Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саҥа дьыл түүн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саҥа дьыл түүн
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
11.12.2018 14:55
Дьүөгэлиилэр бүгүн сүргэбит лаппа көтөҕүллэн, дуона да суохтан күлэн-үөрэн, дьээбэлэһэн, ким туох маскараат, сонун бүлүүдэ бэлэмниирин үллэстэн, күммүтүн билбэккэ аһардыбыт. Саҥа дьыл... Тоҕо эбитэ буолла, тоҕо эрэ ала-чуо бу бырааһынньык биһиги олохпутугар туох эрэ дьиктини, таайтарыылаах түгэни биэриэн күүтэр курдукпут. Дууһа хаппахчытын хайыы эрэ ып-ыраах түгэҕэр саспыт оҕо сааспыт үтүмэн иэйиитэ өрө көбөн кэлэриттэн эбитэ дуу, бу сирдээҕи олохпут биир күдьүс сиэрэй маассаҕа кубулуйбутун сырдатар ухханыгар, алы гынар албаспыт сатана буоллаҕа дуу? Эбэтэр букатын да баара-суоҕа бүгүн сиппэтэҕи – эһиилгигэ, туолбатаҕы кэлэр сылга "хаһаанар" үгэспит быстыспат сорҕото буолуо... Чэ, туох да диэбит иһин, хас биирдиибитигэр Саҥа дьыл туһунан сырдык эбэтэр хараҥа өйдөбүллээх эбитэ чуолкай. Аннушка Аннушка отучча сыллааҕыта син эмиэ үгүстэр курдук кэлиэхтээх Саҥа дьылтан туох эрэ кэрэни, сырдыгы күүтэрэ. Оҕо сааһыгар сыта-тура аахпахтаабыт алыптаах остуоруйаларыгар курдук кини олоҕор дуулаҕа бухатыыра илэ бэйэтинэн киирэн кэлиэн, киниттэн атын дьоллоох Туйаарыма Куо суоҕун курдук сананыан баҕарара баа буолуо дуу. Оттон ол кэм үүнэрэ, кыһыйыан иһин, сыл-хонук аастаҕын аайы уһаан эрэргэ дылыта. Этэр буолара үһү: "Сыллата сылайбакка хатыланар: сүүрүү-көтүү, сүпсүлгэн – дьэрэкээн күөх харыйа – астаах остуол – уохтаах бакаал – үҥкүү-битии, буолар-буолбат көрсүһүү, кылгас кэмнээх билсиһии... Түмүгэ – син биир курус". Анна Васильевна билигин саамай сөбүлүүр, күүтэр-ахтар бырааһынньыга – Саҥа дьыл. Бу күн дууһалыын эдэримсийэргэ дылы. Буолумуна, бу күн отучча сыллааҕыта кини тапталын көрсүбүтэ! Оттон сыл буолаат, Саҥа дьыл 12 чааһа туолуон бэрт аҕыйах мүнүүтэ иннинэ бастакы хараҥаччытын күн сиригэр төрөтөн, таптыыр доҕорунуун дьол тохсус томторугар биирдэ өрө кулахачытан таһаарбыта. Бээ, хайдах кэпсээтэ этэй? Ол сыл, кини санаатыгар, бииртэн "биир ньиэрбэ түгэн" тахсан иһэргэ дылыта. Доҕор оҥостон сылдьыбыт уолунуун кыыһырсыбыттар. Бэл, куруук да холкутук аһарар үөрэҕэр кутуруктана сыһан, этэргэ дылы, тахсар күнэ "сүтэ-сүтэ күөрэйтэлээн" ылбыта. Эрдэттэн Саҥа дьыллата таһаарыах буолбут дьоно былааннарын 180 кыраадыс уларытан, 30 чыыһылаҕа барбат буолан хомоппуттара. Эркиннии эрэммитэ, сииккэ симэлийэн, кимниин да болдьоспокко хаалбыт эбит. Харчытын тобоҕунан дьонугар бэлэх ылаттаабыт. Онон атын массыына кэпсэтэ сатыыр да санаа киирбэтэх. Хайа уонна билиҥҥи курдук массыына арааһа күн устата хастыыта да субуллубат кэмэ этэ буоллаҕа. Бииргэ үөрэнэр кыргыттара куоталаспыт курдук, бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан, ким эрэ аймахтарынан баран, биирдэ өйдөөбүтэ, турар бэйэтэ эрэ хаалбыт. Биллэн турар, соччо-бачча алтыспат устудьуон сылларынааҕы доҕотторо уопсайга бааллара да, тоҕо эрэ убайын аахха Саҥа дьыллыырга быһаарбыт. Бастаан дьиэтээҕи бырааһынньык мааһа табыллан истэҕинэ, убайа улаханнык холуочуйбут. Устунан туохтан эрэ боруоктаһан, кэргэнин быраатыныын уолуктаһан турбут. Бырааһынньык эрэ сах, ыаллара бурайсан турбуттар. Саҥаһа, бырааттаах киһи, көмүскэһэн өрө күүдэпчилэммит. Эбиитин уол сүрэҕэ суоҕар кини туох эрэ кыттыгастааҕын курдук, ааранан "кыбыллан" «Эн балтыгын
мин туох да диэбэппин!» диэн, саҥас кырыы хараҕар түбэспит. Бырааһынньык түүн таһырдьа тахсар бэрдэ суоҕун иһин, эдэр киһи быһымах санаата баһыйан, ылла да тахсан бара турбута. Дьоно 17-с кыбартаалга олороллоро үһү! Сатамматах күннэрин, бырааһынньыгын санаан, дьоннорун да ахтыбыта эбиллэн, хараҕыттан уу-хаар баспытынан, тымныы күдэрик туман ортотугар биирдэ уулуссаҕа баар буолан хаалбыт. Саатар, тымныыта сүр эбит! Эбиитин тумана хойуу буолан, ырааҕы сүгүн көрдөрбөт. Сэрэйбит сэрэх, массыына баара көстүбэт, онон-манан итириктэр аймалҕаннара, аан аһыллар-сабыллар тыаһа эрэ иһиллэр эбит. Онон дьиэлэргэ чугаһаамына, уулусса устун хааман испит. Арай хантан кэлбитин да өйдөөбөккө хаалбыт, адьас аттынан такси "шашкалаах" "Волга" ааһан иһэн, кини иннигэр аҕай биирдэ хорус гына түспүт. Салгыы Аннушка бэйэтэ кэпсиир: — Инники олбохтон биир үөрбүт аҕай сирэйдээх саха уола быган: «Тыый, кыысчаан! Тоҕо бачча түүн соҕотоҕун хаамтыҥ? Ээ, Снегурочка быһыылаах. Оттон Дед Моруоһуҥ?" – диир. Атын кэмҥэ эбитэ буоллар, буутум быстарынан куотуо эбиппин да, ыстааным чараас буолан, мэктиэтигэр, буутум аһыс-аһыс гынар, сүүрэрдээҕэр тэтими да эбэр кыаҕым суох. Өссө испэр "олордон уопсайга да илдьибэт буоланнар" дии саныыбын. Ону сэрэйбиттии: – Снегурочка да буолларгын, олор. Сылааска ирбэт инигин? Сэргэлээххэ барарыҥ буолаарай? Буор босхо карета – олор. Иһиттим-истибэтим диэбиттии, бэлэм аан аһыллыбытыгар сылыпыс гынан хааллым. Эчи, массыына иһэ сылааһыын! Ол быыһыгар: "Этэҥҥэ тиэрдэллэр ини, ама, хайаан барыта наар аанньа буолуой?" — диэн, элэкис санаан аһардым. Суоппардыын үһүөлэр эбит. Көрдөххө, пассажирдара букатын эдэр уолаттар. Одноклассниктарыгар баран иһэллэрин кэпсии-ипсии оҕустулар. Тугу эрэ элбэҕи ыйыта сатыыллар да, сороҕун кыайан истибэппин даҕаны. Тоҥмутум оччо. Хата, бырааһынньык диэтэххэ, уолаттарыҥ өйдөөхтөрүн хайгыы көрдүм. Аттыбар олорооччум Вадикпын диэбитин өйдөөтүм. Иннинээҕи уолу тоҕо эрэ саныы сатаатым да, киирбэтэ. Массыынабыт өр-өтөр гыммата, уопсай иннигэр хорус гына түстэ. Вадим ойон тахсан, ааны аһа оҕуста. Бииригэр өҥөйөн: «Эн бара тур. Күүтэн түннүгүнэн тахсан эрдэхтэрэ. Мин Снегурканы атаарыым", – диэн, эрдэттэн болдьоспуттуу, судургутук быһааран кэбистэ. Ону кытта "Волга" хоҥнубутунан барда. Халыҥ кириэппэһим – куорпуһум аттыгар кэлэн, лаппа сэргэхсийдим, ирэ да быһыытыйбыппын, аргыспын, дьэ, сыныйан одуулаһааччы буоллум. Харахтарбыт уун-утары көрсүһэ түспүттэригэр, санаабар, акаары баҕайытык балачча өр көрөн турбут курдук сананным. Онтубуттан кыбыстан, үтүлүкпүн көннөрүннэх буоллум. Испэр: "Бу түүл дуу, илэ дуу? Наһаа да интэриэһинэй уол, арай кини миэнэ буоллун?" – мэник санаа күөрэс гыммытыттан бэйэм да сонньуйдум. Ону көрөн уолум: «Во, во, итинник мичээрдээ. Бүгүн бырааһынньык. Барыта үчүгэй буолуо, Снегурочка-аа". Онуоха эрэ, дьэ, өй ылан: – Снегурочка буолбатахпын. Аня диэммин. Олус да тоҥон испитим, улаханнык абыраатыгыт. Баһыыбаларыҥ. Бачча кэлбиччэ, бэйэм да тиийиэм этэ буоллаҕа. Кэтэһэллэр диигин дии? (испэр кини барыан тоҕо эрэ олох баҕарбаппын) – Онон манна олоробун диэтиҥ,
чэ, киириэххэ. Киирбиппит, куорпус саалата үллэҥнэс киһи. Киирии-тахсыы. Баахта таһыгар – кытаанах уочарат. Ыалдьыттаахтар дьоннорун киллэрэллэр-таһаараллар. Түгэх фойеҕа муусука ньиргийэр. Салгыы туох диирбин тобулбакка турдум. Хата, Вадима сытыы-хотуу бөҕө эбит, аара киирэн иһэн хас да уолу-кыыһы кытта бирибиэттэһэ оҕуста. Баахтаҕа чугаһаат: – Дискэтиэкэ "ийэтэ-аҕата" манна эбит. Мин дьоммор бара сылдьыым. Таҥаспытын эн хоскор ууруохпутун сөп ини? Нүөмэрэ? Толкуйдатар да бокуой биэрбэккэ, киһиҥ барытын бэйэтэ быһааран иһэринэн бэрт буолан биэрдэ. Мин, дэлэ, дуо хоспун этэ, сөбүлэһэ оҕустум. Ол кэнниттэн уолум тахсаатын кытта сүр тиэтэлинэн этээспэр ойдум. "Уой, тугу кэтэби-ин, тугуу-у?! Э, арба кырдьык-хордьук, мааны таҥаспын ыалбар кэттим этэ дуу. Уой, хоспуон, ыһыллаҕас дуу, сах.... Вадим... Вадим, ханна көрдүм этээй, ханна?» Биһиги омуммут бөҕө: – Тыый, кыыс оҕото. Ол күн билсиһэн, сарсыныгар утуйан, бэрт сотору оҕо оҥоро оҕустугут ээ, — дэһэбит. Аннушка ити хаадьыга кыһаллан бэрт: — Уу, дьэ, бу да кыргыттар! Оҕо ис иһигэр хас ый сылдьарын билбэккэ дылы, ыйыта олороллор ээ. Суох, сэгэрдэр. Хомотобун. Дьоҕойон, ол күн уураспатахпыт даҕаны. Бытаан үҥкүүгэ ыҥырбытыгар да, сүрэҕим ооккото, долгуйан, уһулу ойон тахса сыспыта. Бээ, сүрдээҕин харыстыыр этэ. Ол эрээри дьылҕа хаан ыйааҕа тардан эбитэ дуу, дьахтар күнүн бырааһынньыгар баҕас, сатаан туттумматахпыт. Чугаһаспыппыт. Ол кэнниттэн сотору-сотору "собуоттанан", олус өр буолбакка, оҕобутун айан-тутан таһаарбыппыт ээ, үчүгэй аҕайдык. Көрсүспүт күммүт сылын туолуута Айнушкабыт төрөөбүтээ! – Чэ-чэ, олус өр харыстаабатах, — кэм да "үөммүт хороҥолоон" ылар. – Буоллун, кэмсиммэппин. Да, уонна... бастакыбытыгар ону баара, олус сэрэниин-сэрэнэн, миигин олус харыстаан, дьахтар буолар аналбын биллэрэн турар. Этэллэр дии, абытай да абытай этэ диэн. Биһиэхэ оннук буолбатаҕа. Аны, романтичнайын оҕото! Билигин да туох эрэ сюрпризтаах буолуохтаах. Тьпу-тьпу, чтоб не сглазить! Кини миэхэ бастакы эр киһим. Ол да иһин ардыгар махтанар, санаан кэлэ-кэлэ, билигин да ымманыйар ээ. Били, дьахтар эбитиҥ буоллар, ылан да бэрт диэбиккэ дылы. Кыргыттаар, итэҕэйиҥ, эрэниҥ диэм этэ, саҥа дьыл түүнэ эмискэ киһи күүппэтэх өттүттэн соһуччу үөрүүнү, дьолу аҕаларыгар. Дьүөгэбит Аннушка соторутааҕыта төрөөбүт сиэнигэр үтүлүк баайарын кубулуппакка олорон, күлэн мичийэр. Дьоллоох буол, Аннушка! Тапталина.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан