Кэпсээ

Бүрээт уонна алтаай булчуттарын үгэстэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Бүрээт уонна алтаай булчуттарын үгэстэрэ

К
Кыым Дьылҕа
30.09.2025 00:12
Бүрээт уонна алтаай булчуттарын үгэстэрэ
Бүрээт булчуттарын үгэстэрэ      Бурятия Ока оройуона өрөспүүбүлүкэ хоту өттүгэр, хайалаах, халыҥ сис тыалардаах сиргэ сытар. Манна сойоттор диэн бүрээттийбит түүрдэр олороллор. Ахсааннара 3 500 кэриҥэ киһи. Бүгүҥҥү хаһыакка кинилэр булка-алка сыһыаннаах өйдөбүллэрин, сыһыаннарын уонна сиэрдэрин-туомнарын туһунан ааҕыҥ.   Иччилэр    Сойоттор хайалаах-тайҕа­лаах сиргэ олорор буоланнар, сатыы, атынан, арыт оҕуһунан сылдьан бултууллар. Кинилэр өйдөбүллэринэн, айылҕа туох баар бары көстүүтэ, хамсыыра-харамайа, ото-маһа бэйэтэ туспа иччилээх. Олортон биир саамай сүгүрүйэллэрэ – Баян-Хангай.    Баян-Хангай – тыа иччитэ, кыылы-сүөлү, булду-алды бас билээччи, айааччы. Кини дьоҥҥо арыт киһи, арыт кыыл буолан көстөр. Ол эрээри Баян-Хангайы, сүрүннээн, аас маҥан баттахтаах уонна бытыктаах оҕонньор эбэтэр эһэ, кулааһай курдук ойуулууллар. Булчут сойоттор сайын ортото Хан уула хайаҕа тахсан, Баян-Хангайга анаан сиэр-туом толороллор. Кинини эһэ-бөрө дьоҥҥо-сэргэҕэ уонна сүөһүгэ саба түспэтин, тардыбатын диэн, арыылаах саламаатынан (сойотторго эмиэ инньэ диэн ас баар), чэйинэн, этинэн айах туталлар.    Сойоттор Баян-Хангайы та­һынан өссө хайа чыпчаалын иччилэригэр (“Ахын арбан улаан хада” дэнэллэр) сүрүгүйэллэр. Олортон саамай кыахтаахтара, улаханнара уонна бас-көс дэнээччилэрэ Нүхэн дабаан (Ока өрүс баһын иччитэ), Тайлгата (Ока өрүс орто тардыытын иччитэ), Орохо боом (Ока төрдүн иччитэ) диэннэр. Орохо боому үксүгэр киэҥ, маҥан таҥастаах дьахтар курдук ойуулууллар. Кини мэлдьи хортуустаах, саабылалаах, сэриигэ кэтэр та­ҥастаах эр киһи арыалдьыттаах буолар. Итилэри таһынан, сойоттар өйдөбүллэринэн, булчуту өссө Анда Бараа диэн үтүө иччи арыаллыыр. Кини булчуттары куһаҕантан, оһолтон-моһолтон харыстыыр-араҥаччылыыр. Номоххо кэпсэнэринэн, Анда Бараа урааҥхай бииһин-ууһут­тан төрүттээх, мэлдьи ма­ҥан аттаах, илиитигэр дүҥүр­дээх буолар. Андаа Бараа дьүһүнүн ньаалбааҥҥа түһэрэн (онгон), юрта хаҥас өттүгэр эбэтэр ампаарга харайан уура сылдьаллар уонна тыаҕа бултуу тахсыахтарын эрэ иннинэ киллэрэн, дьиэҕэ ыйыыллар, саламаат буһараллар, чэй өрөллөр. Ол кэннэ маннык сиэри-туому толороллор: саламаат үрдүгэр тахсыбыт уулбут арыыны баһан ылан онгоҥҥо ыһаллар, чэйинэн утахтыыллар. Ону тэҥэ уот иччитин эмиэ айах туталлар, холумтаҥҥа чох тардан, ол үрдүгэр кытыан лабаатын ууран, сыт таһаараллар. Анда Барааны ньымааттаһар сиэри-туому кулааһайга эрэ бултуу тахсар буоллахтарына толороллор, атын кыылга – суох.   Сиэр-туом      Үөһэ этиллибитин курдук, сойоттор туох барыта иччилээх диэн өйдөбүллээхтэр. Холобур, Баян-Хангай кыылы-сүөлү, тыаны уонна булду-аһы бас билэр буоллаҕына, кыыл-сүөл иччилэрэ Елдой кыргыттара дэнэллэр. Үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, Елдой баатар сойоттору Монголияттан Зун-Мурино сис хайаны уҥуордатан, Окаҕа батыһыннаран кэлбит. Ол кэлэн иһэн икки кыыһа тыа­ҕа маска баттатан өлөллөр уонна тыа иччитэ буолаллар.    Аны туран, сойоттар тыаҕа үктэнээт, Баян-Хангайга анаан тоҕус сиринэн оҥо хаһыллыбыт хамыйаҕынан чэй уонна буокка ыһаллар (ыһыах ыһаллар).    Сойот булчуттара тыаҕа тохтуур, түһэр сирдэрин отог дииллэр. Малларын-салларын, астарын-үөллэрин онно хааллара сылдьаллар. Хаһыа да буолан бултуур буоллахтарына, бултаан бүтэн баран отогко мусталлар уонна эмиэ Баян-Хангайы уруйдууллар-айхаллыыллар.
Ол кэннэ киниэхэ анаан үүтээн дьиэ уҥа өттүгэр миэтэрэ аҥаара үрдүктээх дьоҕус остуол тардаллар. Онтон арыый да намыһах остуол Елдой баатар кыргыттарыгар анаан дьиэ иннигэр тардыллар.    Булт түмүктэммитин бэлиэтиир сиэргэ-туомҥа эрдэттэн бэлэмнээн илдьэ кэлбит биэлэрин өлөрөллөр. Этиттэн кырбастары быһан ылан ба­һын уонна атахтарын кытта били остуолларыгар уураллар. Онтон аҕа саастаахтара иччилэргэ туһаайыллыбыт алгыһы этэр кэмигэр этинэн, уулбут арыынан, чэйинэн уоту айах туталлар, кулуһун үрдүгэр кытыан лабааларын уураллар. Ол кэннэ, дьиктитэ диэн, сиэргэ-туомҥа туттуллубут биэ этин барытын уоттууллар. Сойоттор ити сиэри-туому толорботоххо хапкааммытыгар киис иҥнибэт буолуо диэн итэҕэйэллэр.   Бит-билгэ      Сойоттор даҕаны, бүрээттэр даҕаны син эмиэ биһиги курдук бити-билгэни итэҕэйэр омуктар. Кинилэр кыыл-сүөл, көтөр майгытынан (холобур, суор, куобах, ыт, о.д.а. кыыл), көрөн сырыылара хай­дах буолуон сылыктыыллар.    Холобур, куобахха сыһыан­наах маннык билгэ баар. Өс­кө­түн булчут тыалыы тахсан баран муҥ саатар биир куоба­ҕы өлөрдөҕүнэ, байанайа улахан булду тосхотуохтаах. Оттон көрөн баран ыппакка хаалла­ҕына, дьиэлээбитэ көнө дииллэр. Аны туран, баран иһэр суолгун куобах хаҥас диэки туораан аастаҕына, “булт сиэпкэ киирдэ” диэн буолар, табыллаҕын. Оттон уҥа туораатаҕына – мэлийэҕин.    Бука, кыылы-сүөлү харыстыыр туһуттан буол­лаҕа, сойоттар куобах сылыгар (илиҥҥи халандаарынан) төрөөбүт киһи куобаҕы бултуо суохтаах диэн өйдөбүллээхтэр. Ким даҕаны ыаманы-төрүөҕү, буос тыһыны, дьэтигэр сылдьар атыыры бултуо суохтаах.    Иччилэр уонна айыылар булчуту мэлдьи арыаллыы сылдьаллар, тыаһыт “тайҕа сокуонун” тутуһарын-суоҕун кө­рөл­лөр. Кинилэр ордук улигер-остуоруйаны уонна муусуканы истэллэрин сөбү­лүүл­лэр. Ол иһин булчуттар үчү­гэйдэттэхтэринэ, отууга олордохторуна махталларын бэлиэтин киэһэтин остуору­йалаһаллар, муусукаҕа оонньууллар. Сойоттор биир дьикти үгэстэрэ – тыаҕа тахсан баран бэйэ-бэйэлэрин ааттарынан ыҥырсыбаттар. Ол барыта иччилэр ааппын биллэхтэринэ куппут-сүрбүн батыһыннаран илдьэ барыахтара диэн өйдө­бүлтэн үөскээбит.    Аны туран, сойоттор иччилэр кулгаахтара сиргэ баар буолар диэн, кыылы бултуу тахсыах иннинэ сорох тылы утарытынан саҥарбаттар, ханарытан этэллэр. Кыыл истиэ диэн буолар. Ол сиэринэн, холобур, эһэни “ехэ ан” (улахан кыыл), “дахатай таабай” (саҕынньахтаах кырдьаҕас), “дахатай убгэн” (саҕынньахтаах оҕонньор) эбэтэр онтон да атыннык ааттыыллар.    Биир ураты болҕомтону кулааһай булдугар уураллар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр саныылларынан, кулааһай диэн халлаантан, айыылартан туттарыылаах кыыл буолар. Баян-Хангай кубулунан сылдьар буолуон сөп дииллэр. Ол иһин айаннаан иһэн соһуччу көрүстэхтэринэ, олох ыппаттар, аттарыттан түһэн сүгүрүйэллэр, “сэржэм” диэн анал сиэр-туом толороллор.    Кулааһайга сыһыаннаах бобуу-хаайыы итинэн эрэ бүппэт. Сойоттор биир саастаах ку­лааһайы, тыһыны уонна уулаах тыһыны ыппаттар. Өскөтүн тыа­ҕа сылдьан иккилээх оҕотун батыһыннара сылдьар тыһыга түбэстэхтэринэ, иккилээҕин ыталлар, тыһытын ыыталлар. Тыһы кулааһай үчүгэйгэ, табыллыыга көстөр диэн буолар. Оччоҕуна булт даҕаны тосхойор.   Алтаай булчуттарын үгэстэрэ        Алтаай омук биһиги курдук айылҕа күүһүн итэҕэйэр уонна сүгүрүйэр. Онон кинилэр эмиэ хас биирдии от-мас, хайа, сир-дойду
барыта иччилээх диэн өйдөбүллээхтэр. Ол сиэринэн, булка-алка сыһыаннаах сиэрдэрэ-туомнара, итэҕэллэрэ балачча киэҥ, дириҥ силистээх-мутуктаах. Онтон быһа тардан билсиҥ.    Алтаай мифтэриттэн, үһүйээннэриттэн аахтахха, туох баар тыынар тыыннааҕы Үрдүкү айыылар айаллар, хас биирдиилэрэ аналлаах буолар. Кинилэр Үч Курбустааҥҥа сүгүрүйэллэр.    Үс Курбустаан диэн аан дойдуну, киһини, сүөһүнү, сир үрдүгэр баар имириир тыыннааҕы айааччы. “Кини киһи хараҕар көстүбэт, кулгааҕар иһиллибэт, илиитигэр туттарбат. Үч Курбустаан тиийбэт, көрбөт сирэ диэн суох. Кини Алтаай хас биирдии тааһыгар, быттыгар-хонноҕор, отугар-маһыгар, кыылыгар-сүөлүгэр олохсуйан олорор. Ол аата айылҕа – тыынар тыыннаах”, – дииллэр.    Алтаайдар – булка ураты сыһыаннаах омуктар. Булчут киһи кэччэгэй, нэгэй, бэйэмсэх буолуо суохтаах, саас уонна сайын бултаныллыбат диэни кытаанахтык тутуһаллар. Ый туолан турдаҕына, бултуу тахсаллар. Тоҕо диэтэххэ, ити кэмҥэ ый таҥарата Ай Бурхан сиргэ үтүө санаа, быйаҥ сүүмэхтэрин түһэрэр дии саныыллар.    Алтаай булчуттара тыаҕа-хайаҕа тахсыах иннинэ хайаан даҕаны Ак Бурхаҥҥа (Маҥан Бурхан – Маҥан Таҥара) – Алтаай хайатын иччитигэр анаан кыйра диэн салама баайаллар. Салама мээнэ сиргэ баайыллыбат. Кыйраны хайа аартыктарыгар, дьүүктэ төрдүгэр эбэтэр арчын (кытыан) диэн ытык үүнээйи үүнэр сиригэр ыйыыллар (даҕатан эттэххэ, биһиги “арчы” диэн тылбыт ити этиллэр “арчыны” эбэтэр “арчаны” кытта быһаччы ситимнээх буолуон сөп – “Кыым”). Салама суох түгэнигэр, эмиэ ити сирдэргэ, булгуччу сылгы сиэлин баайаллар.    Бултуу тахсар киһи өйө-санаата ыраас, дууһата чэпчэки буолуохтаах эбит. Куһаҕан, быртах тылы саҥарара, үөхсэрэ көҥүллэммэт. Үүтээнин, отуутун сыалаах мас (кедр) үүнэр сиригэр туттуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр өйдөбүллэринэн, сыалаах маһы, хатыҥы уонна кытыаны Үөһээ дойду айыыта Ак Бурхан, оттон тэтиҥи, бэһи уо.д.а. маһы Аллараа дойду таҥарата Эрлик Хан айбыт.    Алтаайдар эмиэ биһиги курдук уокка сүгүрүйэллэр. Онон бултуу тахсыбыт дьон, бастатан туран, уот иччитин От Ээзини аһаталлар. “Сырыыбыт табылыннын” диэн туран лэппиэскэни, сыыры, ууллубут арыыны бэрсэллэр уонна бүтэһигэр үүтүнэн эбэтэр чэйинэн айах туталлар. Үүт уонна чэй ордугун булгуччу бэйэлэрэ иһэллэр. Алгыс тыла иһиллэр гына чуолкайдык, кэлэҕэйдээбэккэ, иҥнигэһэ суох толоруллуохтаах.    Булчуттар хайаҕа бултуу баралларыгар үксүгэр бэйэлэрин кытта кайчыны (олоҥхоһуту) илдьэ тахсаллар. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн хайа иччитэ кайчы ырыатын сөбүлээтэҕинэ, ботуччу өлүүлээн ыытыан сөп.    Алтаайдар булт кыылын Ак Бурхан уонна Эрлик Хан иккиэн айбыттар диэн өйдүүллэр. Ол быһыытынан куобах, марал, бөрө, киис – Айыы кыыллара, оттон эһэ, бүүчээн, кабаан уонна дьуукун (быыдара) абааһы төрүттээхтэр дии саныыллар.    Тыаҕа сылдьан улахан муостаах табаны ыппаттар. Улахан муостаах кыылы ытар хара тыа иччитин өлөрбүккэ тэҥнээх. Инньэ гыннахха, булчуту таһынан кини кэргэттэрэ өлүөхтэрин, ыалдьыахтарын-сүтүөхтэрин сөп. Кыылы-сүөлү ытыгылаан уонна истибэтиннэр диэн, ханарытан ааттыыллар. Холобур, эһэ – “абай”, “Алтаай иччитэ”, “улахан убай”, “ытык”, бөрө – “күөх ыт”, “уһун кутурук”,
барс – “кыыл куоска”, о.д.а. диэн буолар. Ити кыыллар норуот үһүйээннэригэр-номохторугар мэлдьи кыыл-сүөл ыраахтааҕылара, айыылара буолаллар.    Ураты сиэр-туом быыдараны өлөрдөххө толоруллара. Ол курдук, сылга биир эрэ быыдараны өлөрөр көҥүллэнэрэ. Аны туран, быыдараны өлөрбүт сирдэригэр үс күн сытыаран эрэ баран ылан астыыллара. Тоҕо диэтэххэ, алтаайдар өйдөбүллэринэн, быыдара дууһата уон киһи дууһатыгар тэҥ буолар. Ол иһин булчуттар ол “уон дууһа” өлбүт кыылтан тахсан барарын күүтэллэрэ. Ити кэмҥэ кинилэр өлөрбүт бултарыгар чугаһыа суохтаахтар.    Өссө биир булгуччу туту­һуллар быраабыла – оҕо­лоох, төрөөбүт дьахтар булка сылдьара букатын көҥүллэммэт. Дьахтар булка сылдьар түгэнигэр, кини кэргэттэрэ биир-биир эстэн бараллар, ыалдьаллар диэн өйдүүллэр. Булка-хайаҕа оҕолоох эрээри эрэ суох эрэ дьахталлар тахсаллара көҥүллэнэр эбит.    Аны туран, алтаайдар киһи уонн кыыл биир төрүттээхтэр диэн итэҕэйэллэр. Хас биирдии аҕа, ийэ ууһа ытык кыыллаах буолар. Ол быһыытынан, аҕа, ийэ уустара ийэ кыылларын ытыктыыллар, иннин быһа хаампаттар, бултаабаттар. Ол ытык кыылы “байана” диэн ааттыыллар. Холобур, Маймановтар аймах – туртаһы, улары, хотойу, ыты, Мундусовтар – боруллуону, мэкчиргэни, Тодошевтар куобаҕы тыыппаттар. Ити кыыллары өлөрбүт киһини хаан уруу эһэтин өлөрбүт киһиэхэ тэҥнииллэрэ. Кини дьиэ кэргэнэ өлөн-сүтэн барара.   Бэй.кэр.
kyym.ru сайтан