Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биир да ыал олохсуйбатаҕа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биир да ыал олохсуйбатаҕа
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
21.12.2023 17:10
90-с сылларга Бүлүүттэн куоракка көһөн кэлбиппит. Сэргэлээх суолугар чааһынай дьиэни атыылаһан, оҥостон, билигин да этэҥҥэ олоробут. Арай аттыбытыгар таһыттан көрдөххө, сэнэх көрүҥнээх дьиэҕэ бачча тухары ким да түптээн-таптаан олорбот. Син хас да ыал кэлэн, оҥостон иһэн, көһөн хаалаллар. Көһөн кэллэхпит иккис сайыныгар ити дьиэни бэйэбит саастыыта эдэр ыал атыыласпыта. Биһигини көрөөт, олус үөрбүттэрэ. Тута кэлэн билсиһэн, ылсан-бэрсэн барбыппыт. Кыыс дьиэ түннүгүн сууйа охсон, сабыылаан, алаадьы оҥорон, бастакы күн сэмэйдик бэлиэтээн ылбыппыт. Уол эмиэ түргэн туттунуулааҕа, уус да этэ. Кэлин өйдөөн көрдөххө, дьоммут бастакы кэлбит күннэриттэн сирэйдэрэ-харахтара уларыйан барбыта. Ситэ утуйбатах, сынньамматах көрүҥнээхтэрэ. Аат эрэ харата кэпсэтэр буолбуттара, онтон ыйы кыайбат кэминэн эмискэ көһөн хаалбыттара. Биһиги тугу да өйдөөбөтөхпүт. Оччолорго суотабай төлөпүөн диэн суох буоллаҕа. Хантан да сураһан билбэтэхпит. Кэргэмминиин иккиэн тахсан, дьиэни эргийэ сылдьан көрбүппүт да, туох да сибикитэ суоҕа. Ити кэннэ өр буолбакка, күһүөрү соҕус, бу сырыыга оскуолаҕа үөрэнэр икки оҕолоох ыал көһөн кэлбитэ. Эрдэтээҕи дьоммутугар холоотоххо, биһигинниин эҥээрдэһэ сатаабатахтара. Эр киһи таһырдьа көстүтэлиир этэ. Оттон дьахтары уонна оҕолору кэлэллэригэр-баралларыгар эрэ көрөн аһарарбыт. Оҕолор бастаан утаа син баалларын биллэрэллэрэ. Оҕо оҕо курдук мэниктииллэрэ, күлүү-салыы толору этэ. Кэлин саҥа-иҥэ ончу мэлийбитэ. Онтон алтынньы ый ортотугар биир күн улахан массыына олбуор иһигэр киирэн турарын көрбүппүт. Дьоммут көһөн хаалбыттара. Биһиги эмиэ тугу да билбэккэ, өйдөөбөккө хаалбыппыт. Кинилэр кэннилэриттэн өссө түөрт-биэс ыал кэлэн олохсуйа сатаабыта. Дьиибэтэ диэн, бу тухары хаһаайын ким буоларын, ким атыылыырын билэ иликпит. Кэлин тэлгэһэбитин үрдүк олбуордаан, ити дьиэ туһунан умна да быһыытыйдыбыт. Арай соторутааҕыта оптуобуска, били, аан бастаан кэлэн олоро сылдьыбыт кыыһы көрсө түспүтүм. Кини миигин эмиэ билбитэ. Аатын бу диэн өйдөөбөппүн эрээри, үчүгэйдик билсэр дьон курдук кэпсэтэн барбыппыт. Кыыһым оптуобустан түһэн, ханна эмэ кыратык олоро түһэргэ көрдөспүтэ. Онон чугастааҕы аһыыр сиргэ киирэн, чэй сакаастаабыппыт. Кини аатын Света диим. Света ол кэми бачча тухары умна илик эбит. Ити дьиэни кинилэр билэр дьонунан удамыр сыанаҕа атыыласпыттар. Дьиэ хаһаайына, омук киһитэ, сотору кэминэн дойдутугар көһө охсоору, чэпчэки сыанаҕа атыылыырын туһунан эппит. Онон оҕолор оччолорго ваучер харчытын эргитэн атыыласпыттар. Бастакы түүн кэргэнэ баттатан уһуктубут. «Үрдүбэр үрүҥ былаачыйалаах дьахтар өҥөйөн турар этэ» диэбит. Света онтон сэрэхэдийэн, салгыы сатаан утуйбатах. Сарсыҥҥы күнүгэр ол дьахтар аны кини түүлүгэр киирбит. «Сирэйин-хараҕын бу баардыы өйдүүбүн. Бастаан билэр дьахтарбар майгыннатан, улаханнык куттамматаҕым. Онтон өйдөөн көрбүтүм – иччитэ суох, кураанах харахтардааҕа. Түһүүбүн эрээри, бу баар, илэ курдук. Кэргэним уһугуннарбыта. Кини эмиэ сатаан утуйбакка сытара. Ити курдук түүлбүтүгэр хайабытыгар да араастаан, онтон биир түүн иккиэммитигэр тэҥинэн биир дьахтар киирэн эрэйдээбитэ. Тугу да гыммат, хамсаммат. Арай куһаҕан баҕайытык иччитэ суоҕунан көрөр. Өйдөөн көрбүтүҥ буолуо, иккиэн дэлби дьүдьэйбиппит. Хайабытыгар да ас киирбэт буолбута. Утуйар кэммит чугаһаатаҕын аайы куттанан, саҥабытыттан-иҥэбититтэн матарбыт», – диэн кэпсээбитэ. Онон сэрэйдэххэ, кэлиҥҥи да дьону ол дьахтар буулаабыт буолуохтаах. Тоҕо эрэ бэрт түргэнник, саҥата-иҥэтэ суох көһөн хаалыталаабыттара. Ол абааһылаах дьиэ биһиэхэ күрүө нөҥүө кырыыһата эрэ көстөр. Оччолорго дьон бэйэ-бэйэтин кытта сүрдээҕин билсэр этэ. Онон дьон олохсуйбатыттан испитигэр кыралаан санааргыырбыт. Билигин абааһы да илэ бэйэтинэн олохсуйан олорор буоллаҕына, наадыйыа суох курдукпут. Хас ыал бары оннук бэйэбит бэйэбитигэр олоробут. Надежда, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан