Кэпсээ
Войти Регистрация

Маҕыыстыр кэпсээнэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Маҕыыстыр кэпсээнэ

K
18.01.2024 15:20
   Икки сыл сыралаһан, кэмниэ кэнэҕэс маҕыыстыр аатын ыллым ээ! Аҕыйах сыллаахха диэри «бакалаабыр», «маҕыыстыр» диэн өйдөбүл миэхэ букатын тосту туора дойдуну – омук судаарыстыбатын – санатара. Кырдьыга оннук. Арассыыйаҕа Арҕаа Дьобуруопаттан өтөн киирдэҕэ эбээт. Били, кириип сыстыганнаах ыарыы буолан, сири-сибиири биир гына тилийэ көтөрүн курдук, Саха сиригэр эмиэ тиийэн кэлбитэ.      Икки сыл сыралаһан, кэмниэ кэнэ­ҕэс маҕыыстыр аатын ыллым ээ! Аҕыйах сыллаахха диэри «бакалаабыр», «маҕыыстыр» диэн өйдөбүл миэхэ букатын тосту туора дойдуну – омук судаарыстыбатын – санатара. Кырдьыга оннук. Арассыыйаҕа Арҕаа Дьобуруопаттан өтөн киирдэҕэ эбээт. Били, кириип сыстыганнаах ыарыы буолан, сири-сибиири биир гына тилийэ көтөрүн курдук, Саха сиригэр эмиэ тиийэн кэлбитэ.    Мин, ол саҕана Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтин биэс сыл үөрэнэн бүтэрбит киһи, хайдах эрэ сирэйгэ тыаһаттарбыт курдук буолан ылбытым. Санаан да көрдөххө, үрдүк үөрэҕи биэс сыл үөрэнэн сордонон ылбытым дуу, биитэр бакалаабыр диэн үөрэхтэрин түөрт сыл элээрдэн, үрдүк үөрэхтэнии дуу – адьас тус-туһунан буолбат дуо?! Сорох киһи бакалаабыры «ситэтэ суох үрдүк үөрэх кэриэтэ» диир. Маныаха холоотоххо, маҕыыстыр үөрэхтээх киһи Арҕаа Дьобуруопаҕа да, Эмиэрикэҕэ да учуонайга тэҥнээх үһү. Дьэ, бутуур, этэргэ дылы, хааһы да саламаат быһыы-майгы үөскээбит бу үрдүк үөрэх кыһатыгар!    Миигин үөрэппит, син сааһырбыт преподавателлэрим Ылдьаа Ылдьыыс, Сэмэн Киирикэбис, Аана Алыампыйабына мантан инньэ аны бакалаабыр, маҕыыстыр буолуохтаах устудьуоннары үөрэтэн эрэр үһүлэр. Хайа икки ардыгар уларыйа охсубуттара буолла?! Ылдьаа Ылдьыыс биһигини бэниэтикэҕэ үөрэтэригэр «төрүт дорҕоону сөпкө саҥарыахха наада, букатын омук курдуккут, хайдах суруллубутунан ааҕаҕыт» диэн сэмэлииртэн ордубат этэ. Аана Алыампыйабына даҕаны лиэксийэтигэр «хайааһын уһуннук буоларын көрдөрөр, ол аата – уһуур көрүҥ» диэн, бэркэ сөбүлээн быһаарар холобурдааҕа. Тоҕо эрэ туохтуур кылгыыр көрүҥүн холобурдаабат этэ. Дьэ, наар уһуур өттүгэр охторо.  Сэмэн Киирикэбис арпагыраапыйаҕа эмиэ омук тылын сабыдыалыгар оҕустарбакка, сахалыы моһуоннаан суруйуох тустааххыт диэн, ирдэбилэ биир туспа буолара. Холобур, Германия – Ньармаанньа, Австралия – Абыстыраалыйа барыйааннарыгар, кини этэринэн, сахалыы соҕуһун талыллыахтаах үһү. Кырдьык, кыпчылҕалаах кыһалҕа үөскээбит: кэлиҥҥи тыл иккис сүһүөҕэр биир буукубаны сыыһа суруйдуҥ да, сирэйиҥ кытарбытынан барыыһы. Алын кылаас оҕолоро онто да суох «абааһы көрөбүн» диэн тыл ситимин сөпкө суруйбакка сор-муҥ бөҕөтө. Кэлин билбитим – мин биэс сыл дьирээлэһэн, «специалитет» диэн үөрэхтэммит эбиппин. Ол аата бакалаабыртан харыс курдугунан үрдүк, оттон маҕыыстыртан биир оччонон намыһах буолан тахсабын.    Тыл да, литэрэтиирэ да мэтиэдьикэтигэр «оҕону маннык ньыманы туттан үөрэтиэххэ» диэн үһүс куурустан тиһиктээхтик үөрэтэн ньиккириппиттэрэ эрээри, учууталлаабыт бастакы күммүттэн букатын атын хартыынаны көрбүтүм. Бастатан туран, оҕолорум саха тылын уруогун төрүт ахсарбаттар, иккиһинэн, өйдөрө-санаалара саараама төрүт атын эбит! Оттон мин эрэйдээх сарсыҥҥы уруокпар бэлэмнэн да бэлэмнэн! Онтум ханна баарый – ньуул! Хата, санаабын түһэрбэппинэн маладьыаспын быһыылаах. Хаһыакка маҕыыстыр үөрэҕэр туттарсыан баҕалаахтары ыҥырар биллэрии тахсыбытыгар, сып-сап хомунан, туттарсан, ол муодунай үөрэххэ киирэн хаалбытым.    Маҥнай утаа учууталлыы-учууталлыы үөрэниэм дии санаабытым сатаммат эбит. Улууска олорон хайдах үөрэниэҥий, куоракка эбитэ буоллар, муҥ ини. Инньэ гынан, төһө да түбүктээх, ол эрээри додо курдук хамнастаах үлэ да буоллар, учууталбыттан тохтоон, куоракка көһөн күккүрээн киирдим.    Икки тэрилтэҕэ олбуор харбааччы уонна түүҥҥү харабынай буоллум. Хата, маҕыыстырым үөрэҕэ арыый көҥүл соҕус араспысаанньалаах буолан абыраата. Үөрэнэр дьон түөрпүт: бары даҕаны тэҥ ычалаах дьоммут. Соҕотох эр киһи элээмэтэ мин уонна кырааска өлүү тутан сиэбит үс чүөчэ.    Хата, урут бакылтыат эрдэҕинэ үөрэппит преподавателлэрим миигин кэрэхсии көрүстүлэр: төһөтүн да иһин, билэр киһилэрэ буоллаҕым. Онуоха холоотоххо, үс чүөчэм араас үөрэх кыһатын бүтэрбит эбиттэр. Оскуо­лаҕа үлэлии сылдьыбыт буоламмын эбитэ дуу, быраактыкатын чааһыгар барсы­мах­таһабын, онон түөрүйэ өттүгэр билиибин дириҥэттэхпинэ, илин-кэлин бырахсыах эбиппин сэрэйдим. Уһуйаач­чыларым даҕаны алын куурус устудьуонун ыйар-кэрдэр курдук ирдээбэттэр, онон кимнээҕэр холкутук үөрэнним. Араас кэмпириэнсийэ буоллаҕына, тиэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн, дакылаат оҕото оҥоробун.    Дьэ, ити курдук күн кыһалҕата суох үөрэн да үөрэн, үлэлээ да үлэлээ. Таайым өрдөөҕүтэ биир дьиэҕэ атыыласпыт хоһугар олоробун. Урут ол хоһун бэйэм курдук устудьуоннарга түүлээн, син дохуот киллэрэ сылдьыбыт быһыылаах, онон мин көрдөһөөччү буолбуппар балай эмэ кэтэмэҕэйдээбитэ. Ол эрээри даачатыгар туох баар хара үлэҕэ уонна куорат хайа эрэ муннугар дьиэ туттарыгар көмөлөһүннэриэх буолан, сөбүлэһэргэ тиийбитэ. Сулумах эр бэрдэ кэлиҥҥинэн куо­рат сиргэ чуҥкуйталыах курдук буолан барбытым. Туох аанньа буолуой, ыстааным иһигэр хаппыт мутук дуу, үөл тирбэҕэ дуу буолбакка, кэмиттэн кэмигэр баарын кытаанахтык биллэрэр тэрил култаҥныырын кэннэ?!   * * *    Урут устудьуоннуу сылдьан үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммыттаахпын. Салайааччыбыт Федора Прокопьевна, эдэригэр бэртээхэй үҥкүүһүт, ирдэбилэ кытаанах буолан, тугу этэрин тук курдук толорорбут. Инньэ гынан, үчүгэй аатыраммыт, соҕуруу куораттарынан кэнсиэрдээн кэлэр буоларбыт. Ону санааммын, Маай бырааһынньыгын быдан иннинэ уруккубун эргитэн, дьарыктана тиийбитим – төрүт билбэт кыыһым ансаамбыл оҕолорун үөрэтэ сылдьар эбит.    Сонно көрөөт, сүрэҕим битиргэччи тэбиэлээн, имим уҥуоҕа итийтэлээн барбыта. Кырасыабай да барахсан! Бэйэтэ даҕаны ыга тута сылдьар хараҥа түрүкүөлээх: дыгылдьыйан түһэн атах да атах! Көнөкөтүн эриэхсит! Чэпчэкитиин, адьас көтө сылдьар курдук. Аны туран, хамсанара имигэһиэн, арылыччы көрөн түһэн мичээрдиирэ кэрэтиэн. Барыта таайтарыылаах баҕайы!    Уол аҕыйаҕыттан эбитэ дуу, миигин үөрэх сыла соторунан бүтээри гыммытын үрдүнэн куруһуогар сырытыннарар буолла. Инньэ гынан көрүөх бэтэрээ өттүгэр спортивнай пуормабын кэтэ охсон, устудьуоннары кытта тэбис-тэҥҥэ хамсаммытынан бардым.    Урут Федора Прокопьевна хаама сылдьан, ыйан-кэрдэн, сороҕор кытаанах-кытаанахтык сүүһүн аннынан көрүтэлээн, ардыгар саҥарталаан биэрэр буоллаҕына, бу Кэрэ Кыыс устудьуоннары кытта тэбис-тэҥҥэ хамсанар, үөһэ ыстаныталыыр (көтөн хаалар диир сөп). Миэхэ чугаһаан кэлэн «атаххын маннык көнөтүк тутуохтааххын» диэн баран, такыммыттан тутан ылбытыгар эт-этим дьыр гына түспүтэ.    Биир дьарыкка миэхэ санныбар эрэ тиийэр кыра кыыһы «маннык хамсаныыны оҥоро үөрэниҥ» диэн биэрдэ. Кыыһым, алын куурус устудьуона, кыра гынан баран, этиргэн баҕайы: ыарахана сүрдээх. Лары-лаппаҕар самыылаах. Ону буутуттан ылан, өрө көтө­ҕөн таһаарыахтаахпын. Кыыһым кыбыстара бэрдиттэн дуу, биитэр бэйэм мөлтөхпүттэн дуу – онтубут ончу сатаммат. Онуоха Кэрэ Кыыс тырыбынайан кэлэн ол кыра кыыһы солбуйда. Дьэ, доҕоор, астыга диибин диэн! Бэйэм кытта көтүһэргэ дылы буоллум. Букатын даҕаны балерун саһан сылдьыбыт курдук буолан таҕыстым.    Ити күнтэн ыла Сардаана (Кэрэ Кыы­һым итинник ааттаах эбит) мин аттыбыттан арахпат буолбута. Устудьуоннарга туох эмэ саҥа хамсаныыны үөрэтэр буоллаҕына, хайаан да миигин ыҥырар идэлэннэ.    Мин үөрэртэн, долгуйартан соло булбаппын. Ол эрээри Сардаанаҕа чуга­һыахпын толлобун: сааһынан миигиттэн төһө да балыһын иһин – преподаватель, оттон мин, бу иннинэ төһө да учууталлаатарбын, билиҥҥитэ маҕыстыраан эрэ буоллаҕым.    Биирдэ хайа эрэ улахан тэрилтэ бы­рааһынньыга буолбутугар ыҥыр­дылар. Бары долгуйуу бөҕөтө. Оттон мин икки төгүл буоллаҕа дии, тоҕо диэтэххэ, Сардааналыын сүрүн оруолу толоробут!    Таҥас уларыттар хоспут биир эбит. Кыыс-уол диэн арахсыы суох. Оруобуна, били, дэриэбинэм эргэ кулуубугар курдук.    