Кэпсээ
Войти Регистрация

Аҕам бэриэтчитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Аҕам бэриэтчитэ

K
25.01.2024 15:10
   Киһи хаһан эрэ быданнааҕыта, оҕо сылдьан билбитин-көрбүтүн, истибитин түргэнник умнар. Ол гынан баран, олоҕун хайа эрэ түгэнигэр, онтуҥ өйүҥ-мэйииҥ быыһыттан күөрэйэн кэлэн соһутааччы.      Абааһы, үөр-сибиэн, ол-бу тыас-уус диэн баарын оҕо эрдэхпиттэн истэрим. Ол гынан баран, бүтэй эттээх буолан, илэ түбэспит суоҕа. Арай, оҕо сылдьан бэриэтчит диэни көрбүтүм. Ону даҕаны, бу кэлин, сааһыран баран, биирдэ эрэ ол дьиҥнээх бэриэтчит эбитин билбиттээхпин. Онно маннык буолбута.    Тыа ыала оччолорго бука бары сүөһүлээхпит-астаахпыт. Биһиги ыал эмиэ аҕыйах сүөһүлээх этибит. Сайынын Амма уҥуор тахсан оттуурбут-мастыырбыт.    Арай биир кыһын олунньуга, өрөбүл күн, мин биэстээхпэр-алталаахпар быһыылааҕа, сарсыарда турбутум, аҕам суох эбит. Ийэбиттэн ханна барбытын, хаһан кэлиэн туоһуласпыппар: «Уҥуор тахсыбыта. От киллэрэ. Хойутуура буолуо», – диэтэ. Ол күн аҕам миэхэ чаачар саа оҥорон биэриэхтээҕэ. Онон син биир хойутуур, эмиэ аныгыс өрөбүлү кэтэһэр буоллаҕым диэн, хомойо санаатым. Ол да буоллар, эбиэттэн киэһэ түннүктэн арахпатым.    Чаас ыраатан, борук-сорук буолуута, арай, таһырдьа кэлииккэ аана хаахынаата. Мин ким кэллэҕэй диэн ааҕа олорбут кинигэбин дьыбааҥҥа элитээт, түннүккэ ойон тиийдим. Көрбүтүм, аҕам тэлигириэйкэтин нэлэркэйдэммит, бэргэһэтин сэгэччи анньыммыт, хайдах эрэ байааттаҥнаан хаама-хаама олбуорга киирэн эрэр эбит. Мин үөрүүбүттэн: «Ур-раа, аҕам кэллээ», – диэн хаһыытаат, утары сүүрэн тахсаары көхөҕө ыйанан турар сонум үрдүгэр түстүм. Ол икки ардыгар түннүккэ ийэм кэллэ уонна: «Баҕайы, кэм буолуо...» – диэн хоһооно суох тугу эрэ уоһун иһигэр үөхсэн баран, остуол тардан барда. Мин онно эрэ кыһаммакка, мантан киэһэ чаачарданар буолбут киһи, сиирэ-халты таҥнаат, үөрэн-көтөн таһырдьа ойдум.   Арай таһырдьа тахсан баран «аҕаа» диэт кэлииккэ диэки эргиллибитим, киһим суох. Сибилигин киирэн эрэрэ эбээт. Ити икки ардыгар ханна бара охсуой. Онон, арааһа, дьээбэлэнэр быһыылаах диэн, хаста да «аҕаа» диэн ыҥыран көрдүм да, киһим хоруйдаабата. Төннөн киирдим. Киирээппин кытта ийэм: «Хайа, аҕаҥ?» — диэн ыйыта тоһуйда. Мин «сибилигин киирэн эрэрэ да суох ээ» диэбиппэр, ийэм хайдах эрэ дьик гынна. Онтон халтан сонун бүрүнэн таһырдьа тахса сырытта. Киирэн баран эдьиийдээх убайбар «остуолгутун салгыы бэлэмнии тураарыҥ, мин өтөр киириэм» диэн баран, ханна эрэ тахсан барда. Эдьиийдээх убайым найылаһа-найылаһа остуол тардан бардылар. Эппитин курдук, ийэм сотору киирбитэ. Таһараа ыалга тахсан киирдим диэбитэ.    Ол күн аҕабыт хойукка диэри кэлбэтэҕэ. Мин, кыра киһи, кэтэһэ сатаан баран, чаачарым оҥоһуллубатаҕыттан кыһыйан кыратык уулааҕынан-хаардааҕынан сыҥсарыйа түһэн баран, утуйан хаалбытым.    Сарсыныгар сарсыарда эрдэ турбутум, ийэлээх аҕам куукунаҕа иккиэн чэйдии олороллоро. Мин турбуппун көрөн, аҕам оргууй аҕай утары кэлэн көтөҕөн ылбыта, түһэҕэр олордубута уонна «Ии, оҕом барахсан баар буолан...» диэн баран, кэтэхпиттэн сыллаан ылбыта.    Аһыы олорон дьонум кэпсэтэллэриттэн өйдөөбүппүнэн, аҕам убайбын кытта сарсыарда от тиэйэ баран баран, отторун анньаат, тыраахтардара моһуоктаабыт. Күнү быһа бодьуустапыттар эрээри, кыайтарбатах. Онон киэһэлик дэлби тоҥон, аччыктаан, тыраахтардарын оҥорор кыахтара суох буолан, сатыы төннөн киирэн истэхтэринэ, ийэм соруһуутунан ыалбыт уол массыынанан утары тиийэн быыһаабыт. Дьиҥэр, билигин санаан көрдөххө, ол, кыһын сатыы киириэх диэтэххэ, балай эмэ ыраах сир ээ, үс көс.    Ити түбэлтэни мин бу хойут, биэс уоммун ааһан эрэ баран, өйүм-мэйиим хайа эрэ муннугуттан хостоон таһааран, өйдөөн кэллим. Били, аҕам кэллэ диэбитим, бэриэтчитэ эбит буоллаҕа. Ону ийэм төһө даҕаны бастаан аҕам итирик кэллэ дии санаабытын иһин, тахса сылдьан баран, бэриэтчитэ буоларын сэрэйдэҕэ. Ол иһин ыалбыт суоппар уолу «баран көрөн кэл» диэн көрдөстөҕө.   Александр Рожин. Тарҕат:
kyym.ru сайтан