Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таайым Испирдиэн кэпсээннэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таайым Испирдиэн кэпсээннэрэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
04.01.2024 13:46
Ийэм бииргэ төрөөбүт улахан убайа – таайым Испирдиэн Егоров – бу Орто дойдуттан 1989 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка олорон барбыт. Сааһын тухары улахан үөрэх-хаар диэни билбэтэх. Ийэм кэпсииринэн, Испирдиэн түөрт эрэ кылаас үөрэхтээҕэ эбитэ үһү. «Ааҕар-суруйар буоллум, онтон ордук үөрэх туохха нааданый, илиим да күүһүнэн айахпын ииттээ инибин» диэн салгыы үөрэммэтэх. Онон хара кырдьыар, кыаммат буолуор диэри дьоҥҥо-сэргэҕэ дьиэ-уот тутан айаҕын ииттэн, хара тыаҕа бултаан-алтаан олорбут. Бэйэтин кыанар, күүстээх киһи эбит. Испирдиэн киһиэхэ барытыгар бэриллибэт дьикти айылгылааҕа. Кини киһи көрбөтүн көрөр, истибэтин истэр ураты дьоҕурдааҕа, аһаҕас эттээҕэ. Ол туһунан кэлин мин улааппытым кэннэ ийэм аах кэпсээбиттэриттэн (кинилэргэ эмиэ кимнээх эрэ кэпсээтэхтэрэ, сороҕун бэйэлэрэ көрдөхтөрө-иһиттэхтэрэ) тугу өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ тиэрдэн көрүүм. Аан бастаан Испирдиэн биэһин туолбут сылыгар биир сайын сарсыарда дэлби ытаан уһуктубут. Ийэтэ эмээхсин (дьиҥэр, түөрт уончалаах, билиҥҥинэн эдэрси дьахтар буоллаҕа) «бу оҕо туох буолан тэһэ барда?» диэн мөҕүттүбүтэ буола-буола Испирдиэнин саататаары утары хааман тиийбитигэр, уола «куһаҕан харахтаах оҕонньор баар, муус маҥан бытыктаах уонна тайахтаах, тайаҕынан эһээни охсор» дии-дии өссө күүскэ ытаабыт. Ону кытта дьиэлээхтэр сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэр, куттаммыттар. Үүт-үкчү Испирдиэн ойуулаабытын курдук, алаа харахтаах, уһун сэксэгэр бытыктаах, наар тайахха тэптэрэн сылдьар оҕонньор үс сыллааҕыта Кыыл Бастаахха олорон өлбүтэ. Кинилэр аҕаларын, Испирдиэн эһэтин кытта, саастарын тухары батыспатах оҕонньоттор эбитэ үһү. Ыаллар ол иһин бу оҕо тугу эрэ биттэннэҕэ диэн куттаммыттар эбит. Кырдьык, ити кэннэ эһэлэрэ уһаабатах. Уолун Миитэрэйи кытта хотон холлоҕоһо бэлэмнии тахса сылдьан маска баттатан, сиһин өлөрөн, ый аҥаарын курдук суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытан баран, ас барбат буолан тыына быстыбыт. Бука, кырдьаҕас сиэнин түүлүн кэннэ санаатынан да хоттордоҕо буолуо. Испирдиэн дьонтон атына ити сылтан биллэн барбыта үһү. Кэритии Аны туран, Испирдиэн эһэтэ өлбүтүн түөрт уон хонугар дьонун эмиэ куттаабыт. Эһэтин түөрт уон хонугар дьоно чугас аймахтарын, ыалларын ыҥыран Наһаар оҕонньору мамыыҥкалаабыттар. Нуһараҥ, тыала-кууһа, бэл, түптэ буруотун хамсатар салгына суох чуумпу киэһэ эбитэ үһү. Кэлбит дьон бары дьиэҕэ киирэн остуол тула олорбуттар, аан аһаҕас турбут. Оҕолор дьиэ иһигэр-таһыгар киирэ-тахса сылдьыбыттар. Арай ол олорон иһиттэхтэринэ, Испирдиэн «эһээ, эһээ!» диэн аймалҕан бөҕөтүн түһэрбит. Ийэтэ уола туох эрэ «дьиктилээҕин» сэрэйэр буолан, төһө да соһуйан сүрэҕэ уолугунан тахсан бара сыстар, таһырдьа ыстанан тахсыбыт. Ол тахсан көрбүтэ, уола Ньэгэдьээктиир суолунан тахсан илин диэки түһэн эрэр эбит. Биэстээх оҕону өр гыныа дуо, ситэ баттаан ылан дьиэтигэр дэллэритэн киллэрбит уонна атынынан аралдьытан умуннаран кэбиспит. Дьиэлээхтэр ол киэһэ «оҕонньору кэритэн бүтэн илдьэ бардахтара» диэн тойоннообуттар. Көстүбэттиин тутуһуу Испирдиэн араас кэмҥэ араас дьоннуун кыттыһан бултуура даҕаны, балыктыыра даҕаны. Ол курдук, 1950-с сыллар ортолоругар күһүҥҥү куска Муҥурдаах күөлүгэр хоно сытан көстүбэти кытта тутуһан ылбыттаах. Ол маннык буолбут. Муҥурдаах күөлүгэр урукку булчуттартан хаалбыт былыргы үүтээн дьиэ баара эбитэ үһү. Кимиэнэ буолара биллибэт. Испирдиэннээх төрдүө буолан онно тахсан кустуу, балыктыы сыппыттар. Арай биир күн таайым үүтээнигэр тугу эрэ гынан баран, дьонун кэнниттэн хараҥаҕа сэһээккэтигэр киирэн истэҕинэ, суолун кытыытыгар турар муҥур тиит кэнниттэн күһүҥҥү хараҥатааҕар өссө хара дьүһүннээх, киһи сүрэҕэ өлөхсүйэр, аҕынньыта төллөр амырыын сыттаах туох эрэ үрдүгэр саба түспүт. Испирдиэн соһуйан, сүһүөҕэ уйбакка, аҥаар атаҕар тобуктуу түспүт эрээри, хата, охтубатах. Онтон көстүбэтэ кинини кэтэҕин аһыттан харбаан баран, хара буорга сирэйинэн лигийэ сатаабыт да, киһитэ Испирдиэн буолан, бэриммэтэх. Кытаанах тутуһуу саҕаламмыт. Ол сылдьан таайым көстүбэтин сылгы сиэлинии уһун баттаҕыттан харбыы сатыыр үһү даҕаны, онто салыҥнаах курдук сатаан туттарбакка, тарбаҕын быыһынан сыыйыллан тахса турар үһү. Саатар, кэтит түөһүнэн толору тыыныаҕын сыта ыараханыттан тыына хаайтаран барбыт. Ол сырыттахтарына, дьолго, үүтээн диэкиттэн илдьэ кэлэн баайан олордор ыттарын оҕото үрэн ньаҕыйбыт. Ону кытта абааһыта биирдэ мэлис гынан хаалбыт. Испирдиэн өйүн сүтэрбит. Кыттыгастара таайым бэрт өр киирбэтэҕин иһин «утуйан хааллаҕа дуу?» диэн уһугуннараары тахсан иһэн суол ортотугар сытарын булан ылбыттар, үүтээҥҥэ өйөөн-убаан аҕалан өйүгэр киилэрбиттэр. Ол күн Испирдиэн төбөтө дьалкыйан, сүрэҕэ көбөн, оронуттан турбакка сыппыт уонна сарсыныгар мунду миининэн сүрэхтэтэн, ону иһэн, дьэ бэттэх кэлбит. Кэлин били ыт оҕотун «ымыылаах ыт» диэн кыттыгаһыттан көрдөөн ылан ыт оҥостубута таайбын кытта хара кырдьыар, тииһэ-уоһа бараныар диэри сылдьыспыта үһү. Илдьэ барбыттар Испирдиэн кыра эрдэҕиттэн бииргэ үөскээбит доҕоро, эмиэ бэйэтин курдук сааһыгар ыал буолбатах Тэрэнтэй диэн киһи баара эбитэ үһү. Кини саас убаһа араара сылдьан, бэйэтэ да мөлтөх киһи, аттан бырахтаран, ый курдук ороҥҥо сытан баран, турбакка, устунан бараахтаабыт. Испирдиэн доҕорун бэрт өр ыарыыласпыта үһү. Тэрэнтэйэ түүнүн да, күнүһүн да аанньа утуйбата үһү. Утуйдаҕына даҕаны, түүнүн ардыгар дэлби баттатар, күүскэ ыҥыранар, ардыгар айакалыыр-дьойоколуур эбит. Биир түүн доҕоро балачча уһуннук ыҥыраммытын истэн, таайым «бу киһи эмиэ баттатаары гынна» диэн, Тэрэнтэйэ сытар хоһугар киирэн, аҥаар атаҕынан үктэнэн туран: «Тэрэнтээй, Тэрэнтээй!» – диэн сибигинэйэ былаан ыҥырбыт. Ол туран өйдөөн көрбүтэ, арай, орон атаҕар киһи моһуоннаах хара күлүк барыаран олорор үһү. Испирдиэн ону эмискэ көрөн соһуйан, ходьох гына түһэр, ол икки ардыгар хара күлүгэ мэлис гынан, оттон Тэрэнтэйэ чуумпуран хаалар. Бу киһини кэлэн илдьэ бардылар диэн сэрэйэр. Чахчы, тиийэн көрбүтэ, киһитэ сүрэҕэ тэппэт буолбут. Соһумар түбэлтэ Биир күһүн Испирдиэн түүн дурдаҕа хонон баран массыынатынан кустаан тахсан испит. Арай Нэлэгэр алааһын сис тыатын суолун ааһан, улахан суол төрдүгэр тахсан иһэн көрбүтэ, биир аҕам саастаах киһи тайахтанан дэриэбинэ диэки хааман иһэр үһү. Ааһа барбатах, тохтоон олордубут. Таайым урут бу оҕонньору ханна эрэ көрбүт курдук үһү даҕаны, кимин кыайан билбэтэх. Анараата бэрт дьиктитик, үгэ-хоһоон курдук таайтаран, бэрт тиэхэлээхтик саҥарар оҕонньор буолан биэрбит уонна куруук биһиги нэһилиэктэн икки киһини сураһар үһү. Кимнээхтэрин-туохтаахтарын, ханна олороллорун. Ити курдук айаннаан дэриэбинэҕэ кэлбиттэр. Таайым оҕонньорго «ол дьоҥҥор илдьэн биэриим» диэбитин буолумматах: «Бачча кэлбит киһи бэйэм да булуоҕум. Миигинэ суох ханна барыахтарай?», – диэн дьиктитик хардаран баран, дэриэбинэ саҕатыгар түһэн хаалбыт. Сотору буолан баран дэриэбинэҕэ икки киһи соһумардык өлбүт: биирдэрэ туох да сылтаҕа суох саанан ытыммыт, иккиһэ – сүрэҕэ тохтообут диэн быһаарбыттара. Буолаары буолан били оҕонньор мин таайбыттан сураспыт дьоно. Аны туран, ол биир өлбүт уол убайыттан таайым били оҕонньор туһунан ыйыппытыгар анараата: «Тугун дьиктитэй, Сүөдэри сураспыта диигин дуу? Суох. Биһиэхэ ханнык да оннук оҕонньор биллэ сылдьыбатаҕа», – диэн мунаарбыта үһү. С.Николаев, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан