Кэпсээ
Войти Регистрация

Өс ситиһии эбэтэр күндү бэлэх?

Главная / Кэпсээн арааһа / Өс ситиһии эбэтэр күндү бэлэх?

K
26.11.2018 15:42
Илья сөмөлүөтүнэн буолбакка, баара эрэ биир күнүнэн тиийэр сиргэ пуойаһынан барарга быһаарыммытыттан ис-иһиттэн сырдаан кэллэ. Тоҕоос көстүбүччэ, саныыр-ахтар түгэнэ элбэх. Үөһээ наараҕа сытан утуйардыы санаммыта ханна баарый, уута кэлбэтэ. Төрөөбүт куоратыгар үктэммэтэҕэ уон сыл ааһа охсубут! Бу кылааһынан көрсүһүүгэ баран иһэриттэн сэдиптээн, урукку-хойукку тү­бэлтэлэр субу бэҕэһээ эрэ буолбут курдук, санаатыгар хотоҕостуу субуһаллар. Да-а, бэл, аллар атаһа, убай-быраат тэҥэ санаһар Пашка уолунуун да көрсүбэтэҕэ ырааппытыын! Төрөппүттэрэ тыыннаахтарыгар, хайа кыалларынан, атын сири-дойдуну көрөр баҕа улахана. Оттон барахсаттара анараа дойдуга барыахтарыттан төрөөбүт куоратыгар тардыспат да буолан барбыта. Ахтары-суохтууру күүһүрдэрин эбитэ дуу, ким билиэй. Пашканы, баар-суох доҕорун кытары, ардыгар сырбатыһан да турар кэмнээх эбиттэрин иһин, олус истиҥник саныыр. Бээ эрэ, ол бастаан туохтан кыыһырсан турдулар этэй? Ээ, арба. Кэм да кыыс туһуттан буолаахтаатаҕа. Кыһайбыт курдук, иккиэн биир кыыһы, Ирканы, таптаан буорайдылар этэ дуу. Уурбут-туппут курдук быһыылаах, номоҕон сирэйдээх, умус уонна күөрэйимэ диэбит курдук, муора өҥүгэр дьүөрэ харахтаах Ирочка, бэйэтин билиммит кыысчаан этэ. Элэктээбиттии иккиэннэрин кытта тэҥҥэ эрийсэр буоллаҕа үһү! Онтон аны, улахан кылааска тахсан баран, Валюшаҕа харахтара хатаммыта. Доҕордуулар диэх курдук, ити тухары наар биир кыыска болҕомтолоро хатанар эбит. Арааһа, интэриэстэрэ, вкустара биирэ оччо буолуо. Уруккуну санаан, Илья сонньуйан ылла. Валюшка, кумах чаһы кэриэтэ бөгүүрэлээх, олордоҕуна бэйэтин кытта олорсор уһун, күн уотугар буоскалаах курдук кылбайа оонньуур суһуохтааҕа, оттон куолаһаа... Ирка кини ухажердара тэҥинэн атын кыыска саантаабыттарын, биллэн турар, сөбүлээбэтэҕэ быһыылааҕа: «Аата, булан-булан таптаабыт да кыыскыт баар”, – дии-дии, үрүҥ тиистэрэ кыдыгыраан турара бу баардыы көстөн кэллэ. Күнүүлээтэҕэ да буолуо, бу санаатахха, кини туһугар бөтүүктэһэр уолаттара атыны астынан, уҥа-хаҥас сырбатыһар буолбуттарыттан... Салгыы кырасаабысса Сибиэтэнэн иирэн турбуттара. Кини болҕомтотун ылаары, туһунан мучумааны көрсөллөрө. Аны, кинини былдьаһан күрдьүөттэспит оҕус курдук көрсөр буолбуттара. Ээх, оҕо саас, оҕо саас! Пашка төһө эрэ уларыйда? Олоҕор табыллыбыт диэни истэн, үөрбүттээх. Оскуола кэнниттэн тус-туһунан суолу тутуһан, арахсыахтарыттан билиҥҥэ диэри сирэй көрсө иликтэр. Гостиницалаах тойон дииллэр. Кыргыттары да, баҕар, кини үлэҕэ ылаттаабыта буолуо. Дьоҕус куоракка үлэ көстөрө туһунан эрэйдээҕэ чуолкай. Оҕолор төһө эрэ уларыйдылар, тубустулар? Илья чуолаан бэйэтин кэмигэр сүрэх чопчута оҥостубут кыргыттарын көрө охсуон баҕарар. Саҥа ситэн-хотон эрэр уол кинилэри оччолорго баҕарара кэмнээх буолуо дуо! Гормуон той оонньооһуна, эдэр эт-сиин баҕарара – баар суол этэ. Оттон кини кыргыттары таптыыра бэрт буолан, чугас сыһыаҥҥа хайаларын да кытта киирбэтэҕэ. Дьиҥинэн, кэлин, оскуоланы бүтэрэр сылларга, түгэн-тоҕоос баар аҕай этэ. Ону баара кинилэри убаастыыра, күндүтүк саныыра оччо күүстээҕэ. Ыраас иэйии, ыраас таптал... Тоҕо эбитэ буолла, олус тупсубут кыргыттары хараҕар араастаан оҥорон көрөөт, били баҕайыта чуут-чаат өрө туран баран, бэрт нэһиилэ уоскуйда. Төһө өр итинник санаа далайыгар
умсубута буолла, утуйан хаалбыт. Чуут-чаат түһүөхтээх ыстаансыйатын көтүтэ сыспытын, хата, эрдэттэн үлэхтээх проводница уһугуннаран турда. * * * – Братан, Илюха! – диэн саҥаны кытта тэбис-тэҥҥэ, ханна көрөн турбута буолла, Илья перроҥҥа үктэнээтин кытта иннигэр Пашка уол баар буола түстэ. “Чэ, бэрт, хата, кэллиҥ! Бардыбыт, суоппарым кэтэһэн олорор, мин отельбэр барар инибит?” диэн солуобатыгар ыйытаат, санныттан кууспутунан, иннин диэки дэллэриттэ. Айаннаан иһэн көрсүһүү үбүлүөйүн сиһилии былаанын барытын билиһиннэрдэ: «Бастаан аһыыбыт, онтон куораты көрдөрүөм. Тупсубутун, уларыйбытын бэйэҥ көрөн итэҕэйээр. Онтон баанньыктанабыт, дьэ, оҕолорбутугар ойуохпут”, – диир. – Кимнээх баар буолуохтарай? Оттон, били, күнүүлэһэн сырбатыһар кэрэ куолардаах этибит дии. Кинилэртэн ким баарый? – Илья санаа оҥостубут ыйытыгын “пал” гыннарбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. – Э, кыраһаапчык, өйдүү-саныы сылдьар ээ, уол? Мин, биллэн турар, умнубаппын. Баҕарбытым да иһин, бу аат шрама хас күн аайы кэриэтэ санатар. Эн илииҥ суола, өйдүүгүн? Бааллар-бааллар, ханна барыахтарай – Пашка сүүһүгэр хаалбыт баас оннун ыйан көрдөрө-көрдөрө, күлэн күһүгүрэтэр. Ити быыһыгар саҥа дьэндэспит тутуулары эр-биир билиһиннэртии истэ. – Бу барыта эйиэнэ, бу эмиэ эн ту­тууларыҥ дуо? – истибитин итэҕэйбэ­тэхтии, олох да оҕо сааһыгар түһэн, Илья хараҕын симириҥнэттэ. – Урут маннык дыбарыас “сыта да суох” буолара. Пашка ол аайы астынан, киэптээн бөҕө: – Ээ, оттон биһиги да кыралаан сайдабыт буо. Бу, били, 17-с үйэ манастыырын саҥаттан реставрациялаттыбыт. Маны көрө туристар ыраах сиртэн аат ааттаан кэлэллэр. Силигин ситэрэн, былыргы тутуулары эбэн биэрбиппит. Хайа, хайдаҕый? – Ыйытыа да суоххун сөп этэ, – Илья, дьиҥ астыммытын биллэрэн, доҕоругар мичээрдиир. Көрсүһүү аһа, баанньык – барыта “чаһы” курдук ааһан, доҕордуулар выпуһунан көрсүһэр сиргэ тиийэллэр. * * * Көрсүһүүгэ кэлбит дьон сыр-мыр вестибюльга эбиллэн бардылар. Кыратык ис-хоой эбиллибитин аахпатахха, уолаттар улаханык уларыйбатахтар. Тута билэн дорооболоһуу, куустуһуу сүрдэннэ. Оттон кыргыттар... бииртэн биир кэрэ куо буолбуттар. Сорохторун Илья сэрэйэн да билиэ суох эбит, атын сиргэ көрсүтэлээбитэ буоллар. – Илюшка, киин сир ыалдьыта, арааһа, билимээри тураҕын дуу? – блондинка буола кырааскаламмыт, били, Пашка мааҕын көрдөрбүт шрамын төрүөтэ Ирка кыыс супту хааман кэллэ. – Ирка? Тыый, өссө тупсубуккун дии! – диэт, улаханнык ахтыбыт аҥаарын булбуттуу, ыксары кууһан ылла. Духуутун сытыгар ол ыккардыгар тумнаста да сыһыах айылаах буолла. Соттубута хойуутун. “Оттон миигин?” диэн саҥа хоту эргиллибитэ, бастакыттан өссө кэрэ, өссө ордук быһыылаах-таһаалаах Ирка турар эбит. – Валюшка, Мэрилин Монро диэн туох кэлээхтиэй, эйиэхэ ырааҕынан тиийбэт эбит, – Илья итиччэ кырасаабыссалар кинини көрөллөрүттэн олус үөрбүттэриттэн, көтүөн кыната эрэ суох буолла. – Оттон мин? Мин кыр­дьыбатахпын дии? – диэбитинэн ыраахтан Сибиэтэ модель тэҥэ, үрдүк хобулугар дугунан, бу тиийэн кэллэ. – Светочка, солнышко, эн
курдук кырасаабысса хайаан кырдьыай, коньяк курдук, төһөнөн сыл-хонук ааһар да, оччонон тупсан, киэркэйэн иһэр буоллаххыт, – дии-дии, эмиэ кууһан ылбыта, эмиэ мааҕыҥҥы духуу сыта ил гынна. * * * Ити курдук, саҥаттан саҥа кэлбит киһини кытта эҕэрдэлэһии бүтэн, астаах остуолга олорон, сэһэн-сэппэ ыраатта. Туост этиитэ, бииртэн биир кэмпилимиэн, курустаал үрүүмкэ охсуллар тыаһа туһунан муусука буолан, иһиллэр утах кураанахтанан, кыраадыс да эбиллэн барда. Уруккуну санатыһан, кэнники уон сыл “ыйааһына” кимиэхэ да хаалбатах чинчилэннэ. Бары да, санааларыгар 17-18 саастарыгар түспүт курдуктар. Күлүү -үөрүү ыраатта. Кыраадыстаах утах төбөҕө тахсан, уолаттар харахтарыгар кыргыттар өссө тупсан, иһирэхтийэн бардылар. – Илюшенька, кыратык тахса тү­һүөххэ эрэ, – кэнниттэн Сибиэтэ кэлэн, кулгааҕар сипсийбит сылаас тыыныттан уолан бэрдэ кычыгыланан ылла, – мин сотору үлэбэр барабын. – Без вопросов, – Илья илиитин даллаппытынан, туран кэллэ. Ону эрэ кэтэһэн турбуттуу, кини илиитигэр дьахтар бодоруускалыы түстэ. Ол кэнниттэн үөһээ этээскэ тахсан, көрүдүөр түгэҕэр турар хос аанын күлүүһүнэн арыйан, онно сиэтэн киллэрдэ. Оо, ол кэнниттэн, ырай олоҕо саҕа­лам­мат да! Бэрт үөрүйэх баҕайытык, Сибиэтэ тортоҕор былаачыйатын синньигэс бретелькатын сүөрэ тардаат, уста оҕуста. Кэрэ сирин санаа курдук бүөлүүр ис таҥас ханна эрэ, биллибэтинэн, кыырайан хаалла. Лиипчиги эр киһи сүөрдэ. Ол кэнниттэн дьахтардаах эр киһи хас эрэ сыллар тухары ахтыспыт-суохтаспыт дьон сиэринэн, уос уостарыгар сыстыһа түһээт, солко хахтаах орон таҥаһын үрдүгэр охтон түһээт, омуннаахтык уураһан, ииригирэ имэрийэн-томоруйсан бардылар. Ити сытан уолуҥ өссө саныыр: “Ай да, Пашка да, Пашка! Нүөмэрин утуйар таҥаһа солкоттон атын буолар туһа суоҕа. Итийбит-кутуйбут киһи маннык сөрүүнүнэн хаарыйар таҥаска астына таптаһара ханна барыай! Оттон Светочка хас биирдии хамсаныыта ааҕыллан-суоттанан диэбиккэ тэҥэ, барыта түргэн-тарҕан, ордук-хос суох. Таҕылларын астына таһааран, сүмэһинэ төлө биэрбитэ ыраатан, кыраадыстаах утах да дьайан эрдэҕэ, эр киһи устунан нухарыйыахча буолла. Ону баара, кыыһа: – Тур, тур, эр бэрдэ, биһигини пио­нер-хомсомуол аармыйата суохтаан эрдэҕэ, – диэт, тура эккирээтэ. Кыл түгэнэ былаачыйатын кэтэн, түүп­пүлэтигэр төҥкөйдө. * * * Бу икки дьон сүтэн баран күөрэйбит­тэрин, ким да өйдөөн көрбөтөх чинчилээх. Кэпсээн-ипсээн, ырыа-тойук өссө ырааппыт. Илья ол долгураҥҥа киирэн, “бүгэн” хаалла. Бэл, Сибиэтэ бэрт сотору харах ылар далыгар көстүбэт буолбутун да өйдөөбөтө. Сотору соҕуһунан Ирка чугаһаан, табахтыы ыҥырда. Ол эрээри таска тахсан баран, туохха да ыҥырбытын умнубуттуу: "Я тебя хочу", – диэбэт да. Илья табах буруотун сыыһа ыйыстан дуу, маннык аһаҕастык билинии соһуччута бэрдиттэн дуу, сөтөллөн хахсайан ылла. Өр көрдөһүннэриэ диэтэҕиҥ. Эмиэ мааҕыҥҥы Ирка “Сусаниннаабыт суолунан”, көрүдүөрүнэн, бэркэ билэр хоһугар тиийэ оҕустулар. Киһи эрэ буоллар, кини да билигин аҕай таптаһан баран, хантан саҥалыы күүс ылан, кырасаабыссатын астыннарыан санаан, сэрэхэдийэн ылла. Онто баара, кыыс оҕо кылааннааҕа
эбит, Ирка! Имэрийэн-томоруйан, сыллаан-уураан, тоҕус уоннаах да оҕонньору уһугуннарыах, уйуһутуох быһыылаах. Илья олох мачо курдук сананна. – Ир, кэргэннээххин дуу? – тоҕо эбитэ буолла, Илья ыйытта. – Тугуй, ол мин эрбэр ымсыыраары гынныҥ да? – кэпсэтиини көргө-күлүүгэ кубулутан, хардатын эппэтэ. Бу да сырыыга кинилэр ханна эрэ баран кэлбиттэрин ким да өйдөөбөтө дуу, дии санаан эрдэҕинэ, аттыгар толору фужердаах Валюша кэлэн олорунна. – Дьэ, Илья, эйигин кытта бүөмнээн кэпсэтиэм дии санаабытым баара, хойутаабыппын. Ирка духуутун сыта эйигин бэлиэр тунуйбут. Эбэтэр Сибиэтэ киэнэ эбитэ дуу? Иккиэн да, шалавалар биир духууттан кутталлар, ха-ха. Валюшка итини этээт, туран эрэрэ... * * * Сарсыныгар Илья атаһа олохтообут нүөмэригэр уһукта биэрдэ. Утары ороҥҥо Пашка ыстакааҥҥа “Аспирин” суурайа олорор эбит: – Мэ, маны ыймахтаа, имэҥнээх илиэһэй, – диир уонна күлэрин кыатана сатыы-сатыы, – бэркэ күннэттилэр ээ, кыргыттар? Маладьыастар! Моя школа! – “Мин оскуолам” диэн..., ол аата? – тугу да өйдөөмүнэ Илья ыйытта. – Эрэйдэнимэ, көнөтүк өйдөө, бүттэ. Кыргыттар – мин "Хилтоным" “түүҥҥү профсойууһун” үлэһиттэрэ. – Дуо?! Тоҕо миэхэ оччоҕо бэһирэн турдулар? – сэрэйбит да буоллар, баҕарбатах чахчытын бигэргэттэрэн, Илья сүөм түстэ. – Одноклассниктар тоҕо көрсүһэл­лэрэ буолуой? Быһаарабыт: одноклассницалар оскуола сылларынааҕы баҕаларын олоххо киллэрэллэригэр анаан. Кинилэр миэхэ өй укпуттара, Ильяны хайаан да ыҥыр диэн, – төһө да тулуйа сатаатар, Пашка күлэн ыгыстан барда, – тоҕо ыҥыртарбыттарын мин хантан билиэмий? Дьахтар – өйдөммөт айымньы. * * * Эр дьон доҕордоһууларын дьикти тутулун саныы-саныы, Илья сөмөлүөт иллюминаторынан таһырдьаны одуулаһар. Төннөрүгэр түргэнник тиэрдэр көтөр аалы талбыта. Уһун түүнү быһа туох буолбутун, урукку ыраас иэйиитин киртиппит быһымах санаатын эридьиэстиир, мэйии уонна сүрэх мөккүөрүн өйдүү сатыыр баҕата ончу суоҕа. Пашка уонча сыллааҕы дайбаһыы оспотох бааһын, арааһа, итинник ситистэҕэ буолуо дуо? Мдаа. Алина Рощина суруйуута.
kyym.ru сайтан