Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мууна үрэҕин өксөйүү
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мууна үрэҕин өксөйүү
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.12.2023 16:53
Күһүн, атырдьах ыйын тиһэх күннэрэ. Ардаҕа суох үтүө күннэр тураллар. Мин доҕорум Ыстапаанап Бүөтүрдүүн аатырбыт Мууна үрэх төрдүгэр, Бүөтүр бултанар сиригэр, сынньана, балыктыы сылдьабыт. Таһаҕаһа суох кураанах оҥочо сүүрүгү утары да буоллар, бэрт сыыдамнык айанныыр, иннибитигэр бииртэн-биир кэрэ көстүү арыллар, айаннаары үөрдүһэн эрэр кус халыҥ үөрэ кытыл кумаҕыттан көтөн куһугурайар, хаас да биллэр... Өтөр биир бөлкөй талахтаах арыыны эргийэ көтөөппүтүн кытта, кытылтан уонча хаас ууга дайан киирдэ, ону кытта киһим «чэ, кытаат» диэбитинэн, оҥочотун эбии түргэтэттэ. Хаастарбытыгар саба сүүрдэн кэлбиппитигэр кыылларбыт сорохторо көтөн, сорохторо умсуталаан бардылар. Ону кытта мин, бэлэм иһэр киһи, саабын таһааран биэстэ ыттым эрээри, биири нэһиилэ түһэрдим. Онтон оҥочобутун эргитэ баттаан, били умсубут кыылларбытыгар барыах курдук буолан эрдэхпитинэ, биир хаас көрдө-көрбүтүнэн иһэр эбит. Чугаһа бэрт буолан, иккитэ ытан, эмиэ сыыһан кэбистим. Ол икки ардыгар ойоҕоспутунан биир ааһан эрэрин көрөн, нэһиилэ үс ботуруону уктан, үһүс ытыыбар син түһэрдим. Инньэ гынан икки хаастанан, наҕылыччы олорон табахтаан, оҥостон баран салгыы айаннаатыбыт. * * * Биир уһун сотоҕо уонча кус биһигиттэн үргэн, ууну үрдүнэн куотан эрэллэрин көрөн, Бүөтүрүм «оо, улуннар» дии түстэ. Мин тута «улун балаҕан ыйын бүтүүтэ кэлээччи, ол аата көппөт кустарга түбэстэхпит» диэн испэр үөрэ санаабытым баара, кустарбытыгар сүүсчэ миэтэрэҕэ чугаһаан баран, таастаах харгыга иҥнэн хааллыбыт. Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ, кустарбыт бара турдулар. Инньэ гынан харгыбытын оҥочобутун соһон, тиритэн-хорутан туораатыбыт. Салгыы үрэхпитин өксөйөн истэхпит аайы моһол элбээн барда. Харгы кэллэҕин ахсын (киһим үөрүйэх буолан, соһон сордоммокко) мин оҥочо тумсугар кэлэн, ыйааһыммынан баттаан, кэннин көтөхтөрөбүн уонна Бүөтүрбэр үрэх сүнньүн, дириҥин ыйан иһэбин. Биир тоҕойу ааһа түһээппитин кытта, иннибититтэн хойуу үөрдээх хаас айманан-сайманан кытылтан көтөн таҕыста да, мин ойон туран, ытыалаан бардырҕаттым. Бу сырыыга биир хаас тута төбөтүн оройунан барда, иккис таптаран, кумахха баран түстэ. Онтубут кыната эрэ тостубутун көрөн, Бүөтүр «тыыннаах мончуук гыныахпыт» диэн быһаарда. Онон киэһэ хаас түһэр Биллээх үрэҕэр кэлэн, кыылбытын бадарааҥҥа атаҕыттан баайан «мончууктаан» баран, киһим күөс, хонук сир бэлэмнии барда, мин маныы хааллым. * * * Күһүҥҥү халлаан хараҥаран барда. Хаста даҕаны иккилии-үстүү хаас кэлэн барда да, чугаһаабатылар. Онтон биирдэ уонча үөрдээх аллараа баҕайынан кэлбитин, мончуукпут хаһыытыы-хаһыытыы сапсынан, тэйиэс сиринэн эргийэн, аараан хааллылар. Өтөр биир хоҥор көрдө-көрбүтүнэн чугаһаан баран, эмиэ мончуукпут хаһыытаабытыгар куттаммыттыы ыраатан, салгыы көтө турда. Онон мончуук хааспын ханна барыай диэн хаалларан отуубар таҕыстым уонна кутаа тула олорон, аһаан-сиэн баран, таба тэллэххэ сытан, үрэхпит төрдүттэн саҕалаан аан дойду бэлиитикэтигэр тиийэ ырытан утуйдубут. Сарсыарда эрдэ хаастар саҥаларыттан уһугуннубут. Мин таҥнан-саптан, чэйдээн баран мончуукпар тиийбитим, арай, кыылым быата уонна түүтэ эрэ бурҕайан сытар. Чинчийэн, суоллаан көрбүтүм, аар тайҕа маанылаах кыыла саһыл кэлэн барбыт, охсуспуттар, саһыл хааһы моонньуттан хабан өлөрөн баран, соһон барбыт бадахтаах. Дьэ, ити курдук тыыннаах мончууктанан бүттүбүт. Онтубут, саатар, туһалаабата да. Уопсайынан, биһиги санаабытыгар, кыыл хаас мончуук буолар кыаҕа суох, хата, төттөрүтүн, кэлэри-ааһары үргүтэр быһыылаах. * * * Биллээхтэн төннөр буолан, наҕылыччы чэйдээн баран айаҥҥа туруннубут. Сүүрүк хоту устарбытынан, мотуорбутун көтөхтөрөн баран, оҥочобутун дьаалатынан ыыттыбыт, салайан эрэ биэрэбит. Оттон бэйэбит кэккэлэһэ олорон аһыы-аһыы арааһы кэпсэтэбит, айылҕа кэрэ көстүүлэрин астына-дуоһуйа көрөбүт. Ол истэхпитинэ, уулуу турар тайах биһигини көрөн, аргыый сиэлэн талах быыһыгар киирэр, дөрүҥ-дөрүҥ ыраахтан хаастар көтөллөр. Үчүгэйэ сүрдээх. Ол курдук наҕылыччы устан иһэн харахпыт үрэх култаҕар бадарааннаах уу баарыгар олорор хойуу куска хатанна. Кыылларбыт от саҕатыгар аһаан аймана сылдьаллар. Оччону көрөн баран таах ааһыахпыт дуо уонна киһим миигин саанан ыттарар баҕалаах буолан, оҥочотун кустар диэки салайда эрээри, саа ылар сиригэр тиэрдибэккэ, кыылларбыт көтөн таҕыстылар. Инньэ гынан мин, баҕар, эргийиэхтэрэ диэн хаптаҥныы олордохпуна, Бүөтүрүм саҥата уох ойоҕоско аста итиэннэ күлэ-күлэ кытылы ыйда. Көрбүтүм, доҕоор, сүүнэ кырдьаҕас икки атаҕар биһигини одуулаан турар аҕай эбит. Мин ол «киһини» маннык чугастан хаһан даҕаны көрбөтөх буолан, саҥабыттан маттым. Оттон кырдьаҕаспыт түөрт атаҕар түһэн, сөбүлээбэтэхтии кэннин хайыһан көрө-көрө, тахсан тыатын диэки лэппэрдии, оттон биһиги ааһа турдубут. Бүөтүрүм миэхэ туһаайан «биһиги иннибитинэ кэлэн бултана сылдьыбыт киһиэхэ мэһэйдэспиппит» дии-дии күллэ. Мин буоллаҕына куттаммытым дьэ биллэн, сүрэҕим күүскэ-күүскэ тэбиэлээтэ. Кырдьык, санаан көрдөххө, бадарааҥҥа олорор кустарга үөмэ сырыттаҕына, биһиги кэлэн үргүттэхпит. Онон кыыһырара сөп да курдук. Өтөр, күн үөһэ ойуута, биир уһун сотоҕо киирэн баран ыраахтан мутуктаах мастар усталлар дуу диэн көрбүтүм, кыыл табалар буолан биэрдилэр. Үрэҕи туораан эрэллэр эбит. Муостара ыраахатан адаарыһан, чахчы, сылбах устан иһэринии көстөр. Үрэҕи өр гыныахтара дуо, табаларбыт атахтара сири булаат, биһигиттэн куотан чэпчэки баҕайытык ойуоккалаһан тыаҕа түстүлэр. Кэрэ көстүү. * * * Дьэ ити курдук Эдьигээн улууһун биир саамай кэрэ айылҕалаах, дьыл хайа да кэмигэр өлгөм бултаах үрэҕэр доҕорум Бүөтүр Ыстапаанап миигин соҕотохтуу бүөмнээн күүлэйдэтэн, сынньатан турардаах. Доҕорум барахсан мин улахан булка – тайахха, кыыл табаҕа, кырдьаҕаска сүрэҕим тэппэтин билэр буолан, бу сырыыга олору сонордоһо барбата. Атына буоллар итиччэ тохсойбуту бултаһан хаалыахтаах этэ. Ол оннугар сөбүлүүр булпар – куска-хааска тыыммын таһааран аҕалбыта. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан