Кэпсээ
Войти
Регистрация
Наайда барахсан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Наайда барахсан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
08.02.2024 15:57
Эһэм сааһын тухары тыаттан киирбэтэх булчут этэ. Мин оҕо сырыттахпына, бу диэн үчүгэйдик өйдөөбөппүн, онон, арааһа, аҕыстаах-тоҕустаах эрдэхпинэ буолуо, Наайда диэн кылгас атахтаах, ньахчайбыт быһыылаах, ураанньыктаах, икки илин атаҕар наскылаах, хара дьүһүннээх тыһы ыттаах этэ. Кэлин аҕам кэпсииринэн, Наайда ийэлээх аҕата улахан уҥуохтаахтара үһү эрээри, эһэм ыта, тоҕо эбитэ буолла, айылҕаттан кыра этэ. Эһэм дьиэтигэр, санаабар, сайын эрэ кэлэрэ. Кыһын өр тохтоон олорбутун өйдөөбөппүн. Тыаттан биирдэ эмэ киирдэҕинэ даҕаны, киниэхэ атаахтаан, ахтан ымманыйбыппын өйдөөбөппүн. Бука, оннук буолуохтааҕын курдук ылынарым буолуо. Ол эрээри биһиэхэ, оҕолорго, Наайда кэлиитэ өрүү бырааһынньык буолара. Таһырдьа, төһө да тымныы күн буоллар, тахсан ыты кытта туста оонньуурбут. Дьиҥэр, ону эһэбит сөбүлээбэт этэ: «Бу да оҕолор. Ыты убахтаан», – диирэ. Кини төһө да инньэ диэбитин иһин биирдэ да мөхпүтэ суоҕа. Биир күһүн, мин алтыс кылааска үөрэнэр сылбар, эһэм үгэһинэн тыаҕа тахсыбыта. Бу тахса сылдьан, Наайдатын сүтэрэн киирбитэ. Ол маннык үһү. Эһэм тыаҕа алтынньы саҥата тахсыбыт. Биллэн турар, оҕотун (ытын инньэ диэн ааттыыра), Наайдатын, илдьэ барар. Арахсыспат аргыстар үүтээннэригэр, дэриэбинэттэн икки аҥаар көстөөх сиргэ тиийбиттэр, оннуларын булан оҥостубуттар. Тиийбит күннэрин сарсыныгар, эһэм сарсыарда эрдэ туран, Наайдатын быалаан, чугас эргин суол-иис көрө-истэ, туох кыыл-сүөл баарын чуҥнуу барбыт. Онон-манан киис, тииҥ, куобах, биирдиилээн саһыл, урукку соҕус да буоллар, улахан да кыыл суола син баар үһү. Атын сибики суох. Ити курдук икки хас үрэҕи көрөн баран, бүгүн эт-хаан үөрэтиитигэр ити да сөп буолуо диэн, төннөн испит. Бу иһэн, үүтээннэрин аннынааҕы кыра муҥур үрүйэ саҕатыгар киирэн баран, Наайда туох эрэ сытын ылан, арҕаһын түүтүн туруоран, курдьугунаа да курдьугунаа буолбут. Оҕонньор ытын майгытын эндэппэккэ билэр буолан, чугаһынан туох эрэ улахан кыыл баар диэн өтө сэрэйэр. Төбөтүгэр «эһэ» диэн кутталлаах санаа кылам гынан ааһар. Ол гынан баран дьыл баччатыгар тыатааҕы кырдьаҕас арҕахтаан да эрэр ини диэн, эмиэ да уоскутунар. Ити курдук бэркэ мунаара-мунаара үүтээнигэр тиийэн кэлэр. Эһэм түүн үөһүн ортото таһырдьа туох эрэ моргуор, тырыта-хайыта тыытыһыы буолбутуттан уһукта биэрэр. Сып курдук таҥна охсон баран, аан таһыгар көхөҕө ыйанан турар саатын туппутунан, аанын тэлэйэ баттыыр. Көрбүтэ – быыкаа ньахчайбыт Наайдата тыатааҕыны кытта эрийсэ сылдьар эбит. Кэлиҥҥи аҥаар атаҕын сиргэ тайамматыттан сылыктаатахха, оҕустарбыт быһыылаах. Онно эбии сирэйэ-хараҕа хааннырбыт. Оҕонньор оҕотун тэҥэ саныыр ыта маннык буолбутун көрөн, кыраҕа ымыттыбат бэйэтэ, хайдах эрэ уолуйан дуу, куттанан дуу, дөйүөрбүт курдук туран хаалбыт. Ол кэмҥэ эһэ ыты кытта киирсэрин тохтотон, аһаҕас ааҥҥа турар киһиэхэ уун-утары ыстанар. Бу тухары манныкка эрэ түбэһиэм диэбэтэх эһэм дөйбүт курдук турбут. Онтон эмискэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, сүүрэн испит эһэ атаҕын анныгар Наайда баар буола түһэр. Эһэ соһуйан, чинэрис гыныахча буолан иһэн, ыты муннуттан «хап» гыннарар. Уҥуох тостон «хачыгыр» гынара иһиллэр, ону кытта тэҥҥэ саа эстэн өрө хабылла түһэр. Саа иккистээн, үһүстээн... бэһистээн эстэр. Наайда бу тэҥэ суох хапсыһыыга өлбүтэ. Эһэм барахсан ытын наһаа өр аһыйбытын өйдүүбүн. Кини кэннэ биир да ыты туппатаҕа, тыаҕа да тахсыбат буолбута: «Киһи үйэлээх сааһыгар биирдэ кэлэн барар ыт», – диирэ. Кырдьык, эһэм ыта сымнаҕас, холку эрээри, үтүө сонордьут этэ. Аны туран, кэлин эһэм ытын түһүүрүн туһунан аҕам кэпсээбитэ. Оҕонньор ыалдьаары эбэтэр кини олоҕор туох эмэ уларыйыы буолаары гыннаҕына, Наайда көстөр үһү. Эбэтэр көстүбэтэҕинэ, үрэр саҥатын истэрэ үһү. Дьикти диэтэҕиҥ. Баҕар, кини эһэм олоҕун араҥыччылаары кэлбит ымыылаах айыы ыта буолаарай? Наталья Кириллина. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан