Кэпсээ
Войти Регистрация

Компромат хомуйааччы

Главная / Кэпсээн арааһа / Компромат хомуйааччы

K
15.02.2024 15:17
   Бэҕэһээ аҕай улуустан кэлбит Ньургустаанабыт кэпсээн-ипсээн дэлэй киһитэ буолан олорор. Соһуйбута, сөхпүтэ ааһа илик дуу диэх айылаах, уоһа биир кэм чорбоҥолос. Бэйэтэ да айыллыбытынан киэҥ хараҕа мэктиэтигэр, ордук омуннурар кэмигэр үүн тиэрбэһин саҕа буолан ылаттыыр. Өйдөөн-дьүүллээн истибитим маннык буолбут эбит.          Арай туран, айаннаан кэлбит быылын-кирин кыл мүччү суунан-тараанан баран, биэс сыл көрсүбэтэх дьүөгэ кыргыттарыныын көрсүһээри куорат биир бүөм эрэстэрээнигэр элээрдэн тиийбит. Омуна да дэлэ, кини буолан баран, инники тиийэр буоллаҕа. Икки хас кыыстара тардыллыбыттарын кэтэһэ таарыйа, тиийбит тэрилтэтин ис бараанын, оҥоһуллуутун олус диэн сөбүлээн, таах олоруохтааҕар суотабай төлөпүөнүгэр уста, сэргии олорбут. Икки дьүөгэлэриниин олорбуттар. Кинилэртэн атын ол эрэстэрээҥҥэ уон тарбах иһинэн, быһата, букатын ахсааннаах киһи баар диир. Олор быыстарыгар туох эрэ улахан чыыннаах тойон бадахтаах, саас ортолоох, биллэ-көстө сонообут эр киһи баара үһү. Кинини кытта өҥнөөх муода сурунаалыттан субу аҕай түһэн кэлбит курдук, мааны бөҕө дьахтар баара тугу эрэ кэпсээн көрө-көрө, күлэ-үөрэ олороро үһү.    Арай Ньургустаана биидьийэҕэ устар ухханыгар буолан, анараа эр киһи аттыгар биирдэ баар буолан хаалбытын өйдөөмүнэ да хаалбыт. Эмискэ үрдүттэн нөрүйэн туран: «Төлөпүөҥҥүн аҕал эрэ манна», – диэбитигэр өс хоту, бэлэм баҕайытык суотабайын утары ууммут (соһуйбута оччо үһү). Ону эһэ тардан ылаат, арай биир-биэс тыла суох, били, кыһана-мүһэнэ устубут биидьийэлэрин, хаартыскаларын эр-биир сототтоон киирэн барбыт. Онуоха нэһиилэ өй ылан: «Хайдах буоллуҥ?! Туох буолбут киһиний, бу? Ити аата хайыыгыный?»– дии-дии, төлөпүөнүн былдьыы сатаабыт. Киһитэ биэрэн да бэрт, кыыспыт сатахха, уҥуоҕунан да кыра. Киһитэ суотабайы кини тиийбэт сиригэр үөһэ диэки өрө тута-тута, харса суох баттыырын тохтоппот үһү. Дьүөгэ кыргыттара да хайдах эрэ билэр киһитэ буолан дьаһалымсыйдаҕа диэбиттии, саҥата суох көрөөччү буолан олорбуттар. Суруйарга ити өрүн иһин, барыта кыл түгэнэ буолбут быһыылаах. Сотторон бүтэн баран, дьэ, этэр үһү: «Компромат хомуйа олорума!! Манна дьон сынньанар, аһыыр сирэ! Аскын сакаастаа, хата. Биһиги диэки дьэ уонна мантыгын туһаайан көр эрэ». Бүттэхпит дии. «Эйиэхэ эрэ наадыйбакка олоробун. Тугу устарбын-устубаппын бэйэм билэбин», – да диэн утарыластар, ол кэнниттэн кыыспыт олор диэки хайыспатах. Сатахха, өйүн-төйүн булан, сааһыланан баран олор остуолларыгар тиийиэҕин кэтэһэр кыргыттара оруобуна тиийэн кэлэн, көрсүһүү ухханыгар анараалар бүтэн, тахсан баран хаалбыттар. Билигин кыһыйар ээ, соруйан устубаккабын, араллааны таһаарбаккабын диэн.    Сэрэйдэххэ, көссүүлэр олорбут буолуохтарын сөп курдук. Хайа аанньа киһи уонна ол туора дьон төлөпүөнүн былдьыы-былдьыы дьаабыланыай? Икки кыыс саҥа таһаарбатахтара дьиибэ. Баҕар, ис дьиҥэ биллэр, сабыдыаллаах киһи буолан, орооспотохторо буолуо дуу? Бэйэлэрэ эппиттэринэн, олох билбэт киһилэрэ үһү. Арай: «Ыалдьар киһи быһыылаах, умун. Хас акаарыны баран», – диэн сүбэлээбиттэр.    Ньургустаана барахсаны аны биһиги дьээбэлиирбит итэҕэс диэбиккэ дылы, үөммүт баппакка «компромат хомуйааччы» диэн сүрэхтии сыспыппыт. Тарҕат:
kyym.ru сайтан