Кэпсээ
Войти Регистрация

Өрдөөҕүтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Өрдөөҕүтэ

K
01.02.2019 14:27
Кирииһэ КПЗ-га (камера предварительного заключения) биир суукка дьуһуурунайдаан баран уопсайыгар кэлбитэ, Балыарката, хата, үс лиитирэлээх бааҥкаҕа дылгыччы пиибэлээх олорор; киһиҥ өссө сөлүөккэлээх, сыырдаах. Хабаровскай кыраайга икки сыл сулууспалаан, диэмбэл саллаат буолан, универмагка сылдьарын түбэһэ көрсөн Кирииһэ манна аҕалбыта. Инньэ гынан хас да хоммута. Хата, үчүгэй: түүнү быһа хараҕын симэн көрбөтөх киһиэхэ пиибэ диэн утутар эмп кэриэтэ буоллаҕа. Саатар, субуота буолан, КПЗ тобус-толору этэ: өрөбүлгэ түрмэ үлэһиттэрэ хаайыылааҕы, саараама даҕаны, ылбаттар. Эбиитин сорох хаамыраҕа уонтан тахса тыһыынча суумалаах үбү хоро сиэбит (ытыллар ыстатыйа!), өлөрүүгэ уорбаламмыт кутталлаах дьон соҕотохтуу сыталлара. Баларыҥ санаалара оонньоото да бэйэлэригэр хайдах баҕарар тиийинэр кыахтаахтар, ол иһин утуйар кэлиэ дуо?! Аны туран, 6 ¹-дээх хаамыраҕа көссүүтүн өлөрөн баран, сээкэйин дэлби сэймэктээбит эдэрчи дьахтар энэлийэрэ биир суох – «төһөнү баҕарар төлүөм, биир эмэ эр бэрдин киллэриҥ» диэннээх. Кирииһэ икки ыстакаан пиибэни иһээт, этэ-сиинэ ыараан, халтаһата сабыллан барбытыгар түргэнник оронун булбута уонна утуйан хаһыҥыратан хаалбыта. * * * Уһуктан кэлбитэ, күнэ ырааппыт – алта чаас буолан эрэр! Балыарката суох. Хордьоруобу аһан көрбүтэ, уолун диэмбэл куормата бу ыйанан турар. Арай бэйэтин кыһыл сурааһыннаах саҥа бүрүүкэтэ уонна үлэҕэ кэтэр ырбаахыта суох: Балыарка обургу кэтэн барбыт! Кирииһэ эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан Сэргэлээххэ Ньургуйаанатыгар тиийиэхтээҕэ, онтон «Ленаҕа» киинэ көрүөхтээх этилэр, ол кэнниттэн манна кэлиэхтээхтэрэ. Кырдьык даҕаны, Балыаркаҕа ол туһунан этэн эрэрэ. Уола ол иһин ханна эрэ элэс гыннаҕа. Киргиэлэй сууна-тараана, ону-маны уобалыы охсоот, оптуобуска ойдо. 13-с куорпуска хоһу тоҥсуйан киирэн истэҕинэ кыргыттар чаҕаарыһа түһээт, батарыайаҕа куурда уурбут эргэ «хыбы» туруусуктарын эһитэ тардыталаан ылан сыттыктарын анныгар бүк-тах астылар. Ньургуйаана, үһүс куурус устудьуоҥката, эмтэркэй сиэркилэҕэ кылбаа маҥан сирэйин көрүннэ, памаадатынан уоһун соттумахтаата уонна оҥостон бүппүт киһи киэбинэн Кирииһэни хонноҕуттан ылла. Киинэлэрэ «А зори здесь тихие» Дьокуускайга саҥардыы көстөн эрэр буолан, билиэти буларбыт дуу диэбиттэрэ, хата, оруобуна икки миэстэ көһүннэ. Дьоруойдуу өйгө-санааҕа иитэр урукку киинэлэрдээҕэр бу саҥа киинэ дьиҥнээх олоххо чугаһынан уонна туох эрэ дьикти иэйиини саҕарынан уратылаах этэ. Ити туһунан отур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, Кирииһэ уопсайыгар кэлбиттэрин билбэккэ да хаалбыттара. Вахтёр Агриппина Архиповна «ыалдьыт уопсай дьиэҕэ түүн 11 чааска эрэ диэри сылдьар бырааптаах» диэн, чэйин сыпсырыйарын быыһыгар сэрэтэ хаалла. Алта уонун лаппа ааспыт кырдьаҕас, ити аата, эрэйэр быһыыта. Туох буолуой, эмээхсиҥҥэ, били, ыскаапка турар «Рубинтан» кырыылаах ыстакааҥҥа кутан таһаарыллыа да бүтэ турар. Суолтатыгар чэй иһэн, хаппыт халаачык баарын хачыгырата түһээт, сыгынньахтанар аакка барбыттара. Хата, Кирииһэ, мааҕын син балачча утуйбут буолан, тэтиэнэх этэ. Ый сырдыгар туналыйан көстөр Ньургуйаанатын таһаатын имэрийэн, устунан биилиттэн иилии кууһан кыараҕас оронугар тиэрэ баттаабыта уонна аллара умсан киирэн кыыс үрүҥ туруусугун сулбурутар мучумааныгар түспүтэ. Ол букунаһа
сытан сирэйинэн хойуу кыабакы «үүнээйини» таарыйан ылбытыгар кыыһа дьигик гынан баран, Кирииһэни кэтэҕиттэн онно ыга тардыбыта. Тылынан кыайан этиллибэт кыыс-дьахтар ураты дьикти сыта ил гынан ылбытыгар имэҥ-дьалыҥ сонно күүһүрбүтэ, инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ буолбута... * * * Имэҥнээх таптаһыы кэнниттэн Кирииһэ олус тартаран утуйбута, минньигэс уута ханна эрэ ыраах биир кэм көтүтэн илдьэ турара. Ол быыһыгар туох эрэ аралдьытар, ол сылааска, уу нууралга сүгүн ыыппат, эмиэ да манньытыылаах, эмиэ да толоос туох эрэ ончу сүгүннээбэт курдуга. Нэһииччэ хараҕын аспыта, Ньургуйааната орон кытыытыгар олорон эрэ кини хайыы-үйэ «уһуктубут доҕорун» дириҥник убураталаан ылар, нарын-намчы тарбаҕынан имэрийэр, онтун быыһыгар бобута туппахтыыр эбит. Кирииһэ оччону көрөн, харбыалаһан тураары гыммытын кыыһа тохтотон «аны мин» диэн баран, кини үрдүгэр сөп түбэһиннэрэ олороот, күөгэҥнээбитинэн барбыта. Онтон «орон тыаһа бэрт» диэн муостаҕа көспүттэрэ... ... Ньургуйаананы кытта бүгүһүн алҕаска билсибиттэрэ. Арай биир күн «Киин» баанньыкка баран иһэн көрдөҕүнэ, кытылга кыыстаах уол тураллара. Кыыс баттаҕа бураллыбыт, бара сатыырын уола окумалыттан тутар, ханна да ыыппат. Өссө иһиттэҕинэ, кыыһа «ыытыаҥ суоҕа да хаһыытыам!» дэтэлиир. Уола Кирииһэттэн уҥуоҕунан кыра, хатыҥыр эрээри, хас эмэ сылынан аҕа быһыылаах. Милииссийэ киһи, Кирииһэ, чуо хааман тиийэн дастабырыанньатын көрдөрбүтэ уонна били уолга «кыыһы ыыт» диэбитэ. Биирдэстэрэ дастабырыанньаны кыҥастаһан баран, тииһин быыһынан «пошел на ... !» диэн саайбыта. Гражданскай киһиттэн, буолаары буолан, маннык бээгэйтэн, оччолооҕу истиэм диэбэтэх киһи, Кирииһэ милииссийэ, ол хатыҥыр сордооҕу түҥнэри охсон түһэрбитэ. Ол ыккардыгар хантан кэлбитэ биллибэккэ милииссийэ ПМГ (передвижная милицейская группа) массыыната баар буола охсубута. Үһүөннэрин горотдел дьуһуурунай чааһыгар илпиттэрэ. «Хатыҥыр сордоох» дознание иниспиэктэрэ, лейтенант Сортоев диэн эбит. «Холуочук сержант эписиэри кырбыы сатаата» диэн, билэр үлэһиттэринэн дьыала тэрийтэрэ сатаабытын, хата, Ньургуйаана сабыта саҥартаан тохтоппута. Бу кырасыабай кыыс сол күн Кирииһэни кытта «Мир» тыйаатырга киинэҕэ барсыбыта уонна онтон ыла доҕордуу буолбуттара. Кирииһэ Сэргэлээххэ, 13-с куорпуска сыбыытыыра үксээбитэ. Кэллэҕинэ, хайаан да туох эмэ астаах: суораттаах, иэдьэгэйдээх (творог) буулкалаах – буолара. Ньургуйаананы кытта олорор кыргыттар кинини тэҥнээхтэрин курдук ылыммыттара. «Саатар, кэтэхтэн үөрэххэ туттарыс, манна адьас мөлтөхтүк үөрэнэр, үөрэниэхтэрин букатын да баҕарбат устудьуоннар кытта бааллар» диэн аҕытаассыйалыыллара. Биирдэ Ньургуйаана лаппа киэһэрбитин кэннэ «кэлбэккин дуо?» диэн уопсайыттан төлөпүөннээбитэ. «Оптуобус сырыыта тохтоотоҕуна, уопсайбар – Оробуочай городуокка – сатыы кэлэр буоллаҕым» диэн саныы-саныы, Кирииһэ Сэргэлээххэ тиийбитэ. Ньургуйааната соҕотох олороро: кыргыттара кыһыҥҥы каникулларыгар дойдулаабыттар. Баччааҥҥа диэри уураспыт эрэ аньыылаах дьон быһыытынан, симиттэ-симиттэ утуйардыы оҥостубуттара. «Бастаан эн сыгынньахтанан сыт уонна истиэнэ диэки хайыһаар» диэбитин Кирииһэ тук курдук толорбута. Кыыһа аан диэки тугу эрэ чалымната түһэн баран, кэлэн кэккэлэһэ сыппытыгар, дьэ биирдэ кини диэки хайыспыта, сэрэнэн ыга кууспута. «Бачча хоонньоспут дьон өссө нэмийэн, таптал
саҥа кэрдииһигэр үктэнэн иһиэхтээхтэр» диэн санаа бастаан эр киһиэхэ, Кирииһэҕэ, киирбитэ быһыылааҕа. Имэрийэн-томоруйан, улам ыксалаһан бараары гыммытыгар Ньургуйаана «Гриша, миигин бырастыы гын, кыыс буолбатахпын» диэн, улахан буруйдаах киһи курдук ытамньыйан киирэн барбыта. Онуоха эр киһи эр киһитэ өтөн, киэҥ көҕүстээх уола хаан буолан, Кирииһэ кыыһы өссө күүскэ кууспута уонна сүүһүттэн, хараҕыттан иэдэһиттэн, уоһуттан тохтоло суох сыллыы-ууруу сыппыта. Кини даҕаны аньыыга-хараҕа киирбэтэх сибэтиэй уол буолбатах этэ... * * * Сарсыарда эрдэлик вахтёр Агриппина Архиповна хос аанын тоҥсуйан, Кирииһэҕэ махтана-махтана, били, бэҕэһээ ылбыт кырыылаах ыстакаанын төннөрбүтэ уонна сибигинэйэн «саҥа симиэнэ кэлэ илигинэ дьүөгэҕин атаар» диэбитэ. Ньургуйаананы оптуобуска олордон ыытаат, аара остолобуойга аһаан-сиэн баран, КПЗ-тыгар дьуһуурустубалыан иннинэ горотделга инструктаж ыла тиийбитэ – сүпсүлгэн бөҕөтө. «Игнатьев илэ бэйэтинэн бу кэллэ!» диэн, дивизионун хамандыыра хапытаан Белов Кирииһэни кэбиниэтигэр ыҥыран киллэрбитэ. Собулҕаҕа суор-тураах мустубутун курдук – дознание лейтенана Сортоев, каадыр отделын иниспиэктэрэ ыстаарсай лейтенант Левчаков бу олороллор. – Игнатьев, сулууспаҥ дастабырыанньатын көрдөр! – Сортоев эҕэлээх баҕайытык көрө-көрө өс саҕа буолла. Кирииһэ киитэлин хаҥас сиэбин хастыбыта – суох! Дьэ ыксаата, ханна гыммыт муҥай?! Ол икки ардыгар киһитэ хантан эрэ кыһыл дастабырыанньаны таһааран баран: – Чэ, ол-бу буолан кубулҕатырбакка билинэ тарт. Бэҕэһээ медучилище уопсайыгар кыргыттарга киирэн айдаарбыккын сиһилии кэпсээ. Баҕар, хоско киирэн хайа эрэ устудьуон кыыһы күүһүлүү сатаабытыҥ буолуо. Дастабырыанньаҥ, дьэ, тоҕо 13¹-дээх хоско тиийдэ? – диэн, ыган-түүрэн барда. Беловтаах Левчаков ууну омурдан баран олороллор, кинилэр диэтэх дьон кытта соһуйдахтара. Кирииһэ кэмниэ кэнэҕэс, дьэ, өйдөөтө: били, Балыарка сатана кини утуйа сыттаҕына дастабырыанньатын уктан уонна таҥаһын кэтэн барбыт эбит. Туох диэх баҕайытай? Ама, диэмбэл уолун, биир дойдулааҕын, уган биэриэ дуо?! «Медучилище уопсайыгар хайдах да сылдьар кыаҕым суох этэ, истиэххин баҕардаххына, бигэ алибилаахпын, ону бигэргэтэр да дьон көстүөхтэрэ. Хата, ол кыргыттары кытта сирэй көрүһүннэр», – диэбитигэр, киһи эрэ буоллар, Сортоев ах барбыта. Ол гынан баран Кирииһэ Ньургуйаананы уонна Агриппина Архиповна эрэйдээҕи туоһу оҥостуон туттуммута, кыбыстыыта да бэрт, өссө вахтёр сордооҕу биир-биэс тыла суох үлэтиттэн үүрүөхтэрэ баар. Сортоев киһийдэх, Ньургуйаанатын былдьаппыт кыһыытыгар, ону-маны бооччойон кыыһы университеттан да уһултардаҕына көҥүлэ. Дьыала баһа саллайар чинчилэнэн олордоҕуна вытрезвитель үлэһиттэрэ итирбитэ ситэ ааһа илик Балыарканы түҥ-таҥ анньан киллэрдилэр. «Бу – эһиги үлэһиккит буолбатах дуо?» – диэн ыйыттылар. – Кирииһэ, доо, бырастыы гын. Эн таҥаскын кэтэн барбытым уонна дастабырыанньаҕын ханна эрэ сүтэрэн кэбиспиппин... – Балыарка өссө тугу эрэ бул-бал диэри гыммытын тохтоппуттара. Дивизион хамандыыра Белов Кирииһэҕэ быһаарыы суруйтарбыта, оттон диэмбэл сордооҕу дэлби мөҕөн-этэн баран, Кирииһэҕэ туттаран ыыппыттара. Быһылаан содуллаах буолан тахсыбыта: Кирииһэ кытаанах быыгабар ылбыта, аҕыйах хонугунан буолуохтаах бырааһынньыкка «Милииссийэ туйгуна» бэлиэни туттараары сылдьыбыттарын биир санаанан
аккаастаабыттара. Хата, итини Ньургуйаана билбэтэҕэ, аны кэлэн истэр үһүө. Балыарка дойдутугар тиийэн «уола хаан обургу диэмбэллэнэн иһэн Дьокуускайы биир гына киэптээтим» диэн киһиргэнэр сураҕа иһиллибитэ. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан