Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сааскы булт абылаҥар ылларан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сааскы булт абылаҥар ылларан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
21.12.2023 17:08
Быйыл дьыл эрдэлиэх курдук, бөһүөлэк хаара ууллан, уу-хаар бөҕө таҕыста. Дьэ, ити курдук тэринэн Маай бырааһынньыктарын кэннэ айаҥҥа турунуу буолла. Аара айаммытыгар кыра-кыра уулар бааллар даҕаны, кус көрбөккө тиийдибит. Биһиги үүтээни оттон ас сылытыахпыгар диэри Сааба эбэҕэ киирэн көрөн таҕыста уонна онон-манан уулар тахсан эрэллэр эбит даҕаны, кус көстүбэт диэн буолла. Биһиги ол киэһэ мас мастаатыбыт, уу тастыбыт, күммүт онон бүттэ. Сарсыныгар эбэҕэ киирэн, бэтэрээ эргэ дурданы сөргүтэн, түөрт чыркымай, түөрт көҕөн мончууктарын түһэртээн кэбистибит. Эбиэттэн киэһэ уолум күөл уҥуор баран, эмиэ эргэ дурда баарын оҥостон кэллэ. Киэһээ аһылыкпытын аһаан баран, тиэрмэскэ чэйдэнэн, ичигэстик бобуччу таҥнан баран дурдаларбытыгар киирдибит. Оо, дурдаҕа олорор үчүгэйиэн, сааскы айылҕа уһуктуута, чыычаахтар саҥалара киһи эрэ үөрүөн курдук. Ол гынан баран, сотору буолаат, халлаан хотуттан тыалыран барда, били, мин чалбах уум тоҥон хаалла, бэйэм да тоҥон киирэн бардым. Ээ, чэ, кэбис, кустар да буоллуннар, өссө да сылдьа түстүннэр, ичигэс дьиэҕэ сыппыт ордук буолсу диэммин, туран барыах курдук гынан истэхпинэ, кэннибиттэн икки чыркымай куһугураһан кэлэн, атахтарын сараппытынан мууска түһэн халтарыйан сырыластылар. Биирдэрэ туохтан эрэ иҥнэн, тиэрэ таралыс гынан сырылаата, тыһыта куугунаан таҕыста. Атыыр чыркымай оннун булунан көтөн истэҕинэ, биирдэ ытан түһэрдим. «Дьэ, доҕоор, Байанай биэрдэ-ээ, итинник кэлбит куһу биирдиитэ саайан истэхпинэ, бу сааска икки да хаа ботуруон сөп буолсу» диэн испэр саныы-саныы, куспун ылаары, уубун эргийэ бардым. Ол баран истэхпинэ, чыркымайым олоро биэрдэ даҕаны, муус устун дыдыгырайан, төттөрү мин дурдам диэки мөтөрөҥнөөн эрэр. Мин өр толкуйдуу барбатым, тохтуу биэрээт, ытыалаан киирэн бардым, түөртэ ытан сыыһан кээстим. Ботуруон уктуохпар дылы куһум окко тахсан хаалла, аны төттөрү сүүрэн көппөрөҥнөөтүм. Дурдабар чугаһаан истэхпинэ, чыркымайым чугас баҕайыттан көтөн тирилээн таҕыста, ону кытары мин харса суох ытыалаан тигинэттим. Хата, бэһис ытыыбар чыркымайым төбөтүн оройунан окко баран сарт гына түстэ. Дьэ, ити курдук биир чыркымайы уончата ытан ыллым уонна соторутааҕыта эрэ икки хаа сөп буолсу диэн санаам олох атыҥҥа көстө. Бу маннык хас биирдии чыркымайы кытта «сэриилэстэхпинэ», туох да ботуруона тук буолуо суох дуу дии санаан аһардым. Бу бириэмэҕэ уолум сүүрэн аҕылаан-мэҥилээн кэллэ уонна мин биир чыркымайы итиччэ элбэхтик ытан ылбыппын истэн баран, дьээбэлээх баҕайытык мүчүк гынан баран: «Итинник буолааччы, хата, мин туох ааттаах элбэх кус кэлэн түстэҕэй диэммин көмөҕө кэлбитим ээ», – дии-дии күлэр. Ол түүн хотуттан күүстээх тыал түһэн, тоҥорон бачыгыратта, өссө эбиитин хаардаан барда. Инньэ гынан икки хонугу быһа биһиги кустуу киирбэккэ үүтээммитин отто-отто сытан таҕыстыбыт. Сытымына даҕаны, биһиги сынньана кэлбит дьон буоллахпыт. Үһүс күммүтүгэр тойоммут Сааба Иннокентьевич УАЗигынан бирилэтэн кэллэ. Халлааммыт билигин да өтөрүнэн көнөр чинчитэ биллибэт, инньэ гынан мин «бултуйбут» киһи быһыытынан дьиэбэр Саабаны кытары барсар буоллум. Биһиги барааппытын кытары үрэхтэри кэрийэн хаама сылдьан кус бөҕөтүн өлөрбүттэр. Эбиитин алаастарыгар олорон, түөрт хаас кэлбититтэн иккитин күөрэтэн түһэрбиттэр. Ол курдук бултаан, кус болдьоҕо бүтэр түүнүгэр биэс уонус кустарын өлөрөн баран тохтообуттар. Эмиэ Сааба баран, дьонун көһөртөөн урукку аҕабыт олоҕор Хондураайы эбэҕэ аҕалтаабыт, манна сытан андылыахтаахтар. Хата, мин дьиэҕэ олорон уон биэс кус өлүүлэнэн, уопсайа уон алта кустанан ааппын билбэт буолан олоробун. Дьон көрсөн иҥэн-тоҥон ыаспайдаатахтарына: «Ээ, аҕыйах, уон биэстии эрэ кустаахпыт», – диэн айахтарын саба быраҕабын. Ол мин эрдэ тоҥон-хатан кэлбитим кинилэргэ туохха нааданый? Дьэ, ити курдук күүттэриилээх сааскы кус бэртээхэй баҕайытык түмүктэннэ. Захар Федоров, Бэрдьигэстээх. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан