Кэпсээ
Войти Регистрация

Сайын, биирдэ...

Главная / Кэпсээн арааһа / Сайын, биирдэ...

K
01.06.2018 14:37
Сайын ортото. Түөртүүр кэмэ аастаҕа буолуо. Биһиги онно эрэ наадыйыы суох. Сөпкө этэллэр, дьоллоох киһи чаһыны сэҥээрбэт диэн. Биһиги иккиэбит эрэ. Онтон ордук туох наада үһүө, эдэр дьоҥҥо. Ким да чугаһынан баара биллибэт. Ып-ыраас уулаах, кырылас кумахтаах талба мааны эбэбит күн уотугар кылбаҥныы-дьиримнии үҥкүүлүүр көмүс мөһүүрэ уутугар кыра оҕолуу өр да өр сөтүөлүү, сырдык-ыраас таммахтарынан ыһыахтана оонньуубут. Ол быыһыгар бэйэ-бэйэбитин ууга түҥнэритэ анньыһан ылабыт. Мин ардыгар сыыһа үктэнэн, тимириэхчэ буоллахпына кини күүстээх илиилэринэн бэрт кэбэҕэстик окумалбыттан өрө тардан таһаарар. Ону, мин диэтэх киһи, өһөспөр аны бэйэтин сууллара сатыыр ухханыгар түһэбин. Ардыгар ол сылдьан сэрэнэн бэйэтигэр сыһыары тардан ылан, уоспун булан, оргууйдук уураан ылар. Мин сэрэнэ соҕус эппиэттэһэбин. Инчэҕэй уонна, кылаабынайа сыгынньах этигэр сыстыахпын кыбыстан, туора көтө сатыыбын. Хаһан да чугаһаспатах дьоҥҥо дылы, тоҕо эрэ кыбыстабын. Кини да наһаалыы барбат. Баҕар, эмиэ кыбыстара буолуо. Сынньалаҥ да буоллар сылаалаах дииллэринии, сүүрэн тахсан, кумахха бэлэм гына тэлгэммит “лежакпар” умса түһэбин. Киһим өр-өтөр буолбат кэннибиттэн уута саккыраабытынан кэлэн, аттыбар сытынар. Тиэрэ түһэн сыппалыы түһэр. Онтон, хантан ылбыта буолла, сибэкки уга быһыылаах, кэтэхпинэн, сүнньүм диэкинэн аргыый биллэр-биллибэттик таарыйа оонньоон барар. Мин ис-испиттэн дьигис гыныахпын баҕарабын да, туттунан, күүрүөхпүнэн күүрэбин. Онтон кыһыйбыттыы, кини аны сып-сылаас, ип-итии уоһунан көхсүбүн таарыйбалыы оонньуур. Мин итини баҕас сатаан тулуйбаппын. Иэним кэдэриҥнээн: «Бүт эрээ”, – аргыый сипсийэбин. “Суох”, – харда эмиэ да холку. Эмиэ да ис-иһиттэн долгуйуу тыына биллэн, куолаһа титирэстээн ыларга дылы. Уотунан оонньуур уоһа аргыый-аргыыйдык сылаас тыынынан илгийэн кулгааҕым кэннинэн, үрдүнэн сүүрэлиир. Устунан кулгааҕым эминньэхтэрин сэрэнэ-сэрэнэ тылынан илбийэн ылар. Мин кычыгыланабын. Көхсүм бүтүннүү аһыллан хаалбыкка дылы буолар. Кини бүтүн бэйэбин бүтүн бэйэтинэн бүрүйэ түһэ охсон, уҥа илиитинэн баттахпын, окумалбын, бэгэччэкпин, ытыһым көхсүгэр диэри сэрэниин-сэрэнэн имэрийэр. Ол быыһыгар инчэҕэй баттаҕыттан тымныы таммах окумалым үрдүгэр таммалаан ылар. Билэбин – билигин кини миигин эргитэ тардыаҕа. Онтон... Суох, сыыспыппын, кини илиитэ сыыйа бууттарбар сыҕарыйар. Салгыы буутум ис-тас өттүн имэҥнээхтик имэрийэр, аналлаах сиригэр чугаһыахча буола-буола, тэйэн иһэр. Оттон уоһа кулгааҕым аттыттан арахпат. Тугу эрэ сипсийэр, арааһа, ымманыйар, атаахтатар, бу сиргэ мин эрэ саамай күндүбүн, кэрэбин хоһуйар. Ол аайы сып-сылаас салгын кулгааҕым саҕатынан илгийэн киирэн, аллара диэки бэрт дьиктитик нүөлүйэ тарҕанан барар. Иһим түгэҕэ бэрт таайтарыылаахтык дьырылаан, сыыйа илбиһирэн барар. Хаҥас буута мин атаҕым икки ардыгар баар буола охсон, икки аҥыы сыҕарытар мөккүөрүгэр түһэр. Эппэйэ тэппит сүрэҕим тыаһа субу чабырҕайбар биир кэм кэйиэлээн олорор: тык-тык-тык-тык. Оо, сүрэҕим билигин тохтуох айылаах, эбэтэр букатын да айахпынан субу ойон тахсан эрэр дуу. Мин эрэ буолбатах, сэгэттэйим сыыһа, тыынара тыастанан барар, саамай кистэлэҥ, кимиэхэ да тыыттарбат, чугаһаппат сирбин тарбаҕын
төбөтүнэн тыытар-тыыппат таарыйан ылар. Ол таарыйыытыттан бэйэтэ бэйэтиттэн көбөн, бэрт иҥсэлээхтик ис-иһиттэн өрүтэ уһуутаан, ынчыктаамахтаан ылар. Кэннибэр кыбыс-кытаанах, олус баҕалаах, олус күүтүүлээх тиирэ тэппит ыга анньан барар. Бэйэм да билбэппинэн, атаҕым кини да көмөтө суох бэйэтэ икки аҥыы арахса охсор. Киһим үрдүбэр сытан самаҕынан, өттүгүнэн бытаан-бытааннык хамсанан барар. Кытаанаҕа чиҥээтэр чиҥээн иһэр. Оо, төһө өр эн миигин муҥнуугун? Сүрэҕим ньии. Бүтүн бэйэбинэн эргийэ охсуохпун баҕарабын. Этим-сииним, аллараа өттүм аны кэлэн, миигиттэн букатын тутулуга суох, бэйэтин доҕорун кэбэҕэстик була охсор баҕата күүһүрэн кэлэр. Кини ону сэрэйдэр да, эргитэ охсорго тиэтэйбэт. Илиитин мин анныбынан киллэрэн, тэрэйэ тэппит эмиийдэрим тумугун тарбаҕынан имэрийэр, эмиийдэрбин эр-биир бобута туппахтыыр. Ынчыктыыр. Ис иһиттэн имэҥнээхтик таптал ааппын ааттыыр. Онтон илиилэрэ иһим түгэҕин диэки сыҕарыйаллар. Саҕалыырыгар сэрэнэ-сэрэнэ хамсанар бэйэтэ, ол бэйэлээхпиттэн тугу эрэ улаханы эрэйбиттии, кытаанахтык туппалаан ылар. Бууппун, самыыбын имэрийэрин тохтоппот. Хаҥас илиитин көмөтүнэн бэйэтэ да быыкаа плавким сыыһа сыыйа аллара диэки сыҕарыйан, устунан быата сөллөн хаалар... Онтон, дьэ, тиэрэ эргитэр. “Оо, арай, маны дьон көрдүн, кыбыстыытыан, ийэттэн төрүү сыгынньах хааллым буолбаат, кини эмиэ...” тугу барытын умнан ылбыт туругум ааһа охсон, аны, кыбыстыахча буолан барабын. Бэл, киһибиттэн кыбыстабын. Эчи, сырдыгын, саатар, сытар сирбит аһаҕаһыан! Сиккиэр тыал бүтүн бэйэбитин эр-биир имэрийэ сотон ааһар. Онтубуттан уонна кыбыстыбытым бэрдиттэн буоллаҕа, баарыан аҕай инчэҕэй бэйэлээх этим-сииним куура охсон, бөлтөҕөр быллыгырастара тахсан эрэллэрин билинэбин. Кини онно кыһаллан бэрт. Кульминацията чугаһаатаҕа эбээт. Кыбыстар санаа эрэ, туох эрэ бэрт сотору имэҥирии, таптаһар дьалыҥ даҕайсыытыгар баһыйтара охсон, батыалаабат баҕа, имэҥирэр илбис өссө күүһүрэн кэлэр. “Ылыый, миигин, ыл, чэ, чэйиий” санаабар саҥарар курдукпун да, онтум баара эрэ баҕа санаа дириҥ ынчыгар кубулуйар. Тапталлаах доҕорум мин санаабын таайа, сэрэйэ охсон, икки киһи биир сүбэнэн көтөр алыптаах, аптаах таптал дойдутугар көтүөхтүү сыыйа киирсэн барабыт. Кини уонна мин билигин биир куйаар курдукпут. Кини – миэхэ, мин – киниэхэ.
kyym.ru сайтан