Кэпсээ
Войти Регистрация

Куттаан турардаах

Главная / Кэпсээн арааһа / Куттаан турардаах

K
30.11.2023 16:38
   Урут биһиги оскуолабыт аҕыс кылаастаах буолан, үрдүкү кылаастарга аттынааҕы дэриэбинэҕэ баран үөрэнэр этибит. Онно атын оскуолалартан эмиэ оҕолор кэлэр буоланнар, интэринээккэ сүрдээх бэһиэлэйдик олорон ааспыппыт. Ол эрээри биир түгэни олох умнубаппын.        Алта кыыһы биир хоско олохтообуттара. Бииргэ тиийбит кыргыттар биир хоско түбэһиэхпитин баҕарбыппыт да, кыаллыбатаҕа. Хоспутугар икки атын оскуола кыргыттара киирбиттэрэ. Олортон Еля диэн кыыс ончу саҥата суоҕа, кими да кытта улаханнык кэпсэппэтэ, ыйытыыга эрэ хоруйдуура. Кини мин таспар сыппыта. Арай биир түүн дьиибэ баҕайытык уһуктан кэлбитим – Еля оронун атаҕар олороро. Бастаан утаа улахаҥҥа уурбатаҕым, суорҕаммын көннөрүнэн баран салгыы утуйаары оҥостубутум. Онтон санаам буолбакка, харахпын аспытым – кыыһым туран кэлбит этэ. Сирэйэ чуолкай көстүбэт. Онтон эмискэ: «Элбэх баҕайы сибэккии-ии!» – диэн сибигинэйэ былаастаан саҥаран баран, оронтон ыстанан кэбиспитэ. Кыргыттар мөхсөн ылбыттара, ким да уһуктубатаҕа. Онтон салгыы Еля сибэккини үргүүр курдук хамсана-хамсана, хаста да эргийэн ылаттаабыта уонна дьикти баҕайытык, былыргылыы курдук ырыа матыыбын киҥинэйэн ыллаабыта. Тыаһа суох, чэпчэки баҕайытык хамсанара. Онтон сотору буолан баран, туох да буолбатаҕын курдук, оронугар кэлэн сыппыта.    Мин кинини эрдэ да испэр киллэрбэт бэйэм ончу ырааҕынан сылдьар буолбутум. Еля билигин дьону эмтиир буолбутун истэбин. Ити түлэкэдийии буолуон сөп эрээри, иччилээх ырыатын матыыба билигин да кулгаахпар баар курдук.   Өлөксөөс.   Абааһы да куттас буолар эбит      Биир дьыл дьэдьэннии сылдьан, дьиибэ киһини көрсөн турардаахпын. Дьэдьэн олус хойуутук үүммүт сайына этэ. Бары үлүһүйэн үргээбиппит. Мин дьоммуттан хаалан, былыргы аартык аттынааҕы үүнүүлээх сиргэ балачча өр олорон үргээбитим. Эбиэт кэмэ чугаһаабыта. Арай көрдөхпүнэ, биир киһи иһэрэ. Ыраахтан көрдөххө, киһи куттанара, дьиибэргиирэ суоҕа. Аныгы булчуттуу толору таҥастааҕа, хортуустааҕа, үрүсээктээҕэ. Киһи тыаҕа сылдьан дьону кытта кэпсэппэккэ ааспыта суох. Онон тыл бырахсаары, дьоммун да сураһаары утары барбытым. Онтум, доҕоор, киһим дьэҥкир буолан биэрбитэ! Кини курдары айылҕа, алаас – барыта көстөр! Соһуйбут уохпар хамсаабакка көрөн турбутум. Онтон арай «киһим» миигин көрбүтэ уонна эмиэ соһуйан, тиэрэ таһылла түспүтэ! Онтон ойон туран, кэлбит суолун устун төттөрү сүүрэ турбута. Бэрт түргэнник дьэҥкир бэйэтэ симэлийэн, аттыбар ким да суох буолан хаалбыта.    Хайа айыы киһитэ итинник буолуой? Мин атаҕым тилэҕиттэн саҕалаан тоноҕоһум устун тымныы сүүрээн биллибитэ, этим «дьар» гына түспүтэ. Онтон дьонум диэки буут быстарынан ыстаммытым. Бары үргүү сылдьар буоланнар, куттаммыппын сэрэйбэтэхтэрэ. Күн-дьыл ааһан, кэлин арай күлүөх санаам кэлэр. Тыыннаах киһи буолбатаҕа биллэр. Ханнык эрэ кэмҥэ салгыҥҥа хаалбыт көстүү буолуоҕун тоҕо миигиттэн куттанна? Соһуйан, тиэрэ таһыллыбыта харахпар билигин даҕаны баар. Онон дьиибэ түгэҥҥэ түбэһэн турабын.   Бииргэ утуйан турбуттаахпыт      Хос эбэм, эһэм аах өтөхтөрө Амма дэриэбинэтигэр баар. Онно билигин кырдьаҕас таайым аах олохсуйан олороллор. Эһэм аах дьиэлэрин таһыгар саҥа дьиэ туттубуттара эрээри, сайынын эргэ дьиэҕэ тахсан утуйаллар. Биир сайын тиийбиппэр киирээти кытта хаҥас диэки хоско орон оҥорон хоннорбуттара. Мин сытаат, утуйан хаалбыт этим.    Арай түһээтэхпинэ, ким эрэ: «Хайалара мин ороммор тиэрэ таһыллан сытарый?» – диир саҥата иһилиннэ. Тугу даҕаны хардарбатым. Онтон сотору: «Ыл, сыҕарый эрэ, нокоо», – диэтэ. Мин аат эрэ харата хаҥас диэки сыҕарыйдым. Аттыбар сыппыт киһиттэн тоҕо эрэ куттаммаппын. Кини сытан баран, мөҕүстэҕин аайы мин истиэнэ диэки өссө сыҕарыйан иһэбин. Оннук курдук түүн устата хаста даҕаны уһукта-уһукта утуйдум. Сарсыарда уһуктубутум – балачча киэҥ ороҥҥо сытан, истиэнэҕэ ыбылы сыстыахпар диэри сыҕарыйбыт этим.    Тураат, дьоммор: «Туох дьиибэ оронугар сытыардыгыт? Дэлби баттатан, аанньа утуйбатым», – диибин. Онуоха таайым: «Ити хос эһэҥ оҕонньор сыппыт хоһо. Өбүгэҕин кытта хоонньоһон ыллаҕыҥ дии», – диэн күлэн кэбиспитэ. Онон ити курдук хос эһэбин кытта бииргэ утуйан турбуттаахпын.   Ылдьаа. Тарҕат:
kyym.ru сайтан