Кэпсээ
Войти Регистрация

Саар Көстөкүүҥҥэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Саар Көстөкүүҥҥэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
28.12.2023 13:43
   Олунньуга хаһыаппыт «Сонор» балаһатыгар «Үлүгэрдээх элбэх куобах» диэн матырыйаалы бэчээттээбиппит. Онно – успуорт, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, волейбол тириэньэрэ Захар Федоров оскуоланы бүтэрэр сылыгар (1966 сыллаахха) дойдутугар хас эмэ тыһыынчанан куобах (Бокуруоп аҕай иннинэ) Амма өрүс турарын кэтэһэн олороллоругар доҕотторунуун түбэспит түгэннэрэ суруллубута. Кырдьык да, эдэр уолаттар оччолорго эриэккэс түгэҥҥэ түбэспиттэр: «...Тойтоху Кытылын тумулун эрийэ баттаан баран, соһуйуу бөҕөтүн соһуйдубут. Доҕор, кытыл олох ыраахха, Хорбут диэн сир туһаайыытыгар диэри – туус маҥан (хаар түһэ илик кэмэ этэ). Хас эмэ тыһыынчанан куобах уҥуоргу кытылы одуулаан баран хоройон олорор эбит. Аҕыстыы хаамыы кэриҥэ арыттаах, саахымат хараҕын курдук олороллор. Аллараттан үөһээҥҥэ диэри кытыл тобус-толору куобах...»    Ааспыт сыл ахсынньытыгар успуорт министиэристибэтин биир биригээдэтигэр киирэн Уус Майда улууһун Күп, Эдьээн, Элдьикээн нэһилиэктэринэн сылдьыбыппыт. Хонукпутугар наар улуус киинигэр киирэрбит. Онно элбэх сэһэннээх-сэппэннээх Захар Иванович киэһэ аайы араас тиэмэлэргэ элбэх интэриэһинэй түгэни кэпсээбитэ. Бүгүн ол тиһилик кэпсээннэртэн сааскы андылааһын туһунан быһа тутан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.   Күтүөм Көстөкүүнэ­биһи кытта      – 1972 сыллаахха Нам педагогическай училищетын бүтэрэн баран дойдубар, Чурапчы Мырылатыгар, кэргэмминиин учууталлыы кэлбиппит. Оҕо эрдэхпиттэн физкультурник уонна спортсмен буоламмын – оройуоннааҕы үөрэх управлениета миигин физкультура учууталынан анаабыта. Дьэ, ол сыл күһүнүттэн дойдум оскуолатыгар кэргэммин кытта тиийэн үлэлээн-хамсаан барбыппыт. Онон саамай үлэлиир-хамсыыр, эдэр эрчимнээх кэмнэрим төрөөбүт дэриэбинэбэр ааспыттара. Элбэх сыл устата физкультура учууталынан үлэлээбитим. Ол түмүгэр – атах оонньуутугар Саха сирин алта уонна икки Арассыыйа успуордун маастардарын, волейболга уонна чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрин иитэлээн таһаартаабытым.    Чэ, ити кыра киирии тылым. 1973 сыл сааһа тиийэн кэлэр. Оччолорго тыа сиригэр эр киһи барыта кус диэн баран муннукка ытыыра. Олох кыаммат, ыарыһах эрэ дьон кустаабаттара. Мин күтүөм Баһылай Сүөдэрэби кытта андылыы диэн бардыбыт. Саҥа үлэлээн эрэр киһи булт сэбигэр-сэбиргэлигэр хасааһым, ботуруонум эҥин суох. Ити чааһыгар күтүөм Баһылай Көстөкүүнэбис хааччыйар. Ол гынан баран саҥа атыылаһыллыбыт саалаахпын. Бэрт боростуой, уон иккилээх саа. Күтүөм икки саалаах («ТОЗ-34» уонна «ИЖ-12»). Аптамаат саабыт суох.   Тумус арыы ойоҕоһугар      Ыраата барбакка, дэриэбинэбититтэн бэрт чугас сытар Амыдай диэн күөлгэ киирдибит. Ол тиийэн – ким даҕаны кус манаабатах сиригэр дурдаланарга быһаарынныбыт. Тумустаан киирбит арыы баар, ол ойоҕоһугар дурда оҥостон бардыбыт. «Сэрии кэннинээҕи сылларга бу миэстэҕэ Уйбаан Ноҕуруодап кус манаабыта, ол кэнниттэн манна ким да дурдалана илик», – диэн күтүөм Баһылай Көстөкүүнэбис кэпсиир. Ол сырыттахпытына Дьөгүөр Массаайап диэн оҕонньор уолаттарын кытта кэлэ сырыттылар уонна түспүт миэстэбитин сөбүлээбэккэ күөл атын өттүгэр бардылар.    Дурдабытын аа-дьуо оҥосто, мончууктарбытын бэрийэ, анньа эҥин сылдьабыт. Күөлбүт кыра муустааҕа төттөрү-таары устар. Оҕонньоттор: «Бу түүн муус сайҕаныаҕа, күөл ырааһырыа», – дэстилэр. Киргиэлэй Сабаакын диэн кыттыгастаахпыт. Үһүөбүт. Ээ, өссө Бүөтүр Сэрэмээтникэп диэн сэрии бэтэрээнэ оҕонньор баар эбит. Кинини дьон бары Сэрэмээт оҕонньор диэн ааттыыра. Кини Массаайаптааҕы кытта киирэн биһигиттэн син чугас сиргэ дурда оҥостон бардылар.   "Кириисээ, ыл, ыт-ыт!"      Дьэ, мончууктарбытын аа-дьуо бэрийэ сырыттахпытына эмискэ кынат тыаһа куһугураата. Күтүөм Баһылай сааларбыт сытар сирдэриттэн чугас сылдьар Киргиэлэйгэ: «Кириисээ, ыл, ыт-ыт!», – диэтэ. Баһылай «Иж-12» диэн 1954 сыллаахха оҥоһуллубут үчүгэй баҕайы саалааҕа. Киргиэлэй чугастыы ол сааны хаба тардан иккитэ ытан кууһуннарда да, тыһы анды ыраах соҕус ууга пөл гына түстэ. Атыыра кинини эккирэтэн эмиэ түстэ. Күтүөм Баһылай сымса баҕайытык туттан-хаптан саатын уонна батаран­тааһын ылаат, үөс диэки тыынан эрдинэн бара турда. Өр-өтөр буолбата саа тыаһа иккитэ «пас-пас» гынна. Түспүт андылары биирдиитэ ытыалаан кэбистэҕэ ол. «Оо, эбэбит маанылаата, байанайбыт мичик гынна», – диэн үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Санаабыт көтөҕүллүбүт дьон дурдабытын түргэн үлүгэрдик ситэрэ оҕустубут, аҕалбыт мончууктарбытын барытын астыбыт. «Анды кэлэр миэстэтэ эбит, Дьөгүөр Ньукулаайабыһы манна ыҥырыахха», – диэн буолла.   Саар Көстөкүүн күнэ үүнүүтэ      Дьөгүөр Массаайап аа-дьуо хамсанан тиийэн кэлбитин кэннэ тута кутаа оттон тигинэттибит. Сиэр-туом толоруута буолла. Кыратык аһаан, дэбдэйэн баран оҕонньор: «Чэ, үөрэ-көтө кыт­тыһыаҕыҥ, андынан киһи дьыл тахсыбат», – диэтэ. Онон бары кыттыһан андылыыр буоллубут. Дьөгүөрдээх түспүт миэстэлэригэр баран дурдаларын оҥорон биэрдибит. Оҕонньоттор: «Аны анды бу диэки түһүөхтээх», – дэстилэр. Онон Киргиэлэйбит ол дурдаҕа хаалла. Оҥостубут дурдабытыгар күтүөм Баһылайы кытта иккиэн хааллыбыт. Ити ыам ыйын 31 күнүгэр этэ. Сарсыныгар бэс ыйын маҥнайгы чыыһылата буолла. Оттон бэс ыйын үһүс чыыһылатыгар – Саар Көстөкүүн күнэ.    Дьэ, доҕор, ол күн анаабыт курдук анды кэллэ ээ. Сарсыарда үһү ааһыыта үөс мончуукпут бэтэрээ өттүгэр алта анды көтөн куһугураан кэлэн түстэ. «Дьэ, Сахаар, олох ыксаама, – диэн күтүөм сибигинэйэр, – Үчүгэйдик холбуу кыҥаан баран ытыахпыт. Эн уҥа өттүн хоһулаа, оттон мин хаҥаһын. Төһө кыалларынан бастаан тыһытын ытаар». Чочумча буолаат, иккиэн уон иккилээх «иидьэптэринэн» ытыалаан бурҕаттыбыт. Түөрт анды тута тиэрэ таһылла түстэ, оттон икки «сатыылаата».   «Бастакы ытыыгар сыыһыма»      «Чэй, эдэр киһи, тыыга ыстан, – диир Баһылай, – бастакы ытыыгар сыыһыма». Тыынан устан киирэн, ыраатыннарбакка, эр-биир иккиэннэрин ытан ыллым. Хойобуун андыны үсүһүн ыппаккын. Тугун-ханнык өйдөөтө да умсан хаалар уонна олох ыраах баҕайы күөрэс гынар. Онон икки андыга бастакы ытыыгын сыыстыҥ да, иккис ытыыгар биирин эрэ хаалларыаххын сөп.    Дурдаҕа тахсыбыппар күтүөм оҕон­ньор үөрүү бөҕөнү үөрдэ. Арыгылаах бытыылкатыттан күөлгэ кутан ылар, эбэҕэ махтанар. Андыларбытын дурдабытыгар тиэрэ сытыартаан кэбистибит. Бу лэһигирэһэн сыталлара көрүөххэ үчүгэйин. Дөрүн-дөрүн кинилэри имэрийэн ылабыт.    Бултуйбут үөрүүбүт үмүрүйэ илигинэ, иннибитигэр лоп курдук 12 анды кэлэн түстэ. Ити кэлбит үөртэн тоҕуһун хааллардыбыт. Икки көтөн тахсыбыта, биир эрэ анды «сатыылаабыта». Үгэс­пинэн тыыга ыстанан истэхпинэ күтүөм: «Сахаар, «сатыылаабыты» эккирэтимэ, наадата суох», – диэн тохтотто. Эмиэ өр-өтөр буолбата кынаттар тыастара куп-куһугурас буола түстэ. Бу сырыыга иннибитигэр сүүрбэттэн тахса анды түстэ. Ити үөртэн улахан аҥаарын хааллардыбыт. Оттон анараа дьоммут дурдаларын иннигэр анды олох түспэтэ ээ, доҕор. Күөлгэ баар атын дьон таһыгар олох түспэтэ, биһиги дурдабыт эрэ иннигэр түһэр. Дьэ, дьикти...   «Туох ааттаах муодатай?!»      Ол түүн күтүөбүн кытта иккиэйэҕин 50-тан тахса андыны ытан ыллыбыт. Күтүөм оҕонньор барахсан үөрэр да үөрэр. Уоһа олох ыпсыбат, тииһэ боруоста килэйэн олорор. «Аата үчүгэйин, эбэбит барахсан үчүгэй хараҕынан көрдө», – дии-дии арыгылаах бытыылкатыттан дөрүн-дөрүн күөлгэ кутар. Уонна саатын сот да сот, андылары имэрий да имэрий. Мин оччолорго эдэр киһи буоллаҕым, ол иһин Баһылай олорон эрэ тыынан хайа туһаайыынан барарым, хайдах эрдэрим эҥин ордугун сүбэлиир-амалыыр. Бултаабыта ырааппыт киһи буоллаҕа дии.    Иккис түүммүт үүннэ. «Чэ, бу сырыыга анды хайаан да биһиги диэки түһүөхтээх, хайа муҥун наар эһиги эрэ дурдаҕыт иннигэр түһэ турдаҕай», – диэн анараа оҕонньотторбут биһиэхэ кэлбэтилэр. Эмиэ күтүөбүнүүн иккиэйэҕин эрэ олордубут. Бу сырыыга 60-ча андыны ытан ыллыбыт. Кэлбит анды наар биһиги дурдабыт иннигэр түһэр. Инньэ гынан иккиэйэҕин сүүстэн тахса андыны бултуйдубут. «Туох ааттаах муодатай?! Тоҕо биһиги диэки түспэтий?!», – диэн атын андыһыттар сөҕүү-махтайыы да, мунаарыы да бөҕө буоллулар.   Туолумаҕа баһаар туран      Өссө да бултуйуо эбиппит буолуо, ону баара, дэриэбинэбититтэн түөрт көстөөх Туолума диэн сиргэ улахан баһаар туран эр дьону барытын мобилизациялаатылар. Кыһыйбыппыт иһин хайыахпытый, бэрт түргэнник хомунан баһаары умуруора аттанныбыт. Ол дурдабытыгар били Дьөгүөр Ньукулаайабыс Массаайап аймаҕа Дьөгүөр Дьөгүөрэбис Массаайап диэн олох кырдьаҕас, сэрии бэтэрээнэ оҕонньору хааллардыбыт. «Чэ, саатар эн, андылаах сирбитин харабыллаа», – диэн буолла. Ол барахсан, уота-күөһэ мөлтөөбүт олох кырдьаҕас киһи буоллаҕа. Кэлин кини: «Үс үөр кэлэн түһэ сылдьыбыта, онтон икки эрэ андыны хааллардым», – диэн кэпсээбитэ. Кырдьаҕас киһи үчүгэйдик ытаахтаабат буоллаҕа. Онон төһө анды түһэн ааспыта өссө биллибэт. Баһаар умуруоруутугар хас эмэ хоммуппут. Андылаан бүттэхпит ол.    Ол дурдабытыгар саас аайы андылыы киирэр буолбуппут. Аҕыйаабыта 50-ча, элбээбитэ 90-тан тахса андыны ытан ыларбыт. Ол курдук кэккэ сылларга мэлийбэтэхпит, эбэбититтэн ха­йаан да илии тутуурдаах, өттүк харалаах тахсарбыт. Сааскы чөл салгыннаах күннэргэ өлгөмнүк бултуйарбыт үчүгэй да буолара.   Федор РАХЛЕЕВ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан