Кэпсээ
Войти Регистрация

Түүлбэр оҕо бодьуустаһар

Главная / Кэпсээн арааһа / Түүлбэр оҕо бодьуустаһар

K
15.11.2018 16:16
Былыргы дьон “туох эмэ оҕо буолан кубулунан кэлэр буоллаҕына – улахан абааһы бадьыыстыыр” дииллэрин өйдөөн хаалбыппын. Мин улаханнык сылайбакка да сырыттахпына, түүлбэр кыра оҕо киирэн тардыалааччы. Тоҕо эбитэ буолла? Биирдэ суол алдьанарын саҕана, куораттан таксыынан дьүөгэбин кытта аргыстаһан, дойдулаан иһэбит. Эк­сээмэммин туттараары түүннэри-күнүстэри сылдьан баран, «үчүгэй» сыанаҕа туттаран, дьоллонон иһэбин. Иккиэн да устудьуон буолан, үөрүүбүт үрдэ суох. Ити курдук суолбутун ортолоон, тохтоон ыла-ыла салгыы айаннаатыбыт. Мин бу сырыыга сылаам таайан, утуйан хаалыах курдук симириктии олордум. Дьүөгэм муусука истэр, миэхэ эрэ кыһаллыбат. «Утуйбакка олоробун» дии саныыбын. Суол таһынааҕы уулартан хас да сиртэн туохтар эрэ өрө көтөн тахсыбыттарын кыайан быһаарбатым. Айаммыт, дьиҥэр, харах тэстиэҕинэн түргэн буолбатах. Суолга атын массыына биллибэт. Туманныран барда. Ойуур быыһынан айаннаатахха, суол икки этээстээх куруһуна орон үөһээҥҥи этээһигэр үрүҥ бырастыына быраҕыллыбытын санатар. «Иннибитигэр аҕай үрдүгэр кириэһилэ тиэйиилээх массыына ааспыта дии, хайдах бу сииги, туманы хамсаппатах буоллаҕай?» диэх курдук санаан эрдэхпинэ, аллараттан кыһыл оҕо илиитэ тобукпуттан саҕалаан бууппар тарбаҕынан оонньоон эрэрдии такырыйан таҕыста. Урут ардыгар кутуйах сүүрдэҕинэ, соһуйан, часкыйан бытарытар бэйэм, бу сырыыга илгистэ-илгистэ сарылыы сатыыбын да, саҥам олох тахсыбат, илиим олох хамсаабат. Бааллыбыт курдукпун. Аттыбар муусука истэ олорор дьүөгэбин субу көрөн олоробун. Төлөпүөнүн хаһартан солото суох, олох кыһаллыбат. Ити кэмҥэ оҕом илиитэ улам иһим диэки сыҕарыйда. Куттанан, титирэстээбитинэн ылан быраҕа сатаатым да, олох тимири токурута сатыыр курдук кытаанах. Сиир буолла диэбитим кэннэ, суоппарым массыынатын тохтотто, тахсан көлүөһэтин тэбиэлээтэ, массыына дьигиһиҥнээн олорор. Эргийэн кэлэн кэлин ааны арыйда, туох эрэ тимирин тардыалаһан лаҥкынатта. Бу тухары оҕо илиитэ миигин олоппоспор хам баттаан баран ыыппат. Аттыбар олорор дьүөгэм эмиэ таһырдьаны былдьаста. Массыынаҕа соҕотоҕун хаалан хааллым... Ити курдук хара көлөһүнүм аллыар диэри оҕо илиитин кытта моһуйса, үрүҥ күммүн харыстанан ааттаһа-көрдөһө олордум. Бу курдук төһө өр олорбутум биллибэт, арай кэннибиттэн ким эрэ кэлэн ааппынан ыҥырда, мин соһуйан дуу, көмүскэтэр киһим куолаһын истэн дуу, уйадыйан хаалан, олох кыра оҕо курдук маккыраччы ытаан бардым. Онтон харахпын аһан көрбүтүм – массыына иһигэр соҕотоҕун олорор эбиппин. Илии суох. Туох эрэ кытаанахтан босхоломмут, төлө туттарбыт киһи курдук таһырдьаны былдьастым. Тахсыбытым, дьонум бары суол кытыытыгар тураллар, сорох табах тардар, сорох таах турар. Дьүөгэбин көрдөөбүтүм эмиэ дьон быыһыгар баар. Тиийдим. Кыыһым мин диэки олох да көрбөт, биир кэм төлөпүөнүн хаһар. “Эн тоҕо дьээбэлээн баран, билбэтэҕэ буолан тураҕын!” диирбин олох да истибэт курдук туттар. Мин олох булкуллан хаалан, үлтү кыыһыран, абаран, дьүөгэбэр часкыйан иһэн, массыына иһигэр баар буолан хааллым. Дьүөгэм эрэйдээх миигиннээҕэр ордук куттаммыт сирэйдээх-харахтаах уһугуннаран илгиэлии олорор эбит. Массыына дьоно бары мин диэки көрөн олороллор. Тулабын көрбүтүм, били таксыыбар айаннаан иһэр
эбиппин. Тыын ылан, уоскуйа түһэн баран дьүөгэбиттэн “тоҕо дьээбэлиигин?” диэбиппэр өйдөөбөккө хараҕа төгүрүйэн хаалан баран “тугу этэҕин?” диир. Түүлбэр баттаппыппын дьэ өйдөөммүн, оҕо илиитэ хайдах бодьуустаабытын, кэлиҥҥи уҥа көлүөһэ алдьанан турдаҕына, таһырдьа тахсан сарылаабыппын кистии-саба кэпсээтим. Дьүөгэм барахсан кууһа-кууһа уоскутан тыын киллэрбитэ. Суоппар тохтоон көлүөһэтин тэбиэлээн лигиргэтэн баран, кэлиҥҥи ааны арыйан туох эрэ тимирин тыа­һатыахтааҕын, бары тахсан туруохтаахпытын, килиэккэ ыскаатары тэлгээн, онно тобуктаан олорон көлүөһэтин көтүрүөхтээҕин – барытын сиһилии кэпсээн биэрдим. Өр буолбата, кэпсээн эрэ бүтээп­пин кытта суоппар массыынатын тохтотон, тахсан көлүөһэтин тэбиэлиир. Мин түүлбэр көрбүппүн кэпсээбитим туолан эрэр диэн, саҥабыттан маттым. Дьүөгэм да хаһан инникини өтө көрүөхпүн сөбүн билиэҕэй, эмиэ быччайан баран, мин диэки сэрэнэн көрөн ылар. Ити курдук олордохпутуна, суоппарбыт, хата, киирдэ да, үлэлии турар массыынатын холбоот арахта. Мин «хата, түүлүм туолбата» диэн, үөрүүбүттэн дьүөгэбин көрөбүн. Дьүөгэм да бэркэ сирэйэ сырдаабыта көстөр. Саҥа айанныах курдук түргэтээн иһэн суоппар эмиэ тохтотто. Бу сырыыга умулуннарда. Түүлбэр кэлэн ааспытын курдук, мин диэки түннүк аннынан ааста. Эргийэн кэлэн кө­лүө­һэтин тэбиэлии-тэбиэлии үөхсэр са­ҥата иһилиннэ, онтон тугу эрэ тэбиэлээн лигиргэттэ. Биһиги саҥабы­тыттан маттыбыт. Дьүөгэбэр кэпсээ­битим курдук буолан барда: бастаан кэлиҥҥи ааны арыйда, онтон кө­лүөһэ ылла быһыылаах, онтон тимири тыа­һат­­та... Ону кытта олорсон испит дьон таһырдьаны былдьастылар... Би­һиги дьүөгэбиниин иккиэйэх хааллыбыт. Таһырдьа тахсыахпытын баҕар­батарбыт да, көҕүрэттэ таҕыс­тыбыт. Ол тахсан иһэн дьүөгэм аан аттыгар тохтоото. «Туох ааттааҕы көр­дөҕөй?» диэбитим суоппар килиэккэлээх ыскаатарга тобуктаан олорорун көрбүт... Суоппарбыт эдэрси, туттара-хаптара сыыдам. Көлүөһэни уларытан ортолоон эрдэҕинэ, били, түүлбэр дуу, илэ дуу көрбүт кириэһилэ тиэниилээх массыына түргэн баҕайытык ааһан иһэн аллара олорор суоппары суол уутунан ыстарбытыгар маатыралаан субурутта. Массыына үрдүгэр тиэллибит кириэһилэ тиэнтэтэ аҥаар эҥэлэйэ босхо барбыта тыалга далбаатанар курдук сирилээн ааста. Салгыны хайытарын күүһүттэн туран эрэ биэтэҥнээн ыллым. Суолга турбут сорох дьоҥҥо эмиэ суол уута “тиксэн” буорайдылар. Дьүөгэм тоҕо эбитэ буолла, эмиэ тө­лө­пүөнүн хаһар аатыгар барда... Санаабын аралдьыта сатаан сииктээх оту имэрийэбин, суол тааһын ылан көрөбүн. Суоппар ити олордохпуна “бардыбыт” диэн биллэрбитигэр бары күккүрэһэн киирдибит. Эмиэ айан, уһун синньигэс айан. Суоппар, били, ууну ыһан ааспыт массыынаны ситэ баттаан аахсыах кур­дук туттар-хаптар, кыбдьырынар, биллэ түргэтээбит. Аһара уһуннук айан­наабатыбыт. Били сирилэтэн аҕай ааспыт массыына суолтан туораан, талах быыһыгар сытарын көрөн, этим тарта. Суоппар бастаан утаа “кэһэй­дин!” диэн тыллаһан истэҕинэ, иннин диэки олорбут биир эмээхсин саба саҥаран кэбистэ. Тохтуурбутугар дьон тахсан бүтэн эрэллэрэ. Тугу да саҥарбаттар, арай кыра кыыс илиитин туттан баран ытыыр. Ийэтэ эрэйдээх кутталыттан ха­раҕа тахсыах айылаахтык көрүтэ­лиир. «Оҕом илиитин өлөрбүт» дии-дии ытамньыйар. Анараа массыына суоппара дьонун ыытаары суоппарбытыгар кэлбитин биһиги киһибит, били, уунан ыстарбытын санатан, эбии ыгылытта быһыылаах. Саҥата
суох турбахтыы тү­һэн баран, ол оҕолоох дьахтары эрэ ылан биһиги салгыы айаннаабыппыт. Арай айаннаан иһэн, ол оҕо ытаатар да, утары олорбут буолан, миигиттэн хараҕа арахпат. Тугу көрбүтүм, билбитим буолла, кэпсэниллиэ суохтааҕы кэпсээбитим дуу?
kyym.ru сайтан