Кэпсээ
Войти
Регистрация
Баар-суох баайа... суһуоҕа этэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Баар-суох баайа... суһуоҕа этэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.06.2021 12:05
Киһи барахсан бу Орто дойдуга олоҕун суолун оҥостоору, ыал буолан, оҕо-уруу тэнитээри, кэнчээри ыччаттанаары кэлэр дииллэр. Ол эрээри, хомойуох иһин, ким бэйэтин тутуспут бириинсибинэн, ким Дьылҕа туһаайбыт аналынан соҕотох кэлбитин курдук, суос-соҕотоҕун анараа дойдуга аттанар. Ону “оҥоһуута оннук эбит буолаахтаатаҕа” диэн буолар. Олохторун түмүгэр, тиһэх чааһыгар туох санаалаах-оноолоох бараахтыылларын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Биһигини кытта ыаллыы биир кырдьаҕас эмээхсин олорбута. “Эдэригэр сүрдээх кырасыабай, хайдахтаах да эр бэрдэ халыан дууһата уйуһуйбат, кини сыччах хайыһан көрүүтүттэн нохтолоох сүрэҕэ долгуһуйбат буолар туһа суох этэ. Бэйэтэ сириксэнэ бэрдэ. Хата, хайаан Саабыска “ээх” диэбит бэйэккэтэй!" дииллэрэ, үөлээннээхтэрэ. Барахсан олох сааһыран баран, биир улааппыт оҕолордоох огдообо киһиэхэ тахсан ыал буолбут эбит. Этэргэ дылы, киэһэ, сарсыарда үүттээх чэйдэрин сэлэһэ-сэлэһэ сыпсырыйан, син дьоллонон испит бадахтаахтар. Сааһа ыраатан хаалбыт буолан, ол киһититтэн оҕоломмотох. Таҥара биэрбэт буоллаҕына, биэрбэт дииллэринии, ол киһитэ да өр буолаахтаабатаҕа. Суох буолтугар оҕолоро кэлэн, айбыт аҕаларын киһилии көмөн-харайан барбыттара. Оттон кини... хаалбыта. Ат эккирэтэр улахан дьиэҕэ. Оҕоломмотох-урууламматах киһи бэйэтэ да тыйыс, хайдах эрэ тымныы салгынынан илгийэр курдуга. Өһүргэппит, бэйэтэ да билбэтинэн тымныы тылынан хаарыйбыт дьоно элбэх быһыылааҕа. Ордук кэргэнэ баарыгар ыалларын кытта соччо-бачча тапсыбат буолаллара. Оҕоҕо ымманыйа олорорун бу диэн олох өйдөөбөппүн. Бэйэм да оҕо буола сылдьан кини сылаас тылын биирдэ да истибэтэх эбиппин, бу санаатахха. Дьиэлэрин таһыгар хаптаҕас хойуутук үүнэрэ. Оҕолор биирдэ эмэ ону үргээн сиэри гыннахтарына үөт тирэхтээх сырсар буолара. Ол иһин эбитэ дуу, сорох төрөппүт “эһиги дьэгэ-баабаҕа баайсымаҥ, чугаһаамаҥ” диир сурахтааҕа. Мин ийэм хайдахтаах да ыарахан, ураты дьону кытта уопсай тыл булар дьиктилээҕэ. Соҕотох хаалбыт эмээхсин дьиэтигэр соҕотоҕун тугу гына олоруо баара эбитэй, дөрүн-дөрүн киирэн, хата, кимнээҕэр бөһүөлэк сонунун, мээнэ киһиэхэ тиийбэт хобун-сибин кэпсээн, бэйэтэ онтуттан лаппа сэргэхсийэн тахсаахтыыра. Төһө да кырыйдар, оччолорго ньылбаа маҥан, бэрт ыраас туттунуулаах, чэбэр таҥастаах эмээхсин этэ. Аны, барахсан, кэлиҥҥинэн кулгааҕынан мөлтөхтүк истэр буолбута да, билбитэ-көрбүтэ элбэх буолааччы. Арай биирдэ, ийэм суоҕугар түбэһэ киирбитигэр, туох иэйиим тэһэ кэйбитэ буолла, бэркэ диэн табыллан кэпсэттибит. Мин оччолорго саҥа оскуоланы бүтэрбит оҕобун. Кэпсэтэр тиэмэбит суоҕун тэҥэ. Куруук дьэрэкээн ойуулаах былаатын аннынан кыра бөлтөгөр бүрүчүөскэтэ бөлтөйөн көстөр буолара. Таах олоруохтааҕар баттаҕа төһө уһунун сэҥээрээччи буоллум. Кырдьаҕаһым саҥата суох, ыалдьар атаҕын көннөрөн, туран кэллэ. Бэрт үөрүйэхтик былаатын сүөрэн, оройугар туттара сылдьар баттаҕын сүөрэ тарта. Куруук биир гына туттарылларыттан эриллэ сылдьар буолбут сип-синньигэс сүүмэх баттах аллара сүөллэн түһэр да түһэр, тохтообот. Мин бэркэлээтэр саннын байаатынан, чэ көхсүн хараҕынан буолуо диэбит баттаҕым төбөтө... атаҕын синньигэс бэрбээкэйигэр, ол аата, бэл, кылгас наскы тиийэр-тиийбэт сиригэр тиийэ намылыйда! Ол сүүмэх суһуоҕу көннөрө тардар киһи, холкутук атаҕын тилэҕэр тиийиэх быһыылааҕа. Оҕо эрдэхпиттэн толло үөрэммит буолан быһыылаах, тоҕо эрэ оннук гымматым. Билиҥҥим эбитэ буоллар, мэтэриэпкэнэн кэмнээн, хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитиэм эбитэ буолуо. Оттон онно аппыт айахпын сабан быстыбакка балай эмэ олордум быһыылааҕа. Акаары баара өссө: “Уой дыы, эчи, уһунуун! Аны, сип-синньигэс дии! Тоҕо кырыйтарбаккыный?» – диэтим быһыылаах. Онуоха кырдьаҕас барахсан: «Тоҕо кырыйыамый, таҥара биэрбит баайа-дуола бу эрэ баарын кэннэ”. “Куруук маннык синньигэс буолбатах этэ буоллаҕа. Суунан баран ыстахпына, бэйэм көстүбэт буоларым. Билигин ыыстыйбытын аатыгар, долгулдьуйар, көмүстүҥү өҥнөөх, дьэ, суһуох да суһуох буолара, сэгэрим”, – диэбитэ уонна, идэтинэн, сөбүлээбэтэҕинэ буоларын курдук, дьиэс-дьуос туттан кэбиспитэ. Баттаҕын бэрт кичэллээхтик эрийэ хомуйа ылан, оннугар туттаран кэбиспитэ. Арааһа, эмээхсин бу маннык арыллыбыт, баттаҕын баҕа өттүнэн көрдөрбүт киһитэ, сэрэйдэххэ, аҕыйах буолуохтаах. Ол да иһин буолуо, маннык анаан-минээн ыалым кырдьаҕаһы санаан аһардахпына табыллар дии саныыбын. Барахсан мин өйдөбүлбэр кыыһырымтаҕай кырдьаҕас буолбакка, ол тиһэх уонна бу кэлбит олоҕор соҕотох баайын-дуолун миэхэ эрэнэн көрдөрбүт саха ытык мааны кырасаабыссатын быһыытынан хаалыаҕа. Өтөрүнэн көрбөтөх уһун суһуохпун көрбүппүн дьоҥҥо кэпсээбиппэр саастаах өттүлэрэ: «Кырдьык, оннук үһү. Сатана билигин да кырыйбакка сылдьар эбит дуу? Элбэх эр киһи эккирэппит барахсана. Ол быыһыгар биир эдэр ойуун ойох буол диэн хаайа сатаан баран “миэхэ тиксибэтэҕиҥ да, атын оноҕостооҕу кытта дьоллоноруҥ саарбах” диэбиттээх үһү”. Ол да иһин соҕотоҕун сорсуйан эрдэҕэ, – диэн сөхтөрбүттэрэ. Хайдах эрэ салла, эмиэ да аһына санаабыппын өйдүүбүн. Эмээхсин мин үөрэнэ сырыттахпына, суох буолаахтаабыт этэ. Суорҕан-тэллэх киһитэ буолбут, көрөр-харайар киһитэ суох барахсан син балачча балыыһаҕа сытан, анараа дойдуга айаннаабыт. Били, хаарыан суһуоҕун, харыстабыллаах баайын өлүө аҕыйах кэм хаалбытын кэннэ бэрт дьиктитик быт ыһан кэбиһэн, кыһалҕаттан лэппэччи кырыйан кэбиспит сурахтаахтара. Төһөлөөх санааҕа ылларбытын туох билээхтиэй. Олоҕун тухары ыраас, чэбэр туттунуулаах кырдьаҕас этэ буоллаҕа. Ол бэйэтэ... Билигин уһун суһуохтаахтары көрдөхпүнэ, ол иһин эбитэ дуу, тоҕо эрэ сөҕө-махтайа саҥа аллайбаппын. Дьоло баттаҕар барар дииллэрэ, баҕар, кырдьык буолуо. Быдан дьылларга быраһаай, Даарыйа. Ыаллыы олорбут үтүө өйдөбүлбүн санаан, кыратык ахтан-санаан ааспыппын баалаама дуу. Баҕар, бу кылгас ахтыы сыыһа арыллыах быатыгар, бэйэтин кэмигэр аһыллан аастаҕыҥ. Бу сиргэ иккистээн эргиллэр аналлаах түгэҥҥэр, оҕо-уруу чаҕаархай күлүүтэ тулалаах, саха ыалын бастыҥа буолуоххар баҕарыам этэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан