Кэпсээ
Войти
Регистрация
Киһи киһиттэн атына
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Киһи киһиттэн атына
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
26.09.2018 20:44
Атаһым барахсан хоту дойдуга сылдьан көрбүтүн кэһии гынан аҕалан, бэркэ оҥостон олорон кэпсээбиттээх. Булуҥҥа интэринээт оскуолаҕа быраактыкалана сылдьыбыт. Өрүү буурҕа түһэр буолан, оҕолор итинник күн-дьыл үүннэҕинэ, үөрэхтэригэр кэлбэттэр эбит. Биир үтүө күн үөрэх кэнниттэн киэһэлик оскуолаҕа уруоктарыгар бэлэмнэнэ, тэтэрээт бэрэбиэркэлии олорбут. Ол олордоҕуна таһырдьа ыыс-быдаан тумарык түспүт. Уу халыйан түһэр лиистэрин тыаһатан талыгыратар. Буурҕа түһэн эрэрин, оскуолаҕа олордоххо, аан бастаан ол лиистэр тыаһаан биллэрэллэр эбит. Дьиэтигэр тардыстара кимэ кэлиэй, онно олорон эрэ утуйан да хааллаҕына, көҥүл буоллаҕа дии. Олорбут. Иһигэр “тохтоотор эрэ дьиэлиэм” диэн быһаарыммыт. Эбиитин уларсык дьиэлэрэ оскуолаттан ырааҕа бэрт эбит. Саамай түгэххэ турар соҕотох кыра дьиэ оҕото. Хата, ититиилээх буолан, оһох оттор эҥин диэҥҥэ наадыйбата абыраллаах буолан биэрбит. “Сарсын да барыллыа” дии санаабыт. Оскуолаҕа бу иннинэ хаһан да хоно илик буолан “аны көрөн холдьоҕуохтара” диэн, тэтэрээтин бэрэбиэркэлээн бүтэн баран, кирийэн олорбут. Буурҕа өссө күүһүрэргэ дылы буолбут. Саһан кэриэтэ олордоҕуна, арай аан тыаһаабыт. Тоҕо эбитэ буолла, хомуот курдук арыллардаах кирилиэс кэннигэр саһан хаалбыт. Саҥаларыттан сылыктаан саабыһын кытта биир дьахтар күлсэллэрин билбит. Болҕойон истибитэ, интэринээт оскуола баспытаатала эбит. Ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээн, хостор ааннарын аһыталаан көрбүттэр. Атаһым саһан олорор кылааһын эмиэ өҥөйөн көрбүттэр. Ким да суох диэн баран, учууталлар хосторугар киирбиттэр. Кинилэр үөрэнэр кылаастара учууталлар хосторун кытта ыкса турар эбит. Уруккута дуоска олоҕор аан баарын паньыаранан бүөлээбиттэрин мэник оҕолор обургулар саһан туран учууталлары кэтиир чуолҕан оҥорбуттарын булбут. Ол чуолҕанынан таах олоруохтааҕар кыҥастаһар. Саабыстан дьахтар ойоҕун туһунан туоһуласпыт. Онуоха: “Сонотуоруйга барбыта...” — диэн, хайдах эрэ үөрбүт курдук имнэнэн кэбиспит. Ол икки ардыгар оонньоһор курдук тыллаһан барбыттар. Ону көрөн олорон, атаһым кыбыстан, сүрэҕэ күүскэ мөхпүт. Хаста да “тахсан, баран хаалыахха” диэн санаан аһарбыт. Онтон дьахтар тугу эрэ остуолтан ылаары тиэрэ хайыспытыгар эр киһи кэнниттэн кэлэн, кууһан ылбыт. Дьахтар туох да буолбатаҕын курдук туттубут. Хата, төлө мөхсүөн оннугар кыратык кэдэрис гынан биэрбит... Оргууй кууһан туран, түөһүн сымнаҕас баҕайытык харбаан ылбыт. Иккис илиитин аллараа диэки сыыйа түһэрэн барбыт... Онуоха дьахтар сүр минньигэстик ынчыктаан унаарыппыт... Ону кытта эр бэрдэ остуол үрдүгэр сөрөөн түһэрэр, дьахтар таҥаһын сулбурутаат, кэнниттэн түһүөлээбитинэн барбыт. Дьахтар муҥнаах айакалаан уҥа-таала “өлөрүнэн мөхсүбүт”... Эр бэрдэ: “Чэ, айакалаама, сотору абыраныаҥ!” – диэн дьахтар кулгааҕар сипсийбитигэр айаката имэҥнээх ынчыкка кубулуйбут... Эр киһи бэрдэ диэни биллэҕэ дии. Атаҕар дугуммат буола астынан, остуолга тарайан сыппыт... Ол сытан “үчүгэйдик да таптаатыҥ” диэбитигэр киһитэ “маннааҕар буолуоҕу...” диэбит. Дьахтара күнүүлүөх курдук гыммыт. Бу тылы хайҕаппыт курдук иһиттэҕэ буолуо, эмиэ батары биэрэр да “үлэлээбитинэн” барар! Ол тухары көрөн-кэтээн олорооччу атаһым барахсан, сааһын тухары көрбөтөҕүн көрөн, баардааҕа батарбакка, төлө көтөн тахсан ыстаанын марайдаан
кэбиһэр... Көрөн олорооччу эрэ иннигэр дьахтар аны тобуктуу биэрэр да, убахтаан имитэр... Уол эрэйдээх эбии бэргиир. Ыстаана бүттэтэ суох буолар... Эмиэ кытаанах кимиҥнээһин кэнниттэн дьахтар өйүн сүтэрэр-сүтэрбэт бэтэрээтинэн налыйа быһыытыйар. Били киһитэ өтөрүтэ-батарыта түһүөлээн, олох атыыр сылгы курдук суптурута түһүтэлиир... Онтон таалан сыта түһэн баран, дьахтар: “Аччыктаатыҥ дуо?” – диэн туоһулаһар. Онуоха тиритэн ньылҕаарыйбыт киһитэ: “Аччыктаан да туохпун хабыахпыный”, — диэбитигэр дьахтар туран суумкатыттан ол дойду балыгын таһаарбыт. Сэргэстэһэ олороллор да, тууһаммыт, хаппыт балыгы сиэн мотуйаллар. Сотору балыктарын сии охсоот, эр киһи эмиэ уруккутун курдук кыырт буола түһэр. Балык тобоҕун хомуйан тоҥхоҥнуу сылдьар дьахтар үрдүгэр ыттыбытынан барар! Тыас-уус ыраатар... Дьахтар эмиэ уҥа-таала барар... Тиритии-хорутуу диэн кытаанаҕа! Таһырдьа буурҕа тыаһын кытта күрэстэһэр айылаахтык имэҥирэн туран эрчимнээхтик “үлэлииллэр”! “Бу дьон сылайан охтоллоро чугаһаата ини” дии санаабыта, сылайар-элэйэр диэни букатын билбэт дьон буолан биэрэллэр. Хата, эбии сэтэрээн, кимиҥнэһэллэрэ түргэтииргэ дылы буолбут. Саһан олорон көрүү-истии кытаанаҕа. Ол олорон хараҕа, сиһэ сылайан барбыт. Атаҕа көһүйбүтүн мускуйа олорон босхо соҕус сытарыттан тыаһыыр муостаны үктээбит. Онуоха кистээн имэҥирэ сылдьар дьон тохтоон иһиллээбиттэр. Дьахтар: “Ким эрэ баар быһыылаах”, – диэбитин, саабыс: “Ээ, ким кэлиэй, көрбүппүт буолбат дуо”, – диэн уоскутар. Онтон эмиэ силлиргэтии кытаанаҕа саҕаланар... Көрөн олорон утуктаан, нухарыйан барбыт. Тыаһа суох дьааһый да дьааһый, хараҕыттан уу-хаар бас да бас. Онтон олох буорайан, тоҥхоҥноон барбыт. Дьэ, ол аайы уҥуоҕа-иҥиэҕэ халыр босхо барар. Туттуна сатыыр да, айылҕата өтөнкэлэтурар... Дьэ, ол курдук көр хаһан бүтэн сынньатар диэн таайа сатыыр. Хараҕа сылайан, утуктаан, сиһин көннөрөн, сытан эрэ иһиллиир. Дьоно тохтоон ыла-ыла, умуллан эрэр кутааҕа хат хардаҕас бырахпыттыы, эмиэ күөдьүйэн кэлэллэрэ үһү. Уһунньут бөҕө киһи буолан биэрбит. Дьахтара буоллаҕына кэлиҥҥинэн сатаан саҥарбат буолуор диэри астыммыт, таҕылын ханнарбыт... Сарсыарда биэскэ диэри тыын ыла-ыла өрө көппөҥнөһө хоммуттар. Уол “утуйан хаалан, муннум тыаһаан тутуллуом” диэн, утуйбат буола сатыыр эбит да, утуйар кэллэҕинэ, кими тулутуо баарай. Ол быыһыгар дьахтара “ойоххун эмиэ бу курдук гынаҕын дуо?” диэн туоһуласпытыгар “ээ, кинини да ити курдук...” диэччи буолбут. Онуоха дьахтара: “Ойоххор наһаа да ымсыырдым...” диэн билиммитигэр саабыс киһи саҥата суох барбыт... * * * Саабыс ойоҕо сөтөл булан, ыалдьан, сэллигин мүлүрүтээри муохтан оҥорбут сиробу иһэр эбит. Ол эрэ эмп туһалыыра үһү. Аны туран, ол күүстээх эми испит дьахтар эр киһини олох утуппат буолар эбит. Ол иһин онно үөрэнэн хаалан түүнү быһа “хачыгаардаан” хонор буолбут. Сарсыарда үлэһиттэр кэлиэхтэрин иннинэ таҥна туран дьахтар: “Аны хаһан көрсөбүт?” — диэн ыйытар, онуоха саабыс: “Хаһан баҕарар... эн ыҥырдыҥ да көрсүөхпүт буоллаҕа дии...” – диэбитигэр минньигэс баҕайытык имнэнсэн кэбиһэллэр. * * * “Кэлин киинэ эҥин имэҥин,
убураһыытын көрөрүм да, онно холоонноох буолуо баара дуо! Олох илэ харахпынан көрдөҕүм дии. Ыстааным, ис таҥаһым олох сыстаҥнас буолуор диэри долгуйа көрбүтүм...” — диэн, атаһым барахсан миигиттэн тугу кистиэ баарай, туох баарынан кэпсээбитэ. * * * Ити курдук кэтээбитин, хата, ким да билбэккэ хаалбыт. Сарсыарда эрдэ кэлбит аатырбыт. Били, имнэнсибиттэри өйүгэр тута сылдьан, кэтиир буолбут. Киирэ-тахса сылдьан таһыттан көрдөххө, билсибэт дьон курдук тутталларын көрөн, “киһи эриэнэ иһигэр” дииллэрин итэҕэйэр. Онно-манна барыы-кэлии буоллаҕына, иккиэйэх хаалар идэлэммиттэр... Оскуолаҕа быраактыкаланан баран үлэлиирин тухары бу дьон “хардарыта сылдьыһыыларын” үстэ илэ хараҕынан көрбүт. Дьэ түбэһии диэтэҕиҥ. * * * Аны туран, баардаах онон эрэ тохтоон муҥурданыа баара дуо, эдэркээн нуучча дьахтарын кытта эмиэ оннук чугастык “билсибит”. Нуучча дьахтара быраас эбит. Саабыһы кытта көрүөн быдан иннинэ атаспар: “Эрим икки ыйга барбыта... соҕотохпун... барыс... атаар...” – дэтэлии сылдьыбыт. Биһиги киһибит кыбыстан хаалан барсыбатах. Уруогун ааҕан, хойутаан хаалан, тахсаары туран түннүгүнэн быраас дьахтар хааман самыытынан оонньоон иһэрин көрөр. Оскуолаҕа саабыс уонна кини эрэ хаалбытын билэр буолан, сэрэйэ охсубут. Эмиэ “көрү” көрөөрү сананар. Тыаһа суох сыбдыйан кэлэн, хомуот кэтэҕэр түһэн биэрэр. Уотун умулуннарбакка хаалар. Быраас супту учуутал хоһугар ааһар. Киирэн кэпсэтэн, имнэнсэн баран, оскуолаҕа атаһым баар буолуохтааҕын биллэрэр. Сотору саабыс кылааһы өҥөйөн туран: “Уотун умулуннарбакка барбыт”,– диэн мөҥүттээт, сабан кэбиһэр. Кылаас ааныгар ыйанан тэйгэйэн турбут күлүүһүнэн олуйан кэбиһэр. Нуучча дьахтара киһитэ киирбитигэр моонньугар иилистэ түһэр. Ону саабыс көтөҕөн ылар да остуолга эмиэ били түүнү быһа “тустубутун” курдук умса быраҕаат, батары биэрэр да кибиҥнээбитинэн барар! Онуоха дьахтара имигэс баҕайытык эппиэттэһэн имиллэҥнэһэн барар. Туох да үлүгэрдээх имэҥ диэн киниэнэ буола түһэр. Эмискэ тас аан аһыллан халыгыр гынаатын муоста сууйааччы анал ыскаабыттан биэдэрэтин ылаары хасыһар тыаһа иһиллэр. Дьиэ сууйааччыны кэтэһэн туруохтара дуо, дьэ түргэн үлүгэрдик таҥастарын көннөстөр аатыгар түһэллэр! Тастан киирбит учуутал хоһугар киирэригэр быраас дьахтар тутан киирбит оҕолор окуолларын таабылын тэтэрээтин арыйа баттыыр да, сымыйанан суруйбута буолан кубулунар. Саабыс эмиэ таабыл толоро олорор курдук арыллан сытар сурунаалга умса түһэр. Онон дьиэ суйааччы хараҕар төһө оҕо быһыыта испитин, төһө оҕону санаторийга ыытар туһунан былаанныы олорор курдук кубулуммуттар. Кэтээн сытан, таһыттан олуллан хаалан, дьэ тутуллар киһи буоллум диэн, улаханнык ыксаабыт. Дьон сылдьыһалларын уоран көрөн, туох эрэ улахан буруйу оҥорбут курдук санаммыт. Саабыстаах дьиэ сууйааччы истэрин курдук улахан соҕустук ону-маны нууччалыы-сахалыы булкуйан “отчуот толорон” баран тахсан барбыттар. Хата, дьолун-дьоллоох, дьиэ сууйааччы кылаастары арыйтаан киирэн, бастаан сибэккилэргэ уу кутуталаабыт. Онтон икки-үс кылааһы сууйан бүтэрэн баран, уута аһары киртийдэҕэ буолуо, биэдэрэтин туппутунан тахсыбыт. Ол кыл түгэнин туһанан, оскуолатыттан күрээн тахсан барар. Оскуолаттан чугас соҕус турар хочуолунай
күлүгэр киирэн хаалар. * * * Хачыгааркаҕа киирэн уолаттары кытта хаартылаан имитэр. Сулумах сылдьар киһи ытыы сытар оҕолооҕо баарай. Тиритиэр диэри олорон, оонньоон баран, аччыктаан тахсан дьиэтин диэки барарыгар оскуоланы ойоҕолоон ааһыахтаах эбит. Оскуолаҕа чугаһаан иһэн, тохтоон иһиллээбитэ, дьон отур-ботур кэпсэтэрин истибит. Онтон сотору соҕус муоста сууйааччыны кытта саабыс, бэркэ чугас дьон сиэринэн, кэпсэтэ-кэпсэтэ тахсан кэлбиттэр. Аарааҥҥа диэри аргыстаһан иһэн, арахсан туора-маары хаамаллар. Ол да дьахтары мээнэ хаамтарбатах буолуохтаах дии санаабыт... * * * Ол дойду дьоно түүннэри-күнүстэри балык арааһын сиир дьон. Ол иһин уһунньут буолаллар эбит, дьэ! “Эр киһиэхэ туһалаах барыта балыкка баар” диэни көннөрү истэн эрэ кэбиһэрин, илэ хараҕынан көрөн, бэркэ сөҕөн кэпсээбитэ. Ол саабыс атаспар тугу эрэ кэпсэтэ олорон имэҥнээххэ тиийэн баран: “Ээ, эһиги дойду дьоно, биирдэ-иккитэ көбүөхтээн баран, бүтэн хаалаҕыт. Төрүөбүт аскытыгар балыга суох буоллаххытына түргэнник бүтэҕит. Эр киһиэхэ наадалаах барыта балыкка баар” диэбиттээх эбит. Куорсун Кулута.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан