Кэпсээ
Войти
Регистрация
Имэҥ-дьалыҥ батарбатаҕына
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Имэҥ-дьалыҥ батарбатаҕына
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
10.10.2018 20:59
Көссүүлэспити уодьуганнааһын Уруккуттан билиҥҥэ диэри кэрэ аҥаар туора хаамара кырыктаахтык накаастанан кэлбит. Тоҕо диэтэххэ, «туора-маары хааман», атын киһи оҕотун эр дьон иитэн, эбиитин туох баайдаахтарын барытын ол оҕоҕо аныахтарын баҕарбаттар. Ол иһин сорох дойдуга күүлэйдьит дьахтары накаастааһын дьон ортотугар ыытыллыахтаах, оччоҕо атын дьахталлар ону көрөн син өйдөрүн тутуохтара диэн өйдөбүллээхтэр. Көссүүлэһэ барыахтарын иннинэ күүскэ толкуйдаатыннар диэн дьаһаналлар. Сөпкө дьаһаналлар. Иудаизм, христианство, ислам курдук итэҕэллэргэ көссүүлэһии дьахтар аҥаарга улахан ыарахан аньыыны оҥостуу диэн сыаналанар. Оттон сорох итэҕэл дойдуну салайары кытта ыкса сибээстээх буоллаҕына, ол дойдуларга көссүүлэспити тааһынан үлтү сынньан өлөрөр көҥүллэнэр. Чахчылар 1917 сыллаахха диэри Арассыыйаҕа көссүүлэһиигэ холуобунай дьыала тэриллэр эбит буоллаҕына, бу дьалхааннаах сылга суох оҥорбуттар. “Гуманизация” тыына биллэн Арассыыйа бу кэмтэн ыла дьон туһугар кыһаллаахтаан бараахтаабыт. 1964 сыллаахха Гаага куоракка норуокка “сексуальнай өрөбөлүүссүйэ” диэнинэн биллибит Норуоттар ыккардыларынааҕы кэнгириэскэ: “Супружеская измена не может рассматриваться как уголовное преступление и в силу этого не подлежит судебному наказанию” диэн резолюция суруллубут. Билигин Дьобуруопа “бэрээдэгэ мөлтөөһүнэ” бу кэмтэн силис тарпатаҕа буолуо дуо?! Арассыыйа көссүүлэһиигэ холуобунай дьыала тэриллэрин тохтоппутун курдук, Италияҕа уонна Францияҕа 1975 сыллаахха биирдэ тохтоппуттар. Софи Лорен Италияҕа олорон, Карло Понти диэн киһини кытта көссүүлэһэн баран, сууттанымаары күрээн барарга күһэллибит эбит. Швейцарияҕа көссүүлэстэххэ, 3 сыл устата ыал буолар бобуллар. Бразилияҕа көссүүлэспити накаастыыр 2005 сыллаахха бобуллубут. Оттон Мексикаҕа 2011 сыллаахха диэри тулуспут. Кытаанах үгэстэр Вавилон Талмуд диэн куоратыгар көссүүлэспит дьону 4 араас көрүҥүнэн өлөрүөхтэрин сөбө. Холобур: быанан муомахтаан өлөрүү, саабыланан баһын быһыы, уматыы, хайаттан быраҕыы. Быанан муомахтаан өлөрүү чэпчэки өлөрүүгэ киирсэр эбит. Көссүүлэһэ сытарын туппут дьон буруйдаах киһи моонньугар синньигэс таҥаһы эрийэн баран муомахтыыллар эбит. Бу курдук өлөрөргө суут аҕатын, ийэтин кырбаан эчэппити, уоран атыылыы сатаабыты эбэтэр кулут оҥостоору дьүһүлэммиккэ, оҕонньордоох эрээри атын киһини кытта хоонньостоҕуна (прелюбодеяние) туттуллар эбит. Биһиги эрабыт иннинээҕи XIV-XIII үйэлэргэ «среднеассирийский закон» диэҥҥэ эр киһи ойоҕо көссүүлэһэ сытарын туттаҕына, иккиэннэрин өлөрөр бырааптааҕа. Өскө аһынан тыыннаах хааллардаҕына, суукка ойоҕор анаабыт накаастабылын курдук накаастабыл күүтэр эбит. Билиҥҥи Турцияҕа 1996 сылтан бэттэх көссүүлэспит дьахтары эрэ сууттуур буоллахтарына, бу сылтан бэттэх эр киһини эмиэ сууттуур буолбуттар. Урукку кытаанах сокуоннарыгар холоотоххо, баара-суоҕа 5 сылга күлүүс хаайыытыгар угуохтарын сөп буолбут. Тэҥнээн көрдөххө, Сауд Аравиятыгар көссүүлэспит дьону билигин да тааһынан үлтү сынньан өлөрөллөр. Ираҥҥа, Мавританияҕа, Араап Холбоһуктаах Эмираттарыгар, Сауд Аравиятыгар, Судаҥҥа, Нигерияҕа, биир тылынан, ислам дойдуларыгар көссүүлэспиттэри шариат суутунан тааһынан үлтү сынньаллар. Бу курдук тааһынан кэргэннээх дьахталлары эрэ сынньаллар. Эр дьон барбах мөҕүллэллэр эрэ эбит. 1990 сылтан бэттэх Ираҥҥа суут-сокуон өссө кытааппыт. Холобур, онно көссүүлэспит дьахтары оҕонньорун дьоно, эр дьон суута-сокуона суох өлөрөр бырааптаахтар. Пакистаҥҥа көссүүлэспит дьахтары
ыйаан өлөрөллөр. Афганистаҥҥа урукку талибтар саҕанааҕы кытаанах сокуону төнүннэрбиттэр. Олор быыстарыгар көссүүлэспиттэри дьон көрөрүгэр үлтү таһыйартан саҕалаан 10 сылга тиийэ күлүүс хаайыытыгар угуохтарын сөп. Индонезияҕа көссүүлэһии 15 сылга күлүүс хаайыытыгар тиэрдиэн сөп. Саҥа Гвинея Папуа Өрөспүүбүлүкэтигэр көссүүлэспит дьону кытаанахтык сууттуурунан биллэр. Бу – ислам итэҕэлэ суох өрөспүүбүлүкэ. Холобур, Маданг диэн уокурукка көссүүлэһэ сытар ойоҕун туттаҕына, эрэ баһын быһыахтаах диэн сокуоннарыгар ыйыллар. Ол эрээри көссүүлэһэн, тутуллан өлөрүллүөхтээх киһи өлүөн иннинэ ол көссүүлэспит дьахтарын тарбаҕын сиэхтээх эбит. Хайдах сиэтиллэрэ ыйыллыбат. Сэрэйдэххэ, тииһинэн түһэн ыарыытын биллэрэн, ыһыытатан-хаһыытатан баран анараа дойдулатар буолуохтаах. Урут Германияҕа көссүүлэспит дьону чиэппэрдээн кэбиһэллэрэ. Ол аата, киһини түөрт гына кэрчиктээн бысталыыллар. Баҕар, ол иһин буолуо, аан бастакы “пояс верности” Германияҕа толкуйдаммыт диэн буолар. Баай, дуоһунастаах дьон ыраах баралларыгар ойохторун сыалыйатыгар тимиринэн хаа оҥорторон баран, хатаан бараллара үһү. Күлүүһүн тылын оҕонньоро илдьэ барар. Орто үйэлэргэ (15-16 үү.) Европаҕа көссүүлэспит ойохторун үйэлэрин тиһэх күнүгэр диэри манастыырга хаайаллар эбэтэр муннуларын, уостарын уонна кулгаахтарын бысталыыллар эбит. Сорох түгэҥҥэ өлөрүөхтэрин да сөбө. Англия хоруола Генрих XIII икки ойоҕун – Анна Болейны уонна Екатерина Говарды эшафокка ыыппыт эбит. Эшафот диэн, дьон көрөн турдаҕына, дьону өлөрөр үрдэл сири ааттыыллар. Эмиэ буруйу оҥорон тутуллубут дьахталлары накаастыыр ньыма. Оттон Великобританияҕа албыннаппыт эр киһи сокуонунан биирдэ бэриллэр харчыга тиксиэн сөп эбит. Ол көмө харчыта ойоҕун кытта олорон ороскуотурбутун барытын сабыахтааҕа уонна сэнээбитин иһин эбии саат төлөнөр буола сылдьыбыт. Болгарияҕа арахсыыга тиэрдибит киһиттэн элимиэн төлөтөллөр. Онтон Швейцарияҕа көссүүлэспиттэртэн харчы ылбаттар. Арай 3 сылга кэргэннии буолалларын бобуохтарын эрэ сөп. Хотугу Бирмаҕа көссүүлэспит дьахтары кытта кэпсэтии кылгас уонна судургу буолар эбит. Бу дойдуга дьахтарга кыра эрдэхтэриттэн моойдоругар тимир кэтэрдэн уһаталлар. Ол тимирэ суох дьахтар мөлтөх синньигэс моонньо тостон хаалар эбэтэр кэлиэкэ буолар эбит. Оччоҕо көссүүлэспит дьахтартан ол тимирин ылан кэбиһэллэр. Африка сорох биис уустарыгар көссүүлэспит дьахтары мааткатын ылан быраҕан кэбиһэр үгэстээхтэр. 1550 сыллааҕы Арассыыйа “Судебнигар” “көссүүлэспит дьону өлөрөргө” диэн сокуон эбиллибит. Билиҥҥи Кытай Гуандун диэн сиригэр эр-ойох буола илик сылдьан чугасаһыы бобуллар. Ону кэспит киһини эр киһититтэн, дьахтарыттан тутулуга суох 2 сылга күлүүс хаайыытыгар угаллар эбиитин баайын аҥаарын тутан ылаллар. АХШ 10 штатыгар көссүүлэспит дьону хаайаллар. Холобур, Миннесотаҕа эр киһититтэн, дьахтарыттан тутулуга суох 5 сылга күлүүс хаайыытыгар угаллар уонна 1000 дуоллар ыстараап төлөтөллөр эбит. Буркун.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан