Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьиэ иччитэ омуктары куттаан турардаах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьиэ иччитэ омуктары куттаан турардаах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
11.01.2024 16:21
В.Семенов, Мэҥэ Хаҥалас улууһа: – Өбүгэлэрбит олорбут сирдэрэ улаатан, билигин улахан дэриэбинэ буолан турар. Манна аныгы олох сиэринэн саҥалыы тутуллубут дьиэлэр дьэндэһэн ахан тураллар. Оттон дэриэбинэ хабыллар хаба ортотугар Гражданскай сэрии кэнниттэн тутуллубут нууччалыы охсуулаах ампаар дьиэ турбута. Бу дьиэ быһа холоон сүүстэн тахса сыллааҕыта тутуллубута биллэр. Дьиэ бөдөҥ эркиннэрэ өр сылларга салгын сиэн, ардах-хаар суурайан, хараара боруора сатаан баран муостуйа килэрийбиттэр. Урут бу дьиэ улахан суолталана, бырааба, оскуола, кулууп буола сылдьыбыт. Ол быыһыгар быстах кэмҥэ ыаллар, соҕурууттан холтууралыы кэлбит үлэһиттэр биригээдэлэрэ олоро сылдьыбыттар. Кэлин өрөмүөннэммэккэ, эбиитин киһи олорботох буолан, хас да сыл быраҕыллан, иччитэхсийэн турбута быданнаабыт этэ. Ол иһин сайын аайы куйаастан саспыт сүөһүлэр хорҕойор сирдэригэр кубулуйбута. Биир үтүө күн олохтоох дьаһалта бу дьиэни көтүрэргэ диэн былаанныыр. Куораттан тутуу биригээдэтэ кэлэн дьиэ үрдүн көтүрэр. Дьэ, өһүөтүн бэрэбинэлэрин үрэйэ сырыттахтарына, арай дьиэ иһиттэн хантан кэлбитэ биллибэккэ, эмискэ хара бараан киһи ойон тахсан, өһүө маһын өндөҥнөтө турар киһини тиэрэ анньан кэбиһэр. Атыттар ону көрөн, сиргэ ыстаныталаан кэбиһэллэр. Дьолго, Уйбаан кыратык доргуйбутун таһынан илиитин эрэ тоһутар. Дьиэ көтүрүүтэ итинэн тохтуур. Ити быһылаан кэнниттэн бу дьиэ син балай эмэ кэмҥэ тыытыллыбакка турар. Кэлин бу нэһилиэккэ соҕуруу дойдуттан “уһун” солкуобайы эккирэтэн, харчы оҥоро холтуураһыт омуктар кэлэллэр. Идэлэринэн үс бүк элбэх харчыга хотон туталлар. Ону таһынан бу дьиэни көтүрэргэ этии киирбитигэр, “саха абааһыта биһигини тыытыа суоҕа, бэлэм харчы эбит” диэн “уһун” солкуобайга, “бөдөҥ” харчыга көтүрэргэ сөбүлэһэллэр. Испиискэ хоруопкатын курдук дьиэни начаас көтүрүөхпүт диэн бэлэстэринэн хахаараллар, күлүктэригэр имнэнэн кэбиһэллэр. Сахалар сордоохтор акаарыларын бэркиһээтэхтэрэ буолуо, күлсэ-күлсэ, олохтоох дьаһалтаны кытта дуогабар оҥорсоллор. Арай биир күн ол биригээдэ дьоно кэлэн, дьиэ үрдүгэр тахсан, саҥардыы көтүрэн эрдэхтэринэ, эмиэ хара күлүк дьиэ иһиттэн ойон тахсан, барыларын дьиэ үрдүттэн аллараа диэки тамнааттыыр. Омуктарбыт ньуу-ньаа, саҥа-иҥэ бөҕөтө буолан, киһи эрэ буоллаллар, куотар аакка бараллар. Икки киһилэрэ ыараханнык оһолломмутун балыыһаҕа ыыталлар. Кэһэкэнэ буолан, “муостара-туйахтара” тостон, хотоннорун бүтэриэхтэригэр диэри бу дьиэҕэ чугаһаабаттар. Ол эрэн баралларын саҕана харчыга хараҥарбыт дьон, “уһун” солкуобай имнэннэҕэ буолуо, дьиэни уматарга быһаарыналлар. Дьиэ тула бөҕү-сыыһы мунньан, бэнсиин ыһан баран уот анньаллар. Онтон тэйэ түһэн баран, хайдах умайарын көрөн тураллар. Эргэ дьиэ төһө гынаахтыай, тачыгырыы-тачыгырыы, кураанах маһа умайдар умайан барар. Ол турдахтарына, эмискэ дьиэ иһиттэн холорук диэтэххэ холорук, күлүк диэтэххэ күлүк, киһи диэтэххэ киһи бурҕачыйан тахсан, уоту-күөһү үлтү бурҕайан кэбиһэр. Эбиитин умайа сылдьар бөҕүнэн-сыыһынан били дьону тамнааттыыр. Кэлии омук дьоно хаһан да көрбөтөхтөрүн көрөн, куттамматахтарын куттанан, куотар аакка бараллар. Дьэ, ити курдук саха биир дьикти көстүүтэ омуктары улаханнык куттаан турардаах. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан