Кэпсээ
Войти Регистрация

Тута туруусукка...

Главная / Кэпсээн арааһа / Тута туруусукка...

K
15.11.2018 16:20
Кыыс кылааннааҕа сайын кэлиитин көрсө тупсан, сыбыдахтанан кэбиһэрэ кэрэ да. Уолан киһи мэйиитигэр тахсар айылаах кэрэ көстүү киэнэ киниэнэ – ыһыахха. Хараҕынан хайҕаһыы, имэрийэ көрүү-истии элбиир идэлээх. Кэлиҥҥи ыһыахтар наар ардахтаах, сорох ардыгар хаардаабат эрэ курдуктар. Быйылгы ыһыах иккис күнэ эрэ күннээх буолла. Ол да буоллар сото сыгынньах, курдары көстөр таҥас оҕотугар барбах сууламмыт кэрэ аҥаар аҕыйаҕа суох. Үөһээ дойдуттан түспүт курдук, хаһан да быылга, киргэ-хоххо сылдьыбатах, ынах, сылгы сааҕын көрбөтөх да, билбэтэх да курдук туттар-хаптар бэйэлээх үксүүр үгэстээх. Баардарын-суохтарын барытын иилиммит, Саҥа дьыллааҕы дьуолка курдук симэммиттэр да хаалсыбаттар. Олор быыстарыгар биир эмэ баар буолар – Кэрэ Куо. Отутуттан үөһээ саастаахтар дискэтиэкэлэригэр аҥаар харахпынан көрөн, кыл түгэнигэр баран кэлээри хаамтым. Билигин да онно бааллар эбит, итии утах кэнниттэн сааскы сымала курдук сыстаҥнас дьахтар аймах. Собуоттаан-собуоттаан баран ыыталаан кэбиспит сирэй-харах дьүһүн-бодо. Кырааска-самааска түһэн хаалбыт дьахталлара. Ити аата муоданы батыстахтара дуу... Бүгүн “тутан” илдьэр санаам суох. Көн­нөрү көрөр-истэр, сарсыныгар “Дыгын оонньууларын” сарсыардаттан кө­рөр баҕалаахпын, эбиитин үлэлиибин. Ол да буоллар уруккута элбэхтик “бэрсибит” туонабын умнар эрэт үһүбүөн. Хайа диэки кимниин билсибиппин, хан­на тиийэн хайаабыппын аахтара билэ сырыттаҕым. Ол да иһин атаҕым билэр хайысхатын тутан бэйэтэ илдьэ барар курдук. Тиийбитим, ырыа-тойук, үҥкүү-битии бүтэрэ чугаһаабыт. Бу кэмҥэ “туппатах” тута сатаан ыксыыр кэмэ буолуохтаах диэн, сүрэҕим курдаттыы сэрэйэр. Хата, бүтэн абыраатыҥ диэн, тура түһэн баран төннүөх курдук гынан истэхпинэ таһыттан көрдөххө, улахан кырааската-самааската суох биир кыыс киэнэ кылааннааҕа бэйэтинэн иилистэ түстэ. Билэр киһитигэр бутуйдаҕа дии санаатым маҥнай утаа. Онтум баара, үлүбүөй, түбэһиэх тэлээрэ сылдьар дьахтар эбит. Сымаал курдук сыбана түһээт, курбуттан харбаан ылла эбээт. Хата киһитэ мин буолан, өссө аллара түһүөҕүн тохтоттум. Көрөн-истэн хараҕынан сыгынньахтыыр идэлээххэ диэри: “Эйигин баҕардым... – диэмэхтиирин быыһыгар, – “уолум бырахта, иэстэһэбин”, – диэннээх буолла. Иэстэһэрэ да түктэритин. О, абалаах, улахан эппиэттээх үлэм суоҕа буоллар, иннин-кэннин баҕас орун-оннугар булларыам, көрдөөбүтүн көннөрүөм эбитэ буолуо... Таҥаһыттан-сабыттан, сытыттан-сымарыттан сылыктаатахха, аһара куһаҕана суох олохтоох буолан баран, “бу курдук буолаахтаабыт дьахтар муҥнаах ханна эрэ тиийэн “аналлааҕын” булар” дии-дии, арахса сатаатым. Туох да иһин ыыппат, иилистибитэ биир. Туох эрэ күндүттэн маппыт курдук сананан, быстыам дуу, ойдуом дуу, төлө көтөн баран эрдэхпинэ кэннибэр “син биир иэстэһиэм...” диир саҥа-иҥэ иһиллэ хаалбыта. Иэстэһэн көрөөхтүүр буоллаҕыҥ эбээт... Сарсыныгар сааттаах буолаарай! Туох дии саныырыҥ эбитэ буолла... “Биэриэм суоҕа” Уолуктаһан баран, тугу эрэ ботугура­һан кэпсэтэр эрэттэргэ ыы муннубунан кэтиллэ түстүм. Аны дайбастахтарына “хоһулаан” кэбиһиэхтэрэ диэн, туора хаа­ман иһэн, туохтан охсуспакка эрэ уолук­таһан туралларын билээри барбах кэтии түстүм. Онтум баара, хайа эрэ Сардаананы былдьаһаллар эбит. Биирэ “бэйэтэ талыаҕа”, иккиһэ “биэриэм суоҕа” диэх курдук тыллаһаллар. Бу
мох­со­ҕоллор манна кэлэн булустахтара дуу. Хайа эрэ Сардаана билигин, баҕар, кини туһуттан мохсоҕоллор тутуспуттарын сыттаан да билбэккэ сэттис түүлүн көрө сытар да буоллаҕына көҥүлэ. Эбэтэр күүлэй муҥнаах дууһа буолан, кими ба­ҕарар кытта сылдьыспытын содулугар бу уолаттар кыргыһаары оҥостон, бу буолан турдахтара. Биһиги кэммит эбитэ буоллар, биллиргэтиспиппит ырааппыт буолуох эбит. Култууралара аһара баһыйдаҕа дуу, киһи соччо былдьаһан да өнүйбэт кыыһа эбитэ дуу... Сарсыныгар кэлтэһэ эрэ тахсыбатын... Күнүс быырпах бөҕөтүн ону-маны булкуйан мотуйбутум таайан, хабах туолан, хойуум хойдон сордоото. Тура түһэр сири көрдөөн булбаккын. Хайаан да көҕүрэтиннэххэ табыллыыһы. Сэрэйдэххэ, уочараттаах буолуохтаах. Аны ол тухары тэйиччи хааман тиийэ охсуохха наада. Сайыҥҥы түүҥҥү сөрүүн салгыҥҥа оҕустаран, сыыдам соҕустук хаамыыбын эптэр эбэн биэрдим. Сэрэйбит сэрэх, таска турааччы элбэх. Сотору-сотору туохтан эрэ күлэн алларастаһаллар. Ыксаабыт киһиэхэ дьэ кэтэһэр курдук куһаҕан суох. Арай ол туран биир кытыы диэки турар кэбиинэ аана сэгэйэн турар. Кэтэһэн турааччылар тоҕо эрэ онно киирбэттэр. Ээ, мин туруохтааҕар онно супту хааман тиийэн, бастаан тоҥсуйан көрөн баран, ким да хардарбатаҕар, сэгэйэн турар ааны арыйа баттаабытым, доҕоор, ыркый ойуур курдук хойуу “дойдулаах” дьахтар бэйэлээх соруйан көрдүннэр диэбит курдук, аччайан баран кыанымына олорбутунан утуйаахтаан хаалбыт эбит... Оо, сарсын кэлтэһэ эрэ тахсыбатын!!! Аантан чынас гынааппын кытта аттыбар турааччылар, сирэҕэстэр, дьэ күлэн алларастаһа түстүлэр. Ол дьаабаллар дьахтар муҥнаахха көмөлөһөн таһаарар эҥин диэн санаа киирбэт дьоно эбит. Биир өттүнэн, көҕүрэттэр сиргэ “кыаҕа эстэн хаалан” охтубут дьахтары сосуһар, таҥаһы марайдыахпыт диэтэхтэрэ буолуо... Хата, дьахтар дьолугар дуу, соругар дуу ааһан иһэр полиция үлэһиттэригэр ким эрэ тыллаан аҕалбыт эбит. Супту ол кэбиинэҕэ хааман кэлэн салгыы буостуктаһа хааллылар. Аан арыллаатын кытта дьылыс гынан чэпчээтим. Тахсыбытым, били муҥнааҕы хонноҕун анныттан окумалыттан ылан массыыналарын диэки сосуһан эрэллэр эбит. Бүттэхпит ити, кимиэхэ эрэ ыһыах бүттэ... Тугун таптаабыта биллибэт Дьахтар аймах сааһын лаппа кистиир буолбут дуу, кыргыттар сааһыра барбыт эр дьону кытта сылдьаллара элбээбит диэн көрөбүн. Сотору-сотору кылбаа маҥан, арааһа, ынах диэни ыабатах, икки тутум уһуннаах оскуома үрдүгэр хааман талбаара сылдьар бэйэлээхтэр, аҕаларын кытта сылдьыбат буоллахтарына, лаппа саастаах дьону кытта сиэттиһэн сылдьар буолаллар. Тыыннаах куукула курдук буолан, чахчы, онон-манан киэргэтиэххэ, кимиэхэ эмэ күндү малынан киһиргиир курдук, киһиргиэххэ эрэ сөп курдуктар. Онтон атынын дьэ сатыыллара саарбах. Ынах ыа диэтэххэ, арааһа, тыҥыраҕым тостуо диэн куотунар буолуохтаахтар... Хайыахтарай, куорат бэлэм олоҕор үөскээбит дьон итигирдиккэ, көргө-нарга, киэргэлгэ, тэлибирииргэ, биэтэҥнииргэ, килэбэчийэргэ үөрэнэн хааллахтара буолуо... Оттон эр дьон “маннык бэйэлээҕи кыайа туттум, билигин да үчүгэйбин” диэн санааттан эбитэ дуу, олох түөс мөтөйөрүнэн аргыый эрэ хаамаллар, чугас эҥээр кини саҕа дьоллоох суоҕун тэҥэ, сир кинилэргэ эрэ эргийэрин курдук дьаабы. Дьон талан ылбыт олоҕун, сөбүлүүр
өҥүн-дьүһүнүн, үрүҥүн-хараҥатын хайыаҥ баарай, сылдьаахтаан көрөөхтүүллэр буоллаҕа... Бэйэҥ буруйдааххын “Кут эрэ арыгыта. Пиибэ иһэҕин дуо? Суох дээ-э, мин буоллаҕына иһэбии-ин...” икки дьахтар кырыс үрдүгэр олорон эрэ балаакка таһыгар ээр-сэмээр “аһыы” олороллор эбит. Биирэ “оҕонньорум көссүүтүгэр күрээбитэ”, иккиһэ “тутулламмын, билигин эрим көссүүлэрин хайдах да гынан саҥарар кыаҕым суох. Киһи абарыах, сороҕор баҕас духуу сыттаах, сылайан-элэйэн кэлэрин биллэрбин да, бастаан буруйу оҥорбут киһи буоламмын уонна оҕолор тустарыгар олордохпут эбээт...” Саас ортолоох, тастарыттан көрдөххө, киһи соччо-бачча “туора хаампат буолуохтаахтар” диир дьахталлара ити курдук биир балаакка нөҥүө олорон холуочуйбучча, улаханнык саҥаралларын балаакка дьоно кулгаах иччитэ буолан олороллор быһыылаах. Онно-манна дөрүн-дөрүн айах саптан олорон күлэр саҥа-иһэ быыһылаан тахсарыттан суоттаатахха. Эрдэ көссүүлэһэн барбатаҕа буоллар, ити биирэ баҕас талыы талба хотун буолан, билигин оҕолорун, өссө сиэннэрин кытта манна, Туймаада туонатыгар, үөрэ-көтө күүлэйдии сылдьар буолуох эбит... Саҥа киһи кэллин Чугас сабыылаах балааккалар быыстарыгар сотору-сотору сүтэн ыла-ыла төлө көтөн кыыс ынчыктыыр саҥата иһиллэр... Кэлиҥҥинэн күүһүрдэр күү­һү­рэн, тэтимирдэр тэтимирэн истэ. Бу­ка, истэн олорооччулар да имэҥирэ тил­лэн, тэҥҥэ түсүһэр буолуохтаахтар... Күнү көрсө таптал сырдык иэйиитигэр ыбылыта ылсаннар, ыал түһүн түстээн эрдэхтэрэ. Уол буоллаҕына кытаанах санаалаах эр хоһуун буоллун, кыыс буоллаҕына, норуот кэскилэ буолуохтун. Уруй! Хаарыан хамсаныыны мэһэйдээбэтим ини Түүн биллэ холуочуйбут дьонуттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ көҕүрэттэр сир көрдөөн, онно-манна киирэн-тахсан, ону-маны көрөн, хардарыта соһуйуу-өмүрүү буолар. Бу да сырыыга онтон орпото. Көрдөхпүнэ, түһүлгэ кытыытыгар көҕүрэттэр сир турар. Дьон аҕыйах, тарҕаһан эрэллэр. Ыксаан сылдьар киһиэхэ кыл да түгэнэ наада курдук буолар. Ол сиэринэн чугаһаан кэлбитим, таһыттан туора түһэр мас хатыырынан туорайданан турар. “Таһыттан олуурдаах, аан хатааһыннаах, босхоломмут” диэн өйдүөххэ сөп. Арыйа баттаан эрдэхпинэ, туох эрэ тардыһа түһэн баран быһа барда, иһирдьэ киириэхчэ гынан иһэн, уоллаах кыыс ийэттэн түспүттэринэн туран бурҕатыһыы кытаанаҕа эбит. Кыыс, сирэйин ыһыллыбыт уһун баттаҕын быыһыгар кистээт, киһитин кэннигэр түстэ, уол саба туттубутунан, ааны сабаары тардыаласта. Ааны сабан иһэн өйдөөн көрбүтүм, аан тутааҕар бачыыҥка быатын тоһоҕоһо баалла сылдьар эбит. Ааны саптым. Бээ, эдэрдэргэ мэһэйдээмиэх, дьалты хаамыах... Сэрэйдэххэ, уол бачыыҥкатын быатын чиҥэтэн биэрэн баран, уҥа-таала салгыы таптаспыттар буолуохтаах... “Ты кто, а. Чё-чё?!” Түһүлгэлэр сорохторо курдары көстөн турар буолан, уҥуоргу түһүлгэҕэ тиийэ охсоору ыппыт охтуу быһа түстүм. Түһүлгэ ортотугар тиийэн истэхпинэ, ураһаттан көрбүт-истибит бэркэ кыыһырбыт сирэйдээх-харахтаах биир дьахтар ынан кэлэн сирэйим иннигэр нууччалыы-сахалыы: “Ты кто, а?! Чё-чё”, – диэн үөхсүбүтүнэн, чуумпу түһүлгэни аймаан кэбистэ. Иһэн “сөптөөх турукка киирэн эрэр” эбит, айаҕын сыта солоҥдо дьаара диэн баар дуо, ордук... Эр хоһууна эбитэ буоллар, хардарыта сыҥаахпытын тыаһатыспыппыт быданнаабыт буолуох эбит. Туохтан эрэ ньиэрбэтин бэркэ илбийтэрбит көрүҥнээх. Урут да “сылаас” тылы-өһү син иһиттим ини, истибэтим ини,
ол да буоллар бу хотуктан саҥа “сонун” тыллары “бэркэ өйдөөн” иһиттим. Үөхсэр тылларын дойҕоҕор күлэ-үөрэ хоруйдаһан истим. Дьахтарым да күлүү-элэк тыллааҕа-өстөөҕө биллэн таҕыста. Урут-уруккуттан бэркэ ылсыбыт-бэрсибит дьон курдук буола түстүбүт. Быһа ааһан иһэр киһи ол бэйэлээҕи кытта аһара бодьуустаһа туруом дуо, дьалты хааман эрдэхпинэ дьахтарым тардыалаһыах курдук гынар эбит... Арыый амата буоллар, итиннэ тута бэйэбин өттүктээн түһэрэн, тугу-тугу гыныа биллибэт эбит... Сиэркилэҕин көрбөтөххүн Ыһыах бүтэр киэһэтигэр хомуллуу буолла. Тарҕаһыы. Эһиил баччаҕа көрсүллүө диэн, ыһыах түһүлгэлэрин хаалларан таҕыстым. Аа-дьуо хааман массыынабытыгар бардыбыт. Ыһыах өссө да бүтэ илик буолан, массыыналар өссө да киирэ иликтэр. Халыҥ кэккэ тимир көлөлөр быыстарынан бурҕачыйа сытар буору кэһэн тиийэҕин. Түктэригэ сытыы харахтаах дииллэринии, били, кус сыгынньах кыыстаах уол харахпар олорон хаалбыттар. Ону-саныы-саныы баран иһэбин. Арай ол иһэн биир дьоҕус тимир көлөҕө хараҕым хатанна. Ала-чуо кини эрэ үөһэ-аллара хамсыыр... Хардыыбын бытаардан, чугаһаан иһэн көрбүтүм, массыына түннүгүн барытын хаһыатынан бүөлээбиттэр уонна “дьарыгыра” сыталлар эбит. Тустаахтарга эмиэ да ыксал буоллаҕа эбээт. Ол эрээри сытыы харах тугу кылаппатаҕа баарай, мохсоҕол сиэркилэтин тыыппатах. Сиэркилэтигэр тэйитэн иһирдьэ атыыр “үлэ-хамнас” буола турара көстөр. Аныгыскыга сиэркилэҕитин өйдөөн көрүүһүгүт, ону-маны устан баран, онно-манна ыытааччыларга түбэһэн аан дойду устун бараайаҕыт. Атыыр.
kyym.ru сайтан