Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэрэтин барытын көрдөрбүтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэрэтин барытын көрдөрбүтэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.02.2024 15:10
Оччо бэрт булчуппунан аатырбатарбын да, эр киһи буоламмын, кыра-кыралаан булт арааһыгар сылдьыталыыбын. Олортон биир умнуллубат түгэни Өлүөхүмэ сиригэр атаарбытым. От-мас эгэлгэтэ элбэҕэ сөхтөрбүтэ. Тайҕа диэтэххэ тайҕа, хочо диэтэххэ хочо, ыркый ойуур диэтэххэ ыркый ойуур... Тыытыллыбатах, киһи хаампатах сирэ олус элбэх. Балаҕан ыйын саҥата буолан, кедр эриэхэтэ, сугун, малина ситэн турар кэмэ этэ. Олохтоох оҕонньоттору кытта сүүрбэбин ааспыт эдэр уол барсыбытым. Үйэбэр акка олорсубатах киһи уонча хонукка аты миинэн, бастаан утаа этим-сииним дэлби көһүйбүтүн ончу умнубаппын. Онно үүтээни «избушка» дииллэр, ол эрээри мин үөрэммиччэ «үүтээн» диэҕим. Икки ыттаахпытын, баҕар, кыылы үүрэн аҕалыахтара диэн, түүн босхо ыыталлара. Олохтоох булчуттар биһиги курдук сааны туруору буолбакка, умса сүгэллэр эбит этэ. Бастакы түүммүтүгэр биир оҕонньорбут уһугуннарарыттан уһуктубутум. Ыттарбыт кыылы үүрэн аҕалбыттар этэ. Ити –сарсыарда 4 чаас эргин. Хаһан малбытын-салбытын хомунуохпутугар диэри кыылбыт ыраатан хаалбыт этэ. «Байанай тосхойдо» диэн санаабыт көнөн, салгыы айаҥҥа туруммуппут. Өрүскэ кус былыт курдук кэлэрэ. Дьонум онно наадыйбаттар. Субу-субу өмүрдэҕим аайы дэлби күлсэллэр. Эдэр, акаары санаабар, аппын дэлби сүүрдэн, охторо сыспыттааҕым. Ити кэннэ биир түүн эһэлээх дойдуга хонон турбут эбиппит. Ону дьонум миигин куттаамаары эппэтэхтэр. Тыатааҕы дэлэй сиригэр хоммуппун итиннэ-манна сытар эһэ сааҕа туоһулаабыта. Айаннаан истэхпитинэ дьонум: «Үүтээммит аннынан кыра көлүкэ баар. Онно тууну бырахтахха, 30-40 мүнүүтэнэн тобус-толору мундуну ылаҕын», – диэбиттэрэ. Мин «эдэр буоламмын, күлүү гыналлар» дии санаабытым. Миэстэбитигэр тиийбиппит, хас да туу баар этэ. Иҥсэрбит санаабар, саамай улаханнарын талан, килиэп мэҥиэлээн ууга бырахпытым. Үүтээҥҥэ киирэн толору чаас аҥаара буолбатахпыт, оҕонньотторум туубун көрөрбөр эппиттэрэ. Мин тиийэн оруу сатаабытым – кыайбатаҕым. Тиһэҕэр үһүө буолан, нэһиилэ ороон ылбыппыт. Туум иһэ тобус-толору – мунду! Үрэх мундута бөдөҥ, минньигэс да буолар эбит. Хобордооххо мас арыытыгар ыһаарыламмыт мунду амтана билигин да тылбар баар курдук. Балачча мундуну уокка үөлэн хаһааммытым. Салгыы «бары үрүө-тараа тарҕаһан бултуубут» диэн баран, миигин өрүстэн балачча тэйиччи үүтээҥҥэ хаалларан кэбиспиттэрэ. «Эһэ таҕыстаҕына, эһэни ытаҕын. Бөрө таҕыстаҕына, бөрөнү ытаҕын. Ыппатаххына, аһылык буолаҕын», – диэн баран, аптамаат сааны туттарбыттара. Оҕонньотторум бары харабыыннаахтар. Оннук хара тыа быыһыгар үс-түөрт хоммутум. Арай үһүс күнүм сарсыардатыгар талах тыаһаабыта. Үүтээммиттэн тахсыбытым – тыа саҕатыгар кулааһай тахсан турар этэ. Сиирэ-халты ыппытым кэннэ кыылым куотан хаалбыта. Биэрэккэ туус салыы тахсыбыт кулааһайга түбэспиппин. Сугун ситэн турар кэмэ буолан, дьоммутугар кэһии гынаары сугуннаабыппыт. Биэдэрэбин толоруохча буолан иһэн аттыбар ким эрэ силлиир тыаһын истибитим. Онтон өйдөөн көрбүтүм – тулабар эргиччи эһэ сааҕа эбит этэ. Оҕонньотторум тэскилииргэ бэлиэ биэрээттэрин кытта аттарбыт турар сирдэригэр сүүрбүтүм. Эһэттэн куттанан, биэдэрэм түгэҕэр аҕыйах сугуннаах хаалбытым. Сааларбытын аттарбытын кытта хаалларбыт буоламмыт, оннук куотан эрэ биэрбиппит. Өлүөхүмэ сирэ төннүүбэр эмиэ биир дьиктини көрдөрөн турардаах. Биэрэккэ киирэн эрдэхпитинэ, тыаттан наһаа улахан кыыл тахсан кэлбитэ. Үйэбэр аан бастаан хайа хотойун онно көрбүтүм. Кыната даллайан улахана, тыҥыраҕа да сүрдээх эбит этэ. Көрүҥэ, хараҕа салыннарбыта. Ити курдук Өлүөхүмэ сирэ кыылын-сүөлүн маанытын көрдөрөн турардаах. Балачча бултуйбуппут эрээри, эдэрим өтөн, дойду кэрэтин, кыылын үтүөтүн эрэ өйбөр хатаан хаалбыппын. Өлөксөй, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан