Кэпсээ
Войти Регистрация

Андаатар көҕөнү туппута

Главная / Кэпсээн арааһа / Андаатар көҕөнү туппута

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
25.01.2024 15:08
   Араас сэһэннээх саха оҕонньотторо билигин да баалларын Нам Көбөкөнүттэн сылдьар, олоҕун үксүн тутуу үлэтигэр анаабыт Лукинов Иннокентий Семеновиһы кытта кэпсэтэн өссө төгүл итэҕэйбитим.        Балыыһаҕа кэккэлэһэ балааталарга сыта сылдьыбыппыт. Кини, бил­сиһэн бардахха, сүрдээх дьээбэлээх кырдьаҕас эбит этэ. Чэ, холобур, бастаан утаа мин биирдэ ыйытааччы буоллум:    – Сонунуҥ?    – Сонун элбэх буоллаҕа дии, ону эн истэн даҕаны көҕүрэтиэҥ суоҕа, – диэн киһим айахха аста.    Эбэтэр маннык диир:    – Мин өйдөөх дьону сөбүлээбэппин.    – Тоҕо, доҕоор, ол?! – мин соһуйа түһэбин.    – Акаарылары кытта үлэлиир быдан ордук, наар бэйэҥ дьаһайа сылдьаҕын. Оттон өйдөөхтөргө ба­һый­тарабын, оннугу мин абааһы көрөбүн. Бэрэсидьиэн эбитим буоллар, олус өйдөөхтөрү бэйэбэр үлэ­лэтиэм суох этэ.    – Оннук буоллаҕына, өрөс­пүүбүлү­кэбит аанньа буолуо этэ дуо? – диибин мин кини «хо­луоһатыгар» олорсо түһэн.    Кырдьаҕаһым, саараабыт курдук, күлтэччи кырыйтарбыт хаар маҥан баттаҕын имэринэ-имэринэ:    – Кырдьык даҕаны, оннугар тахсар эбит дуу, оччотугар эстэр буоллахпыт дии! – диэбитигэр иккиэн ис-испититтэн саҥа таһааран күлсэбит, кэҥиибит.   * * *    Кини булка сыһыаннаах манныгы кэпсээбитэ.    Күһүөрү биир күөлгэ кустар олороллоругар түбэспит. Үксэ чыркымайдар эбит, тэйиччи анараа диэки аҕыйах көппүт көҕөн оҕолоро көстөллөр үһү.    Арай туран, кини таһыттан биир андаатар тахсан устан барбыт. Кыра кустары тастарынан ааспыт. Онтон көҕөннөргө чугаһаан иһэн, умсан ньимис гынан хаалбыт. Киһи кытыыга саһан көрөн олорбут. Балачча буолан баран, биир көҕөн өрө талахаччыйа түспүт да, тимирэн киирэн барбыт. Чочумча уу үрдэ хамсаамахтаан баран, туох да биллибэт буолан хаалбыт. «Бүттэҕэ ол» диэбитэ Көбөкөн кырдьаҕаһа.    Иннокентий Семенович андаатар өссө уйатын иһигэр собону хаһаанарын кэпсээбитэ. Онуоха балык өлүн (иһин) эрдэ супту оборон ылан сиир диэбитэ. Биирдэ ыкса күһүн, муус тоҥуон аҕай иннинэ, уончалаах уолун батыһыннаран кус кэрийэ сылдьыбыт.    Арай биир күөлгэ уонча умсаах сылдьарыгар түбэспиттэр. Ууларын кытыыта мууһурбут үһү. Сааһыт үөмэн киирэн икки куһу хаалларбыт. Үгүстүк буоларын курдук, ымсыытыгар ытарын ытан кэбиһэн баран, булдун ууттан хайдах таһаарарын туһунан толкуйга түспүт. Хайдах да толкуйдаа-хайаа, син биир муустаах ууга киирэригэр тиийбит. Бастаан үөс диэки өлө сытар умсааҕын ыларга быһаарыммыт. Онно харбаан тиийэн син ылбыт. Тымныыта диэн сүрдэммит, онуоха эбии сэниэтэ эстэн барбыт. Ыксаабыт, устунан тимирэ-тимирэ күөрэйбит, хаста да уу түгэҕиттэн тэбинэн тахсан, салгын ылан мөхсө сылдьыбыт. Ууну хаста да иһэн чачайбыт. Көрдөҕүнэ, уола кытыынан сүүрэ сылдьар үһү.    – Киһи ыксаатаҕына, ону-маны чыпчылыйыах түгэнэ эргитэ саныыр буолар эбит, – диир оҕонньор. – Онно миэхэ оҕолорум кыраларын, инбэлиит, ыарыһах кэргэммин эҥин санаан, хайаатар да булгуччу быыһаныахтаахпын диэн санаа киирбитэ.    Кини дьолугар, хас хардыылаатаҕын ахсын киһи тургуйар-тургуйбат буолан иһэрин өйдөөбүт. Онтон атаҕын төбөтүнэн нэһиилэ хантайан туран, сири булан, тыын ылар буолбут. Ол курдук сыккырыыр тыына эрэ хаалбытын кэннэ, уута киһи атаҕын нэһиилэ сыҕарытар курдук чычаарбыт. Инньэ гынан Иннокентий Семенович өлөр өлүү айаҕын өҥөйөн баран арыычча быыһаммыт. Тахсыбыта, уола тылыттан матан, дөйбүт курдук олорор үһү. Киһиҥ, хата, тымныйан ыалдьыбатаҕын сөхпүтүм.    Ол алдьархайтан кини хайдах ордубутун маннык быһаарбыта: сааһын тухары арыгы диэни испэтэх, туһугар, били этэллэрин курдук, балаҕаны көтө-көтө түбэһэр кырдьаҕас.    – Арыгыны батыһан иһэрим буоллар, ити үлүгэрдээх иэдээнтэн ханнааҕы сэниэбинэн быыһаныам эбитэ үһү.    Этэр эттэҕинэ, эмиэ сөп.   Степан Попов. Тарҕат:
kyym.ru сайтан