Кэпсээ
Войти
Регистрация
Литваттан көскө
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Литваттан көскө
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
18.01.2024 15:18
«Кыым» хаһыакка үйэтин тухары доруобуйа харыстабылыгар үлэлээбит Елена Семеновна Кузнецова ыалдьыттыыр. Кини уустук дьылҕата – биһиги дойдубут устуоруйатын кэрэһитэ. Ийэм – полячка, аҕам – литовец – 1939 сыллаахха Литваҕа, Шакэй куоракка төрөөбүппүн. Ийэм Саулена Францевна – полячка. Аҕабыт Гарляускас Симоно – литовец. Аҕабыт сырдык хааннаах, сырдык баттахтаах «блондин» эбит буоллаҕына, ийэбит, төттөрүтүн, хараҥа баттахтаах. Мин ордук ийэбэр майгынныыбын эрээри, баттаҕым сырдык. Оччотооҕу Литваҕа син сэниэ ыал эбиппит. Төрөппүттэрим чааһынай дьиэлээх, хаһаайыстыбалаах, бэл, үлэһиттээх эбиттэр. Ийэбит бааҥҥа үлэлээбит, аҕабыт – учуутал. Көскө барыы – Ити кэмҥэ Литва ССРС састаабыгар киирбитэ. Аҕа дойду сэриитэ буолуон аҕай иннинэ, саас дьиэбитигэр байыаннайдар кэлэн «хомунуҥ» диэбиттэр. Мин оччолорго балтараа эрэ саастааҕым, онон ийэбит уонна эдьиийдэрим кэпсииллэрин эрэ тиэрдэбин. Ханна, туох иһин көскө баран эрэллэрин ким да быһаарбатах. Кэлин ийэм «биир эдэр байыаннай тымныы, ыраах сиргэ бараҕыт, өр айанныаххыт, оҕолоргут сылаас таҥаһын ылыҥ диэбитэ», – диэн кэпсиирэ... Көскө утаарыллыы, арааһа, ийэбит үлэтин кытта сибээстээх буолуон сөп: кини баан кистэлэҥ салаатыгар үлэлээбит эбит. Ити күнтэн ыла, ыал олоҕо тосту уларыйан, бары тутуспутунан кый ыраах, тус хоту айаннаабыппыт. Сотору буолаат, олорбут куораппытын ньиэмэстэр буомбалаабыттар. Эр дьону дьахталлартан, кырдьаҕастартан арааран, туспа богуоннарга тиэйбиттэр. Ийэбит хат эбит. Айаннаан иһэн суолга төрөөрү ыксаабытыгар, Бийскэйгэ тохтоон, суһал көмө массыынатын ыҥыран, балыыһаҕа бырааппыт Ремантас (Роман) төрөөбүт. Аны Бийскэйгэ эр дьону тиэйэн испит богуону арааран кэбиспиттэр. Ханна тиэйэн илпиттэрин эппэтэхтэр. Инньэ гынан ийэбит аҕабытыныын сүтэрсэн кэбиспиттэр. Аҕабыт дьылҕатын билээри ыйыталаһан, ийэбит төһөлөөх суруйбута буолуой! Ол тухары «сураҕа суох сүттэ» диэн харда эрэ кэлэрэ. Булуҥҥа, Быков мыыска – Ол курдук айаннаан, хоту Булуҥҥа, Быков тумулга тиийэн кэлбиппит. Туох кэлиэй, үөрүйэҕэ суох дьоҥҥо тымныы, хаар-тыал... Ким да үөрэ-көтө тоһуйбатах. Көскө кэлбит да дьон туох-туох дойдуга тиийэн кэллибит дии санаатахтара. Онтон олохсуйан, син олох-дьаһах тэринэн бардахтара. Бараакка, үүтээҥҥэ олорбуттар. Кыанар өттө балыкка үлэлээбит. Ийэм убайа кэргэниниин балык собуотугар үлэлээбиттэр, инньэ гынан паекка тиксэллэрэ. Собуокка 16, 17, 18 саастарын туолбут эдэрдэр, бэл, кыра оҕолор үлэлииллэр эбит. Ийэбит эрэйдээҕи сөҕөбүн: быыкаа оҕолорун, кыаммат ийэтин хайдах өрүһүйбүтэ буолла? Эдэр, доруобай буолан тулуйдаҕа буолуо. Ону кытта күүстээх санаата, тулуура, дьулуура, сатабыла, ыараханы баарынан ылынар майгыта көмөлөстөҕө. Ытыы-сулана сылдьыбат кытаанах майгылааҕа. Биирдэ эмэ үҥсэргээбитин истибэтэҕим. Сөптөөх быһаарыыны ылынар, дьаһайар киһибит кини этэ. Оттон уонна аҕабыт «оҕолоргун, бука диэн, көрөөр-истээр, харыстаар» диэн эппитэ буолаахтыа... Ийэбит «олохтоохтор көмөлөспөтөхтөрө буоллар, тыыннаах хааларбыт биллибэт этэ» диирэ. Бэйэлэрэ туга да суох эрээри, бурдук, чэй, балык, хааһы биэрэн, сороҕор сээкэйи мэнэйдэһэн, ылсан-бэрсэн олорбуттарын мэлдьи сылаас тылынан ахтара. Салды Күөл (Сылгы Күөлэ) – Быков тумулга алта сыл олорбуппут. Онтон Ленскэйгэ көһөрбүттэрэ. Онно Сылгы Күөлэ диэн кыра бөһүөлэккэ көскө кэлбиттэр мас кэрдиитигэр үлэлииллэрэ. Ийэбит онно бастаан остолобуойга иһит сууйбута, онтон пуобардаабыта. Улахан эдьиийим Янина леспромхозка буҕаалтырдаабыта. Мин Сылгы Күөлгэ сэттэ кылаастаах оскуолаҕа үөрэммитим. Нууччалыы үөрэнэрбит, дьиэбитигэр литвалыы кэпсэтэрбит. Улахан дьон мустан, бырааһынньыктары бииргэ бэлиэтииллэрэ, араас тэрээһин буолара. Олохпут улахан туох да уратыта суоҕа. Ким даҕаны «эһиги өстөөхтөргүт» диэн атаҕастыырын, туора көрөрүн өйдөөбөппүн. Пионер, хомсомуол диэн син биир баара. Арай хас ый аайы комендатураҕа баран бэлиэтэнэрбит. Саха сириттэн тахсар көҥүллэммэтэ. Сталин да өлбүтүн кэннэ биһиги онно хаалан олорбуппут. Мин Мухтуйаҕа интэринээккэ олорон, уон кылааһы бүтэрбитим. Улахан эдьиийим Янина Литваттан көскө кэлбит киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Кэргэнэ Сылгы Күөлгэ леспромхозка үлэлиирэ. Онтон 1952 сыллаахха Дьокуускайга көспүттэрэ, күтүөппүт маннааҕы леспромхозка үлэлээбитэ. Икки уолламмыттара, 1956 сыллаахха тэрилтэлэриттэн дьиэ ылбыттара. Онон кинилэри батыһан, Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Ийэм леспромхозка хассыырынан үлэлээбитэ. Ол тэрилтэ хонтуората урут Залог диэки баара. Төннүү 1961 сыллаахха кэмниэ кэнэҕэс Литваҕа төннөрбүтүн көҥүллээбиттэрэ. Ийэбит убайыныын, улахан эдьиийим, орто эдьиийим, бырааппыт – бары дьиэ кэргэттэрин кытта көһөн барбыттара... Мин ол кэмҥэ олохтоох нуучча уолугар кэргэн тахсыбытым. Ийэм даҕаны, эдьиийдэрим даҕаны ону сөбүлээбэтэхтэрэ, миигин саҥарбыттара. Мин балтараа саастаахпар манна кэллэҕим дии. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан манна олорбутум. Аны литвалыы үчүгэйдик билбэт этим. Манна кэргэн таҕыстым, оҕолоннум, сөбүлүүр үлэлээхпин, онон «суох, барбаппын», – диэбитим. – Улахан эдьиийим Паневежис диэн куоракка балык собуотугар буҕаалтырдаабыт. Биир сыл буолаат, дьиэлэммиттэр. Орто эдьиийим кэргэнэ улахан массыынаҕа суоппар, учаастак ылан, хаһаайыстыба тэринэн, дьиэ туттубуттара. Бырааппыт кэпэрэтиипкэ киирэн, кыбартыыра ылбыта. Ийэбитигэр, бэлитиичэскэй эрэпириэссийэ сиэртибэтэ диэн, кыбартыыра биэрбиттэрэ. "Өстөөх буолбатахпын" – 70-с сылларга «сиэртибэ буоларыҥ туһунан докумуон оҥорторор наада» диэбиттэрэ. Арай маннааҕы биир хонтуораҕа тиийбиппэр биир кыыс «өстөөх буолбатаҕыҥ туһунан ыспыраапката аҕал» диэтэ. «Тоойуом, мин манна кэлэрбэр балтараа эрэ саастааҕым. Онуоха туох ыспыраапката нааданый?» – диэбиппин олох истибэт. Ыйбыт сиригэр тиийбитим, биир киһи «хайдах баччааҥҥа дылы оҥорторбокко сылдьаҕын?» диэн сөхтө. Онтон ханна эрэ төлөпүөннээтэ, мөхтө-саанна. Били кыыспар кэлбиппэр, хата, уочарата суох киллэрэн, ол дастабырыанньабын туттаран кэбистилэр. Аҕабыт дьылҕатын туһунан 90-с сыллаахха биирдэ билбиппит. Өлүөхүмэҕэ быстаахтаабыт эбит. Ханна көмүллэ сытара биллибэт. Онно эмиэ мас кэрдиитигэр үлэлээбит буолуохтаах, онно сылдьан аччыктаан, ыалдьан бараахтаатаҕа... Литва: урут уонна билигин Сэбиэскэй кэм саҕана икки сыл буола-буола уоппускабытыгар оҕолорбутун илдьэ Литваҕа күүлэйдии барарбытын саныыбын... Олус да күүтүүлээх айан буолара, үөрэ-көтө да айанныырбыт! Туох даҕаны мэһэй суоҕа, Москубаттан пуойаска олордуҥ да аҕыйах чааһынан дьоммутугар кэлэрбит. «Олохтоохтор Арассыыйаны, нууччалары абааһы көрөллөр» дииллэрэ да, ол биллибэт этэ. Онтон өрөспүүбүлүкэлэр үрүө-тараа бараннар, дойдубут ыһыллыбыта. Дьон сыһыана тута уларыйбыта. Мин быраатым кэргэнэ украинка этэ, ону ыллылар да, үлэтиттэн ууратан кэбиспиттэр. Кийииппит кыыһын кытта Хабаровскайга көспүтэ. Бырааппытын Литваттан ыыппат буола сатаабыттарын «мин Арассыыйаҕа, Бийскэйгэ төрөөбүтүм», – диэн Литваттан тахсар кыахтаммыт. Билигин Литваҕа орто эдьиийбит баар, 80-чалаах. Кыргыттарыныын, сиэннэриниин билсэбит да, кэнники суруктары сүгүн аһарбат буоллулар курдук. Мин суруктарбын туппатах буолаллар, кинилэр суруктара тиийэн кэлбэт. Онон сиэннэрбит аныгы сибээс көмөтүнэн билсэллэр. Сонуну онтон истэбит. Оттон Литваҕа бара сылдьар туһунан санаммаппын даҕаны. Дойду ыһыллыыта боростуой дьон дьылҕатыгар итинник дьайда. Дьону быыһаары – 1956 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. Сорохтор хааны, өлүгү көрөн, уҥан хаалаллара. Мин тулуйарым, өссө хирургия мэдсиэстэрэтэ буолар баҕалааҕым. Оччолорго үөрэҕи бүтэрээччилэри Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ үлэҕэ аныыра. Миниистир Павел Васильевич Любимов этэ. Мин уобаластааҕы балыыһаҕа хирургия салаатыгар анаммытым. Уобаластааҕы балыыһаҕа – түөрт сыл, онтон лор-балыыһаҕа үлэлээбитим. Лор-балыыһа – этэргэ дылы, «узкай» идэ. 1964 сыллаахха Ленинградка эпэрээссийэ блогар уопут атастаһа ыыппыттара, үөрэнэн кэлбитим. Онтон 1983 сыллаахха саҥа уобаластааҕы балыыһа тутуллубутугар онно эпэрээссийэ оҥорор уопсай блокка мэдсиэстэрэнэн көһөрбүттэрэ. Биирдии ый атын-атын салааҕа, атын хирурдардыын үлэлиирбит. Инньэ гынан араас хайысхалаах эпэрээссийэлэргэ үлэлэһэрбит. Оччотооҕу мэдсиэстэрэ үлүгэрдээх элбэх үлэни оҥороро. Күн аайы эпэрээссийэҕэ турарын сэргэ, өссө үстүрүмүөн бөҕөтүн бэйэтэ илиитинэн бэрийэн ыраастыахтааҕа, сууйуохтааҕа, оргутуохтаҕа, автоклавтыахтааҕа. Билиҥҥи мэдсиэстэрэлэр, онно холоотоххо, үлэлэрэ биллэ чэпчээтэ: барыта биирдэ туттуллар тэрил, испириис, иннэ... Оттон ол саҕана барытын оргута-оргута туттарыҥ. «Импиэксийэ хаалыа, ким эмэ сутуллуо» диэн, ирдэбили барытын тутуһан дезинфекциялыырыҥ. Ыарырҕата саныырбытын өйдөөбөппүн – буолуохтааҕын курдук ылынарбыт. «Хирурдар киһини эпэрээссийэлээн баран, иһигэр ону-маны хаалларан кэбиһээччилэр дуо?» – диэн ыйытааччылар. Холобур, быар эпэрээссийэтигэр тымырыттан хаан барааччы. Онно элбэх салпыакка наада. Итиннэ мэдсиэстэрэ уһулуччу болҕомтото наада: хас салпыакканы бэлэмнээн киллэрбитин, онтон эпэрээссийэ бүтүүтэ, тигиэх иннинэ төһөтө быраҕыллыбытын ааҕыахтаах. Биир эмэ итэҕэс буолла да, хирург ону көрдүөхтээх. Хата, миэхэ биирдэ даҕаны оннук түбэлтэ тахсыбатаҕа. Кесарев эпэрээссийэтигэр турсубуппун өйдүүбүн. Аатырбыт гинеколог-хирург Желобцова эпэрээссийэни оҥороро. Кесаревка хаан барар куттала мэлдьи баар, онон хирург түргэнник тигиэхтээх. Желобцова сүрдээх түргэнник тигэрин өйдүүбүн. Илиитэ биир кэм күөрэҥнээн олорор. Мэдсиэстэрэ ону баттаһа, эрдэттэн оччо ахсаан иннэни бэлэмнээн туруохтаах. Үөрүйэх мэдсиэстэрэ эпэрээссийэ туох баар кэрдииһин төбөтүгэр тута сылдьар буолан, быраас этэ да илигинэ ханнык үстүрүмүөн наадатын ылан биэрэ охсор. Бу балыыһаҕа мин 35 сыл үлэлээтим. Бэтэрээн диэн ол бу тэрээһиҥҥэ ыҥырдахтарына, онно кыттабыт, көрсүһүүлэргэ сылдьабыт, онон соҕотохсуйбаппын. Урукку дьүөгэлэрим бары кэриэтэ бардылар, сорохторо суох буолла. Манна үс кыыс хаалан тутуһан сылдьабыт. Иллэҥ кэммэр дэтэктииби – Колычев, Маринина, Донцова суруйууларын – астына ааҕабын. Оҕонньорум суох буолбута син ыраатта. Кини хоту оройуоннарга таһаҕас тиэйиитигэр үлэлээбитэ. Сүрдээх ыарахан үлэҕэ сылдьыбыта. Ол да иһин сүрэҕэ эмискэ тохтообута. Оҕолорум бары атахтарыгар туран, үлэһит буоллулар. Билигин сиэннэрим миигин үөрдэллэр. Биллэн турар, кэнникинэн олох тосту уларыйда. Билиҥҥи дьон көрүүтэ – атын, биһиги көлүөнэ киэнэ – олох атын. Төһө да дьадаҥыбыт иһин, олус иллээх, көрдөөх, көхтөөх этибит. «Биир киһи – барыбыт, барыбыт – биир киһи туһугар!» диэн дэбиис баара. Аныгы ыччат эмиэ ураты. Тутта-хапта сылдьара, кэпсэтэрэ, быһыыта-майгыта тутах курдук. Бары оннук буолбатахтар эрээри... Билиҥҥи ыччат урукку ыччаттан атына өйдөнөр. Кэмэ атын буолуо? Дьылҕа Хаан оҥоһуутунан, мин бу тыйыс хоту сиргэ кэлэн, иккис дойду оҥостон, ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, олохпун түмүктээн эрэбин. «Кимҥиний, хантан сылдьаҕыный?» диэн ыйыттахтарына, «ийэм – полячка, аҕам – литовец, кэргэним – нуучча, бэйэм – Саха сириттэн (якутянка)» – диибин. Оттон саамай баҕарарым – сэрии эрэ буолбатын! Нина ГЕРАСИМОВА. 2018 с. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан