Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хаатыҥка
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хаатыҥка
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
17.06.2021 17:53
Сергей Петрович сааһыра быһыытыйан эбитэ дуу, тоҕо эрэ кэлин оҕо сааһын, оскуола сылларын, сайынын күөлэһийэ оонньообут алааһын ахтара-суохтуура эбиллибит курдук буолла. Дьоно суох буолуохтарыттан төрөөбүт дойдутугар сылдьара да сэдэхсийдэ. Эһэтин аах өтөхтөрө эрбэһининэн саба үүммүтэ букатын да быданнаата. Аттынааҕы кыра өтөххө ыаллара Махсыымнаах оттуур сурахтаахтар. Петрович билигин бэйэтэ эһэ буолбут киһи, сайынын куорат кытыытынааҕы даачатыгар сайылыыр. Кэргэнэ оҕуруот аһыттан оҕурсуну, помидору, биэрэһи, онтон да атын күөх үүнээйини кыайа-хото үүннэрэр. Ботаническай саадтан "Хара кыталык" моонньоҕону кытта, хас да хаптаҕас угун олордон, кимнээҕэр сайын быйаҥыттан үөрэ-көтө сомсоллор. Бу, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ куоракка көрдөрүнэ киирэн баран, дойдулуурун сайыһан, төрөөбүт бөһүөлэгэр тахсыһан, мааны ыалдьыт буолан олорор. Бөһүөлэк бэтэрээ эҥээригэр баар дьиэлэр лаппа эргэрэн, сыллата күн уота сиириттэн кубарыччы таттарбыттарын ааһан, хайдах эрэ ньаппайан, сиргэ тимириэх курдук буолбуттар. Эдэрдэр саҥа дьиэлэрин биэрэги батыһа тутар буолбуттар. Сергей оҕо сааһын дьоллоох, чаҕаан күлүүлээх кэмэ ааспыт, аан бастаан сыҥаһалаан хаампыт төрүт дьиэтэ эмиэ биир оннук көрүҥнэнэн тураахтыыр эбит. Хата, бу диэки ыччат дьон быдан бэрээдэктээх эбит. Дьиэ, төһө да ньахчайдар, түннүгэ-үөлэһэ бүүс-бүтүн турбут. Оҕуруота, бэл, иҥнэйбэтэх даҕаны. Арай тыынар-тыыннаах ахсааннаахтык үктэнэриттэн тэлгэһэ иһинээҕи оһуохча буолбут ыллык суолунан дьиэтигэр чугаһаата. Күлүүһү арыйан иһирдьэ киирбитэ, төһө да сайын үгэннээн турдар, тымныы салгынынан аргыйа көрүстэ. Аан хос ортотугар оҕо эрдэҕинээҕи санаатыгар, хоһу бүтүннүү күөнтээбит, оппуохаламматаҕа ырааппыт оһох дьэбин уоһан турар. Остуолга тэлгэммит ыскаачар бүтүннүү быылынан бүрүллүбүт. Сергей аргыый аҕай хостору өҥөйтөлөөн көрдө. Оҕо сааһын дьоллоох түгэннэрэ субу хараҕын иннигэр өҥнөөх киинэ лиэнтэтэ буолан субулларга дылылар. Кыра да эбит. Манна кимнээҕэр алта оҕолоох саха ыала быр курдук дьаһанан, бэринэн олордохтор дуо диэх айылаах. Биир эмэ хаартыскалаах, суруктаах хоппо баара дуу диэн, уҥа-хаҥас көрүтэлээтэ да, тоҕо эрэ көстүбэт. Эргэ миэбэл хаалбыта онон-манан туртайар. Сергей Петрович таска тахсан үөһэ сарайга тахсар кирилиэһи “миигин уйара буолуо дуу?” диэбиттии, тардыалаан, үктэнэр мастарын туллаҥалатан көрбүтэ, кимнээҕэр тулуктаһыыһы. Көрдөҕүнэ, намыһах курдук дьиэ, ыттаары гыннахха, балай да үрдүк, киһи суулуннаҕына, кыра диэн мыыныа суох эбит. Сааһырыы диэн бу эбит буоллаҕа. Эдэригэр аҕыйахта атыллаталаан кэбиһэр сирэ эбээт. Кырыыһа иһэ, арааһа, ийэтэ дьаарыстаабытынан турар. Хоппо арааһа манна баар эбит. Быыл өлүү буолбут хаппахтары арыйталаан, урукку эргэ таҥастары оротолоон көрдө. Альбом көстүбэт. Арааһа, балта Натааһа хомуһан бардаҕа буолуо. Биир хоппо түгэҕиттэн оҕо кэтиллибит хара хаатыҥкатын ороон таһаараат, аттыгар турар хоппоҕо, быыллаах эрэ сах, лах гына олорунан кэбистэ. Хаатыҥка! Кини баҕалаах бастакы хаатыҥката! Ийэтэ маҕаһыынтан атаалаһан аҕалбыт күнүн бу баардыы саныыр. Аттынааҕы ыал оҕолоро кэтэллэрин сонургуу, ордугургуу көрөр курдуга. Кыратын көрүмэҥ. Санаатыгар сырдыкка тардыһар дьүһүнэ буоллаҕа. Онто баара кэтэ үөрэммэтэх киһиэхэ, хоппоҕор тилэх олох табыгаһа суох курдуга. Дэлэҕэ, үс-хас атылы оҥороот, суулла сыһыа дуо. Оччолорго хастаах бэдик эбитэ буолла? Бэркэлээтэр түөрдэ-биэһэ буолуо. Олус да үөрбүтэ! Ийэтэ оҕотун ыра санаатын толорбутуттан дуоһуйбуттуу кини диэки бэрт эйэҕэстик көрөн турара. Кини Сергей баҕатын толорор, кинини үөрдэ сатыыр түгэнэ итинэн эрэ бүппэтэҕэ. Холобур, үөрэҕин бүтэрбитигэр дойдутугар эргиллиэ, аҕатын солбуйан, көмө-ньыма буолуо диэхтээбит быһыылааҕа. Хаалабын диэбитигэр хомойбут курдук буолбута да, онтун таһыгар биллэрээхтээбэтэҕэ. Ийэм барахсан... "Дьыл – хонук" диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ийэтэ тоҕо да быраҕан кэбиспэккэ уура сылдьыбыт эбитэ буолла диэх эбиккит буолуо, ааҕааччылар. Оттон сааһырбыт Сергей Петрович ону кимнээҕэр бу эрэ туран өйдөөтө. Оҕо сааһын биир бэлиэ, тоҕо эрэ олус өйдөнөн хаалбыт түгэнин үтүө өйдөбүлүн төттөрү хаалыырга тиэтэйбэтэ. Атын таҥаһы кичэллээхтик дьаарыстаан хаалаата. Оттон хаатыҥкатын түөһүгэр ыксары сыһыаран, санаатыгар оччолооҕу олоххо төннөрдүү чочумча олорбохтоото. Тэбиирдии сахсыйда уонна кыратык хамсанан ылбытыттан аҕылыы-аҕылыы ааҥҥа чугаһаан, үөһэттэн бөһүөлэгин одууласта. Дьоҕус бөһүөлэк субу ытыска уурбут курдук көстөр. Оол антах, үгүс көлүөнэни уунан хадаҕалаабыт, олохторун уһаппыт эбэлэрэ киһи хараҕа ылбат ыраах сиригэр диэри тыргыллар. Уонча дьиэ нөҥүө Ыстапаан кырдьаҕас хортуоппуйугар уу кутан букунайар. Лэкиэстээх тиэргэннэригэр иккилээх-үстээх кырачааннар сүүрэн туораахтаналлар. Урукку курдук уулусса кытыытыгар ыана кэлэн баран кэбинэ сытар хороҕор муостаах чугаһынан көстүбэт буолбут. Ууллалаах күтүөттэрэ “Иж Юпитерыгар” хап гына хатана түһээт, сыантыр маҕаһыынын диэки көтүттэ. Дуунньа буочукалаах уутун биэдэрэҕэ кута-кута, оҕуруотун диэки таһар.... Тыа ыала барахсаттар хара сарсыардаттан күн киириэр диэри итинник үлэлээн хачыгырыйаллар. “Ыал барыта тыраахтардаах буолла” диир үйэлэригэр Сэргэй көрдөҕүнэ, тарбахха баттанар кытай тыраахтардаах баар. Сүөһү иитиитэ остуойута суох диэччи элбэх. Ханна да буоларын курдук, сүөһү, сылгы тутааччы аҕыйаабыт чинчилээх. Сылгыны син туталлар быһыылаах. Олоруҥ дэриэбэнэҕэ көстүбэттэр буоллаҕа. Ити туорахтаһар оҕолор бу тыа сиригэр хаалыахтара, төннүөхтэрэ эбитэ дуу? Бэл, бу урукку сэбиэскэй иитиилээх эр бэрдэ куорат быыллаах салгынын, тыыны хаайар таас тутууларын ордорон, төрөөбүт түөлбэтин өҥөйөрө ахсааннаах түгэнигэр. Буруйдаммыттыы, дириҥник өрө тыынна. Ол кэнниттэн харыстабыллаах хаатыҥка булумньутун кыбыммытынан, түспүт ыалын диэки аа-дьуо хоҥкурдуу турда. Лоһуура.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан