Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыыннаахтыы көмүү

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыыннаахтыы көмүү

K
11.01.2024 14:10
   Былыр сахаларга кырдьан түөһэйбит кырдьаҕаһы оҕолоро бэйэлэрэ дьаһайар үгэстэрэ баар эбит. Научнай литэрэтиирэҕэ «добровольная смерть» диэн аатынан киирбит бу үгэс элбэх норуокка тарҕаммыт. Сахалар кырдьаҕаһы харайар үгэстэрин «тыыннаахтыы уҥуох тутуу» диэн ааттыыллар эбит. Ол туһунан А.А. Саввин 1936 с. Чурапчы Болугуругар 80 саастаах кырдьаҕас оҕонньортон суруйбут кэпсээнэ баар: кырдьаҕас киһини тыыннаахтыы көмүөхтэрин иннинэ, хоолдьуга аты сииллэр. Онуоха кырдьаҕас иҥсэ кэбистэрэн, элбэх аһы сиэтэҕинэ, ол аата ыччаттарын быйаҥын быһа сиэн барар. Ол куһаҕан бит – ыччаттарын баайа оччоҕо баранар.      Көмүллэргэ бэрт хоодуотук тахсаллар үһү. Сорох көмүллэригэр айаҕар буору батары биэрэллэр, сороххо арыыны баһан биэрэллэр үһү. Онно буорунан аҕатын, ийэтин харыарбыт киһини «чэ, куһаҕан киһи, аҕатын, ийэтин буорунан харбаппыт» диэн этэллэр үһү. Оттон арыынан харыарбыты «дьэ, үчүгэй ыччат, арыынан харыарбыт» диэн хайҕабыл буолар».    Верхоянскай улууһугар суруллубут кэпсээн быһыытынан, сорох оҕонньор-эмээхсин «туһабыттан аастыбыт» диэн тыыннаахтыы көмүллэрин сөбүлүүр үһү. Ол көмүллэригэр сайба иһигэр киллэрэн быанан муомахтаан өлөрөллөрө үһү.    Чурапчы улууһугар Сылаҥ нэһи­лиэгэр суруллубут кэпсээҥҥэ, биир эмээхсин олус кырдьан уйуттубат буолан олорон, уолугар этэр: «Тукаам, көмүөххэр сөп буолла, онон таһаа­раҥҥын миигин көм!»  – диэн. Уола иин хаспыт уонна ийэтин сыарҕаҕа олоппут. Онуоха эмээхсин эппит: «Тукаам, хотонум хоту муннугунан илдьээриккиний, уҥа диэкинэн илдьээр уонна баҕар саҥарыам, ону айахпар сыата бүөлүү анньаар көмөргөр», – диэн. Онтон сыарҕаҕа олорон баран иһэн дойдутун кытта бырастыылаһар: «Эбэм Илин күрүө, бырастыы!» – диэн. Эмээхсин көмүллээри туран, «кыараҕаһын, доҕоор» дии-дии иинигэр киирбит. Бу эмээхсин дьадаҥы үһү.     В.Л. Серошевскай суруйарынан, былыргы кырдьаҕас киһи бэйэтин өлүүтүнэн өллөҕүнэ, кини уолун «аҕатын абааһыга сиэппит хара ыт!» диэн үөҕэллэрэ үһү. Ол иһин аҕаларын-ийэлэрин абааһыга сиэтимээри, күүстэринэн хаһыытаппытынан-ыһыытаппытынан көмөллөрө.   Р.И.  Бравина, 1996 с. «Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ уонна чахчылара» кинигэттэн. Тарҕат:
kyym.ru сайтан