Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хатырыктаах сиригэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хатырыктаах сиригэр
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
30.11.2023 16:31
Балаҕан ыйыгар уоппускабын ылан табаарыстарбын кытта үүтээммэр бултуу таҕыстым. Суоппарбыт Альберт Никифоров – сүрдээх булчут уол. Кинилэр тиийээт, күөлгэ киирэн, киэһэ сииргэ диэн ааттаан, илим үтэн таҕыстылар. Мин сирбин-уоппун билсэ, үөрэтэ таарыйа өтөҕүм кытыытынан дьаарбайа хаамтым. Саҥардыы хааман истэхпинэ, тыа саҕатыттан эрдэҕэс улар тилигирээн тахсан, тиит мутугар олорунан кэбистэ. Мин кэннибинэн тэйэн, үүтээммэр кэлэн, саабын ылан тиийбитим, көтөрүм кэм да хамнаабакка олорор. Ону түҥнэри ытан түһэрдим. Дьэ, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут «Байанай биэрдэ, сирбит-уоппут иччилэрэ анаан бэлэх ууннулар» диэн буолла. Уолаттар сотору илимнэрин көрөн таҕыстылар. Лэп-лэһигирэс собо бөҕөтө иҥнибит. Дьонум онно бугуһуйан, эбии өссө икки илими киллэрэн үттүлэр. Кус сүрэҕэ хайдар эбит Биир киэһэ хараҥарбытын кэннэ, дьиэ таһыгар сылдьан иһиттэхпинэ, күөлбүтүгэр көҕөннөр саҥарсаллар. «Тыый, баччааҥҥа диэри бара илик кустар бааллар эбит дуу?» диэн саныы-саныы, саабын ылан күөлбэр киирдим. Тохтоон иһиллээбитим, кустар саҥалара тыа саҕатынан олох да уута суох сиринэн иһиллэр. Былыттаах түүн буолан, киһи тугу да арааран көрүөх буолбатах, им балай ытыс таһынар хараҥа. Ол да буоллар балай да иһиллээн турдум. Арай кустарым саҥалара миэхэ чугаһаан иһэр курдуктар. Ону истээт, мин турар сирбэр дулҕа баарыгар олорунан кэбистим. Кустарым саҥаларыттан иһиттэххэ, хастар да быһыылаах. Дулҕа быыһынан бадарааҥҥа аһыы-аһыы, тыа саҕатынан мин диэки иһэллэр. Аһаан, айахтарын «ньамырҕас» тыаһа кытта иһиллэргэ дылы. Иннибэр ханан да ыраас уу көстүбэт. Онон көтүтэлээн эрэ баран киһи ытыалыыһы. Ол курдук олох чугас кэлбиттэрин кэннэ, мин «һуу» диэн хаһыытаабытынан ойон турдум, кустарым иннибиттэн көтөн тирилэстилэр. Ол хоту им балайга туохтар эрэ барыгылдьыһан көстүбүттэрин хоту туһаайан үстэ ытан хааллым. Ол ытыалыырым быыһыгар окко туох эрэ «сар» гына түспүт тыаһын истэргэ дылы гынным. Ол иһин хамнаабакка иһиллээн турдум эрээри – уу чуумпу, им-дьим. Биир эмэ кус таптаран түспүтэ буоллар, от быыһыгар тыынын былдьаһан тэбиэлэнэр тыаһа иһиллиэхтээх, онон хайыахпыный, сиргэ силлээн баран дьиэбэр таҕыстым. Дьоммор кэпсээбиппэр, баҕар, чугастан ибили ытыллан, олох өлөн түспүтэ буолуо диэн быһаардылар. Онон сарсыарда халлаан сырдаатаҕына, көрө киирэр буоллум. Сарсыарда ким-хайа иннинэ туран күөлбэр киирдим. Кус таптаран, түһүөн сөптөөх сирин көрдүү сатаатым даҕаны булбатым. Саатар, түүлэрэ да хаалбатах. «Халлааны ытыалаан, ымсыырбыт санаабар, кус окко түһэрин оҥорон көрдөҕүм» диэн саныы-саныы, төннүөх курдук хааман иһэн, окко умса түһэн сытар куспун, дьэ, булан ыллым. Онтум көҕөн эбит, ыарахана сүрдээх. Киэһэ күөс буһараары куспун бэйэм үргээтим. Көҕөнүм муус маҥан, эмис да эмис. Үргээн бүтэрэн баран, ханан таптарбытын билээри, дорубуонньук суолун көрдөөтүм да, булбатым. Ону Миша ылан эспиэр курдук остуолга эргитэ сылдьан көрөн баран: «Ты не попал, она с перепугу от инфаркта умерла», – диэн быһаарда. Дьэ, кырдьык, биһиги куспут этигэр ханан да доруобунньук түспүт суолун булбатахпыт. Хаастары куоттаран турардаахпыт Биир киэһэ, идэбитинэн, утуйуох иннинэ, кинигэ ааҕа олордубут. Таһырдьа хабыс-хараҥа. Ол олордохпутуна, уу чуумпуга дьиэбит үрдүнэн саҥа-иҥэ бөҕө умайыктанан күөл диэки аастылар. Мин эмискэ, били, дьон кэпсииринэн, куһаҕан буолаары гыннаҕына, «үөһээнэн кэритэн ааһыллар» дииллэрин өйдүү биэрэн, куттана олордохпуна, Мишам ойон туран, ааны аһан иһиллээмэхтээн баран: «Так это гуси, сели на наше озеро», – диэтэ. Онно таһырдьа тахсан иһиллээбиппит, кырдьык, күөл уҥуор хаастар саҥарсаллар, түспүттэр, саҥарсаллара иһиллэр. Биһиги сирэй-сирэйбитин көрсөн баран: «Чэ, кэбис, бачча хараҥаҕа киирэн туһа суох, сырдаатаҕына, сарсыарда киириэхпит», – дэһии буолла. Сарсыарда туран киирбиппит, хаастарбыт суохтар. Ол айан көтөрө биһигини күүтэн олоруохтара дуо, сынньанан аһыы түһэн баран, салгыы соҕуруу дойдуларыгар, кыстыыр сирдэригэр айанныы турдахтара дии. Куобах сүтэ сылдьыбыт кэмнээҕэ Киэһэ аһыы олорон уолаттарым бу дойду сирин-уотун, айылҕатын хайгыыллар. Күөлгэ киирдэххэ, балык быллыгырас, тыаҕа таҕыстахха, мас көтөрө киһини сүгүн хаамтарбат» дэһэ-дэһэ күлсэллэр. Сарсыарда уолаттар илимнэрин көрбүттэрэ, собо бөҕөтө иҥнибит: икки куул собо буолла. Күн тура-тура тыаны кэрийэбит. Мас көтөрө син баар, биирдиилээн өлөрөбүт. Ол оннугар куобах отой суох. Ол кэмҥэ сир-дойду аайы куобах сүппүт кэмэ этэ. Ол эрэн биирдэ тыаны кэрийэ сылдьан, биир куобаҕы туруоран куоттардым. Ымсыырбыт санаабар, улахана сүрдээх, эмис да быһыылаах. Дьэ, ол кэннэ күн аайы бу куобаҕы көрдөөн ол тыаны туора-маары хаамтым. Халлаан тымныйан, тыалыран, ойуур маһа көтөҕөтүн түһэрэ турар кэмэ. Былыр аҕам үөрэтэринэн, куобах көхсүгэр көтөҕө түһэрин отой сөбүлээбэт, ол иһин көтөҕө хойуутук түһэр кэмигэр ойууртан тахсан аһаҕас, көтөҕө түспэт сиригэр күнүһүн сытааччы диирин өйдөөммүн, ойуур саҕатынан, ыраас тыанан хаама сатыыбын. Ол курдук биир күн киэһэриитэ дулҕалаах алыы саҕатынан баран иһэн, хараҕым кырыытынан дулҕа быыһыгар туох эрэ туртайан көстөрүн көрө биэрдим. Куобах буоларын сэрэйэн, сүрэҕим тохтуурга дылы буолла, санаабар, тыыммакка да арыый тэйэн ааһардыы баран иһэн, эмискэ эргийэ биэрээт, ытан саайдым. Били туртаҕар өрө үллэх гынаат, куобах икки кэлин атахтарынан тэбиэлэнэн куһурҕатта. Барахсаным эмис, минньигэс да эттээх этэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан