Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биһиги даҕаны
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биһиги даҕаны
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
25.01.2024 15:06
Сэмэн Сиидэрэбис, алта уонун лаппа ааспыт эрэт (кырдьаҕас диэтэххэ, өһүргэнэн, өттүгүн үлтү түһэрэ эрэбил) Элиэнньин болуоссатынааҕы пантаан таһыгар олорон көрдөҕүнэ, киһи бөҕөтө, ханна эрэ ыксаабыттыы, хаамп да хаамп. Сорох – бэрэспиэк диэки, сорох Кырдьаҕас куораты көрдө-көрбүтүнэн биир кэм түһүнүү. Итиччэ үлүгэр дьэ ханна ыксыыллара буолла?! Букатын тэһэ астарбыт дуу, ким эрэ кымньыынан кууһуннараары ыксаппытын курдук дуу омуннурдахтарай! Хата, бу кыл сэлээппэтин ньалбаччы кэппит сонос дьахтар бэркэ астыммыт көрүҥнээх хааман наскылдьыйар. Хотуускаҥ Сэмэнтэн арыый балыс көрүҥнээх эрээри, биир дьахтар сырыытын баҕас сылдьымалаабыт барахсан быһыылаах: бэйэтин бараллаата эр дьоҥҥо хараҕа халтарыйара сүрдээх. Ханна да тиэтэйбэтиттэн сылыктаатахха, олох диэн киһиэхэ кылгас эрэ кэмҥэ бэриллэрин, онон төһө кыалларынан ол минньигэс амтанын хаһан да умнубат гына өйгө хатыахха диэн саныыр быһыылаах. Сөп ээ, ханна тиэтэйэн, аны кэлэн тугу ситээри. Олохпут тэтимэ онто да суох Анараа дойдуга, ким да онтон эргиллибэт сиригэр, сороҕор дэллэритэн сиэтэн, сороҕор үтүөлээн-кэнэйдээн илдьэ турар, илдьэ турар... Көр, ити хап-хатыҥыр уоллаах кыыһы! Сиэттиспиттэр аҕай. Бейсболкалаах уола Халыма сааскы хоҥор чырыбын курдук биир кэм чочоҥолоон олорор – кыра да кэмҥэ тохтоон ылар диэн суох, тугу эрэ кэпсээ да кэпсээ. Онтун быыһыгар күҥҥэ хараарчы сиэппит синньигэс илиитинэн кыыһын кууһан ылыталыыр, киһиҥ өссө орбойбут уоһунан убуруурдаах! Кыыһа эмиэ бэйэтигэр дьүөрэ – күн уота килэриччи сиэн, саха кылаассык худуоһунньуктара саханы араастаан дьүһүннээн-бодолоон ойуулаабыттарыттан туох да атына суох. Барахсаттар булустахтара. Хайа-хайаларын санаатыгар, иккиэн даҕаны көрүөхтэн кырасыабай, эдэркээн сүрэхтэрэ кытта тэҥҥэ битиргиир уонна ханна эрэ сырдыкка, кэрэҕэ собуоттаан илдьэр курдук буолаахтыа. Сир симэҕин курдук араас таҥастаах дьон хаамсаллар, тохтооботтор, бары ханна эрэ дьулуһаллар... Куорат килбэйэр киинигэр былыр да, быйыл да туох да уларыйбат – өрүү бу курдук. Сэмэн ыскаамыйаҕа олорон ити курдук бэрт элбэҕи эргитэ санаата. Хаһан эрэ кини даҕаны ити соторутааҕыта ааспыт хатыҥыр уолчаан курдук, омун-төлөн бөҕөтүн өрүкүнэтэн сылдьыбыт буолуохтаах. Уруккута ити кылбайбыт дьиэ «Универмаг» диэн ааттанан, куоракка үктэммит тыа дьоно барахсаттар, туохтан эрэ матаары гынныбыт диэбиттии, ыксаан-бохсоон кэлэр, аалыҥнаһар сирдэрэ этэ. Алта уонус сыллар саҥаларын эргин аан маҥнай Дьоллоох Дьокуускай диэн куораттарыгар кэлэн, кини эмиэ универмагы була охсубута. Киирэн кэлбитэ, бүтүннүү сиэркилэ килбэйбит – онно табаар, манна табаар! Маҥнай утаа ханна-ханна киирдим диэн, аах-маах буолан ылбыттаах. Ол – ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан этэ. Оччолорго Сиэҥкэҥ саахымакка оҕолорго оройуон чөмпүйүөнэ буолан, хамаандаҕа киирсэн кэлбитэ. Бу олорон өйдөөтөҕүнэ, бэйэтиттэн үрдүкү кылааска үөрэнэр Сибиэтэ диэн кыыстыын киирбиттэрэ. Кыыс атын оскуолаҕа үөрэнэрэ, эмиэ саахыматчыт бэрдэ этэ. Сиэҥкэтээҕэр оройуон кииниттэн чугас бөһүөлэккэ олорор буолан, сытыы-хотуу быһыылааҕа. Универмагка киирэллэригэр Сибиэтэ «сүтэрсэн кэбиһиэхпит» диэн, баайыы үтүлүгүн устан Сиэҥкэни илиититтэн туппута. Оо, онно Сиэҥкэ үөрбүтүөн, долгуйбутуон! Кырдьык, бастаан кыбыстыбыта, баччааҥҥа диэри биир да кыыс кинини илиититтэн тута илигэ. Оскуолатыгар бииргэ үөрэнэр кыргыттара кинини Ордьоохтон атыннык ааттаабат этилэр. Ол да иһин сүр баттатан, кыыс аймахха чугаһыан да кыбыстара. Айбыттарыгар мөҕүттэрэ – ордьоҕор тиистээх гына төрөттөхтөрө, кыргыттар мылыччы сөбүлээбэт киһилэрин оҥорон таһаардахтара диэн. Онто баара, Сибиэтэ ордьоҕор тиистээххин диэбэтэҕэ, хата, бэркэ эйэргэһиэн баҕарар курдук туттара-хаптара. Өссө Сиэҥкэ ол саахыматтаан, өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабытыгар бирииһин «Смена-8» диэн фотоаппараты биэрбиттэрэ. Сатаан түһэрэр оҕолору көрдөһөн, сытыы киһи Сибиэтэ көҕүлээн, хаартыскаҕа түспүттэрэ. Оччо сылтах биэрбит кыыһы кытта өссө чугасаһыах баара. Суох, биһиги киһибит Дьокуускайтан кэлэн баран, саатар, сурук да суруйан илистибэтэҕэ. Кырдьык, атастарыгар кэпсээн ыһыллаҥнатыы бөҕө этэ: аспааллаах бэрэспиэгинэн маннык күүлэйдээбиппит, оннук сиэттиспиппит, өссө Нуучча тыйаатырын кэтэҕэр убураспыппыт диэн. Уолаттара итэҕэйэн, харахтара уоттанан олороро, хаһан да харахтаабатах сирдэриттэн кэлбит табаарыстара уустаан-ураннаан кэпсиирин сыыс түһэрбэккэ истэллэрэ. * * * Сибиэтэтин кытары уонна кыайан түбэһэн көрсүбэтэхтэрэ. Кыыһа оскуолатын бүтэрэн баран, хайа эрэ үөрэххэ туттарса барбыт диэн буолбута. Бэйэтэ эһиилигэр бэрт эрэйинэн сордонон, матымаатыкаҕа күһүҥҥүлэнэн-хайаан оскуолатын нэһииччэ бүтэрбитэ. Ачыстаатыгар физкультураттан атыҥҥа барытыгар кырылас «үс» сыана турара. Хойутаан да буоллар, оскуолатын бүтэрбитигэр «хомсомуол путёвкатын» үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттаран, пиэрмэҕэ сүөһү аһатааччынан ыыппыттара. Кини иннинэ үөрэммит кыргыттар ыанньыксыттыыр этилэр, онон араас тэрээһиҥҥэ кытыннаран иһэллэрэ. Пиэрмэ «кыһыл муннугар» түүн хойукка диэри үҥкүү-битии тэриллэрэ. Аҕа саастаах кыргыттар, били, ордьоҕор тииһиттэн төрүт иҥнибэт этилэр. Инньэ гынан бэркэ бодоруһуох курдук буолан истэҕинэ, күһүөрү аармыйаҕа барарга бэбиэскэ туттаран кэбиспиттэрэ. Аармыйаҕа баҕас киһи тэҥинэн сылдьыбыта. Дьөрү, нэрээт диэннэрин биирдэ да ылбатаҕа. Киһиҥ өссө нуучча дьахтарын кытары эрийсэн, таптаһан, саха тэҥэ суох буолан ылбыттаах. Хаһаарымаларын таһыгар турар дьоҕус дьиэни нуучча уолаттара «лабаз» дииллэрэ. Дьиҥэр, бородуукта лааппытыттан туох да уратыта суоҕа, арай атына диэн, үксэ кэмпиэт, бэчиэнньэ, табах уонна саллаакка наадалаах уруучука, кэмбиэр той этэ. Ыйдааҕы «хамнастарын» – 3 солк. 80 харчыны – биэрдилэр да, Сиэнньэ онно хайаан да тоһугурайан киирэн, бэчиэнньэ, кэмпиэт ылан тахсара. Атыыһыт дьахтар Соня диэн ааттааҕа. Кыһыннары хоппуруон чулкунан сылдьара. Сонос буолан баран ис киирбэх сирэйдээҕэ, оонньуута-күлүүтэ хаһан да бүтүө суох курдуга. Оруотатын уолаттара кэпсииллэринэн, лабазница Сонька кэргэнэ байыаннай городуокка УНРга (управление нулевых работ) буҕаалтырдыыр үһү. Сааһырдар даҕаны (баҕар, туох эрэ аньыылаах-харалаах буолаахтыа), ыстаарсай лейтенанынан сылдьыбыта быданнаабыт. Сиэнньэни «бу хайа эрэ дьикээр омук» диэбэккэ, үгэһинэн, тиэхэлээхтик көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, арааһы бары саҥарар быһыылааҕа. Хата, биһиги киһибит, нууччалыы үчүгэйдик билбэт буолан, ол тугу этэ-этэ күлэрин төрүт өйдөөбөт этэ. Биирдэ эмиэ кэмпиэт ыла киирбитигэр «бириэмэ ыраатта, лабаз сабыллар» диэн баран, кырдьык-хордьук, ааны иһиттэн хатаан кэбиспитэ. Оруобуна ол кэмҥэ кимнээх эрэ лиһигирэһэн кэлэн ааны тардыалаабыттара, тоҥсуйан дарбыйбыттара. Соня Сиэнньэни «прилавок анныгар сас» диэн бэлиэ биэрбитигэр, иһиттим-истибэтим диэбиттии, дьылыс гынан хаалбыта. «Бириэмэ ыраатта. Учуот», – дии сатаан баран, атыыһыт ааны аспытыгар икки саллаат киирэн кэлэн баран, «бу сгущенкалары сыана аҥаарыгар ыл» диэн саҥалаах буоллулар. «Биһиэхэ үс солкуобайы биэрдэххинэ да сөп» диир саҥалара иһиллэр уонна бааҥаларын прилавокка ууран лоһугураталлар. Ыксаан, сүрэҕэ айаҕар тахсыачча буолбут Сиэнньэ бу чохчойон олорон көрдөҕүнэ – адьас субу, муннун иннигэр, Сонятын буута кылбайан аҕай турар! Дьахтар бачча чугас кэлэн, эбиитин атаҕын хоппо үрдүгэр уурбутугар хоппуруон чулкутун туттара сылдьар болоорхой биэтилэтэ, этигэр ыга сыста сылдьар оруосабай туруусуга кытта көһүннэ! Хата, элбэҕи ыаспыйалаһа барбакка, били уолаттарга баҕалаах үс солкуобайдарын биэрдэ быһыылаах: бэркэ үөрбүт-көппүт киэбинэн тилигирэһэ турдулар. Самоволкаҕа буокка ыла сүүрдэхтэрэ. Барааттарын кытары дьахтар ааны «талыгыр» гына олуйан кэбистэ уонна Сиэнньэни оруу тардан ылан, сыллаан-уураан барда. Манныкка хаһан да түбэспэтэх сордоох, эрэдэбиэй Сиэнньэ, уопуттаах Соня прилавок үрдүгэр нарайан бэлэм сыттаҕына, тугу да сатаабакка балачча өр моһуогурбута. Онуоха биирдэрэ уолга көмөлөһөөрү, субу дэлби барыахтыы чиччигинии тыҥаабыт «били тугун» имэҥ-дьалыҥ киэҥ аартыгар «хайыһыннараары» саҥардыы ылсан эрдэҕинэ, омуннаахтык төлүтэ биэртэлээбитэ... ... Диэмбэллэниэр диэри Сиэнньэ бу лабазка бэркэ орох тэппитэ... * * * Сэмэн Сиидэрэбис, уруккуну-хойуккуну санаан, бэркэ көнньүөрдэ. «¤ы!» диэн саҥа аллайбытын билбэккэ да хаалла. Сэттэ уонус сыллар саҥаларыгар кини даҕаны абитуриент ааттааҕа буолан, бу эргин элиэтээмэхтиир этэ. Бу ааһан эрэр уу ньуулдьаҕай оҕолор курдук буолаахтыа дуо?! Эт туппут, баараҕадыйбыт, инньэ сүүрбэ иккилээх-хастаах ыччат этэ эбээт! Оруобуна бу олорор сиригэр атастарын күүтэрэ. Уолаттара болдьоспут кэмнэригэр кэлбэккэ, эмиэ бириэмэни ыыта таарыйа тыаттан сылдьар дьону одуулуура. Бириэмэ ааһара сүрдээх. Оччолорго «аны түөрт уонтан тахса сылынан бу сиргэ кэлэн олоруоҕум» диэн санаа төрүт суоҕа. Олох-дьаһах тупсубута түһээтэхтээҕи курдук. Көр, ыччат үксэ сиэп төлөпүөннээх, өссө оптуобуска да, хааман иһэн да кулгаахтарыгар боруобаты симэн баран муусука истэллэр эбэтэр киһи дьик гыныах, эмискэ баҕайы тугу эрэ саҥаран субуруталлар. Ити – соҕотох сылдьан. ...Сэмэн үөрэххэ туттарсар санаата төрүт суох этэ. Үрдүк үөрэх эҥин диэҥҥэ саараама наадыйбата. Ол – олус кыаҕыттан буолбатах, хата, төттөрүтүн, «үрдүк үөрэх кыһата син биир латырыайа билиэтин курдук – баартаах эрэ киһиэхэ тиксэр» диэн, олус сэнэнэрэ. Кырдьыга да, ачыстаата барыта «үс» кырылаабыт киһитэ онтон ордук тугу саныай?! Бөһүөлэккэ «хомсомуол путёвкатын» туппут эрэ ыччаттар икки-үс сылга хаалан үлэлииллэрэ. Пиэрмэ үлэтэ, төһө да хамнастааҕын иһин, салгымтыата, эрэйэ уон оччо этэ. Наар былаан сырсыыта, куоталаһыы, араас сүлүөт... уонна хотон дьаардаах-сыырастаах сыта. Оттон ол кэмҥэ Дьокуускайга үөрэнэр устудьуоннар, бэл, СПТУ үөрэнээччилэрэ кэпсииллэрэ-ипсииллэрэ хайа да киһини абылаан илдьэн бара турара. Сэмэн оччолоох арамаантыканы истэн баран олорууһу дуо – «үөрэххэ туттарса барабын да сабаас» диэн турбута. Ок-сиэ! Үчүгэй да кэмнэр аастахтара. Сөпкө этэллэр: киһи байбыта-тайбыта, үптэммитэ-харчыламмыта күндү буолбатах, тугу ахтара-саныыра ол баар – туохха да тэҥнэммэт саамай күндү! Оттон ол Сэмэҥҥэ, дьэ, баар аҕай! Эдэр эрдэҕинээҕи имэҥнээх таптала! Чэ, ол – туспа кэпсээн... БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан