Кэпсээ
Войти Регистрация

Хоту дойду хонноҕор

Главная / Кэпсээн арааһа / Хоту дойду хонноҕор

K
18.01.2019 17:56
Саҥа сиргэ Халымаҕа сэтинньи ый ортотуттан халлаан лүҥкүрэн барар, устунан хонон турдах аайы былыттаах күн хаһан да арахпаттыы бүрүүкээбитин курдук ыаһырар. Итинник дьаабы кэнниттэн аламай маҥан күн бытархайын кылгас да кэмҥэ көрүөм диэн саараама – бүттэҕиҥ ол. Халлаан эрдэ хараҥарар буолан барар. Ол эрээри, дьиктитэ диэн, ый туоллаҕына, түүнүҥ сып-сырдык буолан туналыйар, тыаһыттар ыраах айанныылларыгар, дьэ, тоҕоостоох кэм үүнэр. Сорох киһи манныкка чугас эргин мас кэрдэ тыалыыр. Куока (оскуолаҕа саҥа учууталы Ньукулай Миккииппэрэбистэн атыннык ааттаабаттар) оскуола таһыгар баар эргэ уопсай дьиэҕэ соҕотоҕун кыстаата. Үнүбэрсиэккэ кэтэхтэн үөрэнэ сылдьан, Үөрэх министиэристибэтигэр тиийэн, тылланан, манна учууталлыы кэлбитэ. Эдэр-сэнэх эрдэххэ, сири-дойдуну көрүөххэ наада курдуга. Билигин арамаантыкалаабатаҕына уонна хаһан сылдьыай. Манна кими да билбэт, кинини да билбэттэр, ол аата, олоҕун кинигэтин саҥа сирэйтэн саҕалыыр. Үнүбэрсиэккэ ситэ билбэтэҕин манна эрэйи эҥээринэн тэлэн, кэһэкэнэ буолан баран, дьаныһан билэр идэлэннэ. Эрэй обургу киһини түргэнник үөрэтэр. Олорор дьиэтэ тымныыта сүрдээх, муостаҕа инчэҕэй тирээпкэ хам тоҥон хаалар. Олохтоохтор да дьиэлэрэ оннук аһара сылыйбыта көстүбэт – наар оттуу күүһүнэн. Урут бу дьиэҕэ учуутал кыргыттар олорон баран, үөрэх сылын нэһиилэ түмүктээт, тэскилээбиттэр. Хата, иһит-хомуос ордон, Куока ол чааһыгар төбөтө ыалдьыбатаҕа. Чэ, ити гынан баран эрэйдээх дойду. Ордук хас эмэ хонукка тибии түстэҕинэ, буоста да, туох да кэлбэт буоллаҕына. Бу дойду кыһыныттан салҕа да быһыытыйан эрдэҕинэ, хата, саас кэлэн абыраата: санаа-оноо буолан түүппэҕирэн сылдьыбыта сааскы сааппас курдук симэлийдэ. Көр, туох баҕарар икки өрүттээх буолар эбит. Кулун тутар ыйтан күнэ чаҕылыччы тыган, харысхал ачыкыта суох сир өппөт буолар эбиккин – кылбаа маҥан хаартан тэйиллэн, сып-сырдык, тулаҥ биир кэм чаҕылыҥнас. Оҕо аймах таһырдьаттан киирбэт кэмэ, пахай, оҕо эрэ буолуо дуо, бачча ылааҥыга ким баҕарар ханна эрэ ыраах хаама туруох санаата кэлэр эбит. Кэрэ кэм – саас Саас кус ытыытын кэмэ – туохха да тэҥнэммэт кэрэ кэм. Күн киирбэт: күнүстэри-түүннэри эргий да эргий. Үөрэммэтэх киһи биир туспа эрэйгэ тэбиллэр. Араас көтөр дьиэҥ таһыгар кытта кэлэн түһэр, сонурҕаабыттыы, тэлгэһэҕэ хааман дуодаҥныыр, ас тобоҕун хомуйан сиир. Ол көрүүтэ, ол умсулҕана. Манныкка түөрт эркин иһигэр хаайтаран олоруоҥ дуо, айылҕа итиччэ уһуктубутун кэннэ?! Чырып, тыыраахы, тээкэт, хопто, араас кус саҥата кулгааххыттан саараама тахсыбат. Биир кэм күйгүөрүү. Ыраах айанныахтаах кусчуттар аарыгыран-айманан барыталаабыттара, арай чугас эргиннээҕилэр эрэ хаалбыттара. Бу дойдуга аймах аймаҕынан, кыралыын-улаханныын уруккуттан бултуур-балыктыыр сирдэригэр уончалыы хонукка айанныыллар. Ким кими кытта бултуохтааҕа быдан эрдэ биллэр. Арай хомондьуруопкаҕа диэн кэлбит тойоттор ол үгэһи кыратык уларытыахтарын сөп. Ол гынан баран нэһилиэк баһылыга кинилэри кимнээххэ эрэ (ыкса билэр дьонугар) сыһыарар, онон туох да сахсаан тахсыбат. Кус ыта айанныырыгар сокуоннай сааһын сиппит сааһыт үс бытыылканы
атыылаһар «нуормалаах». Маны хайаан да ыларыҥ наада курдук, ис да иһимэ. Ити гынан баран, бу дойдуга итинтэн сылтаан дэҥ-оһол тахсыбыта диэн суох. Кыра эрдэхтэн булка үөрэммит, сиргэ-уокка сыһыамах буолан диэххэ сөбө буолуо. Куоканы хайа да «хамаанда» сыһыарбатаҕа, бэйэтэ да тылламматаҕа. Кырдьаҕас учуутал Баһылай Тооппоороп 16-с халыыбырдаах биир уостаах саатын уларсыбыта, сүүсчэкэ ботуруоннаах. Инньэ гынан дьиэтиттэн түөрт биэрэстэлээх күөлгэ бултуур буолла. Ким да дураһыйбат сирэ быһыылаах: «мин ытар сирим» диэн былдьаһар киһи суох. Күһүн бу Баһылайтан саа уларсан уонча куһу бултаабыта. Онон сааһын да ыппахтыыр санаалаах. Арай Баһылай дьонун кытта ыраах учаастакка барыан иннинэ Куокаҕа «Балаҕаннаахха чугаһаайаҕын, кус баар да буоллаҕына, тумнаар» диэн лаппыйан сэрэппитэ. Тоҕо эбитэ буолла? Куока сэһээккэтигэр чохороонунан сэтиэнэҕи төрдүттэн быһыта охсон кыбыталаата, тыал курдары охсубат гына олохтоохтук оҥоһунна. Чугас, талах быыһыгар, физкультура учуутала Уйбаан Третьяковтан уларсыбыт дьоҕус балаакката баар. Дьонтон истэн хоруолаах маһынан уонча мончуук оҥостубута. Уйбаан «ээ, сааскы кус диэн даҥ акаары, ыраахтан туох эрэ хараарарын көрдө да сапта түһэр» диэн санаатын көтөхпүтэ, онон кус төбөтүн кыһан молуойдуу сатаан баран тохтообута. Тэлгэнэригэр таба тэллэхтээх, саптарыгар эргэ баата суорҕаннаах. Онон кусчут тэрилэ барыта баар киһитэ. Бөһүөлэктэн чугас буолан, пиэрмэ сүөһүтэ толору. Онон ынах өйүөнү сиэбэтин диэн, балааккатын быатын кичэйэн баайар, аһын дуомун дьылыччы уурар. Бу түүн, арааһа, кус көтүүһү: чуумпута, сылааһа сүрдээх. Дьэ, маннык хараан киэһэ биитэр уу нуһараҥ сарсыарда анды ааллаан кэлэр үһү. Онуоха сорох дьон утуйан хаалан таһы быһа мэлийэллэр эбэтэр сааһыт бэртээхтэрэ манныкка туттумахтаһан хаалаллар дииллэрин Куока истээччи. Таах олоруохтааҕар, соҕуруу диэки чарапчылана олордоҕуна хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ, үрдүк мэҥэ халлаантан кус кынатын тыаһа куһуурда да икки анды оруобуна мончууктар тастарыгар кэлэн олоро биэрдилэр. Маннык түгэҥҥэ ыксаабат баҕайыта. Куока өссө чугаһатан, холбуу түһэн баран, саатын элбэрээгин тардан кэбиспитэ – иккиэн тарас! Дьэ, бэрт да бэрт! Икки анды баар! Ыраах ырбыы диэки ээбиллэ биир кэм «һээп-һээп! Ааҥылла-ээмиллэ! Һээп-һээп!» диэн араастаан куолаһырар. Сотору соҕус буолаат, араастаан саҥарса-саҥарса букатын аллараанан ойоҕолуу сырылаһан эрдэхтэринэ, Куока лаппа иннилэрин туһаайан баран, элбэрээгин тардан кэбиспитэ – үс ээбиллэ кулаачыктанна! Кэлбит куһу ыыппакка, ити курдук биирдиилээн-иккилиилээн өлөрөн истэ, онон син уонтан тахсаны илиитигэр ылла. Түүн биир чааһы ааһыыта уу үрдэ тоҥон чарчыйда. Талах быыһыгар хабдьы бэбээрэрэ күүһүрдэ. Арай күн барахсан син биир көрбүтүн кубулуппакка бэлиэр хоту тиийбит. Күөлтэн уорааннаах салгын үрэн, Куока дьагдьайан барда. Мантан инньэ кус көппөт. Тыал омуннура-омуннура үрэн сирилэтэр. Хам-хаадьаа ыраах саа биирдэ эмэ «лүҥ» гынар. Куока отуутугар тахсан хаппыт талахтары тостурута тутан уотун күөдьүттэ, чэйдээтэ... Балаҕаннаахха Чэй иһэн дьэгдьийдэ, саҥа сири көрүөх санаата кэллэ. Эбии ботуруон ылан, үрүсээгин
сүгэн арҕаа диэки хаамта. Бэҕэһээ көрдөҕүнэ, Балаҕаннаах диэн ааттыыр сирдэригэр буруо унаарыйара, ол эрээри биирдэ да саа тыаһаабатаҕа. Дьэ, муокас. Талах уҥуор баар ньалыар ууга кустар аһаан ньамыгыраһар тыастара иһилиннэ. Үөмэн тиийэн көрбүтэ, икки тыйаах холбоон аҕай олороллор. Аргыый тыын ыла түһэн баран кыҥаата уонна ытан ньиргиттэ. Иккиэн тыла суох бардылар. Халдьаайыга балаҕан көстөр. Кимнээх эрэ олороллор быһыылаах: тэрил арааһа толору. «Бөһүөлэктэн тэйиэс эмиэ туох дьиибэ дьоно олордохторой?» диэн саныы-саныы, ол диэки хаамыах курдук гынан истэҕинэ тыа диэки, киһи куйахата күүрүөх, туох эрэ ыҥыранара иһилиннэ. Тохтоон иһиллээтэ. Туох эрэ мөхсөр, тугу эрэ барчалыыр. Сүөһү буолара чахчы билиннэ. Куока ол тыас диэки түһүннэ. Тиийбитэ, биир бургунас икки кэлин атаҕынан аҥхайга түһэн, көлөттөн хаалбыт. Куока кутуругуттан тардыалаһан таһаара сатыы турдаҕына: – Ок-сиэ! Кыайбатыҥ тугун сүрэй, эр киһи ааттаах, – диэн сэтэриир дуу, сөҕөр дуу саҥа иһилиннэ. Кырасыабай дьүһүннээх эдэрчи дьахтар хап-харанан супту көрөн турар эбит. Бүтүннүү бириһиэн таҥастаах, кылгас саппыкылаах. – Чэ эрэ, иккиэн куолаан тардыах! – диэн баран, бургунаһы кутуругуттан ылла, Куокаҕа эмиэ туттарда. Күүһэ диэн сүрдээх быһыылаах: тардан киирэн барбыттарыгар Куоканы өттүгүнэн таарыйан чуут сууллара сыста, онтон сымарына-сымарына тардан ынахтарын син таһаардылар. – Оо, таҥаһыҥ-сабыҥ буорайаахтаабыт. Кэл, миигин батыс, – диэн баран, дьахтар балаҕанын диэки чиҥ-чиҥник үктэтэлии турда. Куока таҥаһа олоччу ынах сааҕа, бадараан буолан, киһи аатыттан ааспыт курдук сананан, нэһииччэ сукуҥнаан истэ. Дьиэ таһыгар кэлбиттэригэр дьахтар дьаһалынан тас таҥаһын күүлэҕэ хаалларан баран иһирдьэ кииристэ. Сылааһыката сүрдээх эбит. Сүөгэйдээх алаадьыны сии олорон, устунан нуктаан барда. Дьахтар хаһан таҥаһын уларыттыбыта эбитэ буолла, чараас халаатынан сылдьан тиэрмэстэн чэй кутар, сүөгэй үрүҥнүүр. Бу кырасыабай дьахтары Куока биирдэ маҕаһыыҥҥа көрбүттээҕэ. Онно кинини тобулу көрөн, сонно миэстэтигэр хараҕалыы сыспыта. Уочаракка турар дьахталлар ону бэлиэтии көрө охсон, тугу эрэ сибигинэһэн ылбыттаахтара. Ол дьахтар эбит. – Хоноһо киһи, сыгынньахтанан, ити наараҕа сытан сынньана түс, кум гынан ыл, – диэбитигэр өс киирбэх чараас спортивнай ыстаанынан эрэ наараҕа сытынан кэбистэ уонна утуйан хаалбытын билбэккэ да хаалла. Төһө өр сыппыта буолла, итиитэ тулуппакка эргичиҥнээбитэ, онтон өйдөөн көрдөҕүнэ, адьас да сыгынньах – плавкинан эрэ – сытар эбит. Дьахтара хап-хара баттаҕа бураллыбытынан, уоттаах хараҕынан супту көрбүтүнэн, аттыгар олорон кинини имэрийэ олорор. Куока сирэйэ-хараҕа ити курдук дьиктитик турбут дьахтары көрө илик буолан, дьигис гыммыта, дьулайбыта уонна, били, Баһылай Тооппоороп «Балаҕаннаахха төрүт чугаһаайаҕын» диэбитин саныы биэрбитэ. – Уһугуннуҥ дии, – диэн баран, баччааҥҥа диэри иһийэн олорбут дьахтар кини үрдүгэр сапта түспүтэ уонна үүт маҥан мөлбөөркөй санна дьигиҥнии-дьигиҥнии, – миигин дьон «иирбит дьахтар» дииллэр, хайдах оннук буолуомуй?! – диэмэхтээбитэ. Куока туох да диэн саҥарыан булбакка
сыттаҕына тохтоло суох: – Эрбин, Владимирскай уобалас киһитин, бу эбэ былдьаабыта, онтон ыла манна олоробун. Эбэм аны бэйэбин харайар санаалааҕын өтө сэрэйэбин. Оттон мин Орто дойду дьолун ситэ билэ иликпин. Бэҕэһээ Үрдүк айыыларбыттан көрдөспүтүм – миэхэ дьолу бэлэхтээ диэн. Ол – эн эбиккин. Куттаныма, миигин дьоллоо, уол оҕото оҥор, – дии-дии, дьахтар бүтэһик таҥаһын сыыһын устан киэр бырахпыта уонна утарылаһар кыаҕыттан тахсыбыт Куоканы модун илиитинэн түүрэ харбаан, анныгар хам баттаабыта. Дьахтар имэҥэ киирбитэ сүрдээх этэ: дьик-дьах тутта сытар уолу үлтү сөрөөн, кый ыраах – таптал үрдүк мэҥэ халлааныгар көтүтэн илдьэ турбута... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан