Кэпсээ
Войти Регистрация

Чөчүөккэни көрбүттээхпин

Главная / Кэпсээн арааһа / Чөчүөккэни көрбүттээхпин

K
07.12.2023 16:43
   Мин аан бастаан чөчүөккэни алта саастаахпар көрбүтүм.        Булгунньахтаахха Нөмүгүттэн эбэбэр күүлэйдии барбытым. Афанасьевтар диэн ыалга арыы ыла диэн эбэбиниин тиийэн баран, хонор буолан хаалбыппыт. Киэһэ, оҕолору муостаҕа утутардыы, таҥас бэлэмнээбиттэрэ. Биһиги иккиэ буолан куукунаҕа уу иһэ барбыппыт. Оһоххо турар сойбут чаанньыктан аан бастаан мин уу куттан иһэн баран Светаҕа биэрбитим уонна аттыгар кэтэһэн турбутум. Күһүн буолан, борук-сорук этэ. Муннукка атахтаах сэппэрээтэр турара. Арай өйдөөн көрбүтүм – ол сэппэрээтэр кэнниттэн кугас баттахтаах, кыһыл харахтаах туох эрэ тахсан эрэр эбит! Мин соһуйбуппун көрөн, Светам эмиэ хайыспыта уонна тутан турар чаанньыгын оһох үрдүгэр бырахпыта да, иккиэн куукунаттан сүүрэн тахсыбыппыт. Мин тэллэх кытыытыгар түбэһэн, өр кэмҥэ сатаан утуйбакка эрэйдэммитим. Онтон кыргыттар утуйбуттарын кэннэ, ортолоругар киирэн баран, биирдэ утуйбут этим.   Үс төгүл ыҥырбыта      Остолобуойга иһит сууйааччынан үлэлии сылдьыбыттаахпын. Иһит сууйааччылар иккиэ этибит. Кэллиэгэм бэйэбиттэн балачча аҕа, саахар диабеттаах нуучча дьахтара этэ. Өрөбүл күннэргэ солбуһа сылдьан үлэлиирбит. Биир оннук өрөбүл күҥҥэ куолубунан иһиппин сууйа турдахпына, миигин ааппынан чуолкай баҕайытык ким эрэ ыҥырбыта. Бары үлэлээн бүтэн, иккиэ эрэ хаалан сылдьарбыт. Асчыт дьахтар аттыбар баара. Арай киирэр аан айаҕар харабыл баара даҕаны, миигин ааппынан билбэтэ. Оннук ким эрэ үс төгүллээн ааппынан ыҥырбытын истибитим. Асчыппыттан: «Миигин ыҥырбыттарын иһиттиҥ дуо?» – диэн ыйыппытым. Дьахтарым «суох» диэбитэ.    Сарсыҥҥы күнүгэр, биһиги буҕаал­тырга харчы ыла тахсар кэммитигэр, иккис иһит сууйааччы дьахтары каассаны маната хаалларбыппыт. Төннүүбүтүгэр дьахтарбыт утары сүүрэн иһэрэ. «Туох буолла?» – диэн ыйыталаспыппытыгар: «Ким эрэ миигин үс төгүл ааппынан ыҥырда. Өҥөйбүтүм ким да суох. Куттанан, эһиэхэ баран иһэр этим», – диэбитэ. Асчыппыт: «Хайалара эһиги эрэ иккини дьээбэлиир буоллаҕай?» – диэн муодарҕаабыта. Салгыы уһун сынньалаҥ күннэр кэннилэриттэн үлэбитигэр кэлэн, ол дьахтар өлбүтүн туһунан истибиппит.   Ангелина, Хаҥалас.   Эбэтэ уһугулаабытын билбитэ      Эбэм барахсан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, оҕолоругар харайтаран, Орто дойдуттан бараахтаабыта. Кыра оҕолоох буоламмын, сытар кэмигэр «кэлбэтин» диэн сорудахтаабыт этэ. Киниэхэ наһаа убаммыт сиэнэ ахтар бөҕө буоллаҕым. Эбэбин кытта хоонньоһон утуйбут, күөрчэҕин, алаадьытын дэлэй-холой сиэбит мааны сиэнэ этим. Кэлин дьонум бэйэлэрэ дьиэ туттан, туһунан да бардарбыт, эбэм аахха тиэстэн да биэрэр этим! Ыал буолаат, бастаан дьоммор олорбутум, онон эбэм аахха син биир кэлэ-бара сылдьыбытым.    Бастакы ыйдарга оҕобуттан да быыс булбакка, эбэбэр бара сорумматаҕым. Оннук сыл аҥаарыттан ордук сыппыта. Биир сааскы күн «оҕом бороохтуйда, эбэбэр барыахпын наада» диэн, дьоммор эппэккэ эрэ кыыспын көтөҕөн, эбэм аах дьиэлэригэр тиийбитим. Киирээт, наһаа ахтыбыт сыппын тоҕо эрэ ылбатаҕым. Дьиэ уруккута буолбатах этэ. Эбэм сүһүөҕэр сылдьар кэмигэр остуолга сотторунан бүрүллүбүт хайаан даҕаны туох эрэ бурдук ас, ыскаап түөһүгэр тэллэй чэйэ баар буолаллара. Ол барыта суоҕа. Атын киһи уурбута-туппута атын буоллаҕа. Суй-сай буолбут дьиэҕэ киирэн, сэрэнэн эбэм хоһугар ааспытым. Эбэм барахсан уҥуох-тирии буолан, оронугар сытаахтыыра. Кинини ыарыылыыр эдьиийим таһырдьа сылдьар кэмигэр түбэһэн, хоско оҕобун көтөхпүтүнэн киирбитим. «Таанньа...» диэн эбэм барахсан үөрбүт саҥатын иһиттэн нэһиилэ таһаарбыта. Онтон арай кыыһым ытаан тоҕо барбыта. Уоскута сатаабытым – туһа суох. Бэл, эмиийдэтэн көрбүтүм – саараама уоскуйбат. Эбэм: «Чэ, бүппүт эбиппин... Таанньа, дьиэлээ...» – диэбитэ. Мин оҕобун сарылаппытынан таһырдьаны былдьаспытым. Оҕом ити курдук улаханнык ытаан, куттуу илигэ. Таһырдьа тахсааппытын кытта уоскуйан, дьиэлээбиппит.    Эбэм сарсыныгар өлбүт этэ. Тиийэ сылдьыбыппын ийэбэр кэпсээбиппэр: «Өлөөрү сытар киһи тыынын билэн, ытаатаҕа. Оҕото суох бэйэҥ баран кэлиэххин», – диэн мөхпүтэ. Онтон ыла кыра оҕолоох дьон ыалдьар, өлбүт дьоҥҥо сылдьалларын утарабын. Арай адьас чугас эрэ киһиҥ буоллаҕына, оҕото суох сылдьыахха сөп быһыылаах.   Татьяна, Мэҥэ Хаҥалас.   Таҥха түмүгэ      Түүн 12 чаас ааһыыта төрдүө буолан биһилэҕинэн таҥхалыах буоллубут. Дьонтон кыһыл көмүс биһилэх уларсыбыппыт. Дьон сүбэтинэн үрүҥ бырастыынаны бүрүнэн олорон, ойуута суох, муус уулаах ыстакааҥҥа биһилэҕи уган, үрүҥ көмүс ньуосканан булкуйа-булкуйа, утары сиэркилэ уурунан, чүмэчи уотугар ыйытыыларбытын биэриэхтээх этибит. Оччолорго ыал буола илик эдэр кыргыттар ыйытыыбыт биир эрэ – «кимиэхэ кэргэн тахсабыт?» диэн. Оҥкучахха аан бастаан мин киирэн, ыйытыыбын биэрбитим. Арай сиэркилэҕэ нуучча уола, онтон кыыстаах уол оҕолор (эмиэ нууччалар) көстөн кэлбиттэрэ. Мин «уай» диэппин кытары сүтэн хаалбыттара. Итини ончу итэҕэйбэтэҕим, устунан умнан да кэбиспиппин. Хас да сылынан, таҥхам эппитин курдук, нуучча уолугар кэргэн тахсан, кыыстаах уол оҕоломмутум. Кини ийэтэ миигин сөбүлээбэтэҕэ, онон сотору арахсыбыппыт.   Туох эбитэ буолла?...      Биир дьыл бороон көрө барбыппыт. Оскуоланы саҥа бүтэрбит алта кыыһы күһүн эргэ балыыһаҕа олохтообуттара. Күһүн кыралаан хаар түһэр бириэмэтэ. Кыргыттарым утуйан хаалбыттара. Арай мин нуктаан иһэн, ынах оту үргээн сиирин курдук тыаһы истибитим. «Хайа, түүннэри, бачча тымныыга ынаҕы тоҕо таһырдьа таһаардахтарай?» дии санаабытым. Истэ сатаан баран түннүгүнэн көрбүтүм – ким да суоҕа. Сарсыарда суолун-ииһин эмиэ булбатаҕым.   Саргылана АЛЕКСЕЕВА, Дьокуускай.   Харах уута иэстэбиллээх      Бу түгэни мин билэр дьахтарым кэпсээбитэ. Урут улууһунан кэрийэ сылдьар, хаамаайы дьон балачча баар буолар этилэр. Биир ыалга эмискэ тыла суох оннук киһи баар буолбут. Ыал хаһаайката, тыллаах баҕайы дьахтар, чугастааҕы ыал дьоно бары истэр гына үөҕэн, мөҕөн муустаах ураҕаһынан үүрбүт этэ. Ол барахсан ыҥыранан ытыы-ытыы, сиэҕинэн хараҕын уутун соттон, тыа диэки түспүт. Биллэн турар, оннук киһиэхэ ким үөрүө буоллаҕай? Ол эрээри сорохтор оҕо, кырдьаҕас баарын, хоннорор кыаҕа суоҕун илиитинэн-атаҕынан быһааран, муҥ саатар, уу иһэрдэн, атаараллара. Хоннорооччулар да бааллара. Тыла суох киһи кэлэн ааспытын туһунан дьон ортотугар кэпсэтии баар буолар эбит. Ити нэһилиэккэ тыла суох киһи икки-үс сыл буолан баран, төннөн кэлээхтээбит быһыылаах.    Ол дьахтар сааһырыыта таас дьүлэй буолан, эрэйи-муҥу көрбүт үһү. Онно эбиитин кыра кыыһын икки улахан оҕото тыла суох төрөөбүттэриттэн дьон соһуйуу бөҕөтүн соһуйбуттар. Кинилэр төрүттэрэ сытыыларынан, тыллаахтарынан, чуордарынан биллибит дьон эбиттэр. Онон бииртэн биир бөрүкүтэ суох түгэн ити дьиэ кэргэҥҥэ кэлиитин хаамаайы киһи хомойон ытаабытын-соҥообутун, санаата иҥмитин кытта ситимнииллэрэ.   Маайа, Таатта.     Тарҕат:
kyym.ru сайтан