Кэпсээ
Войти Регистрация

Булт абылаҥа

Главная / Кэпсээн арааһа / Булт абылаҥа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
28.12.2023 13:37
Булка-алка сылдьан араас кэрэхсэбиллээх кэпсээни, ордук сырыыны сылдьыбыт үгүһү билбит-көрбүт, араас дьикти түгэҥҥэ түбэспит дьон кэпсээннэрин истэр интэриэһинэй буоллаҕа.      Д.Дорофеев, Мииринэй оройуонун Арыылаах нэһилиэгэ:    Биирдэ кыыл табаны бултаан турардаахпын. Ол табам биир атаҕа наһаа эмис буоллаҕына, атын үс атаҕа олус синньигэс, силиилэрэ да биллибэт этэ. Инньэ гынан аҥаар атаҕын бэйэм сиэбитим, атыттарын ыттарбар биэрбитим. Тоҕо диэтэххэ, хайа эрэ түөкүн быраканьыардар туһах ииппиттэригэр ол таба барахсан кэлин атаҕыттан иҥнибит эбит. Ол кэнниттэн дэлби мөхсөн, атаҕын тириитин ньылбы тардан босхоломмут. Сыгынньах хаалбыт атаҕын этэ кыһыҥҥы тымныыга тоҥон хаалбыт. Үс атаҕынан дугунан нэһиилэ сырыттаҕына, мин булан ылан тыынын салҕаабыппын. Ол иһин тыһа суох атаҕа тоҥмута эмис эбит.   * * *    Биирдэ эмиэ күүппэтэх өттүбүттэн дьиктигэ түбэспитим. Ол курдук биир үтүө күн кыыл табаны көрсөн, бултаан турардаахпын. Кэнниттэн суоллаан эккирэппитим, кыылым тоҕо эрэ торҕо сэлиинэн айаннаабакка, көбүс-көнөтүк эрэ барара. Ону кыараҕас соҕус сиргэ ситэн, ытан түһэрбитим. Онно сиһилии чинчийэн көрбүтүм, таба өтөрдөөҕүтэ туохтан эрэ үргэн, муҥ кыраайынан куотан иһэн, куруҥ хаппыт маһыгар холун туһаайыытынан атыллыбыт. Ол мас тириитин уонна этин икки ардынан киирэн буутун ааһа барбыт уонна киирбит сиринэн тосту ыстаммыт. Ол иһин бу таба эрэйдээх түргэнник сүүрбэт уонна көбүс-көнөтүк эрэ барар кыһалҕаламмыт эбит. Тыа кыыла да буоллар, маска атылларын онно аан бастаан илэ харахпынан көрөн, бэркэ диэн сөхпүтүм. Бу таба этэ олус минньигэс этэ.   Эһэкээҥҥититтэн көрдөһө-ааттаһа сылдьыҥ...      М. Иванов, Сунтаар улууһа:    – Табаарыспыныын иккиэн булт диэн муннукка ытаабыт дьон биир сырыыга бииргэлэһэн, бултуу сылдьан, сиргэ хонон турардаахпыт. Ааттаах улахан лөкөй кыылы халымырдык бааһырдан кэбиспиппит. Ону сойуолаһан, үүтээммититтэн ыраатан хаалан, тыа быыһыгар кутаа суоһугар утуйарга быһаарыммыппыт. Саатар, ыттарбыт улахан булка сылдьыбатах буоланнар, кыылы тохтоппокко барса турбуттара.    Күнү быһа сиикээрдии, маардары туораан сылайбыппыт бэрдиттэн, сыттыбыт да бары утуйан хаалбыппыт. Утуйарым быыһыгар иһиттэхпинэ, атаһым баттатан ньыыгыныыр. Уһугуннарбыппар, барбатах балык миинин курдук мээнэнэн көрөн-истэн мэлээриҥнээбитэ. Атаспын уоскутан, уокка хардаҕас быраҕан баран, уум көтөн хаалан, утуйбакка сыппытым.      Ол сытан иһиттэхпинэ, киһи атаҕын тыаһа чэпчэки баҕайытык үктэнэн кэлэн, кини аттыгар тохтообута. Ону кытта киһим уруккутунааҕар өссө бэргээн, баттатан уһуктубута. Мин эмискэ баҕайы этим-сииним бүүс-бүтүннүү тыбыс-тымныы уунан саба ыстарбыт курдук дьар гына түспүтэ. Арай эргиллэн көрбүтүм, доҕо-оор, атаһым үрдүгэр түнэ сонноох киһи кэлэн саба барыйан турар эрэр эбит. «Киһи кутталыттан кута-сүрэ салыбырыыр» диэни мин онно аан маҥнай билбитим. Табаарыһым барахсан айаҕын атан, субу тэһэ барара чугаһаабыт хабах курдук ыгыллан, дэлби кытаран баран утуйа сытаахтыыра.    Мин онно билэр-билбэт алгыспын, ааттаһыыбын барытын биир кэм тохтоло суох кутан, таҥараттан көрдөһө сыппытым. Билигин тугу эппиппин-тыыммыппын өйдөөбөппүн. Сап-салҕалас да буолларбын, уоппун күөдьүтэн биэрбиппэр, ол киһим ханна да барбытын өйдөөбөккө хаалбытым. Онтон эрдийэн, аал уоппуттан өссө эбии көрдөһөн-ааттаһан, киһибин илгиэлээн, сирэйин үлтү таһыйан, син бэттэх аҕалбытым. Иккиэн өлө куттаммыт дьон көҕүс-көҕүспүтүгэр өйөнсөн олорон, күн тахсыар диэри уот отто хоммуппут. Киһим син өйүн-төйүн булан баран, түүлүн маннык диэн кэпсээбитэ. Онно кыра оҕо курдук мөҕүллэ турар үһү. Ким да кэлэн мөҕөрө биллибэт эрээри, мөҕүллэ турарын чопчу өйдүүр эбит. Оттон киһи саҥата: «Миэхэ анаммыт кыылы тоҕо былдьаһаҕын?» – дии-дии илгиэлээбитэ диэн ботугураан олорон кэпсээбитэ. Илгиэлээччини ойуулаа диэн көрдөспүппэр, «түнэ соннооҕун, сирэйин саба түһэ сылдьар уһун баттахтааҕын» эппитэ. Ону истэ олорон «илгиэлээччини илэ көрбүтүм» диэн киниэхэ билиммитим. Түүлбүтүттэн сэрэхэдийэммит, сып-сап хомунаат, үүтээммит диэки түһэ турбуппут. Күн оройун саҕана, сиикээни эргийэ баран истэхпитинэ, били, тайаҕы сырсан барбыт ыттарбыт сиппиттэрэ. Аҕылаһан-мэҥилэһэн уу-хаар буолбут ыттарбытыттан кэлэйэн, ону-маны көрбүт, түһээбит дьон буоламмыт, тугу саҥарыахпытый... Уку-суку, саҥата-иҥэтэ суох айаннаан киэһэлик үүтээммитин булбуппут. Ол түүн эһэкээммититтэн тыл-өс бараныар диэри элэ-была тылбытынан көрдөһөн-ааттаһан, тугу билэрбитинэн иккиэн эппиппит-тыыммыппыт. Тэриирбитин эһэттээн, төһө да аһылыкпыт баарын үрдүнэн, дьаарханаммыт, эрдэ дэриэбинэбитин быспыппыт. Ол кэннэ мин тыаҕа үс сылы быһа тахсыбакка сылдьыбытым. Оттон киһим сүрэх ыарыһах буолан хаалан, отой да уурайбыта. «Онон тыаҕа сырыттаххытына, эһэкээҥҥититтэн көрдөһө-ааттаһа сылдьыҥ. Биһиги эдэрси буолан, баламат санаабытыгар оҕустаран, куоталаһа-куоталаһа мээнэ халы-мааргы тыллаһан, салгыны хамсатан кэбиһэммит, иччилэр илэ бэйэлэринэн биллибиттэрэ буолуо дии саныыбын».   Хабыр хапсыһыыга тыыннаах хаалыы   Ньурба улууһун II Хаҥалас нэ­һи­лиэгиттэн төрүттээх Павел Николаев-Баһар Байбал диэн эмиэ сүр­дээх булчут киһи олорон ааспыт эбит.               Кини киппэ көрүҥнээх, балачча күүстээх киһинэн чугас дьонугар-сэргэтигэр биллибит. Сэрии сылларын быдан инниттэн өлүөр диэри, ол аата 1960-с сыллар саҥаларыгар диэри, уутуйан бултаабыта үһү. Билэр дьоно этэллэринэн, кини 100-һүс эһэтин чугаһаппыт буолуохтаах.    Баһар Байбал биирдэ алдьархайдаах быһылааҥҥа түбэһэн баран, нэһиилэ тыыннаах ордубут. Ол курдук, халлаан балачча тымныйбытын кэннэ, сэтинньи саҥатын диэки бадахтаах, үгэһинэн бултуу сылдьан, эмискэ эһэ арҕаҕар түбэһэ түспүт. Маҥнай ыттарын тииккэ баайан баран, сылбырҕа мас быстан, арҕахха батары анньан эрдэҕинэ, эһэ арҕах бүөтүн көҥү көтөн, туох да бокуойа суох таска ыстанан тахсар. Соһуччута бэрдиттэн Баһар Байбал ытар эбэтэр быһаҕынан анньар да кыаҕа суох буола түһэр. Аарыма хагдаҥ эһэ, айаҕын кытарчы аппытынан, тиистэрэ килэйбитинэн, бу түһэн истэҕинэ, Баһар Байбал эһэни сыгынньах илиитинэн сабырҕатыттан хабан ылан бүк баттыы сатыыр. Эһэ часкыйа-часкыйа, өрө тура-тура киһини икки өттүттэн сыыһа-халты дайбаталыыр.    Охсуһааччылар арҕах таһынааҕы хаары илдьи тэпсэн кэбиһэллэр, сүрдээх уһуннук киирсэллэр. Устунан халлаан хараҥаран киирэн барар, ол тухары мөхсө, туста сылдьаллар. Биир түгэҥҥэ Баһар Байбал ыстаанын кура быһа ыстанан, били таҥаһа борбуйугар тиийэ түһэн хаалар. Халлаан тымныыта сүрдээх. Устунан тоҥон барар. Ыттарын тииккэ баайан кэбиспитэ, ый-хай бөҕөтүн түһэрэллэр. Байбал ыксыыр. Бу хадьымахтаһа сылдьан, аҥаар илиитинэн эһэ моонньун аллараа өттүнэн кууһан, нөҥүө кулгааҕыттан тутар. Иккиэн күүстэрэ эстэн, аҕылаһыы бөҕө буолаллар. Биир урут төлө туппут өлөр куттала тириир. Баһар тиһэх күүһүн мунньунан, нэһиилэ уҥа өттүттэн харыстаах быһаҕын кыыныттан сулбу тардан ылан, эһэ хонноҕун аннынан хайа түбэһиэх саайталыыр. Онуоха кыыла сүр хатаннык кылана түһэн баран, Байбалы баһан ылан, киэр илгэн кэбиһэр. Бэйэтэ икки-үс миэтэрэ иннин диэки ойоот да, умса хоруйа түһэр. Бу кэмҥэ Байбал күүһэ бүтэһиктээхтик эстэн, хайдах быраҕыллыбытын курдук, хаарга балачча уһуннук сытар. Онтон арыый уоскуйан туран көрбүтэ, эһэтэ өлө сытар эбит. Бу хас даҕаны чаастаах сыра-сылба баранар хапсыһыытыгар, Баһар Байбал, чахчы даҕаны күүстээх киһи буолан, тыыннаах ордубутун итэҕэйбэт буолуохха табыллыбат.   Ыт – киһи эрэллээх доҕоро      Тыа сиригэр ыал үксэ ыт ииттэр. Сахаларга «дьиҥнээх саха эр киһитэ аттаах, ыттаах, саалаах уонна быһахтаах буолуохтаах» диэн олус бэргэн этии баар.      Дэриэбинэҕэ бэркэ ыаллаһан олорбут дьоммут, булчут буоланнар, мэлдьи ыт тутар идэлээхтэрэ. Биир саҥарбат эрэ буруйдаах сүрдээх өйдөөх Наайда диэн ыттаах этилэр. Оҕолорго олох сымнаҕаһа, бары таптыырбыт, хайдах билэрбитинэн араастаан тутан-хабан мускуйарбыт. Кыратыттан ойуурга илдьэ баран бииргэ моҕотойдуурбут. Ыппыт улааппыта, куска тэҥнээҕэ суоҕа. Онон мэлдьи илии тутуурдаах төннөрбүт. Тайахчыттар, киисчиттэр сайын эрдэ аҕабар үлэһэн, ыты эрдэ уларсарыгар тылын ылаллара. Ыппыт соболоҥор ким тайах этэ, ким киис тириитэ биэрэллэрэ. Биирдэ эмэ эһэ этин да боруобалыырбыт. Бултаан киирэн баран ыппыт кыһыны быһа ойууртан куобах таһара. Уолаттар куобахха эмиэ кыһыны быһа туһахтыырбыт. Маны көрө-көрө, ыалбыт Мэхээлэ оҕонньор «ыттара кытта куобах таһар» диэн сөҕөн, кэпсээн оҥостооччу.    Наайда кус, куобах оҕото улаатта да, бултаан дьарык оҥосторо. Мантын сиэбэккэ дьиэбитигэр аҕалан баран, күүлэ аанын тарбыы турар буолааччы. Сайын окко сылдьан мэлдьи ыппыт кэһиитин мииннэнэн астынарбыт. Наайда дэриэбинэҕэ таах сылдьарын сөбүлээбэтэ, онон сайынын мэлдьи ойуурга дугуйданара. Оттон булт болдьоҕо чугаһаатаҕына, дьиэтиттэн арахсыбата. Оннук өйдөөх ыт этэ. Сайын ыраах оттуу көһөрбүтүгэр олус үөрэн, кутуругун куйбаҥнатара. Оттуу сылдьан, ыһыкпыт бүтээри гыннаҕына, аҕам сурук суруйан ытын моой быатыгар кыбытан баран: «Дьоҥҥор баран кэл эрэ», – диэтэҕинэ, сүүрэн кутуруга хоройо турара. Кэлэригэр эмиэ суруктаах буолара. Ол курдук дьоммут суругу тутан, кими эмэ соруһан ыһык ыытааччылар.    Онон Наайда ураты ыт буоларын нэһилиэк олохтоохторо бары билэллэрэ уонна ытыктыыллара. Аҕам «Наайда курдук аһаҕас харахтаах ыт биирдэ эмэ төрүүр» диирэ. Биир эмэ ыт эмиэ киһи курдук аһаҕас харахтаах буолар эбит. Мин билэр киһим ыттааҕа, онто оттуур сиригэр бара сырыттахпына, күнүстэри салгыны кытары охсуһар этэ. Онно «иччитин атын дойдуттан кэлэн ыла сатыылларын биэрбэккэ охсуһар эбит» дии санаабытым. Наайда сороҕор өтөхтөөх сиргэ бултуу сырыттахха, түүнү быһа тугу эрэ кытары охсуһан тахсааччы. Аҕам сороҕор күлэн «абааһылыын охсуһар» диирэ. Ол оруннаах быһыылааҕа. Тарҕат:
kyym.ru сайтан