Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тайҕа таптала
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тайҕа таптала
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
29.05.2018 17:25
Акаана кыыс тыаҕа бултуу сылдьан түөһүгэр үс күннээх кырымахтаах хара саһылы эккирэтэн, халыҥ систэри уҥуордаан, үгүс үрэҕи оломнотон ыраах баран хаалбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Киһи эрэ буоллар, саһылын син ситэн ылла. Олорор сирин-уотун диэки төннүөҕүн олус ыраатан хаалбыт. Ыксал буолла. Хайыаҕай, бу эҥээр бултуур дьон үүтээннэрин көрдөөн көрдөҕүнэ сатаныыһы. Халлаан да хараҥаран эрэр. Саһылын кэннигэр иилинэн баран, аргыый аҕай иннин диэки түһэ турда. Акаана атаҕа адаҕаламмыт курдук ыараата, салгыы хайдах даҕаны айанныыр кыаҕыттан таҕыста. «Баҕар, чугас дьон баара буолуо» дии санаан, хаста эмэ хаһыытаан көрдө да хоруй иһиллибэтэ. Арай ырыых-ыраах ыт үрэн баргыйара иһилиннэ. Ыт баар буоллаҕына, дьон баар буолуохтаах диэн, кыыс ыар санаата симэлийэн, сирэйдиин-харахтыын сырдыырга дылы гынна. Өссө тэптэн хаһыытыы-хаһыытыы, хайыһарынан ыт үрэр сирин диэки анньынан кэбистэ. Ньукуус, ыттара үрэн аймалҕан бөҕөтүн түһэрбиттэригэр «кыыл чугаһаатаҕа дуу?» диэн, саатын туппутунан, таһырдьа таҕыста. Тулатын көрө сатаата да тыынар тыыннаах баар сибикитэ биллибэтэ. Эмискэ киһи хаһыытыгар маарынныыры иһиттэ. «Тыый, бу тайҕаҕа киниттэн атын ким даҕаны сылдьыбат курдуга, хантан дьон кэлэн хааллахтарай?» диэн дьиибэргии санаата. Баҕар, сыыһа истибитим буолуо диэн, өссө төгүл чочумча иһиллээн турда. Ыксаабыт хаһыы баччааҥҥа диэри утуйан турбут мастары уһугуннарыахча, өссө эбии сатараата. Ньукуус хайыһарын иилинээт, ол хоту анньынан кэбистэ. Акаана сыыры дабайаатын кытары хара сис быыһынан уот кыламнаан көстөргө дылы гынна. Бу үлүгэр халыҥ тыаҕа туох уота кэлиэй?! Маннааҕы булчуттар үүтээннэрэ буолуон сөп дии санаат, кыыс үөрүүтүттэн сылайа быһыытыйбыта сүтэн, уот кылахачыйарын хоту түһүннэ. Эмискэ киһиэхэ майгынныыр туох эрэ кытыан үрдүнэн кыырайталаан, тииттэри быыстарынан субу элэҥнээн ааста. Акаана иннигэр соломону соһор курдук тыас сардьыгынаан ааста. Акааналаах Ньукуус уун-утары көрсө түстүлэр. Эр киһи бу тайҕа хаһаайынын быһыытынