Кэпсээ
Войти Регистрация

Атыыр мунньах

Главная / Кэпсээн арааһа / Атыыр мунньах

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
21.12.2023 17:11
– Дьэ, уолаттар, өйүүн Билим билийээлин улахан саалатыгар атыыр мунньах буолар. Онно обкуом бастакы сэкирэтээрэ С.З. Борисов дакылааттыыр. Г.П. Башарин «Три реалиста-просветителя» диэн кинигэтигэр тахсыбыт айдааны түмүктүүр гына, баартыйа обкуомун бүрүөтүн 1962 с. олунньу 16 к. уурааҕын дьүүллэһии. Онно учуонайдар, суруйааччылар, интэлигиэннэр уонна устудьуоннар мусталлар. Кытаатан сылдьыҥ, – диэн учууталбыт Г.Р. Кардашевскай сорудахтаата. Бүрүсүдьүүмҥэ С.З. Борисов, Г.И. Чиряев, Амма Аччыгыйа, ССКП КК кэлбит А.Б. Дымщиц диэн нуучча киһитэ – барыта 8-9 киһи олорунан кэбистэ. Мунньаҕы Амма Аччыгыйа салайар. Саалаҕа инники эрээккэ Г.П. Башарин, А.Е. Мординов көстөллөр. Онтон кэлин эрээттэргэ суруйааччылар, учуонайдар халҕаһалаан олороллор. Кэнники икки эрээккэ, билбэт дьоммутун сэргэ, устудьуоннар уончабыт. Амма Аччыгыйа киирии тылыгар литэрэтиирэ кириитикэтин тирээн турар соруктарын сырдатта уонна тылы С.З. Борисовка биэрдэ. Урут былакаакка, хаһыакка эрэ көрөр киһибит түөһүллэн туран, түрүбүүнэҕэ хапсаҕай баҕайытык хатааста түстэ. Онтон оргууй сыыйан, саха литэрэтиирэтин баартыйа бэлиитикэтигэр сөпсөһүннэрэн сайыннарыыга итэҕэс-быһаҕас баарыгар тохтоото. Сорох суруйааччы олох кырдьыгынан үлүһүйэн, билиҥҥи кэм ирдэбилиттэн эрэ буолбакка, баартыйа туруорар соруктарын ситэ өйдөөбөккө кэлтэйдиирин сэмэлээтэ. Ааспыт кэмҥэ А.Кулаковскай, А.Софронов, Н.Неустроев айымньыларын дарбатан сыаналааһын түмүгэр соцреализм бириинсиптэрэ кэһиллэн, нэгэй былыргыны арбааһын күөрэйтэлииригэр тохтоото. Ону таһынан эдэр суруйааччылар чычырбас таһымнаах айымньыларын, тыл маастара буолар хайысханы аахайбаттарын бэлиэтээтэ. Уопсайынан, обкуом быһаарыылаах уураахтарынан ити алҕас көннөрүлүннэҕинэ эрэ, литэрэтиирэ норуот олоҕор сулууспалыыр анала олохсуйуохтаах диэн түмүктээтэ. Ыйытыы бөҕөтө буолла. Амма Аччыгыйа суругунан бэриллибиттэрин тиэмэтинэн наардаан, дакылаатчыкка ботуччу туттаран кэбистэ. Семен Захарович сөптөөҕө диэбитин эрэ талан хоруйдаата. Уопсайынан, уустук ыйытыыларга сөптөөх харданы биэрбэтэ быһыылаах. Саалаҕа күүгээн хойдон барда. Мин этиһии буолаары гынна диэн ыгылыйдым. Салгыы ыйытыыга Павел Филиппов диэн 5 куурус уола, бэйэтэ «Башарин дьыалата» диэҥҥэ эриллэ сылдьыбыт киһи, харса-хабыра суох туран, «Афанасий Федоров суруйааччы хаайыыга доруобуйатын сүтэрэн суорума суолламмытыгар ким эппиэттиирий?» – диэн чаҕылытта. Онуоха хоруйдааччы чачайбыт курдук буолан ылла. Кырыктаах хараҕынан саала кэтэҕэр турар, сааһыран эрэр хатыҥыр устудьуону тобулу көрдө уонна тугу да этиэм суоҕа диэбиттии, силин быһа ыйыһынна. Хоруй көрдөөбүт устудьуон өссө оргуйуох курдук буолбутун нэһииччэ тохтоттулар. Ыгылыйбыт Амма Аччыгыйа, били, «уҥуохта көмүллээҥ, уоһахта салааҥ» диэн уос номоҕунуу, туох эрэ диэн уоскуппутугар син намырыйан, ыйытыыны тохтотон, кэпсэтиигэ киирдилэр. Бастакынан Моисей Ефимов тахсан, хоһоон маастарыстыбатыгар тыл эппитин сэргээбэтилэр. Бары да С.З. Борисов дакылаатыгар сыһыаны, уоттаах-күөстээх тылы-өһү кэтэһэр курдуктар. Иккиһинэн В.С. Соловьев диэн бэйиэт уус-уран айымньыга сыһыан туһунан аргыый аҕай этэн киирэн барда. Мин сэрии тиэмэтигэр суруйбут айымньыларын билэр буоламмын, кини этэрин буолбакка, эмиэ да сэриигэ, эмиэ да эрэпириэсссийэҕэ эриллибит толуу-мааны киһи туохтан да сынтарыйбатаҕын, сынтарыйыа да суоҕун уу харахпынан көрөн, астынным аҕай. Тылы Анастасия Сыромятникова ылбытыгар сэргэхсийии, күүгээн үөдүйэ түһэн ылла.
Суруйааччы туох да эгилэ-тэгилэ суох Дьокуускай куорат отучча оскуолалааҕыттан сыччах оскуола аҥаара эрэ (2 ¹-дээх оскуола) сахалыыта төрөөбүт тылга, литэрэтиирэҕэ ситэтэ суох сыһыанын көрдөрөрүн өрөспүүбүлүкэ салалтата төрүт да куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбакка олорорун этэн чаҕылытта эбээт! Дьон ытыс таһынан ылла. Онтон эр ылбыттыы, Сергей Васильев «Ленскэй абатыйыыта» (1943 с.) диэн бэйиэмэтигэр «омугунан өттөйүү, биллибэт күүстэргэ сүгүрүйүү» баар диэн баайсан, туора сотуллубутун куолаһын чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ. Бу бэйиэмэни булгуччу норуокка төннөрүөххэ наадатын быһааран баран, обкуом бастакы сэкирэтээрэ С.З. Борисов ити туһунан төрүт да аахайбакка сылдьарын санатта. Онуоха улахан тойон сирэйэ дьэбин уоһуйа түһэн баран, бу харса суох этэ-тыына турар суруйааччыны сөбүлээбэтэхтии көрүтэлээн ылла. А.С. Сыромятникова, «дьыала итинэн эрэ бүппэт» диэбиттии, суруйааччы Афанасий Федоров хаайыллыытыгар тус буруйдаах С.З. Борисов буоларын бигэргэтэрдии, сөмүйэтинэн сирэйгэ ыйа-ыйа саҥарбытын биһирээбит саала ытыс таһына түстэ. – Туох да буруйа суох эдэр киһи Афанасий Федоров икки сылы быһа түрмэҕэ муҥу-сору көрбүтүгэр эн эппиэттиэх кэриҥнээххин. Тоҕо тугу да билбэт киһилии, ньимиликээн буолан олороҕун?! – диэн этээт, «уоттаах сэрии толоонуттан» куотан эрэрдии, дьон ортотугар, бэйэтин миэстэтигэр тиийэн, олорунан кэбистэ. Амма Аччыгыйа, «мунньах салайааччытын быһыытынан мөлтөөн-ахсаан биэрээри гынным дуу?» диэбиттии, муннун-уоһун соттуммахтаат, «тылга-өскө олус тииспэккэ саҥарары сатыахха» дэтэлээтэ. Биһигини үөрэтэр Г.Г. Окороков түрүбүүнэҕэ тахсыытын хайа эрэ сөбүлээбэт араҥа күйгүөрэн ылла. Бу эдэрси учуонай Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа үнүстүүтүн салалтата, чуолаан З.В. Гоголев, бөлөхтөһүүнү тэрийэн, үнүстүүккэ чинчийэр үлэ уота-күөһэ суоҕун, Г.К. Боескоров курдук дириҥ хорутуулаах учуонай үлэтигэр аахайбаттарын, о.д.а. эттэ эрээри, биһириир быһыы-майгы үөскээбэтэ. Сытыы ыстатыйаларынан биллэн-көстөн эрэр устуорук Е.Е. Алексеев бэрт уһуннук Кулаковскай, Софронов, Неустроев айымньыларыгар нигилиистии сыһыаны күөдьүппүт Канаев, Ефремов, Тихонов омсолоох дьайыыларыгар баартыйа быһаарыылаах түмүгү оҥоро илигин, учуонай Г.П. Башарин айар үлэтигэр көмөлөһүү көһүүнүн саралаан эттэ-тыынна ахан. Күннүк Уурастыырап дыадайа хааман, түрүбүүнэҕэ ыттыбытын тоҕо эрэ сорохтор суугунаһа көрүстүлэр. А.Е. Кулаковскай «Ойуун түүлэ» бэйиэмэтин билиҥҥи кэм таһымынан көрөн ырытар сөбүн, ону өйдүүр оннугар Канаев, Ефремов, Тихонов нөҥүө түһэн, литэрэтиирэбитин төрүттээбиттэри эрэ буолбакка, уопсайынан, саха норуотун кэрэгэй дьылҕалыыр, садаҕалыыр суолга туруммуттарын сэмэлээтэ. Күннүк Уурастыырап саҥата-иҥэтэ көстөр дьүһүннүүн дьүөрэлэһэн, ылы-чып истэн олорор дьон санаатын бүтүннүүтүн түмэ тардыбыттыы, киэҥ үрдүк сааланы киэптиирдии, таҥара дьиэтин бөдөҥ куолакалларын сөпкө аттаран тыаһатардыы, биир кэм ньиргийэн иһиллэр. Дьэ, астык куолас! Дьэ, сүүнэ быһыы-тутуу! «Бииртэн биир бэрт» диэбиттии, түрүбүүнэҕэ Иван Федосеев тыл этэн умайыктаныыта, обкуом сэкирэтээрэ С.З. Борисовы уун-утары хайыһан туран, чурапчылары хоту күһэйэн көһөрүүгэ чуолаан кини буруйдааҕын, кэпсэлгэ киирбит кыараҕас харахтарын төрүт да сэгэтэн көрбөккө, «этэрбин баҕас этэн тэйэбин» диэбиттии, кутта-симнэ ээ! Мин саныахпар, сир сиҥнибитин, халлаан хайдыбытын курдук буола түстэ. Итинник улахан тойону төрүт да баардылаабаттыы, хайдах ити курдук
этиэххэ сөбүн сөҕөн, кирийиэхпинэн кирийэн олордум. Дьэ, сүрдээх сүгэ-балта тыл-өс, дохсун-хоодуот дьүһүн-бодо буола турда ээ Иван Федосеев! Ону С.З. Борисов туох эрэ диэн хардарса сатаата да, саҥатын дьон күүгээнэ «ыйыстан» кэбистэ. Дьэ, аны тылы Н.П. Канаевка биэрдилэр. Дьон, «һуу» гыммыттыы, ах бара түстэ эрээри, Никита Петрович саҥардыы айах атан саҥаран эрдэҕинэ, «бүт-бүт, түс-түс!» диэн хаһыы онтон-мантан иһилиннэ. Эбиэт кэнниттэн Бүлүү педучилищетын дириэктэрэ, бэскитин кылгас, тура сылдьар гына кырыйтарбыт, хатыҥыр Михаил Спиридонович Иванов диэн киһиэхэ тылы биэрээттэрин, сүүрэр-хаамар ыккардынан сулугулдьуйан тиийэн, «дьэ, этэн тэйиэм» диэбиттии, ачыкытын көннөрө-көннөрө, бүрүсүдьүүм диэки көрүтэлээн ылла. Дьэ уонна киэҥ-холку куолаһынан саҥаран сыыйан барда. Дьэ, доҕоор, мин өйдөбүлбүнэн, бөдөҥ-садаҥ эрэ дьон өрө ньиккэритэн ордук өйдөөҕү этэллэрэ буолуо оҥорбутум, туттардыын-хаптардыын, куолаһа чиҥээтэр чиҥээн, тыынын ыларын кытта кээмэйдээн, этэн киирэн барбата дуо Михаил Спиридонович! Киһи чиэһин тэпсииттэн саҕалаан, былаас чэҥ олбохтоох хаайыытыгар түүрэйдээһин киһи кэскилин сарбыйыы буоларын, онно былаас тэллэх ытын курдук майгылаах үлэһиттэрэ тылбай-өспөй бэйэлээхтэрин барытын утары көрөн туран этэр сүгэ-балта тыллаах киһи баарыттан маҥнай салла, онтон сыыйа киэн тутта саныы олордум. Мунньаҕы ыытааччы Амма Аччыгыйа этэр кэм бүппүтүн биллэрэн, хаста да чуораанын тыаһатан көрбүтүн дьон «эттин-эттин» диэн саба саҥара олордо. Ол ахсын били хатыҥыр тыл этээччи өссө дьуоһуйан, ис-иһиттэн эҥсэн киирэн иһэр. Тиһэҕэр, М.С. Иванов: «Туохтан да нэгэй быһыы дьон дьылҕатын сарбыйыы буолар. Былаас итини оннун-тойун булларбат буоллаҕына, былаас да диэн ааттаныан кэрэгэй», – диэн баран, этиэҕин этэн, оҥоруоҕун оҥорон, хоодуот санаатын илдьэ, олорбут сиригэр тиийэн, тулатынааҕы айдааҥҥа, күүстээх ытыс тыаһыгар кумаардаан да көрбөт майгылаахтык туттан, олорунан кэбистэ. ... Устудьуон Вася Протодьяконовка тыл биэрдилэр. Уолбут сирэйдиин-харахтыын оттомуран, хаамардыын-сиимэрдиин эрчимирэн, түрүбүүнэҕэ тиийдэ да, этэн чаҕылыннаран киирэн барда: – Отутус сыллардааҕы эрэпириэссийэ дьону, ол иһигэр суруйааччылары салыннаран, суруйар истиил буомурбута. Бөдөҥ кээмэйдээх айымньыны айар суруйааччы норуот уус-уран айымньытыттан биллэрдик тэйдэ. Дьиҥэр, айар үлэҕэ болкулуор өрүү саҥалыы сүүрээни угуттуур аналлаах. Бастакы суруйааччыларбыт айымньылара ол иһин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэлэр. Хомойуох иһин, Былатыан Ойуунускайтан кэлин суруйааччылар болкулуорга көтүмэхтик сыһыаннаһаллар... Уолбут өссө да балаччаны этэн баран, аҥаар илиитин ыстаанын сиэбигэр батары биэрээт, соччо ыксала суох хаамыынан кэлэн, аттыбытыгар олордо. Бүтэһигэр ССКП КК бэрэстэбиитэлэ А.Б. Дымщицка тылы биэрдилэр. Улуу бухатыыр Илья Муромец илэ бэйэтинэн кэлэн турарын курдук, бөдөҥ-садаҥ киһи, саҥата-иҥэтэ бааҕынаан түһэн, киэҥэ-куоҥа саалаҕа олорооччулар бары ньыхаччы туттуохтарын курдук, ньиргийэн иһилиннэ... БУТУКАЙ (Хомус Уйбаан «Олох далайыгар» диэн кинигэтиттэн). Тарҕат:
kyym.ru сайтан