Кэпсээ
Войти Регистрация

Таптал диибит да...

Главная / Кэпсээн арааһа / Таптал диибит да...

K
27.06.2018 11:42
Дьэ, муҥ диэтэҕиҥ Сороҕор кытаанах да сокуоннаахпыт ээ, тапталга сыһыаннаан эттэххэ. Холобур, бэҕэһээҥҥи хаһыакка бу ырылыччы сурулла сылдьар «19 саастаах гражданин А. 16 саастаах кыыһы содур суолга кучуйбутун иһин суут ыскаамыйатыгар олордо» диэн. Биир курдук санаатахха «педофил тос мааһын ылбыт». Кэһэйдин, сокуоннай сааһын туола илик оҕону буортулаабат буоллун. Бэл, билигин Госдуумаҕа дьокутааттар педофил, маньяк курдук кутталлаах дьону аттатан кэбиһэр туһунан сокуону киллэрэн эрэллэр. Онон, туох да диэбит иһин, быстах таптал диэнтэн сэрэниэххэ наада. Ыраата барбакка биир холобуру көрүөҕүҥ. Табаарыһа Балантыын быһайын улахан моһуокка түбэспиттээх. Ол эрдьигэниҥ биир кыыһы кытта түүҥҥү кулуупка астына күүлэйдээбит, онтон өссө дьиэтигэр илдьэн уҥа-таала таптаспыт. Сарсыарда кыыһа 50 тыһыынчаны иэс диэн көрдөөн турбут. Балантыыҥҥа оччо үп баара эбитэ да буоллар, биэрэн бэрт: ол чааһыгар баҕас кытаанах киһи – аккаастаабыт. Кыыһа, били, түүнү быһа «эн эрэ маннык астыктык таптыыгын, эн эрэ итинниги сатыыгын, минньигэскин даа, өссө күүскэ!» дии сыппыт бэйэтэ итиччэни истэн баран, тимир тириитин кэппит, сонно көрдөрбүтүнэн туруусугун, лиипчигин «тыыр-таар» гына хайыта тардынан кэбиспит. Көҕөрө өһөн баран: «Күүһүлээтэ диэн борокуруорга сайабылыанньа суруйуом, хаайыыга барыаххын баҕарбат буоллаххына, саатар, 20 тыһыынчаны баҕас төлөө», – диэн саайбыт. Хата, киһитэ кини, Балантыын буолан, нэһииччэ алы гыммыт, ол да буоллар туруусуктаах лиипчик сыанатыттан ураты өссө уон тыһыынчаны ырааһынан ууран биэрбит. Дьэ, оннук. Киргиэлэй эмиэ хаһыатын ылан өссө сиҥэйэн аахта, үөһэ тыынна. «Ол эрээри, баҕар, чахчы, таптаспыттара буолаарай? Дьиҥэр, саастарын ылан көрдөххө, үс эрэ сыл арыттаахтар эбит. Дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, балай эмэ дьоллоохтук олоруох дьон кэскиллэрэ сарбылыннаҕа». Бу түгэни таптал диэн ааттыахха сөбө эбитэ дуу? Ким билиэй, баҕар, эр киһи, били, тойон ыҥырыа курдук сибэккиттэн сибэккигэ көтө сылдьар сонумсах урааҥхайа дуу? Киргиэлэй сүрэҕэ ньүөлүйбэхтээтэ, кини да итиниэхэ майгынныыр соҕус түбэлтэлээҕэ ээ... Сайылык оҕото Кирииһэ – соҕотох ийэ оҕото. Киһини өйдүүр буолуоҕуттан пиэрмэ уопсай дьиэлэрин «бу – биһиги дьиэбит» диэн улааппыта. Сайылыкка тахсыы, кыстыкка көһүү диэн эмиэ долгутуулаах, үөрүүлээх, сороҕор мунчаарыылаах да түгэннэрдээҕэ. Элбэх ыанньыксыты кытта дьукаах олорбуттара. Онтулара сорохторо туспа ыал буолан, сорохторо атын сиргэ, букатын атын үлэҕэ көһүтэлээн хаалаллара. Ол эрээри син биир саҥаттан саҥа дьукаах баар буолан иһэрэ. Сайын от саҕана киһи-сүөһү элбиирэ. Тиэргэн таһыгар хойукка диэри волейбол мээчигэ кыырайара, лапталаан айманаллара. Түптэ торҕо буруота күннээҕи түбүктээх үлэ бүппүтүн бэлиэтээн аргыый аҕай унаарара; ону бигэргэппиттии атыыр оҕус айаатыыра, ынахтар маҥыраһаллара. Өргө диэри чуҥкуйан турбут сайылык киэһээҥҥи киэлитигэр киирэрэ, сыттыын-сымардыын тупсара, туох эрэ биллибэт эриэккэс иэйии налыйан киирэрэ. Ыанньыксыттар да, отчуттар да сылаалаах үлэ кэнниттэн сүргэлэрэ көтөҕүллэрэ, дьикти турукка киирэллэрэ. Кирииһэ ордук биир сайыны умнубат. Ол кэмҥэ букатын кыра, өссө
оскуолаҕа киирэ да илик быһыылааҕа. Сайылык дьоно күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсар курдуга. Ыанньыксыттарга киирэн көҥүл атаахтыыра. Ол барахсаттар кинини кытта боччумнаах баҕайытык кэпсэтэллэрэ, мэлдьи көрө-истэ, харайа-бүөбэйдии сылдьаллара. Арай, дьиктиргиирэ диэн, эр дьон кэллэхтэринэ, Ааныс, Боккуойа (бу ыанньыксыттар, аны санаатахха, оччолорго сүүрбэлэрин эрэ ааспыт кыргыттар) буолан тугу эрэ сибигинэһэр, күлсэн сыһыгыраһар мээрик буолаллара. Кирииһэни сүгэн сүүрэкэлии оонньуур бэйэлэрэ отчуттар баалларыгар кинини төрүт умнан кэбиһэллэрэ. Ол аайы уол муннунан да, айаҕынан да тыыммат буола өһүргэнэрэ. Арай биирдэ сарсыардалык хабаҕыран, титиик кэтэҕэр тахсан көҕүрэттэ туран иһиттэҕинэ, Ааныс быһыылаах, кими эрэ таптаан ымманыйар, эмиэ да тугу эрэ гынан тилигирэһэр курдук: сороҕор Кирииһэни кэтэҕиттэн сыллыы-сыллыы итинник саҥарааччы. «Хайа оҕону кытта бодьуустаһар баҕайытай?» дии санаат, титииккэ көтөн түспүтэ – мас ороҥҥо сыбыс-сыгынньах дьон куустуһуохтарынан куустуһан өрө мөхсө сыталлар эбит! Уол хаһан да манныгы көрбөтөх буолан, соһуйан, аах-маах баран турдаҕына, Ааныс «киэр буол!» диэн, хаһааҥҥыттан эрэ абааһы көрбүт киһиэхэ дылы саҥа таһаарда. Кирииһэ, атаахтыыр киһитэ итинник үүрбүтүттэн хараҕын үүтэ көстүбэт буолуор диэри кыыһыран, ааннарын хайа быраҕан дьиэтин диэки саллырдаабыта. Өр утуйбатаҕа. Пахай даҕаны! Сыгынньах буола-буолалар! Ити тугу гыналларый? Боккуойа үнүрүүн мэхээнньик Тиитэптиин эмиэ ити титииккэ өр баҕайы буолан баран тахсыбыттара. Үөрбүттэрэ-көппүттэрэ туох да сүрдээх этэ. Дьон суоҕар кэмпиэтинэн күндүлүүр бэйэтэ Боккуойа Кирииһэни барбах илиитин таһынан силэйэн ааспыта, өссө кынчарыйар быһыылааҕа. Барытыгар ити – отчуттар буруйдаахтар эбит! Кырдьык, оннук быһыылаах. Хам-түм бөһүөлэктэн биригэдьиир кэллэҕинэ, ийэтэ алаадьы астыы, күөрчэх ытыйа охсон олоруон да, туруон да билбэт курдук кутугунайааччы. Оттон ол биригэдьиир, олус эйэргээбит киэбинэн түгэн эрэ көһүннэр, ийэтин илиитин имэрийэ-имэрийэ, уулааҕынан-хаардааҕынан батыһыннара көрүтэлиирэ. Аһаабыт-сиэбит кэннэ ийэтэ Кирииһэни «тоойуом, Тумул булгунньаҕар баран оонньообоккун дуо, бырдаҕа-күлүмэнэ суоҕа олус бэрт күн дии» диэн, хаһан да онно барарын көҥүллээбэт бэйэтэ хойукка диэри ыытара. «Оччотугар ийэтэ эмиэ ити Ааныстаах Боккуойа курдук быһыыланара буолуо дуо?» Кирииһэ, «бары миэхэ наадыйбаттар, өссө абааһы көрөллөр эбит» дии санаан, ытыахча-ытаабакка, сымыһаҕын быһа ытыран, нэһииччэ тулуйан сыппыта... Бобуулаах таптал Ити кэмтэн ыла элбэх уу уһунна, олох-дьаһах да балай эмэ уларыйда. Кирииһэ ийэтэ биэнсийэҕэ таҕыстар да, пиэрмэтигэр сол курдук үлэлиир. Бэйэтэ бэһис кылаастан атын бөһүөлэккэ тиийэн орто оскуолаҕа үөрэнэр буолбута хаһыс да сыла. Бэрээдэктээх, үөрэҕэр оннук аһара үчүгэй да буолбатар, сүрдээх кыһаллыгас, ол иһин учууталлар сөбүлүүллэр. Тулаайах аҥаардаах оҕону туох да ордук-хос саҥата суох интэринээккэ ылбыттара. Ол саҕана оройуоҥҥа уон кылаастаах оскуола аҕыйах этэ, онон интэринээккэ, сүнньүнэн, чугастааҕы түөрт-биэс бөһүөлэк оҕото олороро. Дьиктитэ диэн, лаппа сааһырбыт оҕолор кытта үөрэнэллэрэ. Омуннаабакка эттэххэ, сорох-сорохторо учууталларыттан бэрт кыранан балыс быһыылаахтара. Бу оскуолаҕа кылаас таһынааҕы үлэ биир кэм тиҥинээн олороро: спортивнай куруһуок арааһа, иис-уус дьарыга, ырыа-үҥкүү
ансаамбыла. Кирииһэ хоһоон суруйар идэлээҕэ. Эркин хаһыатыгар баҕас мэлдьи таһаараллара, бэл, оройуон хаһыатыгар хаста да бэчээттэммитэ. Киһиҥ өссө үҥкүүһүт бэрдэ, оскуолаҕа кини курдук вальстыыр уол – биэс тарбах иһинэн. Кытархай сирэйдээх, өрүү мичээрийэ сылдьар уол хараҕа оскуола баар-суох кырасаабыссата Фросяҕа хатаммыта. Кирииһэттэн үс хас сыл аҕа, уус-уран самодеятельноһы иилээччи-саҕалааччы бу кыыс, хап-харанан чоҕулуччу көрдөҕүнэ, бэл, эдэр учууталлар мух-мах барар этилэр. Сытыы тыллаах-өстөөх, былырыын тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан быыбардаабыт үһү, ол аата билигин 19-һа буолуохтаах. Үчүгэйдик үҥкүүлүүрүн иһин буолуо, «дамский вальс» диэтилэр да Фрося Кирииһэни ыҥырара. Бэркэ табыллан эргичийэллэрэ. Ити гынан баран кыыс Кирииһэни ньырамсыта көрөр быһыылааҕа: уу ньуулдьаҕай, хатыҥыр баҕайы уолу хайаахтыай. Онуоха холоотоххо, киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэр оробуочай уолаттар, дьэ, быһыы-таһаа мааны дьоно буоллахтара эбээт! Фрося кистии саба эр дьону кытта сылдьарын интэринээккэ бары кэриэтэ билэллэрэ. Учууталлар кытта. Оттон Кирииһэ ол сиппит-хоппут уолаттарга ымсыыра эрэ саныыра. Биирдэ балай эмэ ыраах сиргэ кэнсиэрдии бардылар. Икки эдэр учууталы аахпатахха, Фрося – хотуннара. Кирииһэ хоһоон ааҕар, икки хас үҥкүүгэ кыттар. Кулууптара эрэйдээх самнайан түһэн кыраката сүрдээх, оттон таҥас уларыттар хосторун этэ да барыллыбат. «Үҥкүүһүттэр, бэлэмнэниҥ» диэн буолбутугар Кирииһэ таҥаһын ыла тиийбитэ, доҕоор, үрүҥ чап-чараас туруусуктаах, түөһүн барбах хаххалыыр лиипчиктээх эрэ туран Фрося муодунай хоппуруон чулкутун сыыйа тардан кэтэ турар эбит! Уол, мэктиэтигэр, кулгааҕа чуҥкунуурга дылы гынна, саҥатыттан матан, көрбүтүн кубулуппакка турдаҕына кыыһа «таҥаһыҥ бу баар, кэтэ оҕус» диэт, суумкатын ылан биэрдэ. Кирииһэ өйүгэр, били, титииккэ сыгынньах Ааныстааҕы көрбүтэ охсуллан ааста. Ол киэһэ наһаа да бэркэ үҥкүүлээбиттэрэ. Уопсайынан, кэнсиэрдэрин олус сөбүлээбиттэрэ. Оҕолору оскуола физзалыгар тустуу маатын тэлгэтэн утуйалларыгар дьаһайбыттара, оттон түһэр сирдээх оҕолор ыалларыгар тарҕаспыттара. Били, эдэр учууталлар Фросяны ыстаарсайынан анаан баран эмиэ ыалга барбыттара. Кирииһэлээх уонча буолан хаалбыттара. Хатанан баран, сылаас сиргэ, батарыайа таһыгар, тып-тап курдук оҥостон, бары бииргэ суулаһан сыппыттара. Фрося сибиитирэлээх, ыга тута сылдьар искиэрэлээх кэлэн уол таһыгар сыппыта. Оҕолор, сылаалара таайан, ньим барбыттара, сотору соҕус буолаат, сорох-сорохторун муннуларын тыаһа муораҕа тиийбитэ. Арай Кирииһэ утуйуох санаата кэлбэтэҕэ, кэккэлэһэ сытар Фрося тыынарын иһиллээн ньимийбитэ. Балачча сыппахтыы түһэн баран, кыыс аргыый аҕай кини диэки сыҕарыс гыммыта уонна «акаарычаан, ити штанга баар хоһугар киирээр» диэн кулгааҕар сибигинэйбитэ уонна туран, ол диэки сыбдыйбыта. Кирииһэ соһуйан, сүрэҕэ битиргэччи тэппитэ! Фрося кини санаатын курдаттыы билэ сыппыт эбит! Бу түүл буолбатах, илэ! Уҥуоҕа халыр-босхо да бардар, сэрэнэн кыыс барбыт сирин диэки түһүннэ. Тиийбитэ, Фросята – суох! Онтон уонча маат чохчотун үрдүттэн «ааҥҥын сэрэнэн олуй уонна манна таҕыс» диэн сибигинэйэр саҥа иһилиннэ. Бу, дьиҥэр, сыгынньахтанар хос эбит. Кыараҕаһа сүрдээх, итиитэ да биир оччо. Түннүк-үөлэс суох буолан, ытыс таһынар хараҥа.
Тарбачыһан тахсан баран, им балайга алҕаска Фросяны сыгынньах түөһүттэн харбаан ылла уонна соһуйан, чинэрис гынабын диэн, арыычча суулла сыста. – Акаарычаан, хаһан да кыыһы таптаан көрө илик, – диэн сибигинэйэ былаастаах унаарытан саҥарда уонна Кирииһэни ыга кууһан убуруу-убуруу, маакка сытынан барда... Хаһан да уураһан көрбөтөх уол сүрэҕэ уһулу ойон тахсыах курдуга, чэчэгэйэ сүр күүскэ кэйиэлээбитэ, таалан кыыска сыстыаҕынан-сыстан имэрийэ сыппыта. ... Маҥнай сатамматаҕа. Уол онтон олус кыбыстыбыта эрээри, син эр киһи эр киһитэ өппүтэ: хаһыс да холонуутугар кыыс сүр күүскэ мөхсүмэхтээн баран, налыс гынан хаалбыта. Кирииһэ ити түүн хаһан да билбэтэх иэйиитигэр ылларан тимирэ-тимирэ күөрэйтэлээбитэ, дьиҥнээх эр киһи хаана киирбитэ. Оҕолор билбэтэхтэрэ быһыылааҕа, ол эрээри ким билбитэ баарай, баҕар, иһиллии да сыппыт буолуохтарын сөп. Итинтэн ыла Фрося Кирииһэ өйүттэн арахпат буолбута. Кинини көрдөҕүнэ, өйүгэр араас санаа кутуллара: хаарыаннаах штанга хоһо арыый сырдыга эбитэ буоллар, хайдах курдук ити кэрэ таһааны таптыы-таптыы имэрийиэ, сыллыа-ууруо этэй?! Дьиҥэр, кыыс кини иннигэр сыгынньах сытарын субу диэн көрбөтөҕө ээ, хараҥа этэ. Билигин оннук түгэн үүнэрэ буоллар ньии, хаарыаны! Ол эрээри оннук түгэн тосхойботоҕо, сыл буолан баран Фрося атын оройуон киһитигэр эргэ тахсыбыт сураҕын истибитэ. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан