Кэпсээ
Войти Регистрация

Сайылыкка

Главная / Кэпсээн арааһа / Сайылыкка

K
22.02.2019 15:32
Сорохтор санааларыгар, тэлэбиисэргэ эрэ көрөр “кырасыабай” кэргэннэниэхпит диэн буолар. Ол санааларын толорон чороҥ соҕотох сылдьаахтыыллар. Оттон мин, пиэрмэ уола, дайаарка Маанньабын кимиэхэ да биэрбэппин. Урут миэнэ да буола илигинэ ким эрэ сэгэрим таһыгар тиийэн, этэн-тыынан бардаҕына, хайдах эрэ дьиэм иһигэр киирэн онтубун-мантыбын холустук тыыталларын курдук саныырым. Маанньам барахсан түөһэ, кэннэ мотолдьуйан бэрт да бэрт. Аны кыанара да оһуобай. Икки бөтүөн үүтү кыбыммытынан аа-дьуо хаамыталыыра. Тыа тырахтарыыһын хараҕар бу – хатыламмат кэрэ көстүү. Киһи-киһи араастаан таптыыр буолуохтаах. Көмөлөһөөрү гыннахха, күлэн саһыгыратара биир кэрэ түгэн. Мин диэки көрөн мичилийдэҕинэ, тыыммат да буола сыһабын. Маанньабыныын ыксалаһа иликпитинэ, дьэ, итинник көр этэ диэтэҕиҥ. Тыраахтар барахсаҥҥа олордон, дэриэбинэттэн бииргэ айаннаан кэллэхпитинэ “ама, мин саҕа дьоллоох бу Орто дойдуга баара буолуо дуо?” дии саныырым! Ол кэмҥэ тиийэн ылбыт киһи... Мин олордон иһэн, соруйан нэксиэлээх сиринэн салайан биэрэрим. Оччоҕо, били, түөһэ өрө мөхсөн ыллаҕына, көрүөххэ олус эриэккэһэ. Сороҕор оннук үөһэ-аллара сахсыллартан кычыгыланара дуу, хайдах эбитэ дуу, ис-иһиттэн минньигэс баҕайытык күлэн лыҥкынатан ыллаҕына, «соноҕоһум» чорос гынан эрэйдиир... Ол икки ардыгар пиэрмэбит кэлэ охсон хаалар. Абаккаран да хайыахпыный. Күнү да быһа маннык айанныах этим. Оо, аны ынаҕы ыыра – биир кэрэ көстүү... Сороҕор чохчойон олорон ыырын инниттэн көрөөрүбүн, титиик хайаҕаһынан кылахтат да кылахтат. Хата, устунан кылар буолбатахпар баһыыба. Хараҕым ол арыллан кэлэр кылбаҕар буутуттан арахпат. Бара турар, бара турар... Атын да эдэр ыанньыксыттар бааллар да, тоҕо эрэ мин Маанньабар тэҥнээх чугаһынан суох. Аны сороҕор күлүмэн саҕана мөхсөр ынаҕын төҥкөйөн туран эрэ ыыра биир туспа дьикти имэҥнээх көстүү! Кылгас халаата үөһэ таҕыстаҕына, чараас туруусугун сыыһа кытта көстөн кэлэр, ол аайы соноҕос обургу өрө мөхсө түһэр... Чугасаһар туһунан толкуйдуубун да, билиҥҥитэ туох да киирэ илик. Ол иннинэ аара суолга хаста да тыраахтарым алдьанна диэн, тохтотон ону-маны дойҕохтоһо сатаабыппын күлэн эрэ кэбиспитэ. Биирдэ ыанньыксыттар дьиэлэригэр «көлөм алдьанна, бүгүн хонноруҥ» диэн көрдөһөн муҥнаммыппын чугаһаппатахтара. Бохуот орону ханна хаһаанан сыппыттара буолла, ол баҕайыны туттаран баран, аан диэки ыйан кэбиспиттэрэ. Бүттэхпит ол... Ол күнтэн ыла «соноҕоһум» кинини көрдөҕүнэ, били, уруккутун курдук мөхпөт буолан испитэ. Күһүн “Маанньа ыалдьыбыт, ыҥыртарар!” диэн буолла. Мин ыксаан баҕынайан кэллим. Сирэйим-хараҕым турбута бэрдиттэн буолуо, киирбиппэр мичик гынна... Аттыгар оргууй кэлэн олордум. “Оҕом, чыычааҕым сыыһа!” эҥин дэтэлиэхпин баҕарабын да, саҥата суох олоробун. Ол олорон, сэрэнэн илиитин туттум. Кыыһым ону эрэ кэтэһэн сытаахтаабыт эбит! Минньигэс баҕайытык мичээрдээн ылаахтаабыта уонна хараҕын уута мөлбөйөн тахсан, иэдэһин устун аллара сүүрэн түспүтэ. Баччааҥҥа диэри хаайа сылдьыбыт этиэхтээх тылларбын барытын биирин да хаалларбакка сонно эппитим-тыыммытым. Таптыыбын диэн билиммитим, эйигинэ суох бу Орто дойдуга олорботох да көнө диэбитим... Бэс
ыйын 30 күнэ. Бу – дьылҕабыт бииргэлэспит күммүт. Сылын аайы бу күнү көтүппэккэ бэлиэтиир үгэстэммиппит номнуо онус сылбыт! Икки оҕобутун кытта чэйи күөгэлдьиччи иһэн, кэлэр кэскили ыраланар күммүт! Умнуллубат онус кылаас Онус кылааспын. Куораттан кэнсиэрдьиттэр кэллилэр. Эмиэ оскуола оҕолоро. Үҥкүүһүттэр, ырыаһыттар, муода көрдөрөөччүлэр. Ол күн дэриэбинэбит уу нусхал олоҕо биирдэ ытылла түспүтэ быһыылааҕа. Билигин санаатахха, көрүдьүөс да уолаттар эбиппит. Бииргэ үөрэнэр “сайдыылаах” уолаттар “пузырь наада буолла” диэбиттэрин “харыстанар эрэһиинэ” диэн өйдөөн “миэхэ хас да баар” диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыттаах. Оо, онно уолаттар күллүлэр да этэ. Мин эрэйдээх ол “пузырдара” диэн арыгы буоларын хантан билиэм баарай, атыны толкуйдуу оҕустаҕым дии. Ол күн «кэрэ да куолар баар буолаллар эбит ээ» диэн санаабытым. Эр санаабын киллэрдэхпинэ били күөйэр оҕотун баҕас кыайа тутар эбиппин. Кыыһы хайдах күөйэ-хаайа тутан ылбыппын бэйэм да билбэтэҕим, илиим-атаҕым бэйэтэ салаллар курдуга. Баҕар, икки өттүттэн туох эрэ үөскээн ыллаҕа дуу. Бастакы сыллаһыы, уҥа-таала куустуһуу, итии тыллары этии ол күн этэ... Массыыналара алдьанан хаалан хоммуттара. Түүнү быһа сылдьан сиэттиһэн хаамсыы кэрэ да этэ! Оччолорго хоонньоһор эҥин туһунан санаа саараама киирбэт. Бастакы таптал кутаата ол күнтэн умайан күүдэпчилэнэн барбыта быһыылааҕа. Төлөпүөнүнэн түүннэри кэпсэтэн төрөппүттэрбититтэн мөҕүллэрбит. Биир күн дьонум “кулгаахтыыллар”, сарсыныгар кини дьоно мөҕүттэллэрэ иһиллэр... Ити курдук күн аайы. Туох эрэ кэрэ мүөтү амсайбыт курдук сананарым. Били, ортоҕо эрэ үөрэр бэйэм куоракка олимпиадаҕа, ол аата Наташкабын кытта көрсөөрү, үөрэхпэр кыһаллыы бөҕөтө. Ким да миэхэ оннук күүстээх сыал-сорук туруора илик этэ эбээт! Ол күнтэн ыла миигин тосту уларытан кэбиспиттэрин курдук буолбутум. Спордунан дьарыктанан барбытым. Кистээн сүүрэр идэлэммитим. Тыыннаах таҥараламмытым. Олохпун барытын киниэхэ эрэ аныах курдук тиллибитим. Арыычча хамсанар бэйэм ол сыл оннооҕор мас тардыһыытыгар улууска киирэн, өрөгөйдөөн тахсыбытым. Ол – куоракка эрэ барар сылтах буоллаҕа эбээт. Биир үтүө күн эмиэ куоракка күрэхтэһэ киирэн, алдьанан таҕыстым. “Кэлиэм” диэбитин иһин хараҕым саала ааныттан арахпат. Кэриччи көрөбүн. Саҥардыы киирсэ тахсан иһэн тапталым буолуохсут атын уолу кытта убураһан чоллурҕатыһа олорорун көрөн, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум! Мэктиэтигэр, хааным хойдон барда! Кыыһырбыт омуммар, тардыһа киирбит уолу үрдүбүнэн элээрдэн кэбиспитим – эрэйдээҕим сыана анныгар төбөтүн оройунан барбыта! Иккистээн тардыспатаҕа. Быһа кыайыыны миэхэ биэрбиттэрэ! Онтон ыла ол кыыһы умна сатаан эрэйи көрбүтүм. Мас тардыһарбын бырахпытым... Тириэньэрдэр араас күрэхтэһиигэ илдьэ сатаабыттара да, бааһырбыт булт тэҥэ тохтоон хаалбытым. Онтон бэттэх кэрэ аҥаар туһугар санаам тосту уларыйбыта. Хараҥа, илээт эрэ курдук көрөр буолбутум. Ол аайы кэрэ аҥаар барыта быдьар буолан көстөрө. Кэлин үөрэнэ сырыттахпына, төттөрүтүн, мин сырсыам оннугар, хата, бэйэлэрэ сырсаллара. Быстах таптал Күлэн-үөрэн ытылла сылдьар кырасаабыссалар хайдах эмэ гынан чугаһыы сатаан
эрэйдэннилэр да этэ. Бу этии, дьиҥэ, соччо табыгаһа суох да буоллар, чахчы, оннук. Мин кыргыттартан хомойбутум күүһэ бэрдэ. Кими да итэҕэйбэт буолан хаалбытым. Ол быыһыгар, баҕар, биир эмэ истиҥ санаалаах кыыс баар да буолуон сөп, айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Сурук-саппыыска күнү көтүппэккэ кэлэрэ. Кэлбэт да киһитэ суох быһыылааҕа. Кимиэхэ эрэ элбэх, кимиэхэ эрэ аҕыйах дэнэрэ. Билиҥҥи курдук ватсап баара буоллар, төлөпүөнү туһаммат буолбутум ыраатыа эбит. Артыыс олоҕо күн аайы онно-манна тиийэн тиргиллии. Саҥаттан саҥа дьону кытта билсии-көрсүү, үөрүү-көтүү үрдэ суох эбит этэ. Бастаан утаа бу олох былыта суоҕун курдук кэрэтик көстөрө. Онтум баара... Сыыйа оннук олох салгытыылаах буолан барбыта. Үөрэхпэр хойутуурум хойдубута. Көтүтэрбин сөбүлээбэккэ, үөрэтээччилэр кыыһыраллара, мөҕүттэллэрэ. Биир үтүө күн ааны саппыт курдук, артыыстаан бүттүм диэн быһаарынным. Көр олохпун хайа тардан ылан, уматан кэбистим... Бибилэтиэкэ иччитэ буолбутум. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум онно сөхтүлэр да этэ. Өрүү күлэ-үөрэ күлүмүрдүү сылдьыбыт бэйэтэ ууну омурдубут буола түстэҕим. Сорохтор бара сатаан өссө “улаханнык ыалдьыбыт” эҥин диэн толкуйдаабыттара. Бииргэ “көрүлээбит” оҕолорум таҥнарыахсыт аатын иҥэрбиттэрэ. Мин онно эрэ наадыйбатаҕым. Күн аайы бибилэтиэкэҕэ кэлэн лиэксийэлэрбин толортуур буолбутум. Үөрэнээччилэргэ суох буоллаҕына, миэхэ эрэ баар буолан сороҕор доҕотторбун, кырдьык, ууга-хаарга түһэрэрим быһыылааҕа. Салгыы оннук көрдөөх олоҕу батыспыт ыччаттар билигин сорохторо буору булбуттара ыраатта. Ити курдук “көрдөөх” олох туохха-туохха тиэрдибэтэҕэ баарай... Эдэр баҕайы эрэттэр биллэр-көстөр дьон кырасыабай ойохторун кытта “сылдьыһаннар” умсубуттара элбэх. Бу үксэ көргө, аһыы утахха умсаахтыы сылдьан буоллаҕа дии. “Атынтан-атын сылаас тэллэххэ уһуктабыт...” диэн киһиргээн кэпсииллэрэ. Ойоҕо атынныын сытарын хайа киһи сөбүлүөй?! Биирдэ атаһым итирэн баран биир дьахтары кытта утуйан хаалбыттар. Эбиэт саҕана оҕонньоро киирэн кэлбит. Иккиэннэрин сылайыар диэри ныһыйбыт! Онтон сылтаан икки хараҕа көрөр-көрбөт буолан, инбэлииккэ тахсыбыта. Уһаабатаҕа: суолу туораан истэҕинэ массыына сотон ааспыта... Биир атаһым эмиэ күүлэйдээн баран кулууптан биир “сэмэй” баҕайы кыыһы кытта истэҕинэ, аара оҕонньоро массыынанан кэлэн иккиэннэрин түҥнэри көтүппүт этэ. Уол – тута, ойоҕо – инбэлиит... “Баардааҕа батарбат” аатырбыт атаһым кыыс бөҕөнү аймаан сылдьан, күҥҥэ икки-үс диэн ааҕар киһибит ыарыыга хаптаран, ол ыарыытын сүлүһүнэ кыайан, билигин киһи билбэт буола хатан, дьүһүн-бодо буолан сылдьаахтыырын кэпсээтэхтэринэ, сүрэҕим хаанынан ытыырга дылы. Биһиги көлүөнэҕэ бу курдук умсубут хара баһаам. Киһи барыта сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт курдук көстө сатаан биэрээхтиир. Хараҥачай киэһэҕэ хаһан да харбыаласпатах курдук кэпсэнэллэр... Кэлин... Көр олох мүөтүттэн батыммытым иккис сылыгар урукку тапталым киирэн кэлбитэ. Бастаан утаа иэйиим киирэн, сүрэхпэр сөҥмүт санааны хат тилиннэрэн испитэ. Бу барыта этим-сииним устун дьикти баҕайы сүүрээни сүүрдүбүтэ. Кэлэн тапталын кыайбатаҕын, билигин да саныырын, ахтарын этэ-тыына сатаабыта. Ол харах уулаах саҥаҕа чуут бас бэринэ сыспыппын өйдүүбүн.
Өй ылан, хата, син бэттэх кэлбитим. Бу күҥҥэ диэри кини туһунан тугу саныы сылдьыбыппын барытын аһаҕастык эппитим. Баары-баарынан, эбии кыраасканы туттубакка! Ол кэнниттэн чаас аҥаара саҥата суох олорбуппут... Барытын харахпытынан кэпсэтэн өйдөспүппүт. Кини да, мин да ол түгэҥҥэ этэрбит туох да хаалбатаҕа. Оннук саҥата суох олорон баран, тиһэҕэр тиийэн “саатар, доҕордуу хаалыахха” диэн буолбута. Доҕордуу. Ол күнтэн бэттэх саамай ыкса доҕорум – бастакы тапталым. Буркун.
kyym.ru сайтан