Ок-сиэ! Сардаанам сырдык хоппуруон колгуокканан бу иннибэр үмүрүччү үктээн, дыгылдьыйан кэлбитигэр, мэктиэтигэр, тыыммат да буолан хааллым! Барыта ыйдаҥаран көстөрө: эмиийин кытааппыт тумуга, имэҥ-дьалыҥ аартыгын барбах хаххалыыр, баара-суоҕа биллибэт ис таҥаһын сыыһа...    Олус да үчүгэйдик үҥкүүлээбиппит! Бииргэ үҥкүүлүүр киһигин кытта тэҥҥэ тыынан, эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын биир күдьүс буолан, тугу барытын умнан туран кэрэҕэ, сырдыкка, үрдүккэ көтөрүҥ туохха да тэҥнэммэт долгутуулаах!..    Биирдэ Киров аатынан уулуссаҕа баар күйүөскэҕэ чугаһаабытым, Сардаана салапаан суумкаҕа элбэх баҕайы бородууктаны хаалаан, нэһииччэ туппутунан, оптуобус тохтобулугар хааман эрэр эбит. Мин ойон тиийэн көмөлөһөөрү гыммыппар тоҕо эрэ буолуммата. Ол да буоллар, күүспүнэн кэриэтэ ылан, тохтобулга диэри аҕаллым. Ыскамыайкаҕа хас да эмээхсини кытта биир лаппа сааһырбыт, мааны таҥастаах киһи олороллор. Дьэ, ол оҕонньор кыыспын да, миигин да күрдьүөттээһин бөҕөтө. Оҕус курдук муостааҕа буоллар, сонно супту түһүөх үлүгэрэ. Онон эрэ бүппэтэ, мин тутуһан аҕалбыт суумкабын эһэ охсон ылан, аттыгар уурунна. Сардаанам иэдэһэ чоххо баттаабыт курдук, омуннаахтык кытарбытын бэлиэтии көрдүм. «Кытаанах аҕалаах эбит, туох куһаҕаны оҥорбуппун ити сөбүлээбэтэ?» диэн саныам икки ардыгар оптуобус кэллэ. Сардаананы кытта ол оҕонньор онно киирэн айанныы турдулар.    Кэлин билбитим, Кэрэ Кыыһым кэргэнэ, хоойго сытар холооннооҕо ол күтүр оҕонньор эбит!    Ол эрээри Дьылҕа Хаан Сардаанабын кытта син биир тиксиһиннэрбитэ. Онуоха уруккум курдук кэмчиэрийэн, килбигийэн, толлон турбатаҕым. Хата, кырдьаҕас эрдээҕиттэн ис-испиттэн кыйыттан кэлэммин, бэйэм-бэйэбинэн буола түспүтүм, туттарым-хаптарым дохсуннурбута. Кыыһым даҕаны синигэр түспүт курдуга. Харсыбыттан тахсыбыт киһи быһыытынан, биир эрэпэтииссийэ кэнниттэн Сардаанабын хоспор аҕалбытым.    Тугу гыныахтаахпыт эрдэттэн биллэр буолан, сонно сыгынньахтана охсубуппут уонна имэҥ-дьалыҥ кутаатыгар кытыаста умайбыппыт. Кырдьаҕас киһиттэн баҕас бу дьыалаҕа эрчимнээх буоларбын дьиҥнээхтик көрдөрөн тэйиэх санаам баһыйбыта. Сардаана даҕаны эмиэ оннук санаалааҕа биллэр этэ.    Хаарыан эдэр саас атыҥҥа анаммыта абатын ньии! Хаарыаннаах бу дьылыгырас атахтары, өрүтэ мөҕүллэҥниир бу кэрэ таһааны ньии! Иэгэйэр икки атахтааҕы туймаардар бу ураты уохтаах сүмэһини билиэ дуо, ама, бүдүгүрэ кырдьан эрэр эрэ буолуохсут?!    Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Маҕыыстырга үөрэнэн айгыстыбатаҕым буоллар, маннык Кэрэ Кыыһы көрсүөм этэ дуо?! Төһө даҕаны уһуннук алтыспатарбыт, өйдүүн-санаалыын, эттиин-сиинниин, сүрэхпит битиргэччи тэбэриниин үүт-маас атылыыбыт.    Олоххо маннык түгэн, хомойуох иһин, дэҥҥэ кэлэр. Ону бигэргэтэрдии, аллараттан саҥа иһиллэргэ дылы «өссө күүскэ, өссө күүскэ...»   БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан