Кэпсээ
Войти
Регистрация
Итэҕэй-итэҕэйимэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Итэҕэй-итэҕэйимэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
15.02.2024 15:16
Саха өс хоһооно этэринэн, киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр. Төһө ситиһиилээхтик тулалыыр дьоммутун кытары кэпсэтэн-ипсэтэн, уопсай тылы буларбыт бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах. Уйулҕа эйгэтэ бу хайысханы уһаты-туора үөрэттэ ини, үөрэппэтэ ини. Олох сайдан истэҕин ахсын үөрэтии дириҥээн, оттон билии кэҥээн иһэр. Дьону кытары уопсай тылы булуу, өйдөһүү, ситиһиилээхтик алтыһыы сүрүн хардыыларын билии, баар суолу тупсарарга, киһи быһыытынан сайдарга туһалаах буолуон сөп. Доҕорум оскуоланы бүтэрэн, сопхуоска үлэлии сылдьан, биир сарсыарда хотонугар эрдэ тиийэн, тимир оһоҕун оттон баран, табахтыы олорбут. Ол олордоҕуна, арай муоста хайаҕаһынан биир кырынаас былтас гынаат, ойон тахсыбыт да, Болуодьа атаҕын икки ардынан сүүрбүт. Онтон соһуйан, киһи тобуктарын холбуу охсуммутугар, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, айылҕа оҕото кырынаас барахсан кыбыллан хаалбыт. Ону үтүлүгүнэн тутан ылан дьиэтигэр аҕалбыт. Ийэтэ онно кыыһырбыт: «Булду тыыннаахтыы сордуу сылдьаҕын», – диэбит. Биирдэ күһүн хаар түһүөн иннинэ тыаҕа саалана сылдьан, куобах олорорун көрөн, ытан саайбыт. Арай туран, көрдөҕүнэ, куобаҕа икки аҥыы «хайдан» уҥа-хаҥас барбыт. Булчут олус соһуйан уонна муодарҕаан, тиийэн көрбүтэ... икки куобах өлө сытар үһү. Эмиэ ол кэмнэргэ сир харатыгар түөрт курупааскы талахха сүүрэ сылдьалларын көрөн, олорго үөмпүт. Тиийэн, хоһулуу сатаан, илиитэ сылайбыт. Инньэ гынан иккини хоһулаан ыппыта биирэ көтөн барбыт. Онтон арай үс-түөрт хаамыы тэйиччи сылдьар курупааскы өрө тилигирии түспүт. Соһуйан, саатын сөҕө санаан тиийбитэ, атын курупааскы, ытарыгар көтөөрү, куобах туһаҕар иҥнибит эбит. 1980-с сылларга Болуодьа оттуу сылдьан көрбүтэ, байтаһын тайах үрэх саҕатыгар аһыы сылдьар үһү. Онтон, күлүмэнтэн куотан буоллаҕа, ууга киирэн барбыт. Кыыл ууга төбөтүн уктаҕын аайы отчут, тимир атырдьаҕын туппутунан, үөмэн, чугаһаан испит. Букатын балтараа эрэ миэтэрэ хаалыар диэри сыыллан олох ыга киирбит. Анарааҥҥыта, тыала антах үрэр буолан, төрүт билбэккэ, аһыы сылдьыбыт. Дьэ, онтон ойоҕоско субу аҕай өтөрү түһээри туран Болуодьа толкуйга түспүт. Ойоҕоско түстэххэ, тайаҕа тутатына өлөн хаалбата чуолкай – эргиллэн, тэпсэн өлөрүүһү диэн өй киирбит. Иккис толкуйа: «Бу үрэх баһа сиргэ тайаҕым бааһыран куотар түбэлтэтигэр, баар-суох соҕотох атырдьахпын илдьэ барыыһы», – диэн. Онон айылҕа маанылааҕа барахсан бу күөх сайыҥҥа көҥүл көччүйдүн диэн түмүк санааҕа кэлбит. Ол кэннэ киһибит туран кэлбит. Бу иннинэ икки атахтаах диэни харахтаан көрбөтөх кыыл, соһуйбута бэрдиттэн, умса туруйалаан, тібітүн ууга уган ылбыт, хата, чачайан өлбөтөҕөр баһыыба. Александр Жирков- Томпо ¤ааска. «Байанай.инфо» Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан