Кэпсээ
Войти
Регистрация
Онно, дьиктилээх түүн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Онно, дьиктилээх түүн
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
23.08.2018 12:47
Чараас быыс кэннигэр солко таҥас суугунууруттан сылыктаатахха, кини сыгынньахтанан эрэр. Чочумча буолаат, субу мин аттыбар чугаһаан кэлэр. Оттон мин кини диэки хайыһыахпын да кыбыстан, сымыйанан туох баар болҕомтобун астыыр аспар уурабын. Ыбылы сууйуллубут куурусса иһигэр олус сатабыла суохтук начыыҥкатын симэр аатыгар түһэбин. “Наһаа да итинник халыаннык хамсамматар” диэбитигэр бэйэм да билбэппинэн, Кэрэ куом диэки хайыһа түһэбин. Онтум букатын сыгынньах буолбатах эбит, халааты бүрүнэ быраҕыммыт, көмүс солотуу баттаҕын ыспыт. Мин туохтан кыбыстыбыппын сэрэйбититтэн, курдары көрөр курдугуттан уоскуйа быһыытыйабын. Удав мартышканы оонньуу оҥосторун курдук, бу кэнники чаастарга кини миигинэн оонньууругар быһа бэриммит курдукпун. Мин кини аттыгар баарбар, соторутааҕыта эрэ сатамматах тапталтан ырыта тыыттаран аймаһыйа олорбут уолан, ол турукпун букатын да умна быһыытыйбыппыттан сөҕөбүн. Баара эрэ быыс кэннигэр көстүбүт силуэт тапталтан эрэйдэниибин хаһан да буолбатаҕыныы, салгыҥҥа суурайан кэбиспитэ, эчи, түргэнин! Ис бэйэм маннык эбит буолаахтаатаҕа. Хайа сатанарынан, кэпсэтиини дьээбэҕэ кубулута сатыыбын: – Тугуй ол, өлбүт куурусса дууһата түүлбэр кэлэн иэстэһиэ диигин дуо? Таах да кэлиэн сөп. Ол да буоллара хаһан утуйан быстарбын өр кэтэһээхтииригэр тиийэр. Төһөтүн да иһин Саҥа дьылы көрсөр түүн эбит. Оттон сарсын... сарсын умнаахтыыр ини, кууруссалар даҥ бастар ээ. – Мин баанналана киирдим. Туох эмэ наада буоллаҕына, тоҥсуйаар, – аан защелката хатанан “лаш” гынар. Мин хайдах эрэ “һуу” дии түһэбин. Кини уола эрдэ “бырааһынньыктаан” кэбиһэн, сатаан кэлбэтэх үһү. Онон кыыс, арба аата Мария диэн, биир эмэ уоллуун, иэстэһэргэ санаммыт. Ол гынан баран кураанах уопсайга ону олоххо киллэрэр уустуктардаах, уулуссаттан үлүбээй киһини булан киллэрэр сүрэ бэрт. Кэмэндээммит да кытаанах киһи. Мария туус көрдүүр сылтахтанан хостор ааннарын тоҥсуйталыы сылдьан, миэхэ, өрө турбут тэриллээх туруусугунан эрэ турар уолаҥҥа түбэһэ түһэр. Саамай сөптөөх кандидатура буолбуппун. Быһата, бу испэктээккэ мин көҕө суох оруолбун бэрт соторунан испэр киллэрбэт буолан барабын. Ол гынан баран бэйэм кыыһым Саҥа дьылы бииргэ көрсөр санаата суоҕун биллэрбитэ. Баҕар, олох да атын уолланнааҕа, онон мин саныыр санааларбын кытта суос-соҕотох этим. Ааммын тоҥсуйуон иннинэ Ол табыллыбатах тапталым ааһара бэрт судургу, боростуой да эбит. Баара-суоҕа быычыкаа бэрэбиэркэни сатаан ааспата. Мария быыс кэннигэр турдаҕынааҕы тутар, аалар иэйиим, мин баарыаҥҥы аҕай тапталлаахпар тардыһыым сүүрээнин бэрт холкутук баһыйда. Бу санаатахха, мин кинини, Марияны, урут да олус баҕарар этим. Киниэхэ ымсыыра саныыр этим. Куолаһа, тутта-хапта сылдьара, хаамара, олус сыаналаах таҥаһы да кэппэтэр, бэйэтигэр олус барсар гына, бэркэ таҥан таҥнара, минньигэс мичээрэ мин болҕомтобун тардара. Биирдэ эмэ институкка, уулуссаҕа түбэсиһэн элэҥэс көрсө түһэн ааһар этибит. Ол да буоллар “лучше синица на руках, чем журавль на небе” дииллэринии, кини – мааны, далбар, бэһис кууруһун кырасаабыссата миигин сэҥээриэ да дии санаабат
буоларым. Онон анараа бөлөҕөр үөрэнэр кыыстыын билсибитим. Мариялыын билсиһиини санаам да сиппэтэ. Мария мин олус истигэн, киниэхэ бэринэр, тугу этэрин биир-биэс тыла суох сөбүлэһэн, толорон иһэр быһыыбын сөбүлээтэ дуу? Ити курдук, араас санаа будулҕаныгар мунан, биир чааһым куукунаҕа биллибэтинэн ааһа оҕуста. Бу кэм устата кууруссам аччык куртаҕы ымсыырдар бэрт минньигэс сытынан угуттуу, тэтэрэ буста. Биһигиттэн атын бу уопсайга ким да суоҕунуу, тулам иһийбит курдук. Уу чуумпу. Атын күннэргэ эбитэ буоллар, бу кэмҥэ иһит-хомуос тыаһа, дьон кэпсэтэр, күлэр-салар күйгүөрэ оргуйан олоруохтааҕа. Хайа эрэ хостон муусука дирбийиэхтээҕэ. Түннүк нөҥүө им балай быыһынан утары дьиэ түннүктэрин араас өҥнөөх гирляндалара кылбаһаллар. Остуолба лаампатын сырдыгар хаар кыыдамныыра көстөр. Уопсай ааныгар кэлэр ыллыгы тыал саба бүрүйбүт. Оттон уопсай ааныгар... ыт баһын саҕа күлүүс ыйаммыт!! Мин көрбүппүн итэҕэйиминэ, түннүккэ сыстан, харахпын кыарата-кыарата, ааҥҥа ыйаммыт биллэриини ааҕабын: “Уопсай ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 3 күнүгэр диэри сабыллар. Администрация”. Чуорт, итинник дииллэрин истибитим. Сатамматах тапталбар охтон, олох да таһы-быһа умнан кэбиспиппин буолбаат! Духуопкаттан кууруссабын ороон, хоспут диэки илдьэн иһэн саныыбын, бу хатаммыппытын Мария билэрэ эбитэ дуу? Кыыһым сол да бааннатыттан тахса илик эбит. Бу үс күн устата бүтүн уопсай үрдүнэн иккиэйэх эрэ буоларбытыттан сырдаан, өрө көтөҕүллэн кэлэбин. Бу кэм устата бэйэ-бэйэбитин ыкса билсиэхпит. Мин имэҥ-таҕыл эрэ дьыалатыгар буолбакка, күүстээх тапталга, үйэлээх сыһыаҥҥа бэлэммин көрдөрүөхпүн сөп эбит ээ. Һэс, даа, кинилиин сиэкистиэм диэн хантан эрэнэн этэбиний?! 12 чаас буолуо, икки аҥаар чаас хаалбыт. Аралдьыйаары, хос иһигэр өрө-таҥнары хаамыталыыбын. Долбуурга турар кинигэлэри, сувенирдары эр-биир ылаттаан көрөттүүбүн. Остуолга фотоальбом сытарын ылан, арыйталаан барабын. Оскуолатааҕы сыллар, пионер лааҕыра, оскуоланы бүтэрии бырааһынньыгын түгэннэрэ, биһиги институппут ааныгар бөлөҕүнэн түһүү, уопсай бэчэрииҥкэтиттэн түгэннэр... Бэй! Хайа, бу мин кыыһым хаартыската тугу гына сылдьарый? Өссө Мария санныгар сыстыаҕынан сыстыбыт. Ол аата, билсэр эбит буоллахтара дуу? Бу бииргэ түспүт хаартыскаларын көрөн, иккиэн туохтара эрэ маарыннаһарын, дьэ, өйдүүбүн. Оттон бу хаартыскаҕа хара муора кытылыгар купальнигынан тураллар. Куустуспуттар. Билсэллэрэ кыра, ол аата дьүөгэлии эбит буоллахтара. Мин туох эрэ кистэлэҥи булан көрбүттүү, бэрт тиэтэлинэн албоммун оннугар ууран кэбиһэбин. Ол кэмҥэ анаабыт курдук, баанна аана аһыллар. Мария: – Ммм, минньигэс да сыт кэлээр! – диир, хобордоох хаппаҕын арыйан көрөр. Төбөтүн сотторунан эриммит. Кэсмиэтикэтэ суох сирэйэ тэтэрэн, өссө тупсубукка дылы. Оо, ити халаат аннынан кини туга да суох турдаҕа диэн санаа кылам гынар. Ону биллэримээри: – Мария, билэҕин дуу, эн биһикки манна иккиэйэҕин эрэ тохсунньу 3 күнүгэр диэри күлүүһүнэн хатаммыппытын? – Тоҕо биһиги эрэ буолуохпутуй, бу биһигини аччыктаан өлөртөн быыһыыр кууруссалаахпыт дии, – санаабар, өссө тугу эрэ билэр эрээри, онтун кистии сатыырдыы көрөр. – Ончу
билбэт уолгун кытары иккиэйэҕин хаалартан куттаммаккын дуо? Кыыһым иннибэр олорунна, сотторун устан, баттаҕын соттубутунан барар: – Мин эйиэхэ билиниэхпин наада. Ол иннинэ эт эрэ кырдьыгынан, миигин сөбүлүү, саатар искэр киллэрэ көрөҕүн дуу? Быһа бааччы кэпсэтии саҕаланан эрэриттэн, болҕомтом барыта киниэхэ туһаайыллар. Харахтара мин “суох” диэн хоруйбун истиэхтэрин ончу баҕарбаттарын өйдүүбүн. Киһи итэҕэйиэ суох түбэлтэтэ! Мин институт саамай кэрэ кыыһын кытта иккиэйэх олоробун! Ону ааһан кини миигиттэн итинник ыйытыыны биэрэр. Ама, сэҥээрэрэ буолуо дуо?! Саҥата суох уун-утары көрсөн олоруу саҕаланар. Хайдах маннык олоруомуй. Иннигэр тобуктуу түһэбин, илиитин ылан уураан барабын. Уоһуттан убураан ылабын. Сөҕүөм иһин, кини миэхэ эппиэттэһэр! Эр ылан ситэ куура илик баттахтарын имэрийэн барабын. Төбөтүн бэйэбэр тардан дириҥник ууруубун. – Бу, аата, “оннук” диэн харда дуо? – ыйытар. – Оннооҕор күүстээх иэйии. – Чэ, оччоҕо мин эйиэхэ барытын кэпсиим. Бастаан винота иһиэххэ, атын муусуканы холбуохха. Кыыспыныын Пол Маккартни тиһэх альбомун истэ-истэ, кыһыл иһэн сыпсырыйабын. Кини: – Мин эйигин бастакы көрүүттэн астыммытым. Ол күн үөрэхпиттэн сылайан-быстан иһэр этим. Эн кэмэндээни кытта улахан суумкалаах кириэлиэһинэн түһэн иһэриҥ. Арааһа, эн саҥа олохсуйа кэлбит быһыылааҕыҥ. Ааһан иһэн минньигэстик мичээрдээн ааспытыҥ. Сонно тута төбөм ыарыыта, сылаам сүтэн хаалбыта. Хайдах эрэ чэпчээн хаалбытым. Биир көрүүттэн, мичээртэн ууллуу диэн хайдаҕын онно билбитим. Ол курдук, дөрүн-дөрүн утары көрсөн ааһар этибит. Сэмиэстир саҕаламмыта ый буолбутун кэннэ миэхэ тастыҥ балтым кэлбитэ. Кинилиин, төһө да түөрт сыл сааспытынан араастаспыппыт иһин, ыкса доҕордоһобут. Биир күн кинини кытта сылдьан эйигин көрдөрбүтүм. Онуоха кини, биир кууруска үөрэнэргитин, эн кинини сэҥээрэрдии көрөргүн быктарбыта. Балтым “кинини астыммаппын, ол эрээри эрийсэ түһэн ылыахпын сөп” диэбитэ... Ый курдугунан эһиги билсибиккит. Бииргэ сылдьар буолбуккут. Балтыбар ымсыырар этим. Эн кинини талбытыҥ кэннэ хайыа этибиний. Ый анараа өттүгэр кини эн суруктаргын аҕалан көрдөрбүтэ, “романтик хренов” диэбитэ. “Аах. Баҕар, өйдүөҥ, кинини кытта буолбут киһи, бу атааннаах-мөҥүөннээх олоххо олороро олус уустук буолуо. Миэхэ кытаанах, иннигэр сыал-сорук туруорунан дьаһанар, бэйэтигэр эрэллээх эр бэрдэ наада, оттон кини – романтик. Лаборатория сэбиэдиссэйиттэн үрдүк хамнастаммат сордоох” диэбитэ. Мин эйигин көмүскэһэн турбутум, кыыһырбыт омуммар кинини баайдар тэллэхтэринэн ааттаабытым. Биллэн турар, кини өһүргэммитэ, уонна эн суруктаргын миэхэ хаалларан, ааны хайа быраҕан тахсыбыта. Ол киэһэ эн суруктаргын олоччу ааҕан бүтэрбитим. Онон атыҥҥа анаабыккын аахпытым иһин, бырастыы гын. Эн суруктарыҥ миэхэ анаммыт буолуоҕун, тугу кистиэмий, хайдахтаах баҕарбыппыный! Баҕарабын да. Кини аатын бэйэм киэнигэр уларытан аахпытым. Эн ис эйгэҕин, дууһаҕын, кэрэҕэ тардыһыыгын, олоҕу ырытыыгын, иэйииҥ ис кистэлэҥин хайдахтаах нарыннык биэрэргин олус чугастык ылыммытым, сөхпүтүм. Төһөнөн ааҕабын да, эн миэхэ чугаһаан, өссө ордук күндүтүйэн испитиҥ. Тиһэх суруккун ааҕан баран, өйө-төйө суох эйигин
таптаабыппын билбитим. Ону тэҥинэн атын киһи, атын кыыска билиммит иэйиитин уоран билсибиппиттэн кыбыстыым улаатан испитэ. Билсиэхпин баҕарарым күүһүрбүтэ. Ол эрээри тэйитэн кэбиһиэм, миэхэ наадыйыа суоҕа диэн куттаммытым. Түөрт хонуктааҕыта, аттыгар олорор Женька төрөөбүт күнүгэр сылдьыахтааххын истибитим. Мин эмиэ ыҥырыллыбытым. Эйигинниин, дьэ, онно билсиэм диэн бүччүм санаалаах, үөрэ-көтө барбытым. Эн кэлбэтэҕиҥ. Доҕотторуҥ сатамматах тапталыттан депрессиялыы сылдьар диэн кэпсэтэллэрин истэн аһарбытым. Балтыбыныын көрсөөрү дьиэлиир билиэт да ылбакка хаалбыккын да көтүппэтэҕим. Тута эйиэхэ сүүрүүнэн тахсан, тапталга билиниэхпин баҕарталаан баран, толлубутум. Төрөппүттэрим хаһан кэлэрбин туоһулаһан эрийбиттэригэр, дьупулуоммар үлэлиибин, барбаппын диэбитим. Кыргыттарбын атааран, бородуукта, арыгы атыылаһан баран, хатанан олорбутум. Сарсыарда кэмэндээн ааннары тоҥсуйан ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлии сылдьара. Мин кирийиэхпинэн кирийэн баран олорбутум. Уоннааҕытын эн билэҕин. Кырдьыгы билиннэхпинэ, эр ааҥҥын чочумча аспатаххар барбыт диэн, наһаа куттаммытым. Оттон эн мин дьолбор, барбатаххын, – Мария соһуччу арыллыыттан долгуйуутун аһарынаары, бакааллаах винотун олоччу сыпсырыйан кэбистэ. Оттон мин бу кэрэ түүл дуу, илэ дуу буоларын, бу дьол миэхэ эмискэ тиксэн кэлбитин итэҕэйиминэ, даллайан олорбохтообутум. Эмиэ да этэрэ барыта, ити альбомҥа баар хаартыскалара оруобуна сөп түбэһэр. Мин кини балтыгар күннэтэ кэриэтэ суумкатыгар уган кэбиһэр суруктардаахпын, хантан билиэ эбитэй. Тоҕоостоох тыллары сатаан булумуна, киниэхэ ыкса чугаһаан, ханна да, хаһан да ыыппаттыы ыксары, эмиэ да харыстыырдыы, таптыырдыы, махтанардыы ыга кууспутум. Кэрэчээн харахтарын одуулаабытынан обуйук уот уостарыгар сыстан, дириҥник уураабытым. Кини биир оннук хардарсыбыта. Устунан уохтаахтык уураһан, куустуһан, имэрийсэн-томоруйсан барбыппыт. Кини биһиги ыккардыбытыгар билигин туох да өйдөммөт, утарсар өйдөбүл диэн суоҕа, ханнык да тыл этэр наадата суох. Барыта өйдөнөр. Сүтүкпүтүн булсан, санаабытын, дириҥ иэйиибитин аны кистиир санаата суох, таптаһыы, даҕайсыы ухханыгар умсубуппут. Бу сиргэ, аны, ким да, туох да наадата суох. Perfect Man суруйуутуттан көҥүл тылбаас, ЛоҺуура.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан