Кэпсээ
Войти
Регистрация
Үөйбэтэх сиргэ билсиһии
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Үөйбэтэх сиргэ билсиһии
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
01.02.2024 15:13
Дьолунан тосхойор Дьокуускай куорат дьоһун туонатын олохтоохторо, ыалдьыттара сайыммытын көрсөр үрүҥ тунах ыһыахпытын түмүктээн, этэргэ дылы, сынньанартан кытта сылайа быһыытыйан олоробут. Сайыммыт барахсан мантан инньэ бүтэр аатыгар бараахтыыр буоллаҕа дэһэбит. Быйылгы ыһыах астыктык ааста. Бырааһынньыкпыт «кытта кырдьыбыт кыдьыга» – суолга уочаратын – быһата, пробкатын аахпатахха, бэртээхэй. Күммүт-дьылбыт да анаабыт курдук туран биэрдэ. Ас да дэлэй, ырыа-тойук да үгүс. Ыалдьыт да элбэх. Ону ааһан, туалекка уочарат кытта көстүбэтин бэлиэтээтим. Ол иннигэр биир-икки киһи турбута диэхтээн. Туалекка уочараттан сэдиптээн, хата, биир түгэни санаан кэллим. Үгүстэргэ кыһалҕа буолар туалеппыт уочарата ардыгар дьон дьылҕатын холбуур дьоһуннах суолталанар түгэнэ дьиҥ олоххо эмиэ баар эбит этэ. Сыыһа, аахпатыгыт. Ол сиргэ алҕас түбэһэ көрсөн, ыал буолбут, оҕо-уруу тэнитэн, саха быр-бааччы олохтоох буолбута – баар суол. Дьылҕа ыйыытынан, көрсүһэр аналлара таайан, оччолорго түстэммит уон араас сиртэн бииргэ тиийэн, көрсө да түспүттэрэ диэххэ айылаах. Чэ, бээ, саас-сааһынан кэпсээтэхпинэ табыллыыһы. Ларыыһа оччолорго ыал буолан, икки оҕону төрөтөн, балай эмэ улаатыннаран баран, майгылара тапсымына, арахсыбыт диэн статустаах дьахтар этэ. Манна диэн эттэххэ, барахсаммыт сыыһа оҕолорун аҕатын күн бүгүн да куһаҕан тылынан ахтыбат. Эдэрбит бэрт буолан, тэппини билбэт, эбиитин иккиэн да атаахтык иитиллибит дьон буолан, бырастыы гынсары билбэт уолҕамдьы дьон этибит диэн ааттыыр. Ыһыахха өрүү да буоларын курдук биир кылааска үөрэммит дьүөгэ кыыһыныын тиийбиттэр. Оттон Барыыс, этэргэ дылы, ол көрсүһэр кэмнэригэр төһө да сааһырдар (40-чалааҕа эбитэ дуу?), уһун оноолооххо чугаһаабатах, кыбыстанньаҥынан аатырар, этэллэрин курдук, оҥоһуллубутунан уол оҕо эбитэ үһү. Дойдутугар үлэ булумуна, сайынын дьиэ тутуһан, бэйэтэ этэринэн, илии-атах буолан көмөлөһөн, харчылана түһээри киин сиргэ «аттанан-таймаланан» кэлбит быһыыта үһү. Ыһыахтыыр санаата да суох киһини үөлээннээҕэ обургу тылыгар киллэрэн, илдьэ тиийбит. Анаабыт курдук, ол табаарыһа хоойго сытыарар холоонноох доҕоро уоппуска ылан оҕолорунуун соҕуруу сынньана көппүт кэмэ эбит. Онон өрүү да дьиэ кэргэнинэн сылдьа, ыһыахтыы үөрэммит киһи, соҕотоҕун сылдьымаары кинини ыҥырбыт курдук. Дьиҥинэн ыллахха, дьон олоҕун холбуур дьылҕата таайдаҕа ини. Бэйэтэ буолбакка, ойоҕо оннук диэн албакааттаан кэпсиир. Дьэ туран, бу дьон ыһыах бастакы күнүгэр бэйэлэрин баҕаларынан, ким ханна сылдьарынан сылдьыбыттар бадахтаах. Дьахталлар орто саастаахтар үҥкүүлэригэр эдэр саастарын санатыһан, үҥкүү-битии бөҕө буолбуттар. Эр дьон билэр дьоннорун түһүлгэлэригэр олорон ой-бото аһыы-аһыы сэлэспиттэр. Чугастааҕы былаһааккаҕа кэнсиэр көрөн сэргэхсийбиттэр. Сарсыарда буолуута, дьону батыһан күн тахсыытын көрүү сиэригэр-туомугар кыттыбыттар. Хайалара да массыыната суох дьон, маршрут оптуобустарын тохтобулугар тиийиэхтээхтэр эбит. Дьэ, ол баран иһэн, Ларыыһа дьүөгэтэ туалекка сылдьан ааһыахха диэн турбут, кыыс оҕолоро кыратык пиибэ «тэп» гыннарбыттара да киэптээтэҕэ буолуо. Төһө өр айанныахтара биллибэт. Сылдьаллара да наада курдук этэ буоллаҕа. Оттон эр дьоммут иккиэн да кымыстан саҕалаан атын кыраадыстаах утаҕынан күөмэйдэрин
илитэн, чэпчэтинэн ааһарга быһаарбыттар. Пахай, доҕор, тиийбиттэрэ эр да, дьахтар да өттүгэр уһун уочарат субуллан турар үһү. Быыһыгар, таах туруохтара да, кэпсэтии-ипсэтии үгэнэ үһү. Биһиги да дьоммут онтон хаалсыбатахтар. Буолаары буолан, Барыыс атаһа Ларыыһалыын биир кэмҥэ биир кууруска үөрэнэ сылдьыбыттаах буолан, билсэллэр эбит. «Эдэрдэр» оччо көрсүһэн баран, бээ, ханна эрэ баран олоро түһүөххэ диэн буолбут. Билсибиттэр. Устунан куорат биир эрэстэрээнэ сотору аһыллыа диэн, онно тиийэн, көрсүһүүнү салгыырга сүбэлэспиттэр. Ол курдук, айаннаан куоракка кэлиилэригэр, анараа киһиэхэ ойоҕо эрийэн, сорудах «наказ» бөҕө биэрбит. Хайа эрэ абитуриент аймахтара айаннаан иһэр сураҕырбыт. Эр киһи быстыа дуу, ойдуо дуу, бырастыы гыналларыгар көрдөһөн, дьиэлиир буолбут. Ларыыһа дьүөгэтэ «третий лишний» буолуон баҕарбакка, күлүгэр имнэнэн баран, саҥа билсиилээҕэр дьүөгэтин хаалларан, даачалыыр буолбут... Икки сулумах сүрэхтэр, манна диэн эттэххэ, ол аайыттан санаарҕыы, былааны уларыта барбатахтар. Арааһа, тута хайҕаһа көрүстэхтэрэ буолуо, иккиэлэһэр буолбуттар... Ол кэнниттэн кинилэр ханна, төһө өр буолбуттарын история чахчыта кэпсээбэт. Өр-өтөр буолбатахтар, бииргэ олорон барбыттар. Ол кэмтэн балачча уу сүүрүгүрэн ааста. Күн бүгүн куорат ыһыаҕар кинилэр иккиэн буолбатах, икки уопсай оҕолорун уонна дьахтар бастакы кэргэниттэн оҕолорун кытта эптэххэ, ботуччу элбэх киһилээх дьиэ кэргэн буолан, астына бырааһынньыктыыллар. Сотору, өссө сиэн оҕо эбиллэр чинчилээх дииллэр. Дьэ, оннук, доҕоттор, ыал буолар дьылҕалаах буоллахха, бэл, туалекка да уочарат онно бигэ олук буолар кыахтаах. Быйыл уочарат суоҕун көрөн, дьүөгэлэр күлсэбит ээ: «Ээх, өссө да саҥа ыал эбиллиэ эбит. Ону баара быйыл уочарат ончу мэлийбит», – диэн. Ларыыһабыт саҥата суох күлэн, үрүҥ тиистэрэ кэчигириир. Барыыс истибэтэҕэ буолар. Бэлэмнээтэ Тапталина. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан