Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хаарыаннаах сиэссийэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хаарыаннаах сиэссийэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
04.01.2024 13:55
Кирииһэ бу сыгынньах туран мөҕүттэ санаата: утуйан оҥторон хааллаҕа, бэл, эдэр дьахтар киирэн плавкитын да устубутун билбэт! Оччо сылайбыт баҕайыта дуу? Тэпилииссэҕэ лобууну үктэл оҥостон турдаҕына, били туга хончоҥнообута сүрэ бэрдэ дии. Ханна наадалаах кэмҥэ, дьэ, утуйан бырылатыы буолбут! Өссө силигин ситэрэн «пур-пар» тыаһаппатаҕар баһыыба. Ким билиэй, баҕар, тыаһатта да ини. Букатын аттаан да кэбиспитэ буоллар, билиэ суох урааҥхай эбит. Тахтаа муннугар турар суумкатыттан сибэкки ойуулаах киэҥ туруусугун таһааран, кэтэн кэбистэ, нэлэгэр иһиттэн дьахтар уурбут алаадьытыттан иккини-үһү астына-астына ньэлбээриттэ. Бу олорон араас санааҕа түстэ: Кэтириинэ эмиэ тоҕо плавкитын илдьэ таҕыста? Эр киһиэхэ баҕарбыта буоллар, итиччэ сыгынньахтаан баран, имэрийэн-томоруйан, сыллаан-уураан барыа эбит. Баҕар, «туруусугун устан илдьэ тахсары да билбэт уук уол, онон ончу эрэлэ суох сордоох эбит» диэн үүрээри гынар сүбэтэ буоллаҕа дуу? Итиитинэ билигин таҕыстаҕына сатаныыһы. Сарсын «түүн плавкибын эн устан тахсыбытыҥ дуо?» диэн ыйытара сүрэ бэрт буолсу, оттон саҥата суох хааллардахха, букатын да көлөөк аатырарыгар тиийэр. Кирииһэ спортивнай ыстаанын кэтэн, остуолга турар чаанньыгыттан ууну киллиргэтэн баран, тахсардыы оҥоһунна. Аанын хатаммыт буоллаҕына, хайыай, төннүө буоллаҕа дии. Эр санаатын киллэрэн аан тутааҕын тарпыта – хатамматах! Оргууй иһирдьэ киирбитэ – им-ньим. Утуйар хоһо бу эбит диэн, быыһы арыйан киирбитэ, хабыс-хараҥа: түннүгэ сабыылаах. Хайыан да билбэккэ чочумча тура түстэ, хата, ол иһигэр хараҥаҕа хараҕа үөрэнэ оҕуста. Дьэ, доҕоор, уҥа диэки тахтааҕа бу тунааран сытар эбит ээ! Итиититтэн эбитэ дуу, суорҕанын киэр тэбэн кэбиспит, ийэттэн төрөөбүтүнэн «көр, маннык сытабын» диэбиттии, туналыйбыт аҕай. Кирииһэ сыбдыйан кэлэн, тахтааҕа олорон дьахтары аллараа өттүн чинчилиирдии көрүтэлээн эрдэҕинэ, утуйа сытааччы хам кууһан, ыга тардан ылбыта. Уол, итини эрэ күүппэтэх буолан, сүрэҕэ битиргэччи тэбиэлээн барда. Дьахтар ыбылы кууспутун кыратык да холкутаппакка сытан: – Акаарычаан, дьэ, кэлээхтээтиҥ дии, – диэн сибигинэйээт, омуннаахтык уураан-сыллаан күлүмэхтэттэ. Кирииһэ үөл-дьүөлгэ көрдөҕүнэ, Кэтириинэ өссө ордук тупсубут, эдэригэр түспүт көрүҥнээҕэ. Хайа муҥун хам куустаран кыаһылана сытыай, эр киһи хаана оонньоон, начаас икки ардыгар өрө сүгүллэн турбута уонна спортивнай ыстаанын кытта киэҥ, бархаҕар туруусугун хаһыйа тардан, илгэн кэбиспитэ. Ону эрэ кэтэспит курдук, эдэр дьахтар тарбахтара били ымсыырбыт-баҕарбыт таласханнаах сирдэринэн «күүлэйдээбитинэн» барбыттара. Хайа-хайалара ити курдук имэҥ-дьалыҥ тииһигэр ылларан, субу дэлби барыахтыы хамсаммыттара уонна таптал көрдүгэнин умуруора охсор киэбинэн түргэн-түргэнник өрүтэ мөҕүллэҥнээбиттэрэ. Барыта хайдах эрэ көмүөл мууһа эстэринии, ханна эрэ, биллибэт сиргэ, дьулурутан илдьэ бара турбута, ханнык да күүс ону тохтотор кыаҕа суоҕа... Кэмниэ кэнэҕэс налыйан-нуурайан сытан Кэтириинэ сибигинэйбитэ: – Мин эйигин киирэрэ дуу, суоҕа дуу диэн, ол таайыытыгар сыппытым. Онтум быыһыгар кыыс-дьахтар диэҥҥэ наадыйбат быһыылаах диэн санаа эмиэ киирэрэ. Плавкигын устубуппун да билбэт этиҥ. Онтуҥ манна, сыттыгым анныгар, баар. Ону сыллаан ылан баран, хайдах да буолуохпун билбэт гына көҕүйэн турбутум, бэл, иккистээн тахсыахха дуу диэн санаа кытта киирбитэ... Ол икки ардыгар эмиэ «сэрээттэнэ» охсон, таарыйсыбытынан барбыттара... * * * Сарсыныгар Кирииһэ үнүбэрсиэтигэр хаһааҥҥытааҕар да холкутуйан, эбэн эттэххэ, өссө уу нукаай курдук сылдьыбыта, ол эрээри уруккутун курдук сиилээбиттии-сирбиттии буолбакка, хата, туох эрэ кэрэни, кэскиллээҕи саныырдыы, мичээрдээн эрэ кэбиһэрэ. Мааны Маргарита лиэксийэҕэ кэккэлэһэ олорон сөп буола-буола ньилбэгин кылбатан таһаарара да, тоҕо эрэ уол онно кыһаммат буолан хаалбыт этэ. Онуоха биирдэрэ, сүр хатыылаахтык көрөн кэбиһээт, атын остуолга көспүтэ. Били, куурустааҕы үлэтэ эрэ, туох эрэ – хааллаҕа. Сэмэннээх Дэниис, Кирииһэ куорат түгэҕэр баар даачаҕа олохсуйбутун истэ охсон, били, «сиэссийэ аһыллыытын» дьэ бэлиэтээри, бэркэ күө-дьаа буолбуттара да, киһилэрэ онно эрэ наадыйбат быһыылааҕа. Балачча уһуннук ыкпыттарыгар уоллара: – Даачаҕа үлэ элбэх. Хаһаайка даҕаны сирбиэтэнэн түһэн, кытаанаҕа, ону-маны ирдиирэ сүрдээх, – диэн саа тэбэр сиригэр чугаһаппатаҕа. «Киһибит үчүгэй сири булуммут быһыылаах, саҥалыын-иҥэлиин уларыйбыт» диэн табаарыстара быһаарбыттара. Морполуогуйаҕа эксээмэннэрэ бу ыган тиийэн кэлбитигэр Кирииһэлэрин суохтаабытынан барбыттара. Кирииһэ эдьиийин аахха таарыйбытыгар «ханна дьиэлэнэн-уоттанан сылдьаҕын, кыра хоспутугар олоруоххун сөп, оҕолорбутун лааҕырга ыытабыт» диэн турбуттара. Кырдьык, үөрэнэр сириттэн чугаһа эҥинэ оһуобай буолуох эбит эрээри, Кэтириинэтэ туох диэҕэй? Ол иһин «табаарыстарбын кытта бииргэ олоробун» диэн сымыйалыырыгар тиийбитэ. ... Кэтириинэтин кытта хоонньостоҕун сарсыныгар Кирииһэ, үөрэнэн кэлээт, тиэргэни хомуйбута уонна оҕуруокка ону-маны гына түһэн баран, сарайыгар киирэн чэйдээбитэ. Дьахтар үлэтигэр барарыгар бэркэ астыммыт көрүҥнээҕэ да, инникитин хайдах-туох сыһыаннаах буолуохтарын туһунан тугу даҕаны, саатар, таайтаран да эппэтэҕэ. Ол иһин, эрэҥкэдийэ да санаатар, Кирииһэ сыҥалана-хайыы сатаабатаҕа. Киэһэ сарайыгар соҕотоҕун чэйдээн баран, үөрэҕэр бэлэмнэммитэ буолбута уонна утуйардыы оҥостон сыппыта. Кэтириинэ үлэтиттэн лаппа хойутаан кэлбитэ. Дьиэтигэр тугу эрэ түбүгүрэр быһыылааҕа да, Кирииһэҕэ киирбэтэҕэ. Кирииһэ хаста да дьиэҕэ тахса сылдьаары гынан баран, сүрэ бэрт буолуо диэн тохтообута. Кырдьыга баара, биирдэ хоонньостум, түүнү быһа хаста эмэ «итиигэ-буһууга» киирдим диэн аарыгырыа дуо. Баҕар, дьахтар өр кэмҥэ эр киһини суохтаан, алҕаска төрүөт биэрбитэ буолуо. Ол эрээри Кэтириинэ бэйэтинээҕэр ордук сылаанньыйбыта, ама, мэлдьэх буоллаҕай?! Кирииһэ, бу сытан санаатаҕына, бэйэтинээҕэр саастаах дьахталлары кытта сүрдээхтик таптаспыт эбит. Бастакыта – стройбакка нормировщицалаабыт нуучча кыыһа Тамара. Ол барахсан таптал ускуустубата диэҥҥэ олуһун да уһуйбут. Уол аармыйаҕа иккис сайыныгар имэҥ-дьалыҥ уотуттан иирбэтэҕэ эрэ. Тамарата суох ончу сатаммат буолан хаалбыта. Диэмбэллэнэн, дойдутугар кэлэн баран, кыыс диэҥҥэ чугаһаабатаҕа. Дьиҥэр, баҕарбата диэн кэлиэ дуо, ону баара, кыргыттар букатын ырааҕынан сылдьаллара. Арай абитуриенныы сылдьан, пааркаҕа үҥкүүлүү тиийэн биир кыыһы кытта билсибитэ. Табаарыстара уоллаах кыыһы бэйэлэринэн хаалларан ханна эрэ барбыттара. Кирииһэлээх кыратык үҥкүүлүү түһэн баран, бэстэр, талахтар быыстарынан хаамсыбыттара. Нина, чугастааҕы оройуон кыыһа, былырыын эксээмэҥҥэ бырабааллаан, үнүбэрсиэккэ киирбэтэх, онон профтехучилище биир сыллаах үөрэҕин бүтэрэн сылдьар эбит, эмиэ абитуриент. Олус ырааппатахтара: хараҥата да бэрдэ, кутталлаах да курдуга. Иккиэн да биир санаалаахтара: таптаспыт киһи диэн. Кирииһэ бу таптаһыытын мыына санаабыта – нормировщица Тамара күлүмэхтэтиитигэр ырааҕынан тириэрдибэтэҕэ. Нината, төһө да кырыллыбытынан кыыс буолбатар, төрүт уопута суох этэ. «Мас курдук сытар» диэн кинини этиэххэ сөбө буолуо. Оттон Кэтириинэтэ, имэҥ уотугар күөдьүйэринэн, стройбат Тамаратыттан тугунан да итэҕэһэ суоҕа. Саха буолан эбитэ дуу, уолга ордук чугас курдуга. Арай биир дойдулааҕа уонна лаппа аҕа саастаах буолан, Кирииһэ сүр баттатара. Ол эрээри стройбат Тамарата барахсан «таптаһа сытан атын тугу да санаабат буол» диэн сүбэлээбитин ылынан, тугу барытын умнан туран түһүөлүүрэ... * * * Үөл-дьүөл буолан эрдэҕинэ, Кэтириинэ чараас халааттаах киирэн кэлбитэ уонна: – Кирииһэ, тоҕо киирбэтиҥ, сөбүлээбэтиҥ дуу? – диэн баран, тахтааҕа олорунан кэбиспитэ. – Сөбүлээтэрбин да, хата, эйигин, сөбүлүө суоҕа диэммин, толлон киирбэтэҕим. Кэтириинэ халаатын сүөрэ тарпыта – туох да таҥаһа суоҕа. «Манна эр киһи ураты сыта – эн сытыҥ – олорон хаалбыта олус да үчүгэ-эй» диэн баран, Кирииһэҕэ саба түспүтэ. Сонно тута суорҕаны хаһыйан кэбиһээт, үөрүйэх баҕайытык уол туруусугун ньылбы тардан кэбиспитэ... Кирииһэ «ок-сиэ» эрэ диэн хаалбыта. Эдэр дьахтар уҥа атаҕынан муостаҕа үктэнэн, хаҥаһынан тахтааҕа тобуктаан туран, бэтэрээ сытар уолу сүр күүскэ лигийбитинэн барбыта. Ол эрээри аҕыйахта түһүөлээт, уһуутаабытынан дьигиҥнии-дьигиҥнии, уолга саба түһэн, сытынан кэбиспитэ. Эр бэрдэ эрилийэн-бурулуйан, тыыллан-хабыллан туран дьахтары анныгар баттаабытыгар биирдэрэ кыаҕын ылларбыт киэбинэн «сынньана түһүүм, тулуй» диэн баран, налыйан хаалбыта. Эрдьигэнэ тулуйар кыаҕыттан ааспытын билэн, хомотумаары эбитэ буолуо, «аргыый туохтаа» диэбитэ уонна омуннуран бардаҕына тохтотуохтуу, бэлэм сыппыта... ... Ити кэмтэн ыла эрдии-ойохтуу курдук олорбуттара. Сорох ардыгар – сарайга, үксүгэр дьиэҕэ утуйар буолбуттара. Аһылыктарын кыттыһан атыылаһаллара, оттон астааһынын баҕас Кэтириинэ кыайа-хото тутара. Биир дьээбэтэ диэн, эдэр дьахтар Кирииһэ үөрэҕэр барыан иннинэ хайаан да имэҥ-дьалыҥ уотугар кытыаһыннарара. Тоҕо оннук гынарын кистээбэккэ этэрэ: устудьуон кыргыттарга элбэх эниэргийэлээх барбатын диэн. Сороҕор борук-сорукка сып-сылаас элгээҥҥэ ийэттэн төрөөбүтүнэн чомполоноллоро. Кинилэр саҕа дьоллоох бу Орто дойдуга суоҕун кэриэтэ этэ. Кирииһэ аҕыйах хонук иһигэр эр бэрдэ буолан, тыыллан-хабыллан турбута. Хайа да үлэни сонно үмүрү тутара. Үөрэҕэр да кыһалҕаны билбэтэҕэ, тоҕо эрэ барыта сатанан иһэрэ. Аһара убансан хаалан, тугу саныылларын кистээбэккэ этэллэрэ. Биирдэ Кирииһэ «тоҕо эргэ тахсыбаккын, үлэлиир сиргэр, ама, биир да киһи суох дуо?» диэн ыйыппыта. Онуоха «миэхэ эн курдук эдэр киһи наада, пахай даҕаны, кырдьаҕас киһи туохха наада буолуой» диэн холку баҕайытык хоруйдаабыта. Кирииһэ сиэссийэтэ бүтэрэ чугаһаабыта. Ол иһин да буолуо, хас биирдии күнү үлүмнэспит курдук, имэҥ-дьалыҥ уотунан көрсөллөрө. Ордук Кэтириинэ санаарҕаабыта. «Хаарыаны-ыы, сиэссийэҥ өссө да уһуу түһэрэ буоллар ньии!» – дии-дии, уол үрдүгэр саба түһэ сытан имэрийэрэ-томоруйара, сэнтимиэтир да сири хаалларбакка ууруура-сыллыыра... БУТУКАЙ. Иннэ "Сааскы сиэссийэ". Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан