Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҕа суох мусукаан баҕа санаата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҕа суох мусукаан баҕа санаата
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
31.10.2018 19:27
Рэй Чарльз – ХХ үйэ бастыҥ мусукаана. Кинини истибит киһи умнубат. Кини ыллыырын, оонньуурун көрөөрү-истээри сүүһүнэн тыһыынчалыы киһи мустара. Аатырбыт хара ырыаһыт джаз, соул, блюз истиилгэ айымньыларын билиҥҥи ыччат кытта сөбүлээн истэр. Дьонтон уратыта – кини кыратыттан көрбөт этэ. Уол кыра сырыттаҕына, оонньуу сылдьан, кыра быраата таҥас сууйар хоруудаҕа ууга тумнастан өлбүтэ. Быраатын быыһыы сатаабыта да, кыра оҕо кыайан быыһамматаҕа. Биэс сааһыттан көрбөт буолбутун ити дьулаан түбэлтэттэн ылбыт охсуутун кытта сибээстииллэр. Сэттэ сааһыгар уолчаан күн сырдыгыттан букатыннаахтык маппыта... Кэлин кини этэрэ: “Мин өҥү эҥин өйдөөбөппүн... Арай ийэм дьүһүнүн өйдүүбүн. Олус кырасыабай этэ”. Ийэтэ муударай дьахтар этэ. “Мин уолум, баҕар, көрбөтө буолуо, ол эрээри мэйиитэ миэстэтигэр”, – диирэ. Уолун харыстаан, үлэттэн тэйитэ эҥин сатаабатаҕа. Төттөрүтүн, киһи сатыахтааҕын барытын сатыахтааххын, бэйэҕин көрүнүөхтээххин диэн үөрэтэрэ. Оннук уол мас хайытара, таһырдьа да араас үлэни толороро, таҥас сууйара. “Булгуччу үөрэниэхтээххин” диэн, ийэтэ кинини сэттэ саастааҕар ытаппытынан көрбөт уонна истибэт оҕолор интэринээттэригэр үөрэтэ ыыппыта. Уол бэркэ үөрэммитэ, олус түргэнник Брайль алпаабытынан ааҕар буолбута. Кини олох кыратыттан муусуканы сөбүлүүрэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, араас үстүрүмүөҥҥэ оонньуур буолбута. 15 саастааҕар ийэтэ өлбүтэ. Ону: “Оо, олус да ыарахан этэ! Ытыыр да кыаҕым суоҕа, дөйөн хаалбыт курдугум. Онто да суох тулам барыта хараҥа этэ, бу ынырык түбэлтэ өссө баттаабыта. Аны мин кимиэхэ да наадам суох, инниким суох, олоҕум бүттэ диэн санаа олус ыарахан этэ”, – диэн кэпсиирэ мусукаан. Ол эрээри ийэтэ киниэхэ “наар инниҥ диэки дьулус, кэннигинэн кэхтимэ, кимиэхэ да сэнэтимэ, бэйэҥ бэйэҕинэн буол! Бэйэҕиттэн атын ким да эйиэхэ кыһаллыа суоҕа!” – диэн этэрин санаан кэлэр. Тугу эрэ ситиһиэхпин, боруобалаан көрүөхпүн наада диэн толкуйдуур уонна оскуолатын быраҕан, муусукаҕа карьератын саҕалыыр. Атын куоракка барар, онно дьону саататан, кафеҕа аркыастырга оонньуур. Сотору дьикти мусукаан туһунан куорат барыта истэр. Салгыы продюсердар бэйэлэрэ бииргэ үлэлиэххэ диэн этии киллэрэр киһилэрэ буолар. Рэй Чарльз элбэхтик кэнсиэрдиир. Быластыыҥкалары суруйтарар, онтулара аан дойдуга мөлүйүөнүнэн тираһынан тарҕаналлар. Япониянан, Европа дойдуларынан, Сэбиэскэй Сойууска тиийэ гастроллуур. Көрөөччүлэр саалга сүүстэн тыһыынчалыы буолан мусталлар. Рэй Чарльз саамай сыаналанар Грэмми бириэмийэтин 14 төгүллээх лауреата буолар – оннук хастыы да сыл субуруччу наҕараадаламмыт уонна суох. Эмиэрикэ биир баай мусукаана буолар, баттаммыкка-атаҕастаммыкка элбэхтик көмөлөһөр. Расизмы утары охсуһан, кэнсиэрдэри ыыталыыр. Кинини “ХХ үйэ улуу мусукаана” диир буолаллар. Хараҕа суох ырыаһыт массыынаны, көтөр аалы ыытара, киинэҕэ уһуллубута, бэл, сиэркилэ иннигэр туран эрэ бытыгын хорунара. Биир кыайыыта – кини эдэр сылдьан наркотикка убанан баран, кэлин “кэбис, бу – дьаат, мин олохпун алдьатыыһы” диэн, кытаанах санааны ылынан, ол ыар дьаллыгыттан кыккыраччы аккаастаммыта. Ол кэннэ биирдэ да боруобалаабатаҕа. “Баҕа санааҥ тугуй?” диэн
ыйыппыттарыгар 70 саастаах хараҕа суох мусукаан күлэн кэбиспитэ: “Мин Карнеги-холлга оонньуохпун баҕарарым – оонньоотум, аан дойдуну кэрийиэхпин баҕарарым – кэрийдим. Тугу баҕарыахпыный, уонна?” Хараҕа суоҕа дьахталлары кытта сыһыаныгар букатын да мэһэйдээбэтэ. Төттөрүтүн, дьахталлары кини күүстээх-эрчимнээх, эмиэ да “баархат” куолаһа, муусукалыыр истиилэ, кини уобараһа олус абылыыра. Дьахталлар кинини эккирэтэ сылдьаллара – ол курдук Рэй кинилэр дууһаларын таарыйар туох эрэ ураты кистэлэҥнээҕэ. Биир тапталлааҕа: “Мин эйигин аһыммаппын! Мин эйиэхэ сүгүрүйэбин уонна киэн туттабын”, – диэбит. Артыыс иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыт. Бастакы кэргэнин кытта аҕыйах кэмҥэ олорбут. Иккис кэргэнин Делланы кытта 22 сыл олорбуттар, үс уолламмыттар. Атын таптаабыт дьахталларын-көссүүлэрин ааҕан сиппэккин. Аҕыс атын дьахтартан тоҕус оҕолооҕо биллэр. Бэйэтэ тус олоҕун, дьахталларын туһунан ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат этэ. Кэнники сылларга кини Норма Пинелла диэн дьахтары кытта олорбута биллэр. 12 оҕотугар Рэй Чарльз өлөрүгэр биирдии мөлүйүөн дуоллары бэлэхтээбит. Улуу мусукаан аатын сатаан туһаммыт дьон эмиэ бааллар. 2004 сыллаахха Марси Сото диэн уруккута ырыаһыт дьахтар «Рэй и я» кинигэтигэр Рэйтэн кэнсиэрдээбит харчытын хайдах уорарын туһунан суруйбут. Мунньан-тараан, ол уорбут харчытынан бэртээхэй дьиэ атыыласпыт. Онтун өссө: “Мин хараҕа суох киһини халыыбын дии санаабат этим. Миэхэ урут биэриэхтээҕин ылабын дии саныырым”, – диэбит. Быстар дьадаҥыттан үөһэ тахсыбыт, расизм ааҥнаан турар кэмигэр дьылҕатын бэйэтэ оҥостубут, Эмиэрикэ бэрэсидьиэннэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр кыахтаммыт, хайа баҕарар дьахтары абылыыр кыахтаах, ыар дьаллыгын кыайбыт хараҕа суох хара мусукаан дьылҕата – чахчы, олох охсууларыгар бэриммэт буолуу, олоххо таптал, күүстээх санаа уонна муусукаҕа бэриниилээх буолуу холобура.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан