Кэпсээ
Войти Регистрация

Умнуллубат саас

Главная / Кэпсээн арааһа / Умнуллубат саас

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
11.01.2024 16:34
1980 сыл сааһыгар доҕорум, үйэм тухары ыаллаһа олорбут атаһым, булка-алка, окко-маска солбуллубат кыттыгаһым Сэмэн Испирдиэнэбис Саабыны кытта Хара Биэлээх диэн үрэх баһынааҕы алаас сиргэ саа­һыы диэн диэн таҕыстыбыт. Онно өссө мин аҕабыттан хаалбыт дьоҕус үүттээн­нээхпит.        Былааммыт, сыалбыт-сорукпут элбэх. Күһүн сир тоҥор тиэйэн таһаарбыт хаптаһыммытынан үүтээммит сарайын саҥардыахтаахпыт, ааспыт күһүн Сэмэн Баанньата ыал буолан, таарыйа дьиэ маһа кэрдиэхтээхпит уонна кустаан-хаастаан киириэхтээхпит.    Ол биир сырыыттан икки түгэн * * *    Бастакы тиийбит күммү­түгэр киэһэ аттарбытын ыыталаан баран, киирэн күө-дьаа олорон чэйдээн, сирбитин-уоппутун аһатан «тэп» гыннаран холуочуйан баран, ону-маны кэпсэтэ сытан, сылааска тартаран, утуйан хаалбыппыт.    Түүн, төһөҕө эбитэ буолла, күөмэйим дэлби кууран, уһуктан кэлбитим, арай оронум анныгар туох эрэ ыйылыыр эбит. Бастаан утаа ону өйдөөбөккө «туох-туох баҕайыный?» диэн өҥөйөн көрбүтүм, ытым оҕото буолан биэрдэ (5 ыйдаах). «Баҕайы, туох буола сылдьаҕыный бу! Сэмэн киллэрбит дуу үөдэн» диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, арҕаһыттан харбаан таһырдьа соһуспутум, кыылым туох иһин тахсыан баҕарбат. Ол эрээри кинини тараҥнатыам дуо, ааны арыйа баттаатым да, эмэһэҕэ тэбэн, таһырдьа «атааран» кэбистим уонна саҥа таһааран үөхсэн баран, ааммын сабан истэхпинэ, эмискэ утары отучча миэтэрэҕэ турар бөлкөй талах быыһыттан эһэ сирэйэ былтас гына түстэ. Мин, соһуйбут омуммар, чинэрис гынаары кэтэхпинэн аан холуодатыгар саалынным, харахпыттан уот чаҕылыс гына түстэ, ол быыһыгар ытым ньаҕыйа-ньаҕыйа үүтээн иһигэр төттөрү дьылыс гынна. Эһэм буоллаҕына, букатын куттаммат, өссө сэнээбиттии тахсан, утары турунан кэбистэ, уоһун чорбото-чорбото салгыны сытырҕалыыр, көхсүн курдьугунатар, сүгүн арахсыах чинчитэ суох быһыылаах.    Ити чыпчылыйыах түгэнигэр «туох буолла?» диэбитинэн Сэмэним туран кэллэ уонна туох буолбутун өйдүү охсон, аан таһыгар көхөҕө ыйанан турар харабыынын хаба тардан ылаат, үүтээн иһиттэн туран, мин хонноҕум аннынан, ытан хабылыннарда. Эһэбит, часкыйа түһээт, кулахачыс гына түстэ. Саа иккиһин эһиннэ. Кыылбыт хамсаабат буолла.    Олоро түһэн табахтаан, уоскуйан баран тиийэн көрбүппүт, өҥө-түүтэ дэлби мөлтөөбүт, ырыганнаан, ойоҕоһун уҥуохтара ааҕыллар буолбут, лаппа сааһырбыт, хаһааҥҥыта эрэ улуу кыыл сытар эбит этэ. Арҕахтан аһара эрдэ тахсан, бэйэтэ да кырдьан буорайаахтаабыт.    Кэлин суолун хайан көрөн баран, Хара Биэлээх сиһиттэн түспүт диэн быһаарбыппыт. Өссө киирэн Лыбынтах өтөҕүн кытаҕар мэччитэ ыыппыт аттарбытыгар сананан көрө сылдьыбыт этэ эрээри, аһара мөлтөөн, сиппэтэх, куоттартаан кэбиспит. Дьэ, ол кэннэ үүтээммитигэр кэлбит.    Ол киэһэ адьырҕа дьылҕатын быһаарбатахпыт буоллар, ханна саба түһэн, биһигини тутан сиэ биллибэт эбит.   * * *    Хара Биэлээх биһиги «миэркэбитинэн» кырата суох алаас. Итиэннэ үрэх тардыытыгар сытар буолан, сааһын баҕас кус-хаас табан ааһар. Бэл, арыт дьыл анды ааһан ыттарааччы. Онон сүрүн үлэни-хамнаһы үмүрүтэн баран, кус биллэн барбытыгар, Сэмэмминиин урукку дурдабытын сөргүтэн сыттыбыт.    Арай, биир сарсыарда нуктуу олорон өйдөөн иһиттэхпинэ, ханна эрэ үөһэ моргуор бөҕө буолла. Бастаан утаа, уубар аҥаарыйан, туох ыттара кэлэн моргуһан эрдэхтэрэй, эмиэ да чугаһынан дьон баара биллибэккэ дылы этэ дии санаатым. Онтон өйдөөн-дьүүллээн истибитим, доҕоор, мороду үөрэ саҥарар эбит. Дьиҥэр, оччолорго мороду диэн кус лаппа аҕыйаан, сир-сир аайы көстүбэт-ааспат буолан эрэр кыыл курдук этэ. Онон оччолооҕу истэн баран олоруом дуо, уубар аҥаарыйбытым ханна да суох буолла, Сэмэммин уһугуннардым. Ол икки ардыгар дурдабыт үрдүнэн кынат тыаҕа супту сурулаан кэллэ даҕаны, түөрт уонча үөрдээх мороду кэлэн, мончуукпут иһигэр түһүнэн кэбистэ. Кылгас кэмҥэ айылҕа бүттүүн иһийэргэ дылы гынан баран, эмискэ «урут-урут» диэн саҥанан туолла, дурдабыт үрдэ оргуйа түстэ. Аны, мороду чөмөхтөһөрүн билэр буоламмыт, тыыммакка да олорон холбоһоллорун күүтүү буолла. Уһаабатылар, уонча мүнүүтэ буолан баран, охсуһан ыла-ыла биир сутурук курдук чөмөхтөһөн биэрдилэр даҕаны, иккиэн иккилии чыыбыспытын биирдэ төлө тардан кэбистибит. Иннибит киһи туох да көстүбэт буруота буола түстэ. Онно-манна кынат тыаһа тыаһаата. Саабытын ииттэн хачыгырастыбыт уонна субу-субу эргийэн кэлэр кустары ытыалаан, биэһи-хаһы түһэрдибит. Дьэ, доҕоор, кэлин ааҕан көрбүппүт, олоххо биир ытыыга, итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, 25 мородуну хаалларбыт этибит. Онон ол үөртэн 31 куһу ылан турабыт.   Т/х үтүөлээх үлэһитэ Е.Абрамов, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан