Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыһыахчыттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыһыахчыттар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
01.02.2024 15:12
1987 сыллаахха бэс ыйын ортотугар Уораҥа эбэтигэр төннүгэс андыга тахсан сыта сылдьыбыппыт. Мин оччолорго алын сүһүөх оскуоланы бүтэрбит тоҕустаах уол этим. Миигин кытта абаҕам, ол саҕана алта уонун ааспыт (наһаа кырдьаҕас курдук саныырым) Сэмэн Ардьакыап уонна кини үөлээннээҕэ, сааһын тухары сылгы арҕаһыттан түспэтэх Микииппэр Дьөгүөрэп-Түтүгүнэтэр бааллара. Уораҥа – Түтүгүнэтэр оттуур алааһа, былыр түөрт-биэс ыал олоро сылдьыбыт киэҥ дойдута. Хонноҕо-быттыга дэлэй. Хас даҕаны күөллээх эрээри, улаханнара – арҕаа баһынааҕыта. Абаҕам үөлээннээҕин кытта манна тахсан, сыл аайы сааһаан, кустаан-хаастаан, сааһыары сайын андылаан киирэллэр. Таарыйа саһаан охсоллор, Түтүгүнэтэр үүтээнигэр үлэлииллэр, атыны да гыналлара элбэх буолар. Сыл көтө-көтө эбэтэр хайдах табылларынан көрөн, ыһыах саҕана, сүрүн үлэ үмүрүйбүтүн кэннэ, төннүгэскэ эмиэ сытааччылар. Ол сыл абаҕам аах тахсан эрэллэрин истэн, мин даҕаны дэлби сулуйан, ийэм «уолгун илдьэ тахсыаҥ буолаарай, бырааккын Бүөккэни солбуйуох соҕотох эр киһим кини эрэ баар, үөрэҕэ-тойо да бүттэ, өтөр оттуу барыа, ол иннинэ сынньана түстүн» диэн көрдөһөн, миигин Сэмэҥҥэ туттаран ыыппыта. Аҕабыт алталаахпар сыыстаран өлүөҕүттэн, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ кинини абаҕабыт Сэмэн солбуйар. Кэлэ бара мууспутун-маспытын, оппутун тиэйэн биэрэр, атын да кыһалҕабытын элбэҕи быһаарар. Оттон дьиэ эргиннээҕини номнуо улааппыт киһи, бэйэм даҕаны, дьаһайабын. Арай атын оҕолор курдук күһүн-саас куска-куобахха улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьыһар күн баҕалаахпын эрээри, аҕата, саата суох буоламмыт, ол өрүү кыаллыбат курдук. Дьиҥэр, күһүҥҥү куска Сэмэн аҕыйах хонук илдьэ сылдьааччы эрээри, булка утаппыттыы баҕарар киһиэхэ ол сөп буолбат буоллаҕа. Быһата, төннүгэскэ тахсар буолбуппуттан мин саҕа үөрбүт киһи суоҕа буолуо. * * * Андыга күнүстэри-түүннэри дурдаттан тахсыбакка сытабыт. Дьонум күнүс үүтээннэригэр тугу эмэ гынар да буоллахтарына, мин хаалан маныыбын. Биир өттүнэн, эмиэ да сылаалаах, киһи тэһийбэт курдук эрээри, «баҕар, бу киирэн кэлиэхтэрэ» диэн санаа эрэли үөскэтэр, кэтииргэ-маныырга күһэйэр. Дьонум ардыгар «анды син биир хойут, сарсыарда киирэр, эн түүн кус кэллэҕинэ, ыта олороор, биһиги үс хас диэки киириэхпит» дэһэн баран, тахсан үүтээннэригэр утуйан хаалааччылар. Биир күн киэһэ уон чаас саҕана чэйдээн бүтэн баран эмиэ инньэ диэтилэр. Мин тук курдук сөбүлэһэ охсоот, кыра чыкыллаҕа чэй куттан, өйүө оҕото уктан, дурдабар киирдим. Төһө өр олорбутум эбитэ буолла, өтөр сиик түһэн, туман көтөн киирэн барда, тула чуумпу сатыылаата. Дэҥ кэриэтэ ханна эрэ күөл түгэҕэр хомус быыһыгар аҥыр «ооҥнуур» саҥата иһиллэр, биир чөкчөҥө саҥата суох тэлээрэн ааһар. Оттон мин, күнү быһа харахпын симмэтэх киһи, көхсүм ыараан, халтаһам сабыллан, нухарыйан бардым... Ол олорон уум быыһынан иһиттэхпинэ, ханна эрэ ким эрэ араадьыйа холбообут – ыраахтыын-ыраахтан биир тэтимнээх, хоһооно суох ырыа кутуллар. Харахпын арыйа биэрдим уонна «хантан иһиллэр баҕайыный?» диэн бэргэһэбин уста-уста, дурдам иһиттэн быган олорон, иһиллии сатаатым даҕаны, ырыа хантан кэлэрин кыайан быһаарбатым. Санаабар, алаас иһэ барыта ол хоһооно суох ырыанан туолбут курдук. Онтон бачча киэһэ араадьыйа хайдах үлэлиэҕэй дии санаан, аны оҕонньотторум иһэн баран, ыллаан эрдэхтэрэ диэн күтүрээтим. Арай, доҕоор, ол олорон күөлүм соҕуруу өттүнээҕи кырдалы көрө биэрбитим, туман быыһыгар киһи бөҕөтө үөмэхтэһэ сылдьар эбит. Кутталбыттан сүрэҕим «бар» гына түстэ, тугу да гыныахпын булбатым. Ол кэмҥэ, санаабар, дьонум саҥалара уонна ырыалара-тойуктара улаатан кэлбиккэ дылы буолла, сүрдэнэн-кэптэнэн, хайдах эрэ иччилэнэн, куйахам күүрэн барда. Дьиктитэ диэн, дьонум туманы арыый үрдүнэн оһуокайдыы сылдьаллар, атахтара көстүбэт. Төбөлөрө, хороҕор бэргэһэлэрэ (туох эрэ атын эбитэ дуу) күөрэҥэлээн олорор. Бэйэлэрэ субу диэн көстүбэттэр, күлүгүлдьүһэллэр эрэ. Мин хараҕым уута хайдах ыган кэлбитин, титирээн киирэн барбыппын бэйэм даҕаны өйдөөмүнэ хааллым. Онтон сымыһахпын быһа ытырдым даҕаны, дурдабыттан ойон тахсан үүтээним диэки түһүнэн кэбистим. Үүтээммин хайдах булбуппун өйдөөбөппүн. Тиийбитим, дьонум утуйа сыталлар эбит. Мин иһирдьэ көтөн түстүм даҕаны, дьэ тугум эрэ төлө барбыттыы, марылаччы ытаан киирэн бардым. Дьонум бу оҕо тугу эрэ көрбүт диэн өйдөөтүлэр быһыылаах, миигин уоскута түһээт, таһырдьа таҕыстылар уонна уһаабакка төннөн киирэн уоттарын оттон ас кэбистилэр, арыгыларыттан куттулар. Ол түүн дурдаҕа киирбэтэхпит. Миигин сарсыныгар Сэмэн матасыыкылынан дэриэбинэҕэ киллэрэн биэрбитэ. Онон төннүгэстээн бүппүтүм. Дьиктитэ диэн, ол быһылааны олох умнан кэбиспит этим. Кэлин, уонча сыл буолан баран, Сэмэн өлүөн иннинээҕи сыл «оннук баарын өйдүүгүн дуо?» диэн ыйытан санаппыта уонна «киһи итинниктэн куттаммат баҕайыта. Уораҥаҕа былыр сай-сат диэн элбэх ыал олорбута үһү, ыһыах да ыһан эрдэхтэрэ. Онон ити ыһыах күн өбүгэлэрбит күлүктэрэ көстөн аастаҕа» диэн быһаарбыта. Ити курдук Уораҥа эбэтигэр төннүгэс андыга тахса сылдьан, бу санаатахха, бэс ыйын 21 күнүгэр эбит, өбүгэлэрбит ыһыахтарын көрбүттээх эбиппин. Дьиҥэр, онно кинилэр миэхэ да, дьоммор да туох да куһаҕаны оҥорботохторо эрээри, оҕо киһиэхэ дьулаан хартыына этэ. М.П. Аржаков, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан