт хайа эрэ сир хаартата уонна хаартыска сытар. «Бу тугуй?» – диэн ыйыппыппар «сүппүт киһини көрдөтөллөр, турукпар кыайан киирбэккэ сылдьабын, ол иһин бакаа ылса иликпин» диэн быһааран биэрдэ. Хас да сыл­лааҕыта икки киһи сүп­пүтүгэр, мин киниэхэ төлө­пүөннээн ыйыталаспыппар «наһаа элбэх киһинэн көрдөппүттэр, ол түмүгэр эниэргийэ ыһыллыбыт, онон кыаллыбат» диэн турардаах. Духуобунай иитиллиибит тиийбэт      Билигин, сиэр-майгы сатарыйбыт, олох сыаннаһа түспүт кэмигэр, биһиэхэ, саха дьонугар, духуобунай өттүнэн олоҕу көрүүбүт тиийбэт дии саныыбын. Сиэрэ суох мээнэ тыллаһыы, ордугурҕааһын, бэйэ икки ардыгар бэрт былдьаһыы, дьону сиилээһин, бэйэҕэ тэҥнээбэт буолуу, атаҕастааһын, албыҥҥа үктэтии, дьону кыыллыы кэйгэллээһин, содур быһыы – бу барыта иэстэбиллээҕин саха куттаах-сүрдээх киһи барыта билэр суола.    Дьэ, итинник этэн туран, мин кини сүбэтин уонна тугу кэпсээбитин эһиэхэ тиэрдэ сатыам. «Миэхэ олоххо араас кыһалҕаны көрсүбүт дьон кэлэллэр, онно кинилэри көрдөхпүнэ, тула өттүлэрэ харааран, үгүстэригэр дьон тыла-өһө иҥмит буолааччы. Тыл киһини эмтиир эбэтэр ох курдук киһи кутугар батары саайыллан түһэр» диэн кэпсиирин быыһыгар быһаарар.    Кини иннигэр оллоонноон олорон, тарбахтарбын күлүүстүү туттан, тобукпун тобукпар ууран олорорбун таба көрөн: «Өй хаата эбиккин. Хайдах харыстанаргын бэйэҥ да билэр эбиккин», – диэн кэпсиирин быыһыгар, мин хайдах туттан-хаптан олорорбун кытта бэлиэтии көрөр.   Сиэри таһынан тылласпыта оҕолоругар тиийбитэ      Сорох оҕолоох ийэлэр наһаа кэрээнэ суох тыллаах-өстөөх буолаллар. Мин онтон олус дьиксинэбин. Эдэр да, кырдьаҕас да ийэлэр кыыһыран, тымтан туран мээнэ саҥараллара элбэх буолааччы. Оннук биир дьахтары билэбин. Миигин кытта биир дэриэбинэҕэ олорбута. Оччолорго соччо аһылла илик этим. Ол эрэн сүрэхпинэн-быарбынан сэрэйэрим, айылҕаттан туох эрэ айдарыылаахпын.    Ол дьахтарым үс кыыстааҕа. Оҕолоро оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэллэрэ, холобурга сылдьар, оскуола бастыҥ актыбыыстара этилэр. Кини ыалтан ыалы кэрийэ сылдьан, наар кыргыттарын үчүгэйин кэпсээн тахсара. Хайа эрэ ыал оҕото күүлэйдиирин эбэтэр кэргэнэ суох сылдьан оҕоломмутун иһиттэҕинэ, наар ол ыалы күлүү гынан кэпсээн, бэйэтин кыргыттара хаһан да итинник суолунан барыахтара суоҕун туһунэн бэриэт этэн кэбиһэр идэлээҕэ. «Хайыы, кыргыттардаах киһи, оҕолоруҥ иннилэрин быһа саҥарымарыый», – диэн буойан эттэхпинэ, сүгүн истибэт этэ. Ол кэдэрги быһыытын, оҕолоро улаатан киһи-хара буолуохтарыгар диэри син биир бырахпатаҕа. Аны туран, саҥарар саҥата, туттар тыла барыта кырыыс аҥаардаах буолаллара. Куһаҕан кэмэлдьилээх киһи, ол итэҕэһин хаһан да билиммэт эбит.    Кыргыттара, кырдьык, киһи киэн тутта көрөр оҕолоро этилэр. Оскуоланы эр-биир бүтэрэн, утуу-субуу үрдүк үөрэххэ киирэн, ийэлэрин өссө үөрдүбүттэрэ. Үлэһит буолан, атын сиргэ үлэҕэ анатан, ийэлэрин аттыгар биир да оҕо хаалбатаҕа. Ол да буоллар ийэлэрэ кыргыттара хаһан ыал буолалларын кэтэһэр эрэлэ хойукка диэри уостубатаҕа. Хомойуох иһин, бастакы кыыһа массыына саахалыгар түбэһэн, олохтон хомолтолоохтук туораабыта. Иккис кыыһа арыгыһыт киһиэхэ эргэ тахсан, ол киһитин батыһан, бэйэтэ эмиэ иһээччи буолбут этэ. Оттон үһүс кыыс олоҕун оҥостубакка, сааһыран, билигин соҕотоҕун олорор.    Ийэлэрэ кэлин кырдьан, ыарыһах буолан, ыараханнык ыалдьан, сиэн минньигэс сытын билбэккэ бу Орто дойду олоҕуттан күрэммитэ. Олохтон барыан иннинэ миигин ыҥыртаран ылан, кэмсинии бөҕөтүн кэмсиммитэ. «Оччолорго эн сөпкө да этэ, буойа сатаабыт эбиккин, бириэмэтигэр эн ыллыктаах тылгын истибэтэхпин. Миигин, саатар, эн бырастыы гын. Айылҕаттан талааннаах айдарыылааххын истибитим», – диэбитэ, ытаабыта-соҥообута, кэп туоммута.    Онон саҥарар тыл эмиэ иччилээх диэм этэ. Саҥарар саҥаҕытын, этэр этиигитин толкуйдаан, ырыҥалаан көрөн баран биирдэ саҥарар буолуҥ. Этиллибит тыл дириҥ суолталааҕын умнумаҥ. Ордук оҕолордоох, сиэннэрдээх дьон, тылгытын кыана туттуҥ. Бу сир үрдүгэр киһи аймах баарын тухары этиллэр тыл суолтата син биир сүппэт.   Харысхалы сатаан туһаныахха      Биһиги, саха дьоно, ону-маны итэ­ҕэйбэппититтэн онно-манна түбэһэрбит баар суол. Ол эбэтэр, аһара бардам, ньоҕой майгылаах буоламмыт эбитэ дуу... Бэйэбит икки ардыбытыгар наһаа бэрт былдьаһабыт, улууһунан хайдыһабыт, биир эмэ үчүгэй, кыахтаах киһи үөһэ тахсаары гыннаҕына, атаҕыттан аллара соһон түһэрэбит, кини эрэ биһигиттэн ордубатын диэммит. Дьэ, ити төһө сөптөөх быһыыный? Ити түктэри майгыбыт, биһиги кэлэр көлүөнэбитигэр охсуулаах буолуоҕун, ама, өйдөөбөт буоллахпытый? Ити эмиэ барыта тыл, санаа күүһэ эбээт!    Биирдэ чугастык билэр киһим төлөпүөн­нээн, туох кыһал­ҕа­лам­­мытын кэпсээбитэ. Тэлэбиисэргэ анал биэриигэ ыҥырыллан, быһа эпииргэ тахсыбыт. Ол кэнниттэн аҕыйах хонон баран, көхсө күүскэ ыалдьан, түүнүн сүгүн утуппатах. «Наар көхсүм ыалдьа сылдьар буолан хаалла, урут хаһан да маннык ыалдьыбат этим», – диир. Ону истэн баран, мин тугун-ханныгын билээри, дьиэбэр ыҥырдым. Арай, киһим киирэн истэҕинэ көрбүтүм, доҕоор, сүрэҕин туһаайыытынан ох саа оноҕоһун курдукка майгынныыр баҕайы ыксары хатанан баран сылдьар эбит. Ону көрөн, соһуйаммын, хаһыыра түстүм: «Хайа, бу туох сылдьарый?!» – диэммин. Киһим, дьэ, айакалаан-дьойоколоон киирбэтэ дуо... Өр мучумааннаһаммын киһибин ыраастаатым, арчылаатым, алҕаатым. Ол кэнниттэн киһим туруга, харахтан сыыһы ылбыт курдук ааһан хаалла. Ону ким итинник ыыппытын биллим, сэрэйдим эрээри, киһибэр эппэтим. Мэктиэтигэр, бэйэтэ да соһуйда «тугум да ыалдьыбат буолла» диэтэ. Кини, эмиэ Үөһээттэн бэриллибит айылгылаах киһи, мээнэ киһи буолбатах. Биһиги, баардаах дьон, бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэбит, наада буоллаҕына, көмөлөсүһэбит.    Уопсайынан, хас биирдии киһи бэйэтин тас дьайыыттан, дьон тылыттан-өһүттэн көмүскэнэ сылдьыахтаах. Ол курдук, сөптөөх харысхалы кэтэн харыстаныахтаах. Кыра буоллун, эмэн буоллун. Туохха эрэ син биир итэҕэйэр күүс баар буолуохтаах. Онтон ол ордугурҕаан «куһаҕан харахтарынан көрбүт, быртах санааларын» тиэрпит, иҥэрбит буоллахтарына, ол бэйэлэриттэн, чугас дьонноруттан, оҕолоруттан-урууларыттан син биир иэстэбиллээх буоларын билиэхтэрин наада.   Киһи киһиэхэ куһаҕан дьайыытын туһунан      Миэхэ элбэх киһи ыраастана, киртийии, кырыыс туһунан ыйытыктаах үгүстүк кэлэр, сүбэ-ама ылар.    Чараас эйгэҕэ саамай боростуой, мин санаабар, киһини «быһа этии, быһа көрүү» диэн орду­гурҕааһынтан (сглаз) тахсар. Киһини сөбүлээбэт хараҕынан көрүү-истии, куһаҕаннык, өһүргэтэрдии саҥарыы – бу барыта куһаҕан дьайыылаах. Итини киһи бэйэтэ сэниэтэ суох буоларын, мэйии эргийиитэ, настарыанньа алдьаныыта курдуктартан сэрэйэн билиэн сөп. Маннык туругу биһиги испитигэр иитиэхтии сылдьыбакка, ону куруук саныы сылдьыбат буоллахпытына, түргэнник (биир нэдиэлэ иһигэр) ааһан хаалар. Эбэтэр дьиэҕэ бааннаҕа киирэн ити турук ааһарын курдук саныы-саныы уунан соттон, ыраас ууну кытта «энэргиэтикэлээх кири» ыытан кэбиһиҥ. Өскөтүн олорор дьиэҕэр дуус суох буоллаҕына, уоскуйан олороҥҥун, санааҥ күүһүнэн дуустанар курдук сананнаххына, эмиэ ааһыан сөп. Ити барыта «чараас» кир, онон түргэнник ааһар.    Буортулааһын (порча) киһи этигэр-хааныгар күүскэ куһаҕан дьайыыны соруйан оҥорортон, «өстөөх, өстүйбүт» киһиттэн кэлэр. Бу – бэйэтинэн ааспат турук, хастыы эмэ сыл сылдьыан, эбэтэр киһи биир эмит уорганын алдьатыан, ыарытыан сөп. Ону сатаан устар, итинэн анаан-минээн дьарыктанар дьоҥҥо уһултарыахха сөп. Маннык анаан «оҥоһуллубут» ыарыылар эмкэ бэриммэттэр, киһиэхэ олус сэрэхтээхтэр. Сорох «буортулааһын» дьон өйүгэр-санаатыгар оҥоһуллар буолан, куһаҕан санааҕа, утуйбат буолууга, бэйэҕэ тиийиниигэ кытта тиэрдиэхтэрин сөп. Сороҕор эр киһини кыаҕа суох, оттон дьахтары оҕоломмот буолууга эбэтэр араас искэн ыарыытыгар кытта тиэрдэр. Маны устарга таҥара дьиэтигэр эбэтэр анал устар, ыраастыыр дьарыктаах исписэлиистэргэ (экстрасенс, ойуун) оҥорторуохха наада. Былыр итинник кырыыһы, «буортуну» оҥорсуу түмүгэр аҕа, ийэ уустара имири эстэр түбэлтэлэрэ элбэх буолар эбит.   Харыстанарга анаан      Киһи киһиэхэ куһаҕаны оҥордоҕуна эбэтэр куһаҕаны баҕардаҕына, бэйэтигэр уон оччонон кэлиэ диэн санатан туран, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаммытын хас биирдиибит хонтуруолланан, үчүгэйи эрэ саныы сылдьыахтаахпыт. «Үчүгэйгэ үчүгэй сыстар», «куһаҕаҥҥа куһаҕан кэлэр», онон хас биирдии киһи санаата ыраас буоллаҕына, элбэхтик бэйэ-бэйэҕэ мичээрдэһэ сырыттаххытына, хайдахтаах да кири-хоҕу эһиги эккит-сииҥҥит ылыныа суоҕа. Маннык күүстээх дьайыы аҕыйахтык көстөр.   Айылгылаах киһи сүбэтин тиэртэ, сурукка тистэ Саргылаана БАГЫНАНОВА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан