Кэпсээ
Войти Регистрация

Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит

Главная / Кэпсээн арааһа / Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит

K
kyym.ru сайтан Айымньы
17.05.2018 14:23
Быйыл 40-нус сылын ыытыллыбыт Москубатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр кыайыылааҕынан тахсыбыт “Тойон Кыыл” (“Царь-Птица”) хартыына Василий Яковлев “Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит” кэпсээнинэн уһуллубута. Айымньы суруйааччы 1984 с. тахсыбыт "Тыа салгына" диэн кэпсээннэрин хомуурунньугар киирэн ааҕааччы дьүүлүгэр тахсыбыта. Онтон кэлин “Күрүлгэн” уус-уран сурунаалга 2013 сыллаахха бэчээттэммитэ. Саха литературатыгар биир ураты миэстэлэммит кэпсээни "Күрүлгэн" сурунаал архыыбыттан ылан саайпыт ааҕааччыларын болҕомтотугар таһаарабыт. Василий ЯКОВЛЕВ Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит Былыргы икки улуус ыпсыыта буолан, ыдьырыйа сабардаан сытар арҕас систэр кырбааттарын быыһынааҕы, аата-суола биллибэт биир кыракый үрүйэ хонноҕор, баай хара тыа бары отуттан-маһыттан соҕотоҕун уһулуччу чорбойон, үтүө бэйэлээх, баараҕай улахан тэҥкэ тиит, халлаан уорҕатын таарыйар курдук, ыраахтан көстөн, бэлиэ баҕайытык үүнэн, хоройон турара. Тэҥкэ тиит анныттан, кыстык угун саҕа кыракый балаҕан элээмэтиттэн бу кинини кытары үрдүгү былдьаһан, куоталаһа сатыырдыы, тохтоло суох, күөх буруо өрө хоройон тахсан, күһүҥҥү халлаан чэбдик уорҕатыгар тэнийэ, симэлийэ тарҕанар. Онтон атын, чугастааҕы биэс-алта көс иһинэн, киһи xapaҕap быраҕыллар, атын туох эмэ бэлиэни, икки атахтаах баар сибикитин булбаккын. Икки атахтаахпыт да диэхтээн, бу балаҕан сыыһыгар иккиэйэхтэр — Собо уола Микииппэр оҕонньор эмээхсининээн. Оҕонньор, сомоҕо олоппоско балтараа чиэппэрдээх уһун молойо быһаҕын умса баттаан олорон, талах уктаах, саары буолан хаалбыт эргэ игиитин дуомунан аалан мүлүктүүр. Эмээхсин, сып-сап курдук туттан, хаҥас диэки иһит-хомуос бэлэмниир, кыл күлбү´эҕинэн обургу соҕус чараас чугууннааҕын сууйан эргичиппэхтиир. — Чэ, мин тиҥэһэбин уулатан тахсыым, — диир оҕонньор бэрт наҕыллык, холто буолбут сарыы сонун иһин түгэҕинэн кутаччы курдана-курдана. — Тоһуйа, иһиккин-хомуоскун тahaapaap. Сүгэни кытары... Иккиэннэрин, — диэн, ааны аһан туран, эргиллэн эбэн эттэ. Бүгүн халлаан дьэ тымныйбыт. Өҥөйө адаарыһан турар куула тииттэр быыстарыттан ып-ыраас күн тырымныы оонньоон тахсан иһэр. Бу иннинэ, бэҕэһээ-иллэрээ күн, кыстык хаар саҥа түстэ. Онон былыттаах нуһараҥ күннэр турбуттара. Бокуруоп ааспыта түөрт-биэс хонно, ол тухары кыстык, дьэ, бу саҥа кэллэҕэ. Дьыл быйыл хойутаата, онон мантан антах тымныйара буолуо. Собо уола оҕонньор эмээхсининээн бүгүн ол иһин идэһэлэрин өлөрөргө быһаарыннылар. Уулаабыт cүөhү хаана кэлимтиэ буолар, онон өлөрүөх иннинэ идэһэни уулатан таһаарар ордук. Тиҥэһэлэрэ быйыл үчүгэй аҕай, онон сөп соҕус идэһэ буолар ини, куобах быыстарайдаатахха. Бу аҕыйах сылтан бэттэх сэрии туран, дьыл-күн уларыйан, аны бэйэни кэтэнэ соҕус аһаан-таҥнан олордоххо табыллар. Сэрии сут-кураан содуллаах диэн былыргылар этэр буолаллара. Оҕонньор, санаатыгар аралдьыйан, ойбонун тэһэн, ыраастаан, тиҥэһэтин уулатан тахсан иһэн, кыбыытын кэтэҕэр турар тэҥкэ тиитин саҥа санаан, көрөн ылла. Көрөөт соһуйан, дьик гына түстэ. Били кыыла эмиэ кэлэн олорор. Эмиэ кини таптыыр тиитин төргүү мутугар кэлэн түспүт. Хайдах ааспат-арахпат баҕайыный ити? Барымаары гынар буоллаҕа дуу? Булбута син хас да хонно эбээт. Бүгүн үhүc күнэ
дуу? Кини киһи былыкка-хаарга баттатан, сөҥөн олордоҕо дии санаабыта. Бүгүн баҕас бачча ыраас халлаан күн кини аттаныан сөп этэ, дойдулаах киһи дойдутун диэки. Toҕo муодатай, ити? Көтөр-сүүрэр барбыта быдаарыйда. Кини барыахтаах кэмэ ааһан эрдэҕэ. Туллук өйүөлэнэн, туллугу кытары аргыстаһан айанныыр диэччилэр, онтукалара Бокуруоп иннинэ төннөн ааспыттара. Оҕонньор олбуорун баҕанатыгар тиҥэһэтин баайа туран, кэннин хайыһан, кыылын эмиэ көрөн ылла. Кини далтан сүөһүтүн таһаарарыгар олороро эбитэ дуу, кэнниттэн кэлэн түспүтэ дуу? Киһиттэн толлубат баҕайы дуу, тугуй? Дьиэттэн эмээхсинэ, иһит-хомуос тутуурданан, таҥкынаан тахсыбытыгар өс саҕа буолла: — Хайа, бу тоҕо сыгынньаҕын сарайан таҕыстыҥ, тутан биэрбэккин дуо? — Кэбис-кэбис! Бэйэҥ да оҕус ээ, баҕанаҕа сөрүү тардан бapaҥҥын, — дии-дии, эмээхсинэ дьиэтигэр дьөгдьөрүйдэ. — Күтүр өстөөх... Хайа туһалаахха... Урут тутара ээ. Быйыл туох буолтай? — диэн, эмээхсинин мөҕө-мөҕө, оҕонньор сүөһүтүн охторуохха сөптөөх caҥa сир көрдөөмөхтөөтө. Күрүөҕэ сыһыары турар кыайары, хантаччы туттарбакка эрэ, соҕотоҕун сатаан таба охсоро биллибэт. Урукку эбитэ буоллар, син да этэ. Урукку эбитэ буоллар, икки сүгэлэнэн-хайаан тарбачыһыа суоҕа этэ. Эт эттиир сүгэтинэн тос гыннаран кэбиһиэ этэ. Билигин оҕонньор онтун астыммакка, маска туттар сүгэтинэн, арыый улахан дуу дии санаан, охсор санаалаах. Билигин урукку буолбатах, урукку аны ааһан эрдэҕэ эбээт! Оҕонньор, олбуорун xaҥac диэки ааныгар тиийэн, сүллүгэстэрин түһэртээн баран, эт эттиир сүгэтинэн тоҥ буору сиритэ-хайыта дайбаан, чугуун олордор оҥхойун таһаарда. «Саатар, тахсан, иһит-хомуос сыҕарытыспат буоллaҕa үhү!» — диэн саныы-саныы, чугуунун, хобордооҕун аҕалтаата. Тиҥэһэтин сиэтэн кэлэн, баһын томторуктуу эрийэ көтөн ылан баран, баҕанаҕа аҕалан, моонньун сөрүөһүннэри кирис өтүүнэн ыбылы тардан кэбистэ. Toҕo эрэ туой дубук-дабык туттар, аҕылыыр, ыгылыйар... «Туох үөдэн буоллум, оҕолоор?» — диэн кыратык уоскуйа түһэн баран, хап-сабар, идэһэтин эмискэ сүүскэ саайар. Тиҥэһэ эрэйдээх икки илин атаҕынан сөһүргэстии түһэр, охтуо эбит да быата ыыппат, хантаччы тута сылдьар. Оҕонньор, лаппыйан, иккистээн саайар, быатын төлөрүтэр. Cүөhү кырыытынан түһэн, түөрт атаҕын түүрэ тартаран, аҕыйахта салгыны хаһыйбахтаан хаалар. Хаана чугууҥҥа балачча сүүрбэхтээбитин кэннэ эмээхсин, дьэ таҥнан, алтан олгуйдаах, хомуостаах-тойдоох тахсан кэллэ. — Дьэ, ити туох буолаҥҥын, кыыс оҕоҕун киллэрэҥҥин, дьиэҕэ сүүрэ сылдьаҕын? — диэтэ оҕонньор. — Күтүөр, оттон сааһыран истэҕим аайы кэбирээн иһэбин. Тулуйан көрбөт буолан хааллым. Чыычаахтарбын аһынарым, таптыырым да бэрт, доҕор, оҕо туттан кэбиһэбин быһыылаах. Микииппэр оҕонньор илиитин салааһына кэм да баар эбит, имигэс-имигэстик туттумахтаан, бокуойа суох салыкынатан, начаас үлүгэр сүөһүтүн иһин хостуу охсон кэбистэ. Арай, биирдэ алҕас туттан, ханнын быһах уһугунан таарыйан кэбиһэн, эмээхсиниттэн мөҕүллэн ылла. Ол туран, тоҕо эрэ, санаата били тиититтэн арахпата. Иккитэ-хаста, кэннин хайыһа охсон, көрөн ылаттаабыта, кыыла кинилэр диэки харах буолан баран хамсаабакка сөҥөдүйэн олорор. Ону бэлиэтии көрөн, эмээхсинэ эмиэ сэмэлээтэ: —
Хайа үөдэн буолан элэпэччийэн хаалла, оҕолоор? Тугу маныыгын, итиннэ? Микииппэр туох диэҕин булбакка, мух-мах барбахтаан баран, өй ылан: — Ээ, Баһырҕаспын көрөбүн ээ. Ханна түһэн хаалла? — диэтэ. — Күтүөр, оттон дьиэҕэ хаалбатаҕа дуо?! Билигин тахсыһаары гыммытын таһаарбатым. Күтүр, түөһэйээри гыммыт дуу, оттон быһах сытыылыырыҥ саҕана, соторутааҕыта бэркэ таптаһан, кэпсэтэн эрэргит дии. — Ээ, арба, оннук этэ дуу... — диэтэ оҕонньор быһаарыыта суох. — Хата, киирэн таһаарбаккын ээ, манна сээкэй илии-атах салаһыа этэ, бачча астан-үөлтэн. Оҕонньор, аны тула көтө сылдьан, атахтарын иҥиирдээн дьырылатта, сүһүөхтэрин бысталаата, ол туран, биирдэ, сындааһын иҥиирин быһа анньан кэбиһэн, эмээхсинин хаһыытатта. Бэйэтэ да аһыйда. Аны, субатын ыытымаары киччириһэбин диэн, тириитин хас эмэ сиринэн бааһырдан кэбистэ. Онон эмиэ санаата алдьанан барда. Хайдах буолан, бүгүҥҥү хамсаныыта наар илии таһынан буола турарый? Ыгылыйара бэрт. Туохтан бу айылаах ыгылыйарый, бу кини? Баһырҕас тахсан, ээр-сэмээр кэтэһэ сылдьан, икки иччитэ туох быстаҕы-остоҕу быраҕан биэрбиттэрин харайа сырытта. Тотто да быһыылаах, кэнникинэн салбана-салбана, сытынан кэбистэ. Ханныларын сааҕын, маҥырыырын эҥин олбуордарын таһыгар быраҕаттаатылар. Оҕонньор олору биир сиргэ чохчолоото. Эмээхсин иһин ырытан бүтэриитэ, оҕонньор сүөһүтүн астаан бүтэрэн, ампаарын иһигэр сабыс-саҥа сыа хаары кылбаччы кутан баран, этин миэстэ-миэстэ салаасканан тиэйэн илдьэн, тарҕата быраҕаттаата. Төбөтүн, тириитин, туйахтарын харайталаата. Истэрин үксүн дьиэҕэ киллэрдилэр, үчүгэйдик, уу сылытан-хайаан, наҕылыччы ыраастаатылар. Ол икки ардыгар эмээхсин, үөc тардары уган, кыра күөһүн уокка уура оҕуста. Оҕонньор таһырдьа тэлгэһэтин ыраастаата, ол-бу хааны-сиини, куһаҕаны хомуйталаата, иһити-хомуоһу дьиэҕэ таһыталаата. Ол сылдьан, хараҕын тиититтэн араарбата. Кыыла хам-түм төбөтүн хамсатан, тумса килбэс гынан ыла-ыла, олорор. Киирэн, оччо саҥата-иҥэтэ суох, уку-сэки соҕус ahaaтылар. Күн киэһэрэргэ барда. Онон оҕонньор тиэтэйэ-саарайа далыгар тахсар, сүөһүлэрин уулатар, эмээхсин иһин өрүсүһэр, сууйар-тарыыр буолла. Оҕонньор тахсыах буолта — ааныгар Баһырҕаһа кэлэн, кэннинэн ыга анньыллан олорор эбит. Ону мөҕө-мөҕө, халҕанынан курулаччы үтүрүйэн, таһырдьа тахсыбыта, арай ыта aтaҕap сөрүөстэ сылдьар, кутуругун кумуччу туттубут, иһиллэр-иһиллибэт гына иһигэр ыйылаамахтаан ылар. — Баҕайы, хайа үөдэн буолтуй, доҕоор? Дэлби ону-маны маҕыйан, иһэ адаарыйдаҕа дуу, тугуй? — дии-дии, аанын сэгэтэн баран, ытын атаҕынан үтүрүйэн, иһирдьэ анньан кэбистэ. Чигдитигэр аҕыйах атылы oҥopooт, cohyйан, чохчорус гына түстэ. Олбуорун хаҥас өттүттэн, хаар бөҕөнү сахсыйбытынан, күтүр бэйэлээх көтөн быластаан тахсыбат дуо? — Оо, айыым таҥарам! Бу күтүрү, бу күтүрү! — дии-дии чохчорус гына-гына, икки илиитинэн өттүгүн таһыйа турар эбит, Микииппэр оҕонньор биирдэ өйдөнөн кээлтэ. Һуу! Сүрэҕэ мөхсүбүт, уйулҕата хамсаабыт да эбит. Бу туох айылаах буолан бачча соһуйдаҕай, уолуйдаҕай? Бачча сааһыгар диэри урут маннык дьаабыламмытын өйдөөбөт этэ эбээт! Туох эмэ битэ-билгэтэ буолуох бэйэтэ дуо?.. Пахайбын да! Үтүө көтөр ааттаах буолан баран, аны элиэҕэ-тураахха дылы, киһи бырахпыт куһаҕанын хомуйса
сылдьар дуу? Күтүр, туох аанньа кэмэлдьилээх баҕайы сылдьар үhүө, итинник буоллаҕына... Оо, айыым таҥарам! Аанньаҕа өҥөйбөтө быһыылаах, бу хара түөкүн, мин тиэргэммин! Аанньанан арахсан биэримээри булла быһыылаах! Оҕонньор, аҕылыы-аҕылыы, олбуорун ааныгар өйөнөн турда. Ол икки ардыгар тойон кыыла ырааппакка санньы көтөн нэлимнээн кэлэн, иннин күөйбүт курдук, далга барар суолун чэригэр дагдас гына олоро түстэ. «Бу күтүрү, доҕоор! Ити хайдах-хайдах буолар быһыытай?» — дии санаата оҕонньор, ону көрөн туран. «Аны, унуох туттараары, сыҥалана сылдьар баҕайы эбит буолбаат!» Былыр инньэ диэни истэр этэ. Ол онтон, хайдах эрэ, арыый чэпчии быһыытыйда. «Бэйи, ити буоллаххына, хайыыр эбиккиний, мин эйиэхэ оргууй чугаһаан көрүүм. Оттон сыҥаланан олорор күннээх буоллаххына, саабын таһааран көрүөм буоллаҕа». Микииппэр оргууй сүлүгэс быыһынан кыбыллан, олбуорун аанын тахсаатын кытта, кыыла саараабыт курдук дугдуҥнаамахтаан баран, көтөн налыҥнаан тахсан, били, урукку тиитин төргүү мутугар тиийэн, суодас гына хатана түстэ. Уонна моонньун ньыкыччы тардан, төбөтүн бүтүннүү көхсүгэр эргитэн баран, хамсаабакка кинини одуулуу олордо. «Бөрүкү, уҥуох туттарарга кыһаллыбат тойон ээ, быһыыта...» — диэн саныы-саныы, оҕонньор далыгар тиийэн, cүөhүлэрин таһаартаата. Кыбыы иһигэр, аҥаар муннукка долборук оҥорон, онно тутан турар, миинэр атын сиэтэн таһааран, ойбон диэки сукуҥнаата. Атын уулатан тахсан иһэн көөртө, көтөрө мааҕын түспүт мутугар хамсаабакка олорор. Киһи чугаһаан иһэр диэн бэрт кыһаллыах быһыыта биллибэт. Кыбыы иһигэр киирдэххэ, тиитэ онтон чугас, саа эрэ тэбиитэ бадахтаах да, дьэ, кини ол курдук кыһаллыбат. Ньылбыйыаҕынан ньылбыйан баран, лыксыйан олорор. Атыгар кыратык от быраҕан биэрээри, оҕонньор атырдьаҕынан, санаатыгар, куттанар эбит дуу, суох дуу диэн, холуон соҕустук хамсаныталаан ылла да, анараата дьигис да гынан көрбөтө. Үөһэ баҕайы сараадыйан тахсыбыт атырдьахтаах да от кинини куттаабата. Ол курдук, тойон кыыла олорбут сиригэр олорон хаалла. Оҕонньор сүөһүлэрин киллэрэн, баайталаан баран, балаҕаныгар ааһан, саҥата суох, кэтэҕиттэн тардыстан, оронугар сыппахтаата. Эмээхсинэ хаан кутан, буһара охсоохтообут. — Хайа, оҕонньоор, ыарыйдыҥ дуу, тугуй? Дьэ, баар суох дьоро киэһэбитигэр тоҕо тылгыттан маттыҥ? — диэн эмээхсин аһыы олорон, санаата батарбакка ыйытта. — Этэҥҥэ олорор буоламмыт, син бэйэбитин көрүнэн, сүөһүлээх-астаах аатыран, бу идэһэ өлөрүннэхпит диэн, бу киэһэни быһа испэр үөрэ сылдьабын. Бээ, быйыл ыал эрэ идэһэлэммэт дьыла буоллаҕа буолуо, бука. — Сол! Мээнэ саҥарбакка, сүгүн олор! Бар, хата, уоккар аста биэр! — оҕонньоро быһаарыыта суох хадьыаскаланан кэбистэ. Киэһэ оронун эрдэ булла. Эмээхсинэ утуйарыгар ытын таһаараары гыммытыгар бардьыгынаан тоҕо барда: — Хоннун дьиэҕэ! Таһаарыма! — Анньыа-аньы! Күтүр, утуйан оҥторбокко сытар эбит дуу, аныаха диэри. Бу үйэҕэ таһырдьа хонор этэ дии, оттон. Эккин-аскын барытын харайбытыҥ буолбат дуо? Баҕайы, хайа-хайа үөдэн буолтуй, оҕолоор? — дии-дии, эмээхсин аанын хатаан халыгыратта. * * * Сарсыныгар Микииппэр оҕонньор эрдэ
турда. Аанньа утуйбакка, эт-этэ бүтүннүү көһүйбүт, төбөтө дьалкыҥнас. Уотун оттон, чэйин өрөн баран, тахсан хонук маһын эрбээтэ. Тымныы күүһүрбүт, тыас-уус уорааннаммыт. Сулустар дьиримнэстэр. Халлаан сырдыыра буолбут, Үргэл apҕaa тыа төбөтүгэр санньыйбыт. Ити аата, бу унньуктаах, аҕыс ыйдаах кыһыҥҥы хонуктан эмиэ биир хонугу көҕүрэттэхтэрэ. Ол устатын тухары эмиэ хонук ааҕан кылахтаһар, ыйы, сулуһу кэтиир-маныыр дьарыгар түһүөхтэрэ буоллаҕа. Ыарыыга-сүтүүгэ, ол-бу дьаллыкка ылларбакка, быйыл кыһыны этэҥҥэ туорууллара буоллар... Баҕайы кыыл бөлүүн ханна эмит дьүгэлийдэ буолла, суоҕа буолла?.. Оҕонньор, хонук маһын салааскаҕа соһон аҕалан, балаҕанын аанын тэлэччи аһан туран, иһирдьэ тамнааттаата. Дьиэ иһэ туман оргуйда. Эмээхсин, туран тэмтэриҥнээн кэлэн, ол хардаҕастары ohox кэннигэр кыстаста. Суунан-тараанан, хаһан аһаан-сиэн бүтүөхтэригэр диэри халлаан күндээриччи сырдаата. Caҥa xaap түһэн, бу тыа ыалыгар caҥa түбүгү-садьыгы үөскэттэ. Оҕонньор отун-маһын тиэйиэ, сохсотун туруоруо, туһахтарын бэрийиэ, эмээхсин хотонун сыбыахтааҕа. Онтон да атын, син тус-туһугар үлэ-хамнас тиһигэ суох күөдьүйэн тахса турдаҕа эбээт, бачча кыстык кээлтин кэннэ таах олорор диэн кэлиэ баара дуо? Оҕонньор таһырдьа тиитин көрбүтүнэн тахсыбыта, кыыла олорор. Туох сатананый, доҕоор! Баатыгарын, итиннэ олорон эрэ, чөккүйэн хаалбыт буоллаҕа дуу? Чуҥнаан, били, бэҕэһээ идэһэлэрин куһаҕанын быраҕаттаабыт чөмөҕүн тиийэн көрбүтэ, туох да суох гына имири сотон кэбиспит. Суолуттан көрдөххө, сарсыарда дьаһайбытыгар сөп. Баһырҕас эрэйдээх онно чугаһаабатах даҕаны. Собо уола оҕонньор, ону көрөн, бу кыыл кини ордуутун барбат гына булбутун биллэ. Далыгар тиийэн, сүөһүлэригэр от тарҕатан баран, оҕонньор дараҕар муостаах, ала оҕуһун миинэн мас тиэйэ таҕыста. Кэнниттэн Баһырҕаһа батыста, иллэҥ кыайар тугу гыныай? Балаҕана, күрүөтэ-хаһаата көстүбэт буолтун кэннэ, сол курдук тиитэ барахсан куолутунан сайыһа, атаара хаалаахтаата. Ити курдук, бу Микииппэр оҕонньор киһини билэр буолуоҕуттан сэттэ уончата буолуор диэри, кинини хас төгүллээн атаарбыта, эҕэрдэлии көрсүбүтэ буолуой, ол баараҕай улахан тэҥкэ тиит? Ол тухары сааһырбыта, кэхтэ барбыта биллибэт. Син биир чэбдигин курдук чэбдик, кэрэтин курдук кэрэ. Бу лиҥкир сис ортотугар соҕотоҕун үөскээбит, соҕотоҕун киһи-хара буолбут кырдьаҕас киһи аата-ахса суох элбэх тииттэртэн ол соҕотох тиити таптыы, доҕор тутта үөрэнэн хаалбыт. Урут, эдэр кэмигэр, ыраах нэһилиэккэ, айаҥҥа эҥин сылдьан, уһаан-тардыллан баран, төннөн иһэн, аан бастаан ол маһын көрдөҕүнэ, чэпчии, сүргэтэ сылаанньыйа түһэрэ: ол аата дьиэтэ-уота, кэргэнэ бары этэҥҥэ буоллахтара, этэҥҥэ олордохторо. Ол туһунан ыраахтан далбаатыы, үөрэ кэпсиир курдуга тиитэ барахсан. Туохтан эмэ хараастар, мунчаарар күннээх буоллаҕына, санаатыгар, тиитигэр үҥсэрэ, аһыытын-абатын суланара. Оччоҕо кэҥээн, сэргэхсийэн кэлэрэ. Бу аар тайҕа ортотугар бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр ибис-иккиэйэхпит диэн, санаатыгар, тиитин ымыы оҥосторо. Ханнаный онто билигин? Тойон кыыл дугуйданар тиитэ буолан хаалла. Бу үс-түөрт хонуктан бэттэх, арай кини туһунан өйдөөн кэлиэ эрэ кэрэх, хайаан даҕаны даҕаспытынан тойон кыыл туһунан санаа киирэр. Хайа дойдуттан кэлбит баҕайы
буолла? Айаннаан иһэн, хойутаан хаалан, быстарбыт баҕайы эбитэ дуу, ыалдьан кэлэн олорор дуу? Кинилэр да ыалдьар эттээх үөдэттэр инилэр? Бэйэбэр дылы, кырдьан, моорук буолбут кыайар эбитэ дуу? Оччоҕо, кырдьыбыт кыыл, yҥyox туттарыахтаах этэ диэн буолар... Чэ, ханныгын да иһин, чугастааҕы көтөр буолбатар сөп. Бу эҥээр Аабылаан сиһигэр биир уйа баарын билэр да, бу олортон буолбатах. Быйыл олор биир оҕону көтүттүлэр быһыылааҕа. Олор бу көтөрдөөҕөр быдан дьоҕуска дылы буолан көстөллөрө. Бу кыыл, дьэ муода, моһуоктаах кыыл буолар буолла. Аны кэлэн, бачча тымныыга ылларан баран, барбат. Соруйан, булаары булла дуу? Былыр, бэрт өрдөөҕүтэ, биир ыалы буулаан, ыттары-мааскалары[1], сүөһүлэри-бэйэлэри имнэри эспитин туһунан аҕата оҕонньор кэпсиир буолара. Оттон адьас соторутааҕыта, өссө кини төрөөбүтүн кэннэ курдук, Бадаам уола Маппый оҕонньор таайа ааҕы буулаан, үстээх кыыс оҕолоохторун харахтарын ортотугар былдьаабытын, уончалаах уоллара тартарар ыарыынан ыалдьан өлбүтүн туһунан истэрэ. Оо, оннук эрэ буолбатын. Туох айыыны-буруйу оҥорон, кырдьар сааһыгар билигин кэлэн, оннукка түбэһэр үhүө кини? Собо уола оҕонньор ити санаатыттан бэйэтэ куттанна, иэнэ саласпахтаата. — Буулуур кыыл түбэспэтэх буоллар үчүгэй этэ. Айыым таҥарам! Оннук эрэ буолбатын... — диэмэхтээтэ. Биир суон куруҥаҕы охторон, бысталаан, бүгүн иккитэ кырынна. Үсүһүн тахсыа эбит да, ордук хараҥаҕа ылларыыһыбын диэн, итиэннэ этэ-хаана дэлби көһүөркээн, оҕонньор буолбата, иһигэр кыылыттан да сибиэркии санаата быһыылаах. Киэһэ күөс буһарын күүтэ, уотун иннигэр саҥата суох аргынньахтыы олорбохтоон баран, эмээхсинэ хотонуттан ынаҕын ыан тахсыбытыгар, көхсүн этиппэхтээн баран, сөҥ куолаһынан: — Эмээхсиэн, тугу билэн-көрөн олороҕун? — диэтэ. — Суох! Атын күтүр! — диэн эмээхсинэ соһуйан, татыаккалыы түстэ. — Тугу биллэрээри-көрдөрөөрү гынныҥ? Бу күтүр хайдах-хайдах буолар, оҕолоор! Хата, киһини куттаатаҕа үһү! Туох буолан дэлбэритэ ыстана олорор? — Ити кыбыыҥ кэтэҕэр баар улахан тиити өйдөөн көрөҕүн дуо? Эмээхсин, оҕонньорун дьиктиргээн, балачча саҥарбакка гынан баран, оонньуу оҥостубатын билэн, хоруйдаата: — Билэн. Онно туох баарый? — Тойон кыыл арахпат буолла ээ, эмээхсиэн, онтон. — Тойон кыыл да? — эмээхсин, эмиэ соһуйан, хаһыытыы түстэ. — Кэлэн олорбута бүгүн төрдүс күнэ бүттэ. — Бу симиэт оҕонньоро уон араас буолан эрдэҕин көр эрэ! Иирээри гыммыт дуу, киһинэн оонньуур дуу? Бу бачча кыс хаар ортото ол хантан кэлбит кыыл олорбут үhүө?! — эмээхсин оҕонньорун мөҕөн кутаалаамахтаан баран, кэлин сымнаата. — Сорох күнү быһа киирэр-тахсар да, суох, көрбөппүн дии. Хайа, хараҕыҥ иирэрэ буолаарай? Оҕонньор эмээхсинэ этэрин истибэт курдук кэпсии олордо: — Барбат кыыл булбут быһыылаах. Санаа-оноо бөҕөҕө баттаттым. Түүн аанньа утуйбат буоллум. Түүл-бит да бөрөкүтэ суох. Хайдах-хайдах кыстаан туораахтыырбыт буолла быйыл? — Айыыны caҥapбa, күтүөр! Эн биһигиттэн, аны кэлэн, туохпутун булан сиэри, манаан олорор үһүө? Барардаах-кэлэрдээх буоллаҕына, бараа-кэлээ ини. Онтон
киэһэ оҕонньор муннунан да, айаҕынан да тыыммата. Арай утуйарыгар таһыттан Баһырҕаһын ыҥыран киллэрдэ. Аанын хатыы туран: — Күнүс киһи cyoҕap, сэрэнэн, далгар хараххын быраҕа сылдьыаҥ этэ. Ытыҥ хааллаҕына, ыккын эмиэ көрө сырыт, — диэтэ. — Уонна, бaҕap, түбэстэххинэ, куттуу, дьаҕарыйа, боотурҕа´а сылдьаайаҕын... Бу икки атахтан кини күлүгүн быһа хаампыт суох буолуо. Дэлэҕэ, көтөр кынаттаахтар ыраахтааҕыларынан аатырыа дуо? Сырыттын, талбытынан. Биһигини бэйэбитин эрэ тыыппатын. Сүөһүбүтүн-аспытын аймаабата буоллар, абырыа этэ. * * * Сарсыныгар Микииппэр оҕонньор эрдэлээн, атах тардыстаары, атын көлүнэн, сохсо туруора тахсан баран, хараҥа буолтун кэннэ ыкса киэһэ киирдэ. Өссө тыа быыһынан балаҕана элэҥнээн көстөр сиригэр кэлээтин, оһоҕун үөлэһин одуулуу сатаата да, тоҕо эрэ, кыым кытыастыбат. Түннүккэ даҕаны уот-күөс баар сибикитэ биллибэт. Ону төһө да атыҥырыы санаатар, сыарҕатын туруохтаах сиригэр, кыбыытын айаҕар, аҕалан тартарда. Атын сыбыдахтаата, тиистээх кымньыытынан кырыатын соппохтоото. Ол туран, тиитин көрбөхтөөтө да, xapaҥa буолан, хараҕа тугу да быһааран араарбата. Дэлби дьагдьайан, тиэтэйэ-саарайа, дьиэтин ааныгар тиийэн, үгэһинэн, кырыатын илбиммэхтээн, ыт үтүлүгүнэн сыарҕаҕа кэтэр сылгы тыһа этэрбэһин тэбэммэхтээн, «таарк» гына сыыҥтаамахтаан баран, атын сэбин-сэбиргэлин туппутунан, дьиэтигэр тарыллаҥнаан киирбитэ, дьиэтин иһэ хабыс-хараҥа, дьар курдук. Оҕонньор сүрэҕэ мөҕүллэҥнээн ылла. Баҕыаран хаалбыт тарбахтарынан оһоҕун чанчыгын харбыалаан, сыпсы булан, чох тарыйбахтаата. Оттуллубута быдаарыйбыт, аҕыйах кыһыл туораахтаах күл эрэ хаалбыт. Илиитин иминэн кыс муннуктан хардаҕастары ылаттаан, ohoҕop уурталаан эрдэҕинэ, эмээхсинэ оронугар эргийэр тыаһа суугунаата. — Хайа, дьэ кэлээхтээтиҥ дуу? Өр да буоллуҥ!.. — диэтэ, ынчыктыы-ынчыктыы. — Мин бу мааҕын күнүс охтубуппунан сытабын. Сэниэм суох, букатын. — Ол аата тyox буоллуҥ? — Били кыылбыт сүрэхпин хайытан өлөрө сыста. Сарсыарда ээр-сэмээр көрүөлээн көөртүм да, ол балайданаммын таба көрү³м дуо, суохха дылы этэ. Өссө барбыт буоллаҕа диэх курдук санаабытым. Күнүс, чэйбин иһэн баран, сүөһүлэрбин уулата үүрэн киллэрбитим, арай ойбонноругар чугаһаан баран тураллар. Сиргэммит курдук үмүөрүһэллэр. Туох буоллахтарай диэн тиийэн көөртүм, доҕоор, били кыылбыт бэйэлээх бэйэтинэн ойбон бүүрүгэр олорор аҕай эбит ээт. Сүөһүлэргэ боотурҕаан, түөһүн өтөтүөҕүнэн өтөтөн баран, айаҕын аппаҥнатар. Бэрт кэбэҕэстик туораан биэриэ суох быһыылаах. Бу күтүрүҥ айаҕа киэҥин! Уонна кып-кыһыл, букатын тугу барытын биирдэ ыйыстан кэбиһиэх айылаах. Мин соһуйаммын ханна баарпын-кээлпин билбэт буолан хааллым. Арай, биирдэ өйдөнөн кээлтим, кылана аҕай турар эбиппин. Кыылым оол курдук көтөн намсыҥнаан тиийэн, били, эн этэр тииккэр олорунан кэбистэ. Мин уҥуох-уҥуоҕум халыр босхо, сүрэҕим эппэҥнэс, уолукпун тахсан бүөлээри хаайар. Төбөм буоллаҕына, хайа бараары, үллэҥнэс, мэйиим дэлби эргийэр. Сэниэм эстэн хаалбыт. Ойбоммун нэһиилэ сүүрдээн, сүөһүлэрбин уулаппыта буолан, баайталаан баран, бу кэлэн охтубутум да, оннук сытабын. Аны сүрэҕим дэлби өлөхсүйэр. Утатан ыксаан сытабын, чэ, уута аҕала тарт, ыл! Чаанньыктан тымныы уу кутан аҕаалтын,
эмээхсинэ биир тыынынан түһэрдэ. Илиитэ сап-салҕалас, эт-этэ илибирэс. Өссө көрдөөн ылан истэ. — Һyy! Абыранным даҕаны. Көхсүм кэҥээтэ даҕаны, — диэмэхтээтэ хаста эмэтэ. — Туох сордоох кыыла булла буолла? Сүөһүгэ бэриниэ суох. Өссө кыра сүөһүгэ боотурҕаан да турдаҕына көҥүлэ буолсу, мантан антах. Дьэ уонна бу өйүн-мэйиитин эн көрүөҥ! Ойбоҥҥо уу баар диэн билэн, apaaha, уу иһэ киирбит быһыылаах. Эн тэһэн баартыҥ кэннэ, балачча тоҥмут ээт, мин сүүрүнэн нэһиилэ алдьаттым. Көр эрэ, ону икки-хас сиринэн тумсунан тобулута охсубут. Apaaha, уулуу олордоҕуна сүөһүлэр тиийдилэр быһыылаах. Бу өйүн-мэйиитин! Төрүт киһи курдук баҕайы сылдьар быһыылаах. Оо, уолуйдум, куттанным даҕаны! Адьас илэ сиэхсит кэлэн олорорун курдук санаатым. Туох үлүгэрин ити мин харахпар оннук сүрдэнэн-кэптэнэн көһүннэ буолла? Ыарахан тыыннаах баҕайы сылдьар ээ, быһыыта. Ону кыайан уйбаккабын, бу айылаах кэбилэнним ини бүгүн... Уот тигинэччи умайбытын кэннэ, эмээхсин нэһиилэ саллаҥнаан туран, ынахтарын сыппайа таҕыста. Урут тымтыгын бэйэтэ уматан киллэрэн, хотон тулааһынын хайа барбытыгар кыбытан, сырдатынар буолара. Бу сырыыга оҕонньоро батыһан киирэн, тутан биэрдэ. — Ыл эрэ, оҕонньоор, өйдөөбүччэ, ити Салбырҕаскын бигээн көр эрэ. Өрүү иэппэт буолан хаалла. Уолаары гынна дуу, хайа үөдэн, — диэтэ, бастакы ынаҕын ыан бүтэрэн, иккиһигэр көһөрүгэр. — Мин күн аайы талкыйабын да, өрүү билиннэрбэт. Тыыллан да биэрэр, кутайан, эмээхсин гиэнэ, матаҕата да улахана бэрт. Оҕонньор, тымтыгын баҕанаҕа кыбытан, саҥата суох, ыаммыт ынах иһин, тиийэн, бигээмэхтээн көрдө. — Һa! Бүөрдээбит дии. — Э-һээ! Айылааҕа оннук буоллун. Ол иһин быйыл эрдэ соҕус буолуохтаах этэ, — эмээхсин үөрэ түстэ, чэпчээбит курдук буолла. — Соморойуҥ, дэлби кылгыахтаан, аанньа уулаабат. Apaaha, тииһэ кылыа буолбут дуу, ханнык эрэ. Көрөн, аалан биэриэҥ этэ. — Ээ, ол былырыыҥҥыттан кыайан уулаабат. Оҕонньор кырдьаахтаатаҕа даҕаны. Аны саас арыый кыайар-хотор эрдэххэ, кунаны айааһаныллыа этэ. Оччоҕо үйэбитигэр тиийэр оҕустаныа этибит. — Маҥаас кунанчааны дуо? Маҥаас кунанчаан, дьэ, оҕус бөҕө буолан тахсыа, доҕор! — Соморойу аны сайыҥҥыттан кур ыытыахпыт. Дьыл-уот үчүгэй буоллаҕына, икки-хас сыл уотуохпут. Ити курдук ону-маны баллыгыраһан, киирэн чэйдээтилэр. Бүгүн ньыха киэһэ — эт сиэбэт киэһэлэрэ. Эмээхсин, оҕонньоро кэлэрин кытта балачча кэҥээн, дьэгдьийэн, тыл-өс киһитэ буола түстэ. Аны, хотон иһинээҕи кэпсэтиилэрин салҕаан, аттарын сааһын, ыттарын сааһын ырыттылар, быһаарыстылар. Түмүгэр, саҥата суох олорбохтоон баран, эмээхсин үөһэ тыынан ылла: — Эрэйдээхтэр бааллара, төһө сылга-хонукка бараарыбыт, баайбыт-дуолбут сыыһын барытын ырыттахпыт үhү. Киһи да күлэр ээ. Бүгүн, оттон ити биир кыыл дьүһүнүн көрөөрү, сиргэ охто сыстым буолбат дуо, мин. Уонна баран, ханна уһун уоппун оттуох баҕайыбыный бу? — Чэ, бээ, алыс айманыма! — оҕонньор эмээхсини намыратардыы оргууйдук саҥарар. — Кини даҕаны айыы кыыла ини, баҕар, айыынан арахсыаҕа. Таҥара да
кыыла буоллаҕына, күн таҥара көрөн-билэн олорор ини. Туохпут иннигэр атаҕастатар-баттатар үhүө! — Бэйи эрэ, оҕонньоор! — эмээхсин, туох эрэ өй киирэн, оҕонньорун диэки сыҕарыс гынна, аны ким эмит истиэ диэххэ айылаах, сибигинэйэн киирэн барда. — Хайа, аны, кыылбыт манньа дуу, толук дуу эрэйэр кыыл сылдьара буолаарай? Биир эмэ кырдьаҕаһы ыҥыран, сүбэ-таҥха оҥостон көрдөхпүтүнэ? Баҕар, көннөрү үтүө да тылы ылынаарай? — Ким билэр, доҕоор! Чэ, бэйи, туох-ханнык буолан иһэр? Көрүллүөҕэ! — диэтэ оҕонньоро, толкуйдаан, балачча олорбохтуу түһэн баран. Сытан баран, эмээхсин утуйан биэрбэтэ, быһа ынчыктаан, айалаан-дьойолоон таҕыста. — Төбөм аҕай!.. — диэмэхтиир, этэ уот курдук да, — ычча да ычча!.. — дии сытар. Оҕонньор уотун дэлби отунна, була сатыы-сатыы, эмээхсинин барынан бары үллүйдэ, төбөтүн кэлгинэ сылдьар былаатын, тымныы ууга илитэн аҕалан, ыга тардан көрдө. Күттүөннээх көмө буолбата. Оттубут уоттара бараныыта, эмээхсин арыый нухарыйыах курдук буолан иһэн, аны баттатан киирэн барда. Тоҥолохтуу-тоҥолохтуу, оҕонньоро ыҥырбытыгар нэһиилэ уһугунна. Онтон эмиэ өр утуйбакка эрэйдэннэ. Чэй аҕалтаран истэ, аны тиритэн, уу чаккырас буолан, үллүктэрин барытын ыллылар. Ол курдук сытан, оҕонньор утуйан хаалбыт. Биирдэ эмээхсинэ өлөр хаһыытын хаһыытаабытыгар уһукта биэрдэ. — Һуу! Бу туох үлүгэрэй! Туох накааспын накаастаата! Бар дьон абырааҥ! Оҕонньоор! Оҕонньоор! Һуу! Һуу! — дии-дии, илиитинэн далбаатана-далбаатана, хаһыытыы, өрө мөхсө сытар эбит. Оҕонньор эргиллэ баттаан, эмээхсинин илиитин хам кууһан ылла уонна суос бэринэн бардьыгынаан тоҕо барда: — Бэйи, аргыый! Туох үлүгэрэй, бу! Акаары киһи гиэнэ барыта киһиттэн таһынан... Чэ, утуй булгуччу! Эмээхсин, тоспун ыллым ээ диэххэ айылаах, ньим баран хаалла. Оргууй илиитин төлөрүтэн, аҕылыы-аҕылыы, харбыйан хаалбыт түөһүн имэриммэхтии сытта. Онтон эмиэ, түүн төһөтүгэр эбитэ буолла, ый-хай буолан уһугунна: — Оҕонньоор, ыл, абыраа! Оҕонньорум оҕотоо, өрүһүй! Бу илэ сиэхсит, илэ-бодо кэлэн, тыыммын ылаары гынна. Ыл да-а, тура тарт! Уоккун отто оҕус! Һyy! — Бээ-бээ, оргууй! Бардым-бардым, — оҕонньор эрэйдээх, этиттэрбэккэ даҕаны, атах сыгынньах, баркынан эрэ, оһоҕор сүүрэн бадьаалаата. Тиийэн, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, салҕалас илиитинэн уот оттон хачыгырайда. Эмээхсинэ биир кэм, тыынын былдьаһан өрө хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, эппэҥнии, өрө уһуутуу сытта: — Һyy! Бу тыыммын-быарбын ыган, бу сордоон эрдэҕин көрбөккүөт! Ээй! Киэр! Киэр буола тарт! Һyy! Һyy! Оҕонньоор, уоккун-уоккун! — Отуннум-отуннум. Оргууйдаа! — оҕонньор, холумтаныгар умса түһэн сытан, уотун үрэн сирилэппэхтээтэ, ол быыһыгар бэйэтэ бэйэтигэр ботугуруур. — Өлүү эбит, доҕоор! Моһуогураары гынна эбээт, бу эмээхсин. Уот умайбытыгар эмээхсин оронугар туран олордо. Бураллан хаалбыт баттаҕын, төбөтүн кэлгиэтин иһигэр симмэхтээн, көннөрүммүтэ буола сатаата. — Һyy! Хараҕым, дьэ, арыый сырдаатаҕа үhү. Бy күтүр өстөөх илэ-бодо кэлэ турар буоллаҕа үhү. Бэрт аанньанан араҕыа суох кыыл быһыылаах. Эчи, ааспата-арахпата да бэрт, харахпын симнэрбин эрэ кэлэ турар. Ыл эрэ, оҕонньоор! Эр киһи дуома буоллаҕыҥ, туох алгыстаах, туомнаах этигиний? Эһэҕин, айах тутан, ааттаһан-көрдөһөн көрбөккүн ээ? Собо уола Микииппэр оҕонньор, туллаххай этэрбэһин быатын соспутунан сылдьан, чохообуллаах арыыны кытта лэппиэскэ тооромоһун аҕалан, холумтаҥҥа уурда, онтон ohox кэннинээҕи муннугу хасыһан-хасыһан, сылгы сиэлин сүүмэҕин булан аҕалла. Бэйэтэ, оһоҕун хаҥас чанчыгар талах oлоппоһу тардынан, уотун иннигэр умса нөрүйэн олорон, алгыс алҕаан ботугураабыта буолла. — Аал уотум иччитэ Бырдьа Бытык, Сээкээн Сэһэн, Хатан Тэмиэрийэ тойон, — эһэтин үс хара бараан күлүгэр сүһүөхтээх бэйэтинэн сөһүргэстээн, хоолдьуктаах төбөтүнэн хоҥкуйан, үҥэн-сүгүрүйэн туран көрдөһөр. Иэримэ дьиэтин иччитин иэнигиттэрбэтин, аал уотун амньыраттарбатын, үрүт өттүттэн үргүөрү биллэрбэтин, алын өттүттэн аргыары таһаарбатын, сымыыттааҕар бүтэйдик, балыктааҕар кэлэҕэйдик, уу нуураллык олорбут уһун олохторун уйгуурдубатын, дьаҥы-дьайыҥы таарыйтарбатын, ыарыыны-сүтүүнү ыаллаһыннарбатын диэн тойон эһэтиттэн тобуктаан, тоҥхойон олорон, тулаайах бэйэтэ көрдөһөр-ааттаһар. Айах тутан айхаллыыр: — Аһаан-сиэн, сырдаан тур! Үөрэн-көтөн, мүчүйэн тур! Уруй буоллун! Тускул буоллун! Инньэ диэн баран, уотугар Микииппэр оҕонньор үс сиргэ ас биэрэр, сиэл быраҕар. Онтон үөттүрэҕин ылан, оронун иннинэн сири үс төгүллээн күөйэ көтөн баран, дьэ, нус-хас буолбут курдук сананан, сытынан кэбистэ. Уйгууран хаалан, онтон сарсыарда утуйбата даҕаны, эмээхсинэ, уһукта-уһукта нухарыйан, арыый намыраан, кэм сынньаммыт курдук буолла. Дьэ, ити курдук, түүннэрин бэрт кыһалҕалаахтык, кыбыстыылаахтык туораатылар оҕонньордоох эмээхсин. * * * Эмээхсинэ, кэм арыый сэргэхсийэн, атаҕар туран, хотонун үлэтин бэйэтэ көрөр буолан хаалла. Кыыллара арахсыбата. Арахсыахтааҕар, эбии эр ылан, киһиттэн өрүү да күрэммэт буолан истэ. Күрдьүктэн арахпат. Сээкэй ас тобоҕун, уҥуох-иҥиэх тооромоһун таһааран тохтохторуна, манаан олорон, тута көтөн сабдыйан кэлэн, харахтарын ортотугар тоҥсуйбутунан барар буолла. Онон иккиэн сүбэнэн, дойду сиртэн киирэн, биир эмэ кырдьаҕаһы көрдөһөн таһаарарга кэпсэттилэр. Аҕыйах хонукка оҕонньор, эмээхсинин ыарыылыы-ыарыылыы, хас да хонуктаах отун-маһын бэлэмнэнэн баран, биир сарсыарда эрдэ туран нэһилиэктиир гына тэриннэ. Oҕонньop атын көлүйэн бэлэмнээн, барар таҥаһын таҥнан баран, суорат сии олорон, эмээхсинигэр эттэ: — Чэ, эмээхсиэн, үчүгэйдик олор. Сарсын киэһэ эргиллэн кэлэ сатаан көрүллүө. Ньахсаан оҕонньору көрдөһөн көрөр санаалаахпын. Таба тутабын дуу, суох дуу? — Оо, ол Ньахсаан кырдьаҕас буолунан кэлиэ үhү дуо? Уонна, хайа, ойууннаан уурайбыт ааттаах этэ дии, былырыын бассабыыктартан дьарыллан. — Уурайбат. Киһи ырбаахыны устан быраҕарын курдук бэрт дэбигис босхоломмот дьыалата буолуо эбээт. Наай гыннар, дүҥүрүн бырахта ини. Хайа, оттон бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим буоллаҕа дии, тылбын ылынар ини. Кинини элбэхтик мискийбит урут суох... Хата, бээрэ, кыайыах буолларгын, борооскуларгын дьиэҕэ аһатыаҥ-уулатыаҥ этэ. Таһырдьа таһаарбатаргын-ханнык. Ити баҕайы, киһи барбытын биллэҕинэ, тугу-тугу оҥороро биллибэт. Талах иһиккин абырахтаабытым, кууран-хатан, дьэ бэрт буолбут. Ыккын дьиэҕэр тут, наадатын эрэ эттэҕинэ, таһаара сырытыннараар. Уонна утуйаргар, оронуҥ иннигэр сыпсыгын ууран хоноор, ымыы буолуо этэ. Микииппэр оҕонньор, ити курдук «кэриэһин этэн», көлүйэтигэр киирэн, бэлэмнии таарыйа ойбонун тэһэн, атын уулатан баран, үрүйэтин таҥнары, мас тиэйбит суолун устун, айаннатан курулата турда. Ол суола сотору туоруур, онтон ыла икки-үс көс курдугу бу кыс хаарга саҥа суол таһаарыахтаах. Дьон сылдьыталаатылар ини. Халлаан сырдыа билигин да балачча быһыылаах, хараҥата сүр. Сырдыга эбитэ буоллар, билигин кэннин хайыһан, тиитин көрөн хаалыа этэ. Ол тумус сыыр эргиириттэн ыла көстүбэт буолар. Онтугар билигин баараҕай лабааларын быыһыгар, тымныыттан саһан, туора дойду кыыла «дьиэ» оҥостон олордоҕо. Систэри быһыталаан, тыаттан киирэн истэххэ, оо, тэҥкэ тиит барахсан ыраахтан да көстөөхтүүрэ. Оол курдук сис оройуттан одуулаатахха, үрэх тардыытыгар, бары тииттэртэн чорбойон, соҕотоҕун кини дьыраллан турар буолара. Сарсыарда тахсар күн аан бастаан кини нуоҕай төбөтүгэр оонньоон тахсара, киирэр күн, саһан баран, саамай кэнникинэн кини чыпчаалын кытардан симэлийэрэ. Саас көҕөрдөҕүнэ көрүөҥ! Быһата, ийэ хатыҥ курдук лаглайара. Чугастан көрдөххө, бу киистэ уһунун, бөдөҥүн! Үтүө үүнүүлээх бурдук киистэтин курдук буолара. Аны сайыныгар туораах анньыа турар. Бу элбэҕин көрүөҥ этэ, тэтэрэн түһэн — дьэдьэни саба ыһан кэбиспит курдук. Кыһынын хаар хатаҕалаан, кинини ордук үллүйбүт курдук буолара. Аны сааскы күһүҥҥү тыалларга бу суугунун оҕотун! Сир-дойду кини суугуна буолан дуорайан иһиллэргэ дылыта. Оҕонньору, оҕо эрдэҕиттэн билиҥҥэ диэри, хараҕын саба баайан баран, хара тыа бары да маһын аайы тохтотон ыйыталлара буоллар, кини суугунун, чыпчылыйыы да түгэнэ мунааран көрбөккө таайыа этэ. Ол курдук, сылтан сыл аайы. Микииппэр оҕонньор өйдүөҕүттэн күн бүгүнүгэр диэри. Кини аҕатын, эһэтин, баҕар, хос эһэтин саҕана кытары буолуоҕа. Тэҥкэ тиит бу күн сиригэр төһө сыл-хонук үүнэн силигилээн турарын ким да билбэт. Араас сир силигэ чыычаахтартан, мас көтөрдөрө — саадьаҕай тоҥсоҕойуттан хара уларыгар тиийэ, туох куртуйахтары, курупааскылары этэ да барбакка — бары тэҥкэ тиити быһа ааспат буолаллара, тохтоон, сынньанан, таалалыы, оонньуу-көрүлүү түһэн ааһаллара. Иэгэйэр икки атахтаахтан бу эҥээрдээҕи баай хара тыа соҕотох баһылыга буолбут, эдэр сааһыттан эмэҕириэр диэри ааттаах сааһыт аатырбыт Собо уола Микииппэр тэҥкэ тииккэ кэлэн түспүт биир эмэ тылбыйар кынаттаахха, төһө да биирдэ айахха угар эт наада буолбут кэмэ буолтун иннигэр, саатын уоһун туһаайбытын өйдөөбөт. Көр, ол курдук ытыктыыра бу сир үрдүгэр тэҥҥэ үөскээн ааһан эрэр тэҥкэ тиитин. Арай оҕонньор бачча сааһыгар диэри урукку өттүгэр тэҥкэ тиитигэр тылбыйар кынаттаах бииһин ууһуттан тойон кыыл кэлэн түспүтүн өйдөөбөт. Дьэ, онто, ити, быйыл кэлэн түстэҕэ. Түһээри түһэн арахсыбат гына түстэ. Тэҥкэ тиитин ол кыылга былдьатта оҕонньор аны! Бу, төһө даҕаны тиитэ барахсан туһунан уйаҕас, истиҥ ахтыынан иэйэ ахта истэр, дууһатын түгэҕэр тыбыс-тымныынан атын санаа хаарыйар: ол онно билигин хотой олордоҕо диэн санаа. Саҥа хаары тыыран, сыарҕата тыаһа-сыма суох ньылбырыйар. Оҕонньор атын тиэтэппэт. Иннигэр түөрт көстөн ордуктаах, күннүктээх айан тоһуйа сыттаҕа. * * * Нөҥүө күнүгэр киэһэ Микииппэр оҕонньор, нэһилиэк дьонуттан чып кистэлэҥинэн, санаалаах кырдьаҕаһын Ньахсаан ойууну аҕалла. Саҥата-иҥэтэ суох кэлэн, сыарҕатыттан түһэн баран, кырдьаҕаһа таба саҕынньаҕын тэбэммэхтии туран, хараҥата бэрт буолан, туох да көстүбэт этэ, ол-бу диэки олоотоомохтоон баран, кыбыы кэтэҕинээҕи тыа диэки туһаайан, хатан баҕайытык суордуу кыламмахтаан ылла. Онтон, сүрдээх үлүгэрдик үөһүн тартара-тартара, хаста даҕаны ис-иһиттэн кимиэллээхтик хотойдуу чыҥырҕаамахтаата. Ол аата, тойон кыылга, мин кэллим диэн биллэрбитэ дуу, дорообо биэртэ дуу эбэтэр мантан антах бу тиэргэн, бу дьиэ-уот, бу баараҕай хара тыа — бары мин дьаһалбын истэҕит, мин бас билиибэр киирдигит диэн caҥa аллайбыт быһыыта буолара дуу, биллибэт. Киниттэн ким, утары көрөн, ону ыйытыай?! Дьиҥэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, айыы кэмигэр киһилии ама аата инньэ диэн, ити саҥатыттан кыйыһыйан, үөрэн-көтөн, дьалкыһыйан киирдэ. Сотору-сотору уҥуохтapa тахса сылдьар уһун кубаҕай сыҥааҕын иннигэр анньан, ол-бу диэки көрөн олопоччуйар, элбэх-элбэхтик ону-маны саҥаран, ол-бу сонуну-сэһэни ыһан-тоҕон көбдьүгүрүүр. Ол аайы саннын байаатынан охсуллар, иилистэн хаалбыт ыас хара баттаҕа дьулаан баҕайытык силир гына хамсаамахтаан ылар. Оппуос эмээхсин, кырдьаҕас кэлбититтэн үөрэн, ыарыытын да умнан, букатын эдэригэр түспүт курдук, кэлэ-бара, ас тардан элэстэнэ сырытта. Сыалаах эти адьырыччы буһаран бэлэмнээбит, алаадьы оҥорбут-хайаабыт. Остуолга олорбуттарыгар, Көстөкүүн кырдьаҕас кэпсээнин быыһыгар түбэһиннэрэн, Микииппэр оҕонньор эмээхсинигэр тыл бырахта: — Хайа, доҕоор, били кыылбыт? — Оо, дьэ баар ахан. Ханна барыа диэтэххиний? Биһиги баспыт уҥуоҕа баарын тухары, хата, арахсыа суох быһыылаах. Арай көмөлөстөххүнэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, эн көмөлөһүүһүгүн, абыраатаххына эн абырыыһыгын! Биһиги, бу манна ойдом үрэх баһыгар олорор дьон, туохпутунан да кыайан көмүскэниэхпит суох. Биир-биир сүөһүбүтүн-аспытын барыыһы, мантан кыһын. Көр, бэҕэһээ ыппар түһэн көрдө ээ, бу баҕайыҥ. Күнүс таһаараммын, yҥyox-иҥиэx тобоҕун кутан биэрбиппин, тиниктэһэ сытаахтаатаҕына, бу күтүр өстөөҕүҥ баара, кэллэ ээ, дьэ сараадыйа сытыйан! Кэллэ да боруоста үрдүгэр түстэ! Даллахачыйан түһэн, бу баҕайыҥ бөдөҥүн-садаҥын, бу хамсаннаҕын күүһүн-күдэҕин?! Сапсынар тыаһа биир кэм сип-силликинэс. Ытым эрэйдээх, ньахчас гынан, сытан биэрдэ. Хата, сыыһа харбаан бистэ. Бу тыҥырахтарын сараадыппытын көpүөҥ! Кыһаннаҕына, тугу барытын хайа тардыыһы, оннооҕор бөтүүк алтан олгуйу хайа тэбэр ааттаах. Aaha түһэрин кытары ытым эрэйдээх, ыстанан туран, миэхэ сүүрэн куймукуччуйан кэлээхтээтэ. Мин ааным тутааҕын харбаан баран турабын. Ыппын өрүһүйэр кэлиэ дуо, хайыыр да кыаҕым суох. Били баҕайы, ол aaha харбаат, эргийэ баттаата да, кэлэн, ытым оннугар түһүнэн бистэ уонна, тохтоло суох, көрдөрбүтүнэн олорон, аһаабытынан барда. Дьэ, саат-суут суох баҕайыта. Адьас кэрээниттэн тахсыбыт. Өссө сүрдэнэн иһиэ буоллаҕа! Онтон өй ыламмын, били иллэрээ киэһэ ириэрэ киллэрбит куобахпыттан бысталаан, араас истээн-үөстээн, хобордооххо уган бараммын, олбуорум ааныгар илдьэн уурбуппун, кэннибиттэн кэлэн, начаас икки ардыгар уҥуохтары-байдары охсон кэбиспит этэ. Дьэ, бөҕө куртахтаах кыыл быһыылаах. Бүгүн, таһааран иһэрбин көрөөт, уун-утары көтөн сабдыйан кэллэ эбээт! Уолуйаммын тугу гыныахпын булбакка турдахпына, өйдөнүөм икки ардыгар уонча хаамыы кэлэн, хаарга олорунан кэбистэ. Мин, хобордоохпун сиргэ быраҕаат, төттөрү тэбинним. Дьиэбэр киирэн иһэн, кэннибин хайыһан көрбүтүм, ээ, кэлэн, хайыы үйэҕэ тоҥсуйан эрэр. Дьэ, көр оннук! Саҥарыан тыла эрэ суох дууһа сылдьар быһыылаах. Көрдөрбүтүнэн туран, куттаан, туохпутун барытын былдьаан-талаан ыллаҕына, көҥүлэ буолсу. — Онон дьэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, туох сүбэ-таҥха, күүс-көмө буолаҕын? Абыраа! Көрдөһөбүт-ааттаһабыт! — Оппуос эмээхсин, кэлин тылларын этэригэр куолаһа титирэстээн, ытамньыйан ылла. Көстөкүүн кырдьаҕас, ити кэпсээни истэн баран, салгыы оҕонньордоох эмээхсинтэн хотойдорун туһунан атын тугу билбиттэрин-көрбүттэрин барытын ыйыталаста. Оҕонньортон бу эргин уйалаах кыыл баарын дуу, суоҕун дуу, ону аан бастаан хас сыллааҕыта көрбүтүн, төһө сотору буола-буола көрөрүн, саамай кэлин хаһан көрбү­түн, туох бэлиэ хамсаныылаахтарын, кини көрөрүгэр тугу гына сылдьар буолалларын эҥин сиһилии сураһан дэлби кэпсэтиннэрдэ. Онно сыһыаннаах урут бэйэтэ билбитин-көрбүтүн эмиэ кэпсээтэ. Киэһэни онон, ирэ-хоро кэпсэтэн, билбэккэ атаардылар. Көстөкүүн кырдьаҕас, сир ыраах, суол да куһаҕан диэн уонна төннөрүгэр үөлээннээҕин, бэйэтэ да моһуокка ылларбыт киһини, хос-хос түбүгүрдүмээри, бэйэтин атынан кэлбитэ. Онон утуйалларыгар Микииппэр оҕонньор икки аты илдьэн аһатан баран, таарыччы xoнoho утуйар таҥаһын кытта хааһахтаах малын кыбынан киллэрдэ. Xaahaxтaax малын кырдьаҕас ohox кэннигэр уурдарда. Утуйар таҥаһын сылыттаран, yҥa ороҥҥо кыл сөрүө үрдүгэр, дьиэлээхтэртэн эһэ тэллэх эбии уурдаран, сылаас, сымнаҕас таҥаска тиэрэ түстэ да, утуйан хаһыҥыраан хаалла. * * * Сарсыныгар Ньахсаан ойуун, соччолоох кэпсэппэккэ-хайаабакка кэтэҕиттэн тардыстан баран, күннүктээн, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан таҕыста. Таһырдьа кыһалҕатыгар эрэ иккитэ-хаста тахса сырытта. Киэһээҥҥи уот оттуллубутугар туран, уот иннигэр умса нөрүйэн баран, саҥата суох, өөр аргынньахтаан олордо. Оҕонньордоох эмээхсин, хам-түм ботур-ботур тыл бырахсан ыла-ыла, бэйэлэрин түбүктэригэр сырыттылар. Тоҥ күөс быстыҥа бадахтаах олорон баран, ойуун биирдэ дьааһыйда. Онтон хос-хос дьааһый да дьааһый буолан киирэн барда. Онтун быыһыгар, сотору-сотору: — Ычча! — дии-дии этин тартаран, дьигиһийбэхтээн ылаттаата. Ол олорон, соҕотохто өрө уһуураат, ыстанан турда да, икки илиитин даллаппытынан, ohox кэннигэр түһэн хаалла. Утаакы буолбата, кыырар таҥаһын-сабын кэтэн, дүҥүрүн тутан, дьүһүн-бодо бөҕө буолан, сирэйэ ханньастан, хараҕын үрүҥүнэн көрөн, баттаҕа бураллан ахан тахсыбат дуо! Таҕыста даҕаны, тохтоло суох кыыран илгистэн киирэн барда. Эмиэ даҕаны дэгэрэҥ ойон дьэргэстэннэ, сиргэ олоро түһэн лаҕырҕайдаата, сүһүөҕүн үрдүгэр сөһүргэстээтэ, олоппоско олорон умса булкулунна, эмиэ даҕаны уорҕатынан оонньоото, иэнинэн чиэстэннэ. Көҥдөй күөмэйин көхсүн иһиттэн лөҥкүнэтэн, кыаһаанын тыаһа кылырҕаамахтаан, дүҥүрэ лөҥ-лөҥ тыаһаамахтаан кыыран сахсылынна, кутуран куоҕайыктанна. Күлэн алларастаата, ытаан ньырылаата, ытырдан дырдырҕатта, сөтөллөн күпсүйбэхтээтэ, дьааһыйан аппаҥнаата. Ол быыһыгар суордуу кыламмахтаата, мохсоҕоллуу чаачыгыраамахтаата, өксөкү кыыл буолан чаҥырҕаамахтаата. Бастаан утаа үөрдэрин-сүүрүктэрин ыҥыртаан, абын-хомуһунун уккуйан, иччилэрин ааттаһан-көрдөһөн, көрүү көрүүлэнэн эрэрэ баара, ол икки ардыгар, суол аанын тыырар, суонда хаан бэйэлээх, суор кыыл буолан, суһуктуйар халлааҥҥа супту сурулаан таҕыста, онтон салгыы, моонньугар мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан, кыырай халлааҥҥа кылыбырайа көтө турда, ол көтөн, сүүрэр атахтаахтар, көтөр кынаттаахтар айбыт аҕаларыгар, үҥэр таҥараларыгар, үрдүк сууттарыгар Үрдүк Айыы тойоҥҥо тиийэн, үҥcүү түһэрдэ, көрдөһүү киллэрдэ, ааттаһыы ааттаста. Анараа оҕонньор туох диэбитин, туох дьүүлү-дьүһүнү түһэрбитин уоһунан эппэтэ, «истэрбин иһиттим, ситиһэрбин ситистим» диэтэ да, сир ийэтигэр, силлиэҕэ оҕустарбыт сэбирдэх курдук, тэлбээрэн кэлэн, тэлгэһэтин иһигэр дэгдэс гына олоро түстэ да, yҥa диэки ортоку түннүгүнэн дьиэҕэ ньим гынан хаалла. Ойуун бэйэтэ бэйэтинэн буолан баран, бу курдук диэн, киһилии саҥаран оҥсолуйда. — Үөдэн көтөрүн кытары өксөкү кыыл буоламмын өлөрсө тахсаары гыммытым кыаллыбата. Үрдүк Айыы тойон умса көрөн олорор буолан, хотоҕойбун хомунаары хамсаатарбын эрэ, көхсүм тэһиинэ көтүрү бараары гынар. «Айыы аймаҕын абааһы бииһиттэн араҥаччылыах буолан, ап-хомуһун ылан, алгыс тылбын истэн бараҥҥын, аны, айыы көтөрүн араабылаары гынныҥ дуо, анаҕас баара!» — диэн анараа оҕонньор дьаҕарыйда. Онон, суолум аанын, суор кыыл буолан тыыран бараммын, мохсоҕол көтөр буоламмын, муҥурун нэһиилэ буллум. Дьэ, убайдаатар убайым, доҕордоотор доҕорум! Бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим! Үрдүк Айыы тойон оҕонньор эйиэхэ кырыктаах олорор эбит. Оҕо сылдьаҥҥын, оту-маһы кумалыыр, оттомо суох оонньуулаах эбитиҥ үһү. Сир-дойду иччилэрэ инньэ диэн үҥсэллэрэ эбитэ үһү. Эдэр сылдьаҥҥын, эргэнэ хара тыаҕын кэрийдэххинэ, икки атахтаахтан иннибэр түһүөх ким баар буолуой диэн элэк-күлүү тыллаах буолар эбитиҥ үhү. Ону Үрдүк Айыы тойон бэйэтэ истэрэ үhү. «Бэйиккэй!» — диэн сааммыта өр буолта үhү. Быйыл буоллаҕына, бу маннааҕы уйалаах көтөрдөр, сүбэлэһэн баран, эмиэ киниэхэ тиийбиттэр. Кыра сылдьаҥҥын, уйаларын тыытаҥҥын, онтукаларын алын өттө халтаҥ буолан хаалан, сылын аайы иккилии-үстүү сымыыты баттыыллар үhү да, кэлиҥҥи кэмнэргэ наар биирдии эрэ оҕону көтүтэр буолтар үhү. Онон Үрдүк Айыы тойон, буруйгун-сэмэҕин мунньан муунталаан, ити эйиэхэ соруйан ыыппыт кыыла сылдьар үһү. Ону тахсан, ити мин үҥэммин-сүктэммин, ааттаһаммын-көрдөһөммүн, тылын төттөрү ылыах буолла. «Толугун бэйэтэ биллин!» — диир. Этэр: «Үрдүк халлаан көтөрдөрүн атаҕастаабытын быһыытынан, мэҥэ халлаантан төрүттээх Дьөһөгөй оҕолоруттан туттуо этэ: хара маҥаас сылгыны. Ол гынан баран, оннук сылгы киниэхэ суоҕун билэбин, онон булуох буоллаҕына, оннук дьүһүннээх ынах да сүөһүттэн тутуннун. Чэ, бэйэтэ биллин!» — диэн. — Оо, ол харыстыыр кэлиэ дуо! — диэтэ оргууйдук Микииппэр оҕонньор, ытамньыйа сыһа-сыһа. Ньахсаан ойуун, инньэ диэн баран, дьирэлдьийэн туран, ohox кэннигэр тиийэн, арбаҕаһын устан, бэйэтэ бэйэтинэн буолан, тахсан кэллэ. — Дьэ, ону туох диигин, үөлээннээҕим Микииппэр оҕо°нньор? — Туох диэхпиний? Хаччаҕай маҥаас кунаннаахпыт. Онтубутун туттан көрөө инибит, — диэхтээтэ оҕонньор буруйдаах киһи быһыытынан. — Ол, оҕо сылдьан, оту-маһы тыытар кэмнээх буолуо дуо? Уолҕамчы да санаа ханна барыай, эдэр эрдэххэ. Арай, ити, уйалаах кыыллары муокастаабыппын отой өйдөөбөппүн. Ымыччы! Ити хайа үөдэн баҕайы эбитэ буолла? — Баҕар, адьас кыра эрдэххинэ, оҕолору батыһан, сылдьыбытыҥ буолуо. — Дьэ, баҕар, буолуо. Ону барытын өйдүүр кэлээхтиэ дуо? — Сарсыарда күн кылахачыйа тахсыыта ол толук биэрэр сүөһүгүт нохтолоох тойон сүрэҕин кытары хайҕaxтaax хара быарын таһааран, тойон сэргэҕит үрдүгэр ууруоххут. Мин буоллаҕына, улуу көтөргө бэйэтигэр Ypдүк Айыы тойон илдьитин тиэрдэн, эмиэ ааттаһан-көрдөһөн көрүөм. Ол кэнниттэн, күн арҕаа диэки санньы тардыстыар диэри, биир даҕаны тыынар дууһалаах дьиэ даҕаны, хотон даҕаны иһиттэн быгыа суохтаах. Улуу көтөр бэйэтэ, санаата кэлэн, ол бэриккитин ылар буоллаҕына — ылыа, суох буоллаҕына — суох. Ыллаҕына, аны үс хонон баран, эмиэ күн кылахачыйа тахсыыта тус соҕуруу бэйэтин дойдутун диэки көтөн күпсүйүөхтээх. Ол үс хонук иһигэр эһиги кинини тугунан даҕаны араабылаамаҥ! Аскыт-үөлгүт тобоҕун, ууну-хаары даҕаны, таһырдьа тоҕумаҥ! Кинини тамты көрбөтөх-билбэтэх курдук туттуҥ! Ол сүөһүгүтүн көтөргүт көрбөт сиригэр acтaapыҥ. Сарсыарда оҕонньордоох эмээхсин эрдэ туран, били оҕус гыныах буолар мaҕaac кунанчааннарын, ohox сырдыгар дьиэҕэ киллэрэннэр, cүүhүн охсон сүлэн, астаан кэбистилэр. Этиллибитин курдук, күн кылахачыйа тахсыыта сүрэхтээх быарын, алтан хобордооххо ууран, бастыҥ сэргэлэрин үрдүгэр анньан кэбистилэр. Ньахсаан ойуун, кыырар таҥаһын-caбын кэтэн, уотун айах тутан баран, тахсан, хотой олорор тэҥкэ тиитин диэки хайыһан туран, кыыран илгиһиннэ, араастаан ааттаста-көрдөстө. Онтон уотугар киирэн, үрүҥ тунах аһын кута-кута, алгыс алҕаан намылытта. Тиһэҕэр, аан таһыттан кэтэҕэриин орон диэки түөрэх быраҕан кыыратта. Дьолго, оҕонньордоох эмээхсин кэлтэгэй хамыйахтара, хойуостаҥнаан тиийэн, олоро түстэ, мунньах-ханньах хамсаамахтаан баран, тохтоон хаалла. Үөрүү-көтүү буолан, ойуун үлэтэ-хамнаһа итинэн бүттэ. Аны, күн орто ааһыар диэри дьиэттэн быкпакка, улуу көтөр бэриги ыларын дуу, ылбатын дуу, күүтүү буолла. Ол эрээри, саҥардыы кэтэһэ санаан эрдэхтэринэ, алтан хобордоох тоҥ чигдигэ сууллан лаҥкыныыр тыаһа иһилиннэ. Ким да тугу да диэбэккэ, истибэтэх кулгаах буоллулар, оҕонньордоох эмээхсин күлүктэригэр имнэнсэн кэбистилэр. Күн орто ааһыыта, тахсан көөртөрө: хобордоохторо эрэ түөрэ түһэн сытар, уурбут астарыттан тооромоһу да хаалларбакка, көтөрдөрө барытын мэлитэн кэбиспит. Сарсыныгар Ньахсаан ойуун махталы кытары дойдулаата. Дьиэлээхтэр кыра эт, арыы биэрэн ыыттылар. Араас кэпсээн тарҕаныа, саат-суут буолуо диэн кырдьаҕастара ханна да кэпсээн оҥостуо суох буолан барда. Оҕонньордоох эмээхсин дьэ сэк буоланнар, алдьархайтан быыһаммыт курдук санананнар, санаалара көнөн, аны, болдьохтоох үс хонуктарын күүтэр аатыгар бардылар. Ол устатыгар тойон кыылларын көрдөллөр да көрбөтөҕө буолан, ханна барарын-кэлэрин кыҥастаспакка, дьөрү кини туһунан ахтыһан да көрбөккө, бүтэйдии, бэйэ-бэйэлэриттэн санааларын кытары кистэһэ сырыттылар. * * * Үс хонуга туоларын сарсыардатыгар Микииппэр оҕонньор, аһаан-сиэн эрдэ бүтэн баран, күн тахсарын күүтэн, чаархааннарын бэрийбитэ буолан, соруйан таһырдьа тахсыбата. Муус түннүгү күн уотун тымныы сарадахтара күндээрдэ салаамахтаан эрэллэрин оҕонньор төһө да көхсүнэн сэрэйдэр, тахса охсубакка, бэйэтэ бэйэтин кытары мөккүһэн, чиҥээн биэрэ сатыы олордо. Ол улуу көтөр aйaҥҥa аттаныытын көрбөтөх да син, аны урут- хойут тахсан, кыл мүччү үргүтэн кэбиһэн, өлүү буолуо. Кинилэргэ ол улуу дьаалы, санаата кэлэн, мантан салалыннын эрэ. Оҕонньор үлэтин бүтэрэн, тахсаары таҥнан баран, аны өр баҕайы, аҕала сатыы-сатыы, табахтаан бусхатта. Онтон, дьэ, куобах чомпойун оройугар уурунан, токуччу тарда сылдьар торбос үтүлүгүн ылан, аанын оргууй аһан, аа-дьуо тахсан барда. Дьаралытан, тымныы гынан баран, бэрт ыраас күн үүммүт эбит. Күн тиит төбөтүттэн арахсыбыта ырааппыт. Оҕонньор, ону-маны көрө турбахтаан баран, бу хас да хонукка ыга баттаан муҥнаабыт ыар сүгэһэрин дьэ хаалларан, бэрт чэпчэкитик сананан, холкутуйан үөһэ тыына-тыына, аа-дьуо таптыыр тиитин диэки дуоһуйбуттуу хайыста. Хайыһаат, сүрэҕэ «парк!» гына түстэ, бу саныы турбут туох баар бары үтүө санаата, буорах уота күлүм гынарыныы, эмискэ мэлис гынан хаалла. Ол оннугар төбөтүн иһэ бүтүннүү хабыс-хараҥа буоларга дылы гынна, ол хараҥаттан, бэл, кулгааҕа чуҥкунаата. Өйдөнөн, иккистээн көөртө — алҕаһаабатах. Кыыла буолуохсут, «мин бэйэлээҕи ханна үтэйээри гынаҕыт?!» диэбиттии, өтөччү туттан, күн уотун түөһүгэр түһэрэн, дьоһуннаах баҕайытык дьохсоллон олорор эбит. Микииппэр оҕонньор турбахтаан, тэпсэҥнээмэхсээн баран, балаҕаныгар төттөрү киирдэ. — Эмээхсиэн, дьэ табыллыбатахпыт, кыылбыт барбатах. — Туох даа? — диэн эмээхсинэ истээт, соһуйан өрө халаатыы түстэ. — Барбатах диибин. Олорор. Күн үөһэ ойон ырааппыт. — Оо, муҥ да буолар эбит, оҕолоор! Ол хайдах баҕайыный? — эмээхсин, мускуйа олорбут куобаҕын тириитин ньилбэгэр ыһыктан, оҕонньорун сирэйин-хараҕын көрбөхтөөтө. — Хайдах баҕайыный диэн... Барбатах буоллаҕа, онон бүтэр! — оҕонньор, сохсурҕаланан кэбиһэн баран, аан таһыгар турар олоппоһу ohox чанчыгар coho тардан ылан олорон кэбистэ. Ол курдук, бүк түһэн саҥата суох олордо. — Туохпут табыллыбатах буоллаҕай? Толукпутун астымматаҕа буолуо дуо? —диэтэ кэмниэ кэнэҕэс, үөһэ тыынан ыла-ыла. Эмээхсинэ онно тугу даҕаны хардарбата. Олорбохтуу түһэн баран, оҕонньорун ыххайбыта буолла: — Чэ, оттон, итиннэ олоруоҥ дуо? Таҕыс! Үлэҕин үлэлээ! Оҕонньор, кырдьык да оннук диэбит курдук, хап-сабар таһырдьа тэп гынан хаалла. Ити күнтэн ыла Собо уола Микииппэр оҕонньордоох эмиэ хат эрэйгэ бардылар. Кыыллара күрдьүктэн арахпат буолла. Киһини көрдөр эрэ, аны, тиититтэн ыһыктынан кэбиһэн баран, утары көтөн нэмилийэн кэлэр идэлэннэ. Эбэтэр, оҕонньор киирэн ойбонун тэстэр эрэ, кэнниттэн тиийэн, онно олоро түһэр. Баһырҕаска ханнык да аһы таһырдьа бэрдэртэрбэт, кэлэн былдьаан ылар. Сис былыт кэлэн, эбии хаардаан, төһө да тымныы хото түһэ илигин иһин, оҕонньордоох эмээхсин куттананнар, сүөһүлэрин далга таһаарбат буоллулар. Борооскуларын букатын да таһырдьа быктарбатахтара ыраатта, дьиэҕэ уулаталлар. Кыылларын сылдьар сирэ диэн күрдьүк, ойбон уонна тиитэ. Дэҥ курдук, кыбыыга түһэн олорор буолар. От сыалаан сиир быһыылаах. Онтон атын ханна да сыҕарыйбат. Күннэри-түүннэри үксүн тиитигэр олорон тахсар. Бэйэтэ бултаабыта буолан, кутуйахтаан, куобахтаан айах булунар туһунан өйүгэр оҕустаран да көрбөт быһыылаах. Дьиэлээхтэргэ найыламмыта саарбаҕа суох буолла. Онон бу кыыл аччыктаан ыксаан, торҕонноотоҕуна, киһини-сүөһүнү былдьыа диэн, оҕонньордоох эмээхсин сүбэлэһэн баран, албыннаһан, кыра-кыралаан, сэргэ төрдүгэр таһааран, эмиэ ас биэрэр буолан бардылар. Аны кэнникинэн топпотоҕуна тиитигэр көппөккө олорунан кэбиһэр үгэстэннэ. Эбии ас таһаардахха, киһиттэн күрэнэн, көтүөн сүрэҕэлдьээн, икки кынатын даллаччы быраҕан баран, ойуоххалаан, кыратык сыҕарыйан эрэ биэрэр буолла. Микииппэр оҕонньор, айыым-харам таайан, бу үөһээ дойдуттан соруйтарыылаах үрдүк ыйаахтаах кыыл соруйан буулаата диэн, санааҕа баттатан, аанньа аһаабат-сиэбэт буолан, биллэ хотторон барда. Ол гынан баран, ол кинилэр обургулар уйаларын хаһан моһуоктаабытын өйдүү сатыыр да букатын туох даҕаны киирбэт. Арай бара сатаан, балыыр буолуо диэх курдук санаталаан ылар. Ону, хаттаан, ол дойдуга тахсан, быһаарсан, көлбөрүтүһэн көрөр кэлиэ дуо — суох буоллаҕа. Аны, кыһалҕатын оҥорон, сохсотугар куобах аанньа киирбэт, айатыгар таптарбат, кылыытын көрөр-хайыыр буолан хаалла. «Байанайым кытары хадьырыйда, аанньа буолбат ыал буоллубут», — диэн биир муҥатыйыы үөскээтэ. Кырынаастыыр эҥин, атын түүлээхтиир кэлиэ дуо — мэлигир. Оҕонньор куобаҕын да быраҕыа этэ да, эбиискэ гынаары ол муҥа. Кыыллара моҕуһа да сүрдээх. Биирдэ эмэтэ куобах биэрдэххэ, барытын мэлитэн кэбиһэн баран, топпокко көрөн олорор буолар. Дьылларын саҥардыы саҕалаан эрэллэр да, тиҥэһэлэрин аҥаара чугаһаата. — Манан буоллаҕына, биһиги биэс-алта сүөһүбүт сыыһын сааскыга диэри мэлитииһи, — диэн эмээхсинигэр этэн көрөр да, анарааҥҥыта эрэйдээх тугу гыныа баарай, бэйэтэ нэһиилэ хачыгыраһан сылдьарыгар махтал. Оҕонньор хас от-мас тиэйэ бардаҕына, тыаҕа сохсотугар, айатыгар таҕыстаҕына, күннүктээн санаата дьиэтигэр буолар — хайдах эрэ олордулар буолла, туох да алдьархай тахсыбата ини диэн. Тардыллан, хойутаан хааллаҕына, сүрэҕэ итийбэхтии-итийбэхтии, оһоҕун үөлэһин кэтиир — кытыаста олорор кыым тахсарын көрө охсоору, уруккутун курдук, эмиэ чоҕо бараммыт, оһохтоох дьиэҕэ тиийимээри. Кэтэнии-мананыы бөҕөнөн олорор ыал буоллулар. * * * Сэтинньи ый эргэтин диэки, күүстээх тымныылар түһүтэлээтилэр. Аар тайҕа аҕылас гына тоҥно. Биир ыйдаҥалаах сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, эмээхсин, таһырдьа тахсаары, өлөр хаһыытын түһэрдэ. Оҕонньор муҥнаах оһоҕун отто туран, онно ойон тахсыбыта, эмээхсинэ охтон балаҕанын сабараанньатыгар быардыы түһэн баран тураары ырычаахтаһа сатаан эрэр эбит. Сап-салыбырас буолбут киһини оҕонньор нэһиилэ өйөөн киллэрэн оронугар сытыарда. Эмээхсин эмиэ уруккутун курдук, сүрэҕэ хамсаан, эрэй бөҕөнү көрөн, үс-түөрт хонукка суорҕаҥҥа-тэллэххэ лип сытан турда. Бастаан утаа наар: — Балаҕаным үрдүттэн... — эрэ диирэ. Кэлин арыый кэҥээн баран кэпсээбитэ, били кыыллара балаҕаннарын үрдүгэр хоммут эбит, сэрэйдэххэ, үөлэс сылааһыгар тартаран буолуо, халҕан тыаһыттан cohyйан, балаҕан үрдүн хаарын бүтүннүү суулларан, эмээхсин үрдүнэн бу көтөн барыйан тахсыбыт. Онтон уолуйан, эмээхсин сиргэ умса баран түһээхтээбит. — Адьас, бу баҕайы сиэри, манаан олорон, үрдүбэр түстэ дии санаатым, — диэхтиир capcыҥҥытыгар, тыгыластыы-тыгыластыы.— Оо, эчи, хас муҥун! Сүрэх да баа´а буолан өлүүһүбүт. Хор, саатар, кини киһини соһуппат гына сылдьыан бэрт буоллаҕа, күнүс да куттуура сөп этэ, киниэхэ... Микииппэр оҕонньор олоҕун барытын эргитэ санаата, бу күннэргэ. Ийэтэ сүүрбэ иккитэ оҕоломмута үhү. Онтон иккиэйэх эрэ ордон хаалтара. Балтынаан. Балта туспа улууска, эргэ тахсан барбыта быдаарыйда. Сураҕа, аҕыйах сыллааҕыта өлбүт курдук этэллэр. Хас да оҕолордоох үһү, бадаҕа. Ийэлээх аҕата Микииппэр отучча саастааҕар, ыал буолбутун кэннэ, биир сылынан быысаһан өлбүттэрэ. Ол аата түөрт уонча сыл буоллаҕа. Онтон ыла бy өтөххө эмээхсининээн иккиэйэҕин олороллор. Бy дойдуга, үрүйэ-харыйа быыһыгар, от элбэхтик үүнэр. Онон, үлэни-хамнаһы кыайар эрдэҕинэ, урут үгэннээн, кыралыын-улаханныын сүүрбэччэҕэ чугаһыыр сүөһүлэнэ сылдьыбыта. Бу билигин, аччаан, алта-сэттэ сүөһү хаалан турар. Кыайбат-хоппот дьоҥҥо ол да сөп. Сааһыгар бэдэрээккэ да киирбэтэҕэ, бэдэрээккэ киһи кэпсэппитэ да суох. Бэйэтин бэйэтэ хоп курдук көрүнэн, баччаҕa кэллэ. «Caҥa былаас кэллэ, хамначчыттар былаастара!» — дэһэ-дэһэ сүпсүгүрэллэр. Ол Микииппэр оҕонньорго туох буолуой — кини хамначчыттаабатах киһи, кини былааһа буолбатах. Былырыын сайын, нэһилиэккэ киирэ сырыттаҕына, ыҥыран ылан, саҥа тойоҥҥо киллэрэ сылдьыбыттара. Онтукалара, Торулла уолун уола Намыын эбит этэ. — Оҕонньоор, баайдартан үчүгэй сирдэрин былдьаан ылан, кыра-хара дьоҥҥо түҥэтэн эрэбит. Эйиэхэ сир наада дуо, хайа баҕарар алаастан, хочоттон биэриэ этибит, — диир. Ол сирдэрин ылан, кини тугу гыныай, xahaн кыайан оттоору дуу, хайаары дуу? Киниэхэ бэйэтин сирэ элбэх. Бэйэтин иннин көрүннэҕинэ, ол да сөп киниэхэ, кырдьаҕас киһиэхэ. Онто кыайтарымаары гынна быйыл ити. Taҥapa — атаҕастаабыта дуу, хайаабыта дуу — оҕону киниэхэ анаабатах. Эмээхсинэ урут үстэ оҕолоно сылдьыбыта, үһүөн өлбүттэрэ. Оо, кэнники оҕото үчүгэй да барахсан этэ... Онон эмээхсининээн, кинилэр, өллөхтөрүнэ, бу өтөх эстэр. Таҥара, оннук атаҕастаан баран, онто итэҕэс буолан, бу туора дойду кыылынан накаастатан эрдэҕэ. Ити кыыл, бачча булан баран, хайаан даҕаны тугу эрэ оҥорон apaҕapa буолуо. Эмээхсинин ити, куттаан икки соһутан икки, суорҕан-тэллэх киһитэ оҥорон эрэр. Бэйэтин, оттон атаҕастаабыт буруйдаах кини ааттаах дии, хайдах дьаабылыыр. Тыыннаахтыы тобулута тоҥсуйан өлөрөр дуу, хайыыр?.. Оо, киһи эрэйдээх, олордоҕуна олорор. Кырдьар-буорайар сааһыгар маннык эрэ өлүүгэ-чааска тиксиэм диэбэт этэ. Ити кыыл буулаабатаҕа буоллар, туох да муҥа-таҥа суох, нам бааччы олоруох дьон... Биирдэ, күн киириитэ, оҕонньор атын аһата сырыттаҕына, тойон кыыла, хайдах эрэ дьигис гынан хамсаан ылла, үөһэнэн балаҕан диэки, биир сири тонолуппакка, иҥсэлээх баҕайытык тобулу көрөн олорбохтоото, онтон биирдэ «дук» гынан баран, олорор мутугуттан, кынатын сараппытынан, соҕотохто аллара ыһыктынан кэбистэ, сиргэ чугаһыах курдук гынан иһэн, өрө охсон ылла уонна ол курдук, үөһэлээбэккэ эрэ, көтөн налыҥныы турда. Oҕонньор өйдөөбүтэ, кыыла балаҕантан эмээхсин кини киэһээҥҥи аһылыгын уура тахсыбытын көрөн, ону кэтэһэн олорон, киниэхэ утары көппүт эбит. Хотой босхолообутугар өрүсүһэн, Микииппэр оҕонньор, тоҥуу хаары кэһэн, тэҥкэ тиитигэр тиийдэ. Өөр одуулаан турда, тэйиччинэн тула эргийдэ. Бу өйдөөн көрдөҕүнэ, кырдьыбыт, баараҕадыйбыт да эбит тэҥкэ тиитэ. Лабаалара бадьырыттан, бу суоннарын, бу модорооннорун!.. Бэйэтэ, хайдах эрэ, өлбөөрөн, өһөн хаалбыт курдук, көмнөххө баттатан, бэл, нүксүйбүккэ дылы буолбут. Урут, оо, сыбыдыал, намчы, нарын да курдук саныыр этэ. Кырдьыыга кини эмиэ бэринээхтээбит. Тойон кыыл ол иһин буллаҕа кинини. Көһүөркээбитин, баараҕадыйбытын иһин, уруккутун курдук дьылыгыр, имиллэҕэс эбитэ буоллар, кинини булуо, сөрүөстүө суоҕа этэ. Собо уола Микииппэри эмиэ кырытыннаран, атаҕастаан кэлэн олордоҕо, бу тойон бэйэлээх кыыл. Эдэрин, эрчимин үрдүгэр сылдьара эбитэ буоллар, ону билиэ, толлуо, торуллуо этэ. Оо, кырдьаахтаабыккыт, Собо уола Микииппэр оҕонньор, тэҥкэ тиит доҕоргунаан иккиэн! — Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиитим!.. — оҕонньор, иһиллэр гына ботугураан баран, аа-дьуо, умса туттан, кыбыытын диэки саллаҥнаата. Ити курдук, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ, күүс өртүнэн үөһээ халлаантан түһэн кэлэн, хос айах адаҕата соҥнонон кэбистэ. Аны, бу сиэмэх кыылы бу дойдуттан ыыта сатыыр туһунан санаабакка, хайдах эмэ гынан этэҥҥэ кыстатар, өлүүнү-алдьархайы таһаарбата буоллар диэн, ол кыбыстыытыгар ыллардылар. Онон, эттэрин-астарын харыстаабакка, ааттаһар-көрдөһөр икки, айах тутар икки аатыгар бардылар. Көтөрдөрө ол аайы эр ылан, киһиэхэ кыһаммат, бэл диэтэр, аска иҥсэрдэҕинэ, дьиэ ааныгар кытта кэлитэлиир буолан истэ. * * * Ахсынньы ый аан тумарык тымныыта, сылаас хааннаах бииһин ыбылы харбаан, тиийэн кэллэ. Хотойдоро түүнүгэр үөлэс төрдүн сылаас тыыныттан арахпат буолла. Киэһэ-сарсыарда аһыырыгар, киһи эрэ буоллар, били, урукку бэйэлээх дохсун, хоноҕор көрүҥэ уурайан, аччаан-түүрүллэн, төбөтүн саннын иһигэр ныкыччы тардынан, илибирии-салыбырыы олорор буолан хаалла. Эмээхсин ону көрдөҕүнэ, сэтэрии саныырын быыһыгар, ханна эрэ ыраах, дууһатын түгэҕэр, бэйэтиттэн да кистээн, аһыныы кыыма кылам гынан aahap. Оттон тэйдэр эрэ, «син киһиттэн ордуга суох, холоон да эрээригин...» диэх курдук абалаах санаата хат күөдьүйэн киирэр. Ол эрээри, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ ол хорсун кыыл бэйэтин yhуннук сэнэттэрэ барбатаҕа. Куолутунан, эмээхсин биирдэ сэргэтин төрдүгэр кыылын киэһээҥҥи аһылыгын илдьэн ууран баран, муус уурар лаабыһыгар барыан иннинэ, улахан мууһу көтөҕөн киллэрээри, урут балаҕанын аанын тэлэччи аһан, бэлэмнээн кэбиспитэ. Онуоха тойон кыыла көтөн сабыкыччыйан кэлэн, аһылыгар кыһаммакка, балаҕан иннигэр сабдыс гына олоро түспүтэ уонна икки кынатын токуруччу өрө ыйаан таһаарбытынан, сүр баҕайытык моонньун уһатан умса дьүккүйэн баран, тиэтэл үлүгэринэн түөрэ-маары үктэммэхтээн, ahaҕac аан диэки дьулуруйбута. Икки кынатын уһугунан дьиэ сабараанньатын таарыйыахча буолан иһэн, онтуларын хомуйа тардаат, икки атаҕынан тэҥҥэ ортотугар биирдэ дугунан ылаат, аан модьоҕотугар тиийэн лып гына олоро түспүтэ. Аҕыйах чыпчылыйыы түгэнэ дьиэ иһин эриличчи көрөн ылаат, кини бэйэлээх, кынатын сараппытынан балаҕан ортотугар биирдэ ыстанан кэбиспитэ — оҕордук даллайбытынан туран эрэн, атаҕын үрдүгэр чээчэлээн, дьиэ иһин сыныйан көрөрдүү, аа-дьуо биир эргиири оҥорбута, онтон толору оттуллубут көмүлүөк ohox уота, өрө бургучуйа олорор туман курдат, уҥа орон сыҥаһатын сырдаттаҕа буолуо — «мин аналлаах миэстэм бу баар эбит» диэбиттии, таҥара олоҕун аннынан, ол үрдүгэр ойон тахсыбыта. Сонно тута, эргичис гына, уот диэки хайыспыта уонна баҕыырдаах тумсун үөһэ соҕус туһаайан, көрөн эрилиҥнэтэн кэбиһэ-кэбиһэ, хамсаабакка ол курдук, соруктаах аханнык олорунан кэбиспитэ. Эмээхсин тута кыылын кэнниттэн сүүрэн киирэн, аанын сабаат, ohox чанчыгар тымтык тыыра олорбут оҕонньорун кэннигэр түһээхтээбитэ. Микииппэр оҕонньор, эдэр эрдэҕинэ, тыа кыылын кытары эт илиитинэн киирсэр, киһи сорсуннааҕа, сүрэҕин иҥиирэ билигин да баар эбит, өлөр-хаалар күҥҥэ үс бүк киирбэтэ, дьэ, ити буоллаҕына, хайабыт буолар диэн, уһун молойо быһаҕын бобо харбаабытынан өттүк баттанардыы, сутуругун ньилбэгэр ыга баттаан, умса нөрүйбүтүнэн, итини барытын сүүһүн аннынан саҥата суох одуулуу олорбута. Баһырҕас, сааһын үгэнигэр сылдьар ыт, тайаҕы даҕаны, эһэни даҕаны куттаммакка үрэр бэйэтэ, бу тыҥырахтаах дуоланыттан этэ салаһан, остуол анныттан ойон тахсан, иччитигэр сөрүөстүбүтэ. Онтон эр ылбыт дьүһүнэ буолуо, арҕаһын түүтүн адаарытан, ньылбыйыаҕынан ньылбыйан, оргууй сыбдыйан, caҥa «ыалдьыкка» чуга´аан, ыраахтан туран, моонньун ууннара-ууннара, сытырҕаан көрбүтэ. Онуоха анарааҥҥыта, кини диэки хайыһан да көрбөккө эрэ, хантайбытынан олорон, баһын хамсаппытыгар, кутуругун кумуйбутунан, ohox кэннигэр түһэн хаалбыта. Ол курдук, бу дьиэ иһигэр ким да тугу да гыммакка, таалан, бэйэ-бэйэни кэтэсиһэн, балачча кэмҥэ бары хамсааһын тохтоон хаалбыта. Кэмниэ кэнэҕэс оҕонньор, сибигинэйэ соҕус гынан баран, кытаанахтык эмээхсинин соруйбута: — Бар эрэ, таһаарбыт аскын киллэр! Эмээхсин тугу диэн булбакка, мээнэнэн чугуруҥнаамахтаан баран, кэннин хайыһа-хайыһа, таһырдьа дьөгдьөрүс гыммыта. Ити икки ардыгар хам сыста охсубут хобордоохтоох ahын киллэрэн, оҕонньоругар уунан баран, саҥата суох, күүтэн турбута. — Ити курдук тутан туруоҥ дуо, ириэр! Оҕонньор аа-дьуо хамсатыгар табах уурунан барбыта. Хататын сардырҕатыан саараатаҕа буолуо, туран, тымтык ылан, табаҕын онон уматыммыта. Олоппоһугар төттөрү олорон баран, эмээхсинин диэки хайыспакка эрэ: — Хайа, ирдэ дуо? Ирбит буоллаҕына, көтөргөр илдьэн биэр! — диэбитэ. Эмээхсин, хобордоохтоох аһын түөһүгэр ыга тардан, таах салҕалыы турбута. — Аҕал эрэ, ыл! — диэн оҕонньор, быһаҕын этэрбэһин айаҕар анньан баран, хобордооҕу эһэ охсон ылан, күөйэ соҕус хааман, тойон кыыл иннигэр илдьэн, оргууйдук остуол атаҕын аттыгар сиргэ уурбута. Тойон кыыл, хап-сабар ыстанан түһэн, аһаабытынан барбыта. Биэрбит астара маҥаас кунанчаан этэ этэ. Мээнэ маҕыалаабакка, кыра-кыратык быһыта тыытан, бэрт чэбэрдик, өр аһаабыта. Сотору-сотору тохтоон, иһиллээбит курдук буолара, туох эмэ тыаһы иһиттэҕинэ, ол диэки тонолуппакка, өр одуулаан олорон баран, ол тыас хос хатыламматаҕына, оччоҕо биирдэ аһаан барара. Бүтэн баран, оннугар ойон тахсан олорунан кэбиспитэ, кичэллээх баҕайытык тумсун ыраастаммыта. Онтон түүтүн сахсатан кэбиһэн баран, моонньун быкыччы туттан, ohox үрдүн одуулаабытынан, тугу эрэ тойоннуур курдук, өр хамсаабакка олорбута. Оҕонньордоох эмээхсин, ботур-ботур кэпсэтэн, уҥа диэки кэлбэккэ, киэһэ аһылыктарын хаҥас диэки ahaaбыттара. Ahыахтара баара дуо, истэригэр ас барбатаҕа. Утуйалларын саҕана, кыылларын тахсаарай диэн, кэтэһэ санаан көөртөрө да, онтукалара, хата, тахсар диэки санаабакка олорор быһыылааҕа. Хам-түм турулус гына көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, утуктаабыт курдук, бэрт нам бааччы олороро. Хайыахтарай, ол курдук, көтөр кынаттаах сиэмэҕин кытары биир дьиэҕэ утуйан туралларыгар тиийбиттэрэ. Дьиэлээх ааттаах дьон, тахсан биэриэхтэрэ дуо, ама, төһөтүн да иһин. Ол гынан, ааннарын хатаан кэбиспиттэрэ. Утуйар таҥастарын хаҥас ороҥҥо көһөрөн, онно утуйбута буолтара. Оҕонньор, өй булан, халыҥ тымтыкка туос кыбытан бэлэмнээбитэ, ыксал тирээтэҕинэ уотунан куттаары, быһаҕын сыттыгын анныгар уктубута — онтон атын көмүскэнэллэрэ туох кэлээхтиэй? Ынах ыырдаахтара, ат аһатардаахтара — ол курдук барыта хаалбыта. Түүн хайалара да харахтарын симмэтэхтэрэ, утуйан хаалбыт кыылы, аны, уһугуннаран, уйгуурдан иэдээн буолуо диэн кэпсэппэтэхтэрэ, табахтаабатахтара даҕаны. Сарсыарда оҕонньор эрдэ баҕайы оһоҕун оттубута. Көтөрдөрө, бэҕэһээ киэһэ хайдах олорон хаалбытай да, ол курдук олорор эбит — сылайар, көһүйэр диэни билбэт баҕайы буоллаҕа буолуо. Аһыылларыгар ас биэрэн көөртөрүгэр кыһаллыбатаҕа. Киирии-тахсыы буолтугар да, бэрт долгуйбатаҕа. Онон, ити курдук, дьиэттэн төрүт быкпакка күннэри-түүннэри манаан олоруох баҕайы дуу диэн, ордук чаҕыйа санаабыттара. Киһи баарыгар-суоҕугар, хотонноро, сатаан бардахха, дьиэлэрин кытары силлэһи, онно киирэн, сүөһүлэри аймаан турдаҕына көҥүлэ. Ону манаан, таһырдьа быкпаттарыгар тиийэллэр. Онон, бэркэ саарыы, мунаахсыйа олордохторуна, дьиэ иһэ күндээрэ сырдаабытыгар көтөрдөрө, арай, хайдах эрэ, көрөн-истэн хамсаан киирэн барбыта. Оҕонньор ону бэлиэтии көрөн, тиийэн, дьиэ аанын тэлэччи аспытыгар кыыллара, сулбу ыстанан түһэн, даллайа-даллайа, эмиэ хаадьараҥнаан, таһырдьа тахсан барбыта. Тахсаат, ахтыбыт курдук, тиитигэр тиийэн, хатана түспүтэ. Күн тахсыыта, сарсыарда аһылыгын таһааран биэртэрин уруккутун курдук, көтөн кэлэн, охсон кэбиспитэ. Онтон кыһын тойон кыыллара бэйэтэ олохтообут ити үгэһин кэспэтэҕэ. Киэһэ, лоп курдук, борук-сорук буолуута, бэйэтэ кэлэн, ааны астаран, дьиэҕэ киирэн хаалара, онно киэһэ аһылыгын аһыыра, сарсыарда, халлаан сырдаатаҕына, санаатынан, тахсан барара. Атына диэн, бастакы күнүн курдук, даллараҥнаабакка, көнөтүк туттан баран, иҥнэр-таҥнар түһэн, бэрт көһүүннүк да буоллар, аа-дьуо хааман бадьаалыыра. Дьиэҕэ туох да мөкүнү оҥорбото. Арай, хас да күн устата, уу иһиэн баҕарарын өйдөөбөккө, икки өттүттэн кыра моһуогуруу буола сылдьыбыта уонна уҥа ороҥҥо ууруллубут эргэ кыл сөрүөнү тобулута тоҥсуйан бараабыта — туохтан эбитэ буолла, кылын дэлби үргээн сиирэ. Истэ-истэ сураҕыттан куттана сылдьыахтааҕар, өлүүнү бэйэтин утары көрбүт ордук. Оҕонньордоох эмээхсин бастакы кутталлара мүлүрүйэн, кыыллара дьорҕойботун билэн, сыыйа аргыый кэргэнниһэ быһыытыйбыттара. Хайа, уонна бэйэлэрин кэм аһатан, көрөн олорор дьон курдук сананан баартара. — Үтүө төрүттээх кыыл, бэйэтэ да ону аахсар, өйдөөн сылдьар ини, — дэһэллэрэ. Ол да буоллар, ханныгын да иһин, хаҕыс соҕус «дьукаах» ыалласпыта. * * * Оҕонньор биир суолтан ордук дьулахачыйа саныыра — саас диэки, халлаан сылыйыыта, муунтугуран, торҕонноон, киһи биэрэр тоҥ ahын астыммакка, сылаас xaaҥҥa суудайыа диэн. Сахалар итэҕэллэрин быһыытынан хотой ыалы аанньаҕа буулаабат. Өлөр, быстар ыалы буулуур. Онон бу кыыллара, оҕонньордоох эмээхсини тутатына, быйыл кыһын дуу, саас дуу, тобулута тоҥсуйан, тырыта тыытан барбатаҕын иһин, кини бу ыаллаһыыта кэнэҕэһин син биир таайыах тустааҕа. Онон Собо уола аах, биир-икки хонугу этэҥҥэ туораатахтарына, үөрсүбүт курдук буолаахтыыллар да, көхсүлэрэ бүтэйдии сэрэйэ сылдьаахтыыр — уһун оту оттообот, аны сириэдийбэт ыал буолбуттарын. Наай гыннар, икки-үс сыл бараахтыыллара дуу, суоҕа дуу! Куһаҕан ыарыыга булларбыт киһи ыарыытын дьонтон кистээн муҥнанар. Син ол тэҥэ оҕонньордоох эмээхсин бу дьаабыланан олорорбутун туора дьон билбэтэллэр диэн, ол эрэйигэр ыллардылар. Аны алҕаска ким эмэ тиийэн кэлэн, тыл тарҕанан бу өлөргө-быстарга ууруллан, бүтэн баран сылдьар муҥнаахтар диэн туора хаамыахтара турдаҕа — син биир куһаҕан өлүүнэн өлбүт дьон тыыннаахтарыгар быстах, уларсыкка туран сылдьаахтыылларын курдук. Уонна тыҥырахтаах кыылга буулатан өлүү диэн сахаларга саат-суут, бэйэ симиэрдигэр өлүү буолбатах. Кырыыстан өлбүт тэҥэ. Үйэ тухары дьон сибигинэһэн, кэпсээн оҥосто сылдьыахтара турдаҕа. Онон, оҕонньордоох эмээхсин биир эмэ хоноһо-ыалдьыт тиийэн кэлиэ диэн аны ол кыбыстыытыгар бардылар. Оччоҕо «дьукаахтарын» хайдах кистииллэрэ, туох диэн, тугунан толунан куоталлара биллибэт. Хата, ону, дьолго, сааскыга диэри бу үрэх баһын ким да өҥөйбөтө. Сааһыары, ыаллыы улуустарыттан сылдьар, биир сылгыһыт киһи чэйдээн ааспыта, тиэтэйэн, хоно сорумматаҕа. Онон, оттон-мастан тардыһан, ичигэс буолуутугар биллибэккэ-көстүбэккэ тиийээри гынныбыт диэн эмиэ үөрээхтииллэрэ. Саас, тымныы арыый уҕараабытын кэннэ, Микииппэр оҕонньор Аабылаан сиһин биир аппатыгар caahын аайы куйуурдуур кыракый тыымпы оҕолооҕор сүрэҕэ батарбакка тахсан, биир ойбону тэһэн, биирдэ-иккитэ сиир ньаҕара балыгы ылан, киэһэлик дьиэлээн иһэн, сыарҕатын сытар маһы үрдүнэн ыытаары, адарайын быыһынан биир мутук хорос гынан, куйуурун тоҕо тардан кэбистэ. Абаккатыгар оҕонньор, төннөн тиийэн, ол мутугу тосту үктээри гыммыта, мутуга көрдөххө синньигэс, хаппыт гынан баран, бөҕө буолан биэрдэ, тыыллан биэрэ турар. Оҕонньор үктээн көрдө да туһа тахсыбата. — Туох сатананый, доҕоор, оннооҕор хотой... — диэн иһэн, ол санаатыттан соһуйан, чиккэс гына көнө түстэ, «бэйи, мин бу туох буоллум?» диэххэ айылаах, сирин-уотун эргиччи көрбөхтөөтө, онтон мутугун хаалларан, эргим-ургум көрөн баран, тииккэ өйөннөрө уурбут куйуурун быраҕан, сыарҕатыгар олоро түстэ да, атын муоһатын илгиэлээбитинэн барда. Муус анньан-хайаан тиритиэр диэри үлэлээн баран, cыарҕaҕa олорон, дьагдьайа быһыытыйан испитэ — билигин бүтүннүү уу билик буола охсубут. Оҕонньор, чомпойун быатын сүөрэн, бэргэһэтин сэгэччи аста, хаста да сөрүүкүү сатаан, салгыны эҕирийэ-эҕирийэ, үөһэ тыыммахтаата. Уу, быданнааҕы да суолу киһи өйө төбөтүгэр хатаан сылдьар буолар эбит. Кини уончалаах уол эрдэҕинэ дуу, өссө кыра эбитэ дуу, саас, ылааҥы буолбутун кэннэ курдук өйдүүр, аҕатын батыһан, эмиэ бу тыымпыга куйуурдуу кэлсэ сылдьыбыта. Онно баран иһэн этэ дуу, кэлэн иһэн этэ дуу, сэрэйдэххэ, бу суол буоллаҕа буолуо, аҕатынаан дьиктини көрөн тураллар. Ханан эбитэ буолла, билигин өйдөөбөт, тыаттан ыла быллаардардаах сыырдаах биир үрүйэни өҥөс гыныыларыгар үрдүлэригэр халлаан хайа барарга дылы гыммыта да, оччотооҕу кини санаатыгар, этиҥ этэрин курдук сүрдээх тыас таҥнары сатыылаан түспүтэ. Хантас гынан көрө биэртэрэ, биир сүүнэ улахан көтөр, кынатын кыптыыйдыы туттан баран, тааһы бырахпыт курдук, аллара ыһыктынан түһэн иһэр эбит этэ. Үрүйэ быллаарыгар бэрт аҕыйах лабаалаах, чаллах баҕайы, хаппыт тиит турара. Ол тиит биир төргүү мутугар били көтөр кэлэн, кини көрдөҕүнэ, кытах түөһүнэн кэтиллэн, мутук нэһиилэ уйан, өрө биэтэҥэлии түспүтэ. Көтөр, хаттаан өрө көтөн тахсан, үүт-үкчү мааҕыҥҥытын курдук мээчиктэнэн түһэн, эмиэ түөһүнэн саайылларын кытары, мутук тостор тыаһа сүрдээх хатаннык «лас!» гыммыта. Санньыс гынан түһэн испит сүҥкэннээх мутугу кытаахтаата кытаахтаабытынан сүүнэ көтөр, ыарырҕатан, кынаттарынан харса суох далбаатанан силлигинэтэн, санньы cоҕyc тус арҕаа диэки көтөн бидилийбитэ. Ону көрөн кини, аҕатын кэннигэр сыарҕаҕа олорон, хаары суруйа испит быыкаа чыпчаххайынан өрө даллах гыммыта. Кыайыа суох буолан гыммыта дуу, киниттэн үргүбүтэ дуу — көтөр, мутугун ыһыктан кэбиһэн баран, туһулаан испит сирин диэки көтөн быластыы турбута. Аҕата кини дьээбэлэммитин көрбөтөҕө. — Хотой! Уйа туттаары сылдьар быһыылаах. Онно илдьээри гынан баран, кыайбата ити. Оо, үтүө көтөр, барахсан! Дьэ, кэлин интигэтин сорунан илдьэр оҕо буолуо. Хайаан да илдьиэҕэ. Биһиги эрэйдээхтэр, тылбытынан араастаан чууп-чаап диэн сылдьаахтыыбыт да, ити көтөр caҕa суохпут ээ. Дьэ, туох киһитэ ити үлүгэрдээх суон мутугу тоһутуой? Оо, сүрдээх өй-мэйии, доҕор! — диэбитин өйдүүр. Хор, онтун, төһө үлүгэрдээх сыл ааспытын кэннэ буолуой, ити куйуурун тоҕо тартарбыт мутугун кытары астаha туран өйдөөн кэллэҕэ үhү. Киһи эҥин-эҥин буолар! Көр эрэ, ону өйдөрүгэр туппут эбит буоллахтара. Оо, өрдөөҕүнү да умнубат кыайардар буолаллар эбит! Чахчы олор-олор! Аабылаан сиһинээҕи уйа бу суолтан чугас. Онно, ити аата, саҥа тутта сылдьаахтаабыт эбит буоллахтара. Алта уонча сыллааҕыта. Оо, бэйэбэр дылы, кырдьаҕас, ытык көтөрдөр эбит. Чээн, барахсаттары да! Саҥа ыал буолан, саҥа дьиэ-уот тэринээри оҥосто сырыттахтарына... орой мэник уол... Кырдьык, буруйдаах эбиппин. Баҕap, кырдьык, уйалара табыллыбакка, сылын аайы биирдии эрэ оҕону көтүтэллэрэ буолуо. Хомойуохтарын хомойоохтууллар. Мин эмиэ бүччүм сиргэ саҥа балаҕан туттубутум буоллар, бaҕap, оҕолорум тыыннаах буолуо этилэр. Аҕам оҕонньор, бу дойду наһаа өтөхсүйдэ, саҥа сиргэ саҥа дьиэтэ-уотта тэрин диирин истибэтэҕим. Ол айыы көтөрдөрө барахсаттар үҥсүөхтэрин үҥсээхтииллэр. Буруйдаахпын эбит. Чэ, ол, оҥорбут буруйбун-айыыбын, боруоһанан көрүүм, оттон. Оҥорбут суолбар эппиэттэтэн эрэллэр эбит. Сөп! Тоҕо оту-маһы тумнубат, оройбунан харахтаах буолан үөскээбиппиний! Саамай сөп! Собо уола Микииппэр оҕонньор, итинник саныы-саныы, ытамньыйа истэ. Оҕонньор эмээхсинигэр уота-күөһэ умуллан, сүргэтэ тостон тиийдэ... — Дьэ, эмээхсиэн, күн-хаан кэлбит, үтэһэм туолбут эбит. Үөлээннээҕим Ньахсаан ойуун кырдьаҕас, билэн-көрөн, кырдьыгын этээхтээбит эбит. Ону бу, бүгүн кэлэн, caҥa өйдөөн быһа сытыйдым. Быыкаа oҕo сылдьаммын, бу улуу көтөрдөр уйа тутта сылдьалларыгар түбэһэммин, кырдьык, кинилэри моһуоктаабыт эбиппин. Ол иһин да, үөһээҥҥи Үрдүк Айыылар алҕаһыахтара баара дуо! Билэн-көрөн олордохторо эбээт! Онон, бу кыылбыт үөһээҥҥилэр сорудахтарынан биһиэхэ адаҕыйбыта чахчы эбит. Бачча булан баран, хайаан даҕаны, өһүн-сааһын ситиһэн арахсара буолуо. Буруйдаах-айыылаах киһини миигин сорсутар ини... Эн кытаат, өлбүтү үтүктүбүт суох, санааҕын хамсаппакка сатаан көр... Сapcыҥҥы күнүгэр оронуттан турбата. Быйыл кыһын, урукку дьыллардааҕар, тосту быһа түспүт кырдьаҕас киһи, ыараханнык оҕутта. Аһы аһаабат, тоһоҕолоон, онто-манта быһа-хайа баран ыалдьара эмиэ биллибэт. Көннөрү төбөтө дыҥ курдук буолар уонна сэниэтэ букатын суох, илиитэ-атаҕа нукаай курдук. Онуоха, киһи дьиктиргиирэ диэн баар, тугу да гыныах санаата кэлбэт, аһыы түһүөн, кыратык сэргэхсийэн, олорон ылыан, таһырдьа да кыратык эмэтик тахса сылдьыан букатын баҕарбат, сытыан, маннык тугу да гыммакка, туохха да кыһаллыбакка, туох да туһунан санаабакка, сиртэн-халлаантан арахсан сытыан, сытыан эрэ баҕарар. Аҕыйах хонук иһигэр Микииппэр оҕонньор киһи билбэт гына уларыйда, нэһиилэ таһырдьа кыһалҕатыгар эрэ өйөнөн-тайанан тахса сылдьар киһи буолан хаалла. Биирдэ оронугар эмээхсинин ыҥыран ылла: — Дьэ, эмээхсиэн, Оппуос! Дьэ, хайдах буолаҕын? Отуҥ-маһыҥ бүтэрэ кэллэ. Мин аны өрүттүбэт киһи буоллум быһыылаах. Ити улуу көтөр санаатын ситэр буолла. Кини дьиэҕэ киирдэр эрэ, икки көхсүм xapaҕa тобуллан түһээри гыналлар. Түүннэри итиннэ манаан олорон, мин көхсүбүн дьөлө одуулуур дуу, ханнык эрэ. Мин тыыммын иһиллээри бу дьиэҕэ дугуйдаммыт эбит, быһыыта... Сүөһүгүн-аскын, истэри-тастары, бэйэҥ көрөн, аны ол үрдүгэр миигин ыарыылаан, сатаан сааһаабат буоллаҕыҥ, мантан саас... Дьэ, туох сүбэтин булабыт? Үөлээннээххэр Настыайа эмээхсиҥҥэ киирэ сылдьарыҥ дуу. Били, тыла суох уолларын доҕор биэрэллэрэ буоллар... Толугун, оттон, сыл таһааран баран, биир бургунаскын биэрэн көрөө инигин. Биитэр, мин балтым дьонугар тиийэн көрөрүҥ дуу?.. — Чэ, бээ-бээ, oҕонньоор! Мээлэ ону-маны тыллаһыма. Баҕар, таҥара көмөлөһүөҕэ. Мантан антах, халлаан итийэн бардаҕына, бэлэм оту-маһы, кыра-кыралаан, бэйэм да таһынаа инибин, — диэн эмээхсинэ буолуммата. Биирдэ, тымныы иккис мyoha тостубутун кэннэ бастакы ылааҥҥы күннэртэн биирдэстэригэр, эмээхсин күнүс сүөһүлэрин уулатан таһааран, баайталаан баран, таһыттан, хайдах эрэ эгди буолан, айманан киирдэ: — Оҕонньоор, таһырдьа, ити, сэргэбит үрдүгэр туох маҥана сытарый? Эн тахса сылдьан көрбөтөҕүҥ ини? — Суох, — дии түстэ оҕонньор, хайдах эрэ ис-иһиттэн сэҥээрэн. Төттөрү тахсыбыт эмээхсинэ сотору таһыттан биир мyyc мaҥaн кырынааһы салыбыратан киллэрдэ. — Хайа, бу кырынаас дуу? — диэн, оҕонньор соһуйан олоро түһээхтээтэ. Кырынааһы, төбөтүттэн өрө ыйаан олорон, кубархай, уҥуох илиитинэн түүтүн таҥнары имэрийбэхтээтэ. — Чээн, бу барахсаны! Сып-сылаас сылдьаахтыыр. Бу, көтөрбүт аҕалан уурдаҕа дии. Көр эрэ, биир да сиринэн, тэһэ харбаан, хаан таһаарбатах ээ... Оҕонньор көмүскэтин иһигэр быһаҕас түспүт харахтара чаҕылыҥнаан, сирэйэ-xapaҕa сырдаан, кэтэҕиттэн тардыстан баран, балаҕанын үрдүн одуулуу сытта. Дьэ, итини хайдах өйдүөххэ сөбүй? Ити аата, туох буолар быһыытай? Аһаппыккыт, көрбүккүт-истибиккит манньатын диэн харда биэрэр быһыыта буолуо дуо, ама? Оннук буолуо дуо? Тоҕо сүрэй? Эбэтэр сылаас хааҥҥа суудайан сиэри бултаан аҕаалта эбитэ дуу? Аны, онтун иэстээн, кыыһыран туран, дьэ, алдьархайы оҥорор дуу? Микииппэр оҕонньор, төһө да таайа сатаатар, мунаардар, ити иккиттэн бастакыта буолуон олус баҕарда. Уонна ис-иһиттэн, тоҕо эрэ сүрдээҕин долгуйда, үөрдэ... Тойон кыыллара ити түүнүгэр дьиэҕэ хоммото. Өһүpгэттэхпит дуу диэн, биир санаа буолла. Аны, баран хаалла дуу диэн, хайдах эрэ суохтуох курдук буолан, сарсыарда тураат, тугу да гыныах иннинэ, кинини көрүү буолла. Көтөрдөрө тиитигэр суодаллан баран, эр-луҥха олорор. — Барахсаны көр эрэ! Ити аата, кыһыҥҥы тымныы хонуктары аһардым, сылаас кэмҥэ тиийдим, түксү сөп буолла, эһигини мэһэйдээмиим диэн санаатынан тахсан биэрдэҕэ дуу? – оҕонньор быһа үөрдэ-көттө, була сатыы-сатыы, тойоннуу сатаата. Киһи эрэйдээххэ кыра да ирдэнэр — Микииппэр оҕонньор кыылын итинник быһыытыттан санаата көннө, сүргэтэ көтөҕүллэн, кыра-кыратык миин иһэр, таһырдьа чэччилии түһэр буолла. Арыый буолаат, санаата батарбата, күүһүнэн кэриэтэ туһахтарын кэрийэ таҕыста. — Сохсобун кыайан өндөтөрүм суох. Оттон, бачча турбут киһи, ат сыарҕатыгар олоро сылдьан, хандаалары баҕас көрөө инибин, доҕор. Туох кыраатаҕай! Хата, аара, Аҥхай аппатыгар, бэрт орохторго түбэһэн, үнүр хас да экчиргэни бырахпытым. Онтубун кыайан кэрийэрим саарбах. Ээ, ол иҥнибит да буоллахтарына, суор обургу туруорбатах кыыл буолуо. Тымныйбат гына ыгыччы таҥнан, сүһүөҕүм хамсыыр диэн, сыарҕатыгар эрдэ лаҕыччы олорон баран, атын эмээхсининэн ыыттаран, оҕонньор тыатыгар тахсыбыта баара, арай сотору баҕайы төннөн киирдэ. Эмээхсин, балбаах балбаахтыы сылдьан, ону көрөн куттанан, кыбыыга утары сүүрэн тиийдэ. — Хайа, туох буоллуҥ? — Төннөн киирдим, эмээхсиэн. Чэ, ол хандаалаах куобах, эспит да буоллаҕына, ханна барыан, туран көрдүн. Үөн-көйүүр тыыппат кинини, — оҕонньор, атын баайан баран, сыарҕатын диэки ыйда. — Көр эрэ, итини. Эмээхсин көрө түспүтэ, сыарҕаҕа тыыннаах куобах, харааччы көрөн баран, кэлгиллэ сытар эбит. — Ыы, бу эрэйдээҕи! Эмиэ тоҕо муҥнаатаххыный да? — Саҥарба! — диэтэ онуоха оҕонньоро, сүр таайтарыылаах баҕайытык. — Аҥхайым аппатыгар тиийэрбин кытары бу чэрэллэн олороохтуур эбит. Бэйэбиттэн тыаһырҕаан туран иҥиннэ быһыылаах. Били көтөрбүт баар ини? Сылаас «миин» иһиэ этэ буоллаҕа, кини даҕаны. Оҕонньордоох эмээхсин, куобахтарын кыбынан, кыбыыларын эргийэн, тэҥкэ тииттэригэр чугаһаатылар. Тойон кыыллара, дьиктиргээбит курдук, таҥнары көрөн эрэлиҥнэтэ олордо. Оҕонньор, эмээхсини тэйиччи, тыа өттүн күөйтэрэ ыытан баран, сыһыы диэки хайыһыннаран, куобаҕын ыһыктан кэбистэ. Kyoбaҕы көрөөт, тойон кыыл соһуйбут курдук, дьүккүс гына түстэ. Онтон көрдө көрбүтүнэн оргууй төбөтүн өрө өндөттө, ол кэнниттэн супту одуулаабытынан, соҕотохто таҥнары ыһыктынан кэбистэ. Куобах муҥнаах, бастаан ойуолаан чыраахтаһан иһэн, хотой түһэн иһэрин көрдө да, ньычаахтас буолан хаалла. Хотой буоллаҕына, түһүөхчэ буолан иһэн, тоҕо эрэ, өҕүлү баттаата да, куобаҕы эккирэппэккэ, оҕонньор чугаһыгар кэлэн олоро түстэ. Саараабыттыы, дугдуҥнуу-дугдуҥнуу куобах диэки, оҕонньор диэки көрбөхтүү олордо. — Ыл, тут-тут! Харбаа! Эккирэт! — диэн, оҕонньор, ыйа-ыйа, куобах кэнниттэн сүүрбүтэ буолла. Онуоха хотой обургу, даллах гына түстэ да, сиртэн соччолоох өндөйбөтө даҕаны, аҕыйахта ыстаҥалаан дабыкыччыйан тиийэн, куотан ньохоолообута буола сатыыр куобах муҥнаах үрдүгэр хатана түстэ. — Ыы, бу барахсаны, көр эрэ! Ыйытар, көҥүллэтэр курдук гынар ээт, — диэн баран, Микииппэр оҕонньор икки тойон эрбэхтэрин сүһүөҕүнэн хардары-таары хараҕын соттумахтаан ылла. Хотой аҥаар атаҕынан куобах сирэйин бүүрэ харбаан ылла, аҥаарынан агдатын батары харбаата. Куобах эрэйдээх «ньаах!» да диэбэккэ хаалла. Бэйэтэ буоллаҕына, икки кынатын саратан, кутуругунан сиргэ тайанан, айаҕын кып-кытаччы атан, тылын чороччу таһааран баран, ол курдук хамсаабакка, эт-этин барытын күүрдэн, кыбдьыгырыы-кыбдьыгырыы олордо. Харахтара уодаһыннаах өс-аас уотунан килэпэчиһэ умайдылар. Ол да гыннар, куобаҕа тыынан көбүөхтүү, атаҕынан тырах-тырах тэбиэлии сытта. Хотой агдакатын харбаабыт атаҕын сыҕарыс гыннаран лаппыйан харбаата, онтон астыммата быһыылаах, ол атаҕынан тэбэн саайда. Онтун тыаһа күүскэ баҕайы «лас!» гынна, куобах ибигирии түстэ. Сиэмэх иккистээн тэбэн «лас!» гыннарда. Оҕордук өр баҕайы тыҥаабытынан олордо. Куобаҕа кэм даҕаны тыынан бычыахтыыр. Хотой онуоха хос-хос иккитэ субуруччу тэбэн лаһырҕатта. Куобах, дьэ, ол эрэ кэнниттэн налыйда. — Хайдах өлөн биэрбэт баҕайыный, доҕоор? — диэтэ Микииппэр, төҥкөйө-төҥкөйө, хотой хас биир хамсаныытын болҕойон көрө туран. Булда өлбүтүгэр тойон кыыл, сыҕарыс гынан, икки атаҕынан үрдүттэн үктэннэ, быластаабыт кынатын, холкутатан, кумуйа соҕус хомуччу тарта, түөһүн өтөтөн, кэтэҕин түүтүн адаарыччы туруоран баран, кырыктаах үлүгэрдик сабыччы көрө-көрө, халлаан диэки хантайан олорон, хаста да субуруччу хатан үлүгэрдик, кимиэллээх баҕайытык чаҥырҕаан ылаттаата. Суох, бу бэҕэһээҥҥи, тоҥон ибигирии-ибигирии, күрдьүгү кэрийэр, быртах майгылаах кыыл буолбатах, букатын атын кыыл — бэйэтин күүһүн-кыаҕын билинэр, хорсун-хоодуот бэйэлээх, үтүө, боччумнаах сэбэрэлээх, көтөр кынаттаах бииһин сиэмэх атамаана олороро. Хотой, ол курдук олорбохтоон баран, кынатын хомунан, төҥкөс гынан, куобах төбөтүттэн түү туура тардан ылла. Оҕордук, кини булдун үргүү, астыы хаалла. Микииппэрдээх дьиэлэригэр бардылар. — Оо, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо, киниэхэ, сибилигин өлбүт, сып-сылаас эти сиир? Аһылыга ол буоллаҕа, киниэхэ. Син биир биһиэхэ алаадьы минньигэһин тэҥэ, — диэтэ оҕонньор, бэйэтэ бэйэтигэр этэр курдук. * * * Онтон икки-хас күн былытыран, хаардаата. Оҕонньор, тибии-хаһыы буолаары гынна диэн ыксаан, мөлтөх да буоллар, биир сарсыарда от тиэйбитэ буола барда. Эмээхсин күнүскү чэйин чэйдиэх курдук буола сырыттаҕына, арай, таһырдьа Баһырҕас иккитэ-үстэ «моҥ-моҥ» диэтэ. Сотору буолаат, таһыттан икки бөтөҥкөлөспүт уолаттар, бүтүннүү хаар-сиир буолан, көтөн түстүлэр. Биирдэһин эмээхсин биллэ, Тараҕай Силип уола Дьарааһын оҕо эбит. Уолаттар айаас атынан кэлбиттэр, онон аппыт илиһиннэ, мантан киэһэ төннөбүт диэннэр, от сураһан, аттарын кыбыыга илдьэн аһаттылар. Оппуос эмээхсин, эт ыһаарылаан, ыалдьыттарын чэйдэттэ. Кэпсээн-ипсээн, сонун бөҕөлөөх ыалдьыттар буолан биэрдилэр. Оҕонньору сурастылар, бэйэлэрин комсомолецтарбыт диэн атыннык ааттаннылар. Сүрүн соруктара диэн, ат айааһыы таарыйа, оҕонньорго биир илдьити аҕалбыттар. Ону, аны, дьахтар эр киһини кытары тэҥ бырааптаммытын быһыытынан, эмээхсиҥҥэ эттилэр. Биһиги улууска эрэ буолбакка, Саха сирин бүтүннүүтүн үрдүнэн хотон балаҕантан арахсан эрэр үhү. Онон нэһилиэк ревкомун (кинээстэрин аныгы аата буоллаҕа ини) сорудаҕынан үс сис олохтооҕо Муоскун Микииппэр Кынаачайап (ити Собо уола аах сурукка киирэр ааттара буолуохтаах), быйылгы күһүнү ааспакка, хотонун балаҕаныттан араарыахтаах. Ол сорудаҕы кини толорбот күннээх эбит буоллаҕына, ыстараапка тардыллыахтаах. — Чэ, быһата, эмээхсин, оҕонньоргор ити курдук тириэрт, — диэтилэр. Онтон да атын элбэх-элбэҕи, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын эҥин кэпсээн, кутан-симэн, кум-хам аһаан баран ыалдьыттар, баһыыбалаан-махтанан, халлаан тибээри гынна диэн айманан, таһырдьа тэп гынан хааллылар. Оппуос эмээхсин, өй булан, сорох ыаллары сураспакка да хаалла. Арай, онтон утаакы буолбата, Дьарааһын oҕo икки хараҕын өрө көрөн, аҕылаан-мэҥилээн, сүүрэн киирдэ. — Эмээхсиэн, таһырдьа, далгыт кэтэҕэр, хотой кыыл кэлэн, түһэн олорор. Оҕонньор саата ханна баарый? Балаҕаны эргим-ургум көрөн элэпэччитээт, сэбэргэнэҕэ анньыллан турар оҕонньор сынтараалкатын, талах олоппоско салҕанан, батарантаастары-байдары сулбу элитэн ылла. — Хантан кэлбит кыыл буоллаҕай? Баччаларга, соҕуруу дойдуттан көтөн кэлэн, уйатын хаардаан барааччы дииллэрэ. Онтукалара кырдьык буоллаҕа дуу? — Дьарааһын oҕo, саа быылын үрэн бурҕас гыннаран, булгу баттаан, иһин өҥөс гынан көрөөт, элэс гынан хаалла. Оппуос эмээхсин, туох диэҕин булбакка, тэпсэҥнии туран хаалаахтаата. Сотору саа тыаһа сатараата. Өр буолбата, уолаттар тойон кыылы тутан нэлибирэтэн киллэрэн, эмээхсиҥҥэ көрдөрөн, үөрэн-көтөн, оҕонньор саатын хайҕаан таҕыстылар. Чуучала оҥорон баран (ол аата туохтара буолла?), улуус киинигэр, ханнык эрэ суукка[2] киллэрэн биэриэх буолаллар. Эмээхсин, үөрүөн даҕаны, хомойуон даҕаны билбэккэ, харааччы мунан хаалла. Бастаан утаа, алдьархай буолла, бу орой мэник уолаттар үрдүк халлаантан ыйаахтаах улуу кыылы өлөрдүлэр, айыыны оҥордулар, таҥара кырыыһыгар түбэһэр уолаттар буоллулар диэн санаа баара... Аны, ону эппэтэх, сэрэппэтэх, саа биэрбит кини бэйэтэ буолан хаалла... Сааны тоҕо биэрбиккиний диэн оҕонньоро кэлэн мөҕөр буолуохтаах... Аны, ол бары булкуур санаатын умна охсон, көтөрүн аһыйан быһа сытыйан барда. Төһөтүн да иһин, быһыыта, куһаҕан санаата суох, туһалаппытын өйдүүр, үтүө көтөр барахсан... * * * Собо уола Микииппэр оҕонньор, сыра-хара бөҕөнөн, быыкаа чөкөөнү сыарҕатыгар ууран, Соморой оҕуһун ойоҕолуу миинэ лаҥкырдатан иһэн, уолаттары дьиэтиттэн чугас соҕус көрүстэ. Айаас ат сүгүн туран биэриминэ, аанньа кэпсэтиннэрбэтэ. — Сорудаҕы эмээхсиҥҥиттэн баран иһит, — диэн буолла. — Оттон төннөҥҥүт, наҕылыччы соҕус, ону-маны сэһэргии түһэн барбаккыт дуо? — Ээ, суох, кэбис! Суолбутун хайыы үйэ тибэн эрэр дии. Бу көлөбүт аны, ыран хаалан, иэдээни оҥоруо. Сырдыгы баттаһа, үчүгэй суолга тиийэн хаалларбыт, — диэн баран, уолаттар айаннатан хоноҥолото турдулар. Оҕонньор барбахтаан баран, ыраахтан, суолга туох эрэ хараара сытарын көрдө. Уолаттар, кыайардар, туохтарын эрэ түһэрдэхтэрэ диэн тиийбитэ, мэлдьитин хоодуоттук хоноччу тутта сылдьыбыт, ким даҕаны, туох даҕаны иннигэр сааһыгар төҥкөтөн көрбөтөх, удьурхайтан чочуллан oҥohyллубут курдук хаарыан бэйэлээх киил төбөтүн, киһи хомойуох, куһаҕан баҕайытык бүк быраҕан, кыната бурал-сарал баран, суолга умса түһэн, кини хотойо өлөн сытара... Ол киэһэ Микииппэр оҕонньор тойон кыылын өбүгэлэрин уҥуохтарыгар таһааран, кэнники көмпүт оҕотун кытары кэккэлэһиннэри, киһини кистиир курдук буор хаһан, хатырыгынан суулаан көмөн кэбиспитэ. Маһынан суоран, оҕотун киэниттэн эрэ намыһах гына кыракый кириэс сыыһын туруорбута. Саллар сааһын хара тыа булдун эккирэтиитигэр бараабыт, сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах хаана бөҕөнү тохпут кырдьаҕас булчут ханнык даҕаны тыынар тыыннаах өлүгэр маннык сүгүрүйбүтүн, маннык хараастыбытын өйдөөбөт. Булчут киһи мындыр хараҕа, өлөн сытар тойон кыылы аан бастаан илиитигэр ылаат тута сэрэйбитэ — улуу көтөр, сааһыран, бары түүтэ-өҥө убаан, киһи сөҕүөн курдук, кытаатан, тимир чыллырыыт буолбут, кэтэҕин аһыттан бүлгүнүгэр тиийэ сап-саһархай гына ыыстыйан хаалбыт этэ; моонньо, кэлин өттүнэн, саралаан, сарыы буолбут тириитин мыччырыттаҕаһа, киһи этэ тардыах, ынырык баҕайытык ыйдаҥара сылдьара. Көтөр кынаттаах бииһин биир улуу, аарыма кырдьаҕаһа Собо уола Микииппэр оҕонньор үрдүк аатыгар, кини доҕор туттан үөскээбит кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиитин хаххатыгар, өйөбүл, тирэх көрдөөн кэлэн, тыынын уһата сатаабытын кини өйдөөбүтэ. Оҕонньор, үлэтин бүтэрэн баран, сыырын түспэккэ туран, таптыыр тиитин көрөн ылбыта. Тэҥкэ тиит барахсан, сааскы тыалтан бүгүн көмнөҕүн түһэрэн, «төһө даҕаны айылҕа сокуона кэхтэргэ, уурайар олохтоох буоларга уураахтаатар, өссө даҕаны силлиэ сипсиэрин, хаар кыыдамын, бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, эн биһикки уйбахтыыр кыахтаахпыт» диэн кинини тэптэрэн биэрэр курдук, буһуруктуйбут халлаан кыһыалыгар бэйэтин чиккэ төбөтүн көнөтүк тутан эҕэрдэлии турара. Василий Васильевич Яковлев (22.08.1934—26.01.1994) — суруйааччы, поэт, тылбаасчыт. Оччотооҕу Алексеевскай оройуон Хатылы нэһилиэгэр (Буор Ураһаҕа) төрөөбүт. 1942 сыллаахха Кэбээйигэ көһөрүүгэ барбыт, онно бастакы кылааска киирбит. Онтон кэлин алын кылааһы Болтоҥоҕо, сэттэ кылааһы Кытаанахха бүтэртээн, орто оскуолаҕа Чурапчыга үөрэммит. 1953-1958 сс. Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн, инженер-мелиоратор идэтин ылбыт. Чурапчыга идэтинэн үлэлээн, МТС дириэктэригэр тиийэ үүммүт. 1970 сыл-ха ССРС Суруйааччыларын тэрилтэтигэр ылыллыбыт. 1971-1973 сс. Москубаҕа Литература А.М. Горькай аатынан институтун үрдүкү куурустарын бүтэрбит. 1976-1980 сс. — «Хотугу Сулус» сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы. 1980-1994 сс. Чурапчы, Таатта улуустарыгар идэтинэн үлэлээбит. «Утары саһарҕа кыыһар» диэн хоһооннорун бастакы хомуурунньуга 1963 сыл-ха тахсыбыт. 1967 сыл-ха «Өрүстэр кирбиилэрэ» диэн киэҥник биллибит бастакы романа «Хотугу Сулус» сурунаалга бэчээттэммит, кэлин туспа кинигэнэн тахсыбыт (1969). «Сардаҥа ардаҕа» сэһэнигэр (1970), «Уот иитиитэ» романыгар (1979) билим-техника сайдыытын түмүгэр дьон олоҕор, сыһыаныгар үөскүүр уустук көстүүлэри, быһыыны-майгыны, киһи айылҕаны айгыратыытын сытыытык дьүһүйбүтэ. Тыа сирин олоҕун уларытыылаах кэрдиис кэмҥэ ойуулаан көрдөрбүт «Кэрэхтээххэ» диэн романын кыайан түмүктээбэккэ хаалбыта, сол да буоллар, 1994 сыл-ха туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. [1] Мааска — куоска. [2] Урут «суут» диэни «дьаһалта тэрилтэтэ» диэн суолтаҕа тутталлара, холобур: «үөрэх суута» — дьаһалта үөрэххэ салаата.
kyym.ru сайтан