Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаста, хайдах, ханна?

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаста, хайдах, ханна?

K
25.01.2019 16:51
Киһи аймах былыр-былыргыттан айылҕатын быһыытынан төрөөрү-ууһаары, бэйэтин кэннэ кими эмэ бу сиргэ хаалларан бараары таптаһар оҥоһуулаах. Ол гынан баран, аан дойду тыынар тыыннаахтарыттан, эбисийээнэни аахсыбатахха, астынар-дуоһуйар туһугар киһи уонна дельфин эрэ таптаһар диэн суруйаллар. Ол төһө кырдьыгын-сымыйатын билбит суох эрээри, киһи баҕас чахчы онто суох сатаммат да диэтэххэ, баа буолбат. Онон сибээстээн араас дьонтон күҥҥэ-ыйга хаста таптаһалларын, хайдах таптаһалларын сураһа сатаатыбыт эрээри, си дьүгээр хоруйдуу охсор киһи көстө охсубата. Оннуга өйдөнөр даҕаны. Ол да буоллар, киһи барыта биир буолбат. “Ааппын-суолбун ыйбат буоллаххына...” – диэн сөбүлэһэр киһи көһүннэ. – Аан бастаан хаһан таптаспыккыный? – Аан бастаан оскуоланы бүтэрэн баран бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан уопсайга таптаспытым. – Бастакы таптал, уураһыы, сиэкис умнуллубат диэн буолар. Хайдах этэй? – Умнуллубат бөҕө буоллаҕа дии. Ол Саҥа дьыл эрэ иннинэ этэ. Мин биир эрэ эксээмэним хаалбыта эрээри, туттарыам өссө да үс хонук баара. Инньэ гынан холкутук сылдьыбытым. Түүннэри уолаттарбын кытары кулууптуурум, күнү-күннүктээн утуйарым. Ардыгар, кулуупка барбатах күммэр, эмиэ уолаттарбын кытары гитара тута-тута кыргыттар хосторун кэрийэрим. Ол сылдьан эксээмэним эрэ иннинээҕи күн үһүө буолан үһүс кууруска үөрэнэр дьүөгэбит төрөөбүт күнүгэр ыҥырыллыбыппыт. Онно таптаспытым. – Таптаһыам диэн эрдэттэн оҥостубутуҥ, оннук буолуо, маннык буолуо диэн ойуулан көрбүтүҥ дуо? – Ээ, хантан оннук кэлиэй. Дьиҥэр, син атын дьон курдук мин да таптаһыахпын баҕарар этим буоллаҕа дии. Ол да буоллар киинэҕэ курдук наһаа оннук оҥорон көрбөт этим. – Дьэ, ол төрөөбүт күҥҥэ баран, хайдах ороҥҥо тиийэн хааллыҥ? – Уонча этибит. Түөрт уолу кытта хас да кыыс баара. Бастаан утаа сампаан арыйан, оонньоон-көрүлээн хоско бэрт үчүгэйдик олорбуппут. Онтон тоҕус чаас саҕана вахтеру кытары кэпсэтэн кулуупка барбыппыт. Оччолорго кэлин охсуһуутунан аатырбыт “Дракон” диэн кулууп саҥа аһыллан турара. Онно тиийэн дьэ аһааһын-сиэһин, үҥкүү-битии бөҕө буолбуппут. Ол сылдьан төрөөбүт күннээх Лина дьүөгэтэ Туйааралыын хайдах эрэ чугасаһан хаалбыппыт. Кыыһым даҕаны миигиттэн ырааппат. Хайдах эрэ иҥээҥниир курдук. Оттон мин буоллаҕына, кыыһы олохпор биирдэ эрэ кууһан ылан сыллаабыт уопуттаах киһи, чугаһыахпын эмиэ да саллабын. Ол да буоллар, икки бакаал кэнниттэн илиим-атаҕым босхо баран, тылым өһүллэн, кыыспын кууһан, тутан-хабан киирэн барбытым. – Но, кулуупка таптаспыккыт дуо? – Ээ, кэбис, доҕоор. Үҥкүүлүү сылдьан дэлби туппахтаһан, көрүдүөр түгэҕэр туран, уҥа-таала уураһан бараммыт, мин хорсуммун киллэрэн “барабыт дуо?” диэбитим. Кыыһым “ыык” диэбитэ. Дьэ, онтон тахсан таксинан уопсайбытыгар тиийбиппит. Тиийээт, мин хоспор киирэн (уолаттарым кулуупка сылдьаллара) уоту умаппакка эрэ ороҥҥо олорон, уураһан киирэн барбыппыт. Мин адьас “явно” сиэкистиир буоллубут диэн, туох да долгуйуу бөҕөтө. Аны ол быыһыгар өйбөр “презервативым суох” диэн, түптэ-түрүлүөн буоллум, “уопута суох” дэттэримээри, хайдах сатыырбынан түһүннүм. Хоспут иһэ итийэ түстэ.
Биир кэм уос тыаһа чуубурҕаан олорор. Кыыһым эмиийин, атаҕын имэрийэбин, иһин түгэҕин кытта. Кини да хаалсыбат. Тыла айаҕым иһигэр адьас көҥүл сүүрэлиир. Ыстааным иһигэр илиитин уган били туохпун бобута туппахтыыр. Онтум букатын сааспар хаһан даҕаны күүрбэтэҕин күүрдэ. Онтон дьэ сыгынньахтанан киирэн бардыбыт. Саатар, кыһын буолан, таҥаспыт да элбэҕэ сүр. Ол быыһыгар күүтүүлээх чааһым чугаһаатар чугаһаан иһэр диэн, сүрэҕим эп-эппэҥнэс, илиим сап-салыбырас. Инньэ гына сылдьан, ыстааным тимэҕин кытта сомуогун сатаан сүөрүмүнэ тоҕо тардан кэбистим. Ол икки ардыгар кыыһым туруусуктаах лиипчигинэн эрэ хаалан, суорҕан анныгар дьылыс гынан хаалла. Мин кэнниттэн түһүннүм. Эмиэ уураһыы, туппахтаһыы буолла. Туруусук-лиипчик ыраах көттө. Онтон, доҕоор, кыыспын көҕүтээри илиибин аллараа диэки илдьибитим (убайдарым элбэҕи кэпсиир, “өйдөөх” дьон үөрэтэр буолаллара), илийиэҕинэн илийэн, кимнээҕэр да көҕүйэн сытар эбит. Хайдах эрэ бастаан онтон сиргэниэхчэ буолан иһэммин, кыыһым кыһамматыттан уонна бэйэтигэр эпсэри тардан ылан, сыллаан-уураан барбытыттан умнан кэбистим. Ол сытан хайдаах да уһуур сатамматын өйдөөммүн, тыҥыаҕынан тыҥаабыт сэппин “уйатын” буллара оҕустум эрээри, манан аҕай дьыала буолбатах эбит. Саатар, долгуйан, салыбыраан киирэн бардым. Кыыһым тута сэрэйдэ быһыылаах, “бастакыҥ дуо?” диэн бэрт холкутук ыйытта. Мин сирэйим чоххо баттаабыт курдук кытар гына түстэ эрээри, хата, хараҥа буолан көстүбэтэ. Дэлби кыбыһынным. Хайдах эрэ киһи ытаары гыннаҕына, күөмэйигэр туох эрэ бүөлүү турарыныы, эмиэ күөмэйбин туох эрэ кэлэн бүөлүү анньан кэбистэ. Ол эрээри кыыһым онно эрэ кыһаммакка тэрилбин тутан ылан, имэрийэн-имэрийэн, туппахтаан-туппаан баран иһиллэр-иһиллибэттик “манан” диэн туһаайан биэрдэ. Онтум туох эрэ наһаа үчүгэй, сылаас сиргэ дьылыс гынан хаалла. Онтон туох эрэ тоҕо барарыныы, үллэн-үллэн баран дэлби ыстанна. Мин нэһиилэ ороон ыллым. Хата, этэҥҥэ түмүктээтим. – Ол аата төһө өр буоллуҥ? – Мүнүүтэ аҥаара да буолбатаҕым. Туох да наһаа ынырыктык кыбыһынным. Өл диэбиттэрэ буоллар, өлүөм эбитэ буолуо. – Кыыһыҥ туох диирий? – Хата, кыыһым хам тардан ылан баран, уураан ылбыта. Имэрийбитэ-томоруйбута. “Кыбыстыма, бастаан итинник буолар. Уолунан сылдьарыҥ миэхэ өссө астык” эҥин диэбит курдук, тугу эрэ элбэҕи ботугураабыта эрээри, мин кыбыстан хаалан, тугу даҕаны хоруйдаабатаҕым даҕаны, аанньа истибэтэҕим даҕаны. – Оччоҕуна онон бүтэн хаалбыккыт дуо? – Суох. Онтон биэс да мүнүүтэ буолбакка “уолум” туран кэлбитэ да таптаһан киирэн барбыппыт. Ити кэннэ сарсыарда биэс чаас саҕана, уолаттар иһэбит диэн эрийбиттэригэр, кыыһым таҥнан тахсыбыта. – Ол кыыстыын билигин билсэҕин дуо? – Билсиэхтээҕэр буолуох, кэргэним буолан олорор. – Төһө элбэхтэ таптаһар этигитий оччолорго уонна билигин хаста таптаһаҕытый ыйга? – Оччолорго кураанах хос көһүннэр эрэ күнү-түүнү аахсыбакка таптаһар этибит. Түүн муҥутаан уон түөртэ таптаһан турардаахпыт (сороҕо кураанах аҥаардаах “ытыы” да буоллар”). Оттон билигин нэдиэлэҕэ “стабильно” иккитэ-үстэ буолар. Бырааһынньыкка, уһун өрөбүллэргэ элбиэн сөп. – Кэпсээниҥ
иһин махтал, доҕоор. Вильям.
kyym.ru сайтан