Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өһөс саллаат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өһөс саллаат
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.06.2021 16:56
Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр букатын атын кэм, атын дойду эрдэҕинэ, мин, сүүрбэччэлээх уол киһи, сайыҥҥы куйаас күн, Сайсары буор-сыыс уулуссатынан туохха эрэ ыксаан-бохсоон иһэн, киниэхэ кэтиллэ түспүтүм. Туох да суруга-бичигэ, кырааската да суох, онон-манан көөрөттүбүт сиэмэн сыбахтаах таас туумба үрдүгэр уһун синиэллээх саллаат хаҥас илиитигэр аптамаатын умса тутан, уҥа илиитигэр туох эрэ бөчөх курдугу бобо харбаан, бэйэтэ умса нөрүйэн турара. Бу диэки ханан эрэ саха саллаатын пааматынньыгын туруорбуттар үһү диэни истэр этим, онон «ээ, ол кини буоллаҕа дии, хата, көрөн ааһыахха» диэн санаа кылам гыммыта. Онтон тоҕо эрэ эмискэ кыбыстарга дылы буоллум, «ким эрэ одуулуура буолуо» диэбиттии уҥа-хаҥас көрүтэлээтим да, чугаһынан ыт охсор киһи баар сибикитэ биллибэт. Онон, холкутуйан, пааматынньыгы чочумча соҕус өрө мыҥаан туран одуулаатым. Кимий бу? Федор Попов дуо? Суох, маарыннаабат. Саатар, сахата да, нууччата да чуолкай биллибэт гына оҥоһуллубут. Саха диэҕи, этэллэригэр дылы, «антах харах, бэттэх мурун» биллэргэ дылы, нуучча диэҕи — иэдэһэ олус кэтит. Бээрэ, бу Лонгинов уулуссатынан иһэбин дии, оттон саллаат уулусса диэки хайыһан турар. Ама, Лонгинов буолуо дуо? Суох, Лонгиновы хаартыскатынан билэбин, бэрт нарын мөссүөннээх нуучча уола этэ, оттон бу лаппа боростуой, томороон да диэххэ сөп, дьүһүннээх уол турар. Уонна дьоруойу тоҕо умса туттан турар гына оҥоруох тустаахтарый? «Чэ, сахатынан саха, кыра бааһынайдаах быһыылаах» диэн испэр күлэ санаатым. Итинник араас санаалар киирэ-киирэ тахсыталаатылар. Бу туран эргэ хаптаһын олбуорга «ул. Ильменская» диэн суруктаах тимир ньаалбаан саайыллан турарын көрө биэрдим. «Ол аата, Ильмень күөлгэ өлбүт саха саллааттарыгар анаммыт пааматынньык таһыгар кэлэн турар эбиппин» диэн дьэ өйбөр көтөн түстэ. Оҥоһук олус томороон. Ыксалынан, буоллун-хааллын диэн оҥоһуллубута тута көстөр. Били «уҥа илиитигэр тугу эрэ тутан турар» диэбитим, сибэкки дьөрбөтө эбит. Бачымах курдук мас дьиэлээх Лонгинов икки Ильменскэй уулуссаларын быһа охсуһууларыгар, муннукка постамент дуомугар уолу «туруору анньаат» да сонно тута умнан кэбиспиттэр быһыылаах. Оттон уол бэйэтэ хайа да диэки хайыһыан, барыан билбэккэ, мунан, кыбыстан умса туттан турар курдук көрүҥнээх. Пааматынньык таһыгар ити курдук ону-маны саныы, тэпсэҥэлии турбахтаан баран, салгыы бара турдум. Тэйэ түһэн баран кэннибин хайыһан көрдүм. Балачча көрөн билсибит киһи быһыытынан, бу сырыыга уолу быдан чугастык, уруургуу көрдүм. Санаабар, таас уол: «Дьэ, ити. Тура түстүҥ уонна ааһа турдуҥ...» — дииргэ дылы. Өссө эбии тугу эрэ этиэхчэ гына-гына ситэ эппэт курдук. Чопчу туоҕун ситэ өйдөөбөтөрбүн да, кини иннигэр туох эрэ улахан буруйдааҕым курдук санаа киирэн таҕыста. * * * Кыайыы бырааһынньыгын остуола. — До-ор, дьэ Иилмэн Күөлгэ элбэх саха өлөн турар. Балтараа тыһыынча кэриҥэ киһи. — Биһиэннэрин күөл аһаҕас мууһунан атаакаҕа киллэфрбиттэр. Ньиэмэстэр мууһу тоҕута буомбалаан кээспиттэригэр, элбэх баҕайы саха уола муус анныгар барбыт. — Дьаабы дии, хайдах оннук киллэриэххэ сөбүй? Бука, соруйан буолуо. — Эс, туох «соруйана» кэлиэй. Сэриигэ оннук сыыһа-халты тахсар бөҕө буоллаҕа дии. — Иилмэҥҥэ өлбүт буойуннарга анаан пааматынньык оҥорбуттара Сайсаарга турар дии. — Ээ, биир аптамааттаах саха уола тураахтыыр... — Ити хайдах эрэ пааматынньык дии. Суруга да, туга да суох. Оҥорор буолан баран киһилии соҕус оҥоруохтарын! — һэ, итиччэ баарыгар баһыыба диэ! — Өссө ол пааматынньыгы көтүрээри гыналлар үһү дии. — Эс, ама хайа үлүгэрий! Ол кимиэхэ мэһэйдиирин иһин көтүрүөхтэрэй? — «Куһаҕан», «куорат көстүүтүн алдьатар» диэн. — Дьэ, кырдьык, таах бульдозерынан күрдьэн да кээстэхтэринэ көҥүллэрэ. Тугу булан ылыаҥый? — Эс, ама, тыыппаттар ини. Итинник туруоҕа. Дьиҥэр, итини үчүгэйдик суруктуохха-бичиктиэххэ наада. Турар сирэ да хайдах эрэ. Хата, уоттаах сэриигэ кыайыыны уһансыбыт саха саллаатын туһугар үрүүмкэбитин көтөҕүөҕүҥ! * * * Кэлин мэлдьи Ильменскэй уулусса Лонгиновка киирэр муннугар чугаһаатым да, уолбун көрө биэрэбин. Оччоҕуна, били, бастакы көрүүбэр үөскээбит туохтан эрэ буруйданар курдук дьикти санаам син биир дууһам түгэҕиттэн күөрэйэн тахсар. Куорат бу муннугар, дьиҥинэн, сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэ охсуллан ааһабын. Ыксаан иһэр буоллахпына ааһа турабын уонна иннэ курдук дьөлүтэ кэйэр буруйданар санааны испэр хам баттыы, атыны саныы сатыыбын. Тиэтэйбэт буоллахпына, ардыгар, пааматынньыкка чугаһаан тохтуу түһэбин уонна тугу эрэ булан ылыах киһиэхэ дылы саллаат томороон мөссүөнүн сыныйан одуулуубун. Өһөстүк дьүккүччү туттан турар уол биһигини барыбытын туох эрэ диэн буруйдуура дьиҥ чахчы көстөр эрээри, тугу да саҥарбат. Дьикти баҕайы, уол иннигэр тохтоотум да «бу турарбын аттыбар ким эрэ туораттан саһан көрөн турара буолуо» диэн кыбыстар санаа хантан эрэ күөрэйэн тахсар. Баҕар, ол иһин буолуо, уһуннук турбакка ааһабын. Биирдэ «саллааты ылан кэбиспиттэр» диэн кэпсээни иһиттим. Кэлин эмиэ били муннугунан ааһан иһэн ону илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим: постамент турар, саллаат суох. Ханна илдьэн бырахпыттарын туох билиэй! Абара санаатым да — хайыамый? Бу уулуссанан күннэтэ ааһар сүүһүнэн киһиттэн тугунан да чорбойбот кыра киһибин, саллааты өрүһүйэр, чөлүгэр түһэрэр кыаҕым суох! Ону хайдах оҥорору да билээхтээбэппин! Төһө эмэ өр буолан баран «саллааты отой суох гымматахтар, көһөрбүттэр эрэ, илдьэн ханна эрэ атын сиргэ туруорбуттар үһү» диэн сураҕы истэн баран били абара санаабытым хаптайарга дылы гынна. «Чэ, хата, баар эбит» дии санаатым. Ол гынан баран, ардыгар, «тоҕо маннык буолуох тустааҕый, бу сыыһа ээ» диэн арахпакка аала, бэйэтин биллэрэ сылдьар санаа сарбынньаҕа дууһам хайа эрэ муннугар олохсуйан хаалбыта. * * * Биирдэ, уопсастыбаннай үлэбинэн илии баттааһына хомуйа сылдьан, бэтэрээннэр тэрилтэлэрин көрдөөтүм. Бэтэрээннэр речпорт диэки хонтуоралаахтар эбит. Айаннаан тиийбитим, арай, хонтуорам аанын таһыгар «били уолум» кэлэн турар эбит. Киэргэтэ сатаабыттар быһыылаах, кыһыл көмүс солотуу дуйдаабыттар. Онто киниэхэ барбат баҕайы курдук. Уолум өһөстүк умса туттан туран: «Миигин манна дьон кэлбэт-барбат сиригэр аҕаллылар. Тоҕо эрэ дьаныһан туран дьонтон тэйитэ, саһыара сатыыллар. Тоҕо? Мин туох буруйу оҥордум?! Эбэтэр, миигиттэн кыбыстаҕыт дуу? Эһиги дьоллоох олоххут туһугар уоттаах сэриигэ умса анньыллан тыыннарын толук уурбут доҕотторум сырдык ааттарын, кэриэстэрин тоҕо харыстаабаккытый? Ама топпуккут, туолбуккут иһин... Билэбин, эн миэхэ туох да диэн хоруйдуур кыаҕыҥ суох. Ол эрээри, мин да баарбын! Санаабын ситиһиэм иннинэ, бэринэн бэрт! Көрүөхпүт!» — дииргэ дылы. Саллаат уол салгыы тугу этиэй диэбиттии кыл түгэнэ тохтоон ылабын. Кини саҥарбат. Мин салгыы барабын. * * * Эмиэ Кыайыы бырааһынньыгын остуола. Остуол хотойорунан ас-үөл. Кэпсэтэн-ипсэтэн көбдьөөрүү. — Дьэ, сарсын параакка сылдьыахха наада. Оҕонньоттор эрэйдээхтэр быста аҕыйаатылар. Мантан инньэ параакка кыттар да кыахтара суох буолан барыа. — Бэтэрээннэри билигин хаамтарбаттар ээ. Массыынаҕа олордоллор. — Сөп буоллаҕа... Аҕыйах сыллаахха диэри уордьаннарын, мэтээллэрин килэччи анньынан баран хаамаллара көрөргө үчүгэй да этэ. — Ити сэрии элбэх киһини сиэтэ. Хас саха сэриигэ баран өлбүтүн ким билиэй? — Быһа холоон, 42 тыһ. киһи барбытыттан 27-тэ сэрии толоонугар охтор. — Тоҕо элбэҕэй доҕор? Ол оччотооҕуга саха ахсаана хас буолуой? — Мин билэрбинэн, 1939 сыллаах биэрэпиһинэн, чэ, 230 тыһыынчаттан эрэ тахса буолуохтаах. — Мин соторутааҕыта Шафаревич кинигэтигэр «на войне погиб каждый пятнадцатый русский» диэн аахпытым дии! Бээрэ, ааҕан көрүөххэ эрэ. Доҕоор, «каждый восьмой» саха сэрии толоонугар охтубут эбит буолбат дуо? — Өссө тыылга өлбүккүн эбиий? Онтуҥ букатын да буолунай. — Соторутааҕыта Ньукулай Махсыымап биэриитигэр биир киһи этэр этэ: «Сэриигэ уонна тыылга өлбүт саха ахсаана холбоон 88 тыһ.» диэн. — Ээ, ол Наһаар Дьааканап дии. Экэнэмиис. Киниэнэ туочунай буолуо. — Ок-сиэ, адьас, саха аҥаара быстыбыт эбит буолбат дуо? — Чэ, үс гыммыт биирэ да буоллунууй! Киһи өйүгэр букатын баппат! Сэрии хонуутуттан төһө эмэ мынаарда ыраах олоробут ээ! — Ити айылаах үлүгэр кэнниттэн өссө омук аатыран буруо таһаарына сатыы олордохпут дии. — Мин санаабар, сэрии кэмигэр хоргуйан өлбүттэргэ туох эрэ өйдөбүнньүк наада этэ. — Ол хайдах? — Дьэ билбэтим. Скульптор эбитим буоллар этиэм этэ. — Дьиҥэр, сэрии саҕана тыылга үлэлээбит оҕонньотторго-эмээхситтэргэ, оҕолорго, дьахталларга, хоргуйан өлбүттэргэ холбуу туох эрэ өйдөбүннүк буолуон сөп этэ... — Уолаттар, били Ильменскэй уулуссаҕа саллаат уол турбута. Онтубутун мэлиппиттэр дии. — Куорат былаастара күрдьэн кэбистэхтэрэ дии? — Баар, баар. Көһөрбүттэр эрэ. Бестужев-Марлинскайга, бэтэрээннэр дьиэлэригэр. Бэйэлэрин тастарыгар куоттарбыттар. — Дьэ, кэм буолан истэхпит. — Туспа сэрии... — Ээ, сэрии кэнниттэн сэрии. * * * Хас да сыл ааспыта. Мин олорор сирим уларыйан, үлэбэр Ильменскэй уулуссанан элбэхтик кэлэбин-барабын. Сороҕор, сатыы били кураанахсыйбыт муннугунан ааһан иһэн, аптамааттаах уолбун саныы биэрэбин. Харахпар кини умса туттан, дьэбин уоһан дьиппинийэн турара көстөн кэлэр. Биир саас Ильменскэй уулусса куорат кытыытын диэки өттүгэр эргэ мас дьиэлэр күрдьүллүбүт миэстэлэригэр туох эрэ үлэтэ саҕаланна. Былаһаакка тахсыбытыгар кумах, гравий куттулар. Кытыытын бетон модьоҕолоотулар, онно намыһах тимир күрүө оҥорон олортулар. Туох эрэ скверэ буолар буолла быһыылаах. Маннык үлэҕэ мэлдьи да омук дьоно үлэлээччилэр. Бу сырыыга барыта саха уолаттара килэриһэ-молоруһа сылдьаллар, онон ордук интэриэһиргээтим. Кинилэри паапка тутуурдаах тойоннуҥу моһуоннаах дьон салайар курдук тутталлар-хапталлар, сөмүйэлэринэн ол-бу диэки ыйа-ыйа тугу эрэ соруйаллар... Муус устар бүтүүтүгэр, сааскы ылааҥы күн киэһэриитэ, үлэбиттэн эрдэ тахсыбычча дьиэм диэки сатыы хааман истим. Быһалыыр кыах суох. Ильменскэй уулусса кытыытынан чалбаҕы-бадарааны кыйа сатыы иһэбин. Били былаһааккаҕа чугаһаан иһэн дьэ үчүгэйдик чинчийэн, көрөн ааһар санаа киирдэ. Онон уулусса хаҥас өттүттэн уҥа өттүгэр туораатым. Сквер түгэх өттүгэр истиэнэ курдук улахан эркин оҥоһуллубут, оттон ол истиэнэ уҥа өттүгэр пааматынньык көстөр. Хайа-аа! Били «уолум» аны манна кэлэн турар эбит дии! Дьээ-эбитээ, ол аата бу сквер Ильмень күөлгэ охтубут саха саллааттарыгар ананнаҕа! Таайыахха да баар эбит. «Хата, бу үчүгэй буолаарай» диэн санаа кылам гынан ааста. Чугаһаан көрбүтүм, кырдьык, таас эркиҥҥэ Ильмеҥҥэ өлбүт саха саллааттарын ааттарын суруйан бачыгыраппыттар, аптамааттаах уолум бииргэ сэриилэһэ сылдьан охтубут доҕотторугар сибэккилээх кэлэн турар курдук эбит. Кистээбэппин, мин бөтө бэрдэрдим. Хас да сыллааҕыта сүтэрсэн баран умна сыспыт чугас доҕорбун көрсүбүт курдук үөрдүм. Бу ааспыт үүт-тураан түөрт уонча сыл тухары уолум дойдуларын көмүскээн охтубут доҕотторун туһугар биһигини, сүрэҕэ суох, умнуган-тэмнигэн, хаҕыс сүрэхтээх, төрдүлэрин-уустарын умнубат, ээл-дээл буолбут дьону кытта тэҥэ суох хапсыһыыны ааһан, мөккүһэн-охсуһан, сэриилэһэн ылбыт лоскуй сирин аны кимиэхэ да биэрбэт, доҕотторун көмүс ааттарын кимиэхэ да тыыттарбат булгуруйбат кытаанах санааны ылынан турар. Бу сырыыга уолбун букатын атын хараҕынан көрдүм. Кини киһи киһиэхэ кэпсээбэт кыыллыы сэриитин төлө көтөн, уодаһыннаах өстөөҕү өһөрөн, дойдутугар тиллэн кэлэн баран, онтон өссө уодаһыннаах өстөөҕү — кырдьыгы-сымыйаны, үрүҥү хараҥаны үлтү булкуйан-муннаран, үтүөнү өлөрө, мөкүнү үксэтэ турар сидьиҥ сигилини, амырыын адьынаты утары өлөр-тиллэр охсуһууга киирэн кыайыылаах тахсыбыт! Уолум өр кэм устата турууласпыт санаатын ситэн, көхсө кэҥээбит, холкутуйбут, өссө ордук күүһүрбүт, инникигэ эрэмньилээх көрүҥнэммит. Мин оргууй тэйэн дьиэм диэки хаамабын. Билигин мин санаам куоратыгар саха тыйыс уола харабыллаах Кыайыы кыракый толооно баар. Уйбаан Самаайап. 2012 сыл, ыам ыйын 9 күнэ
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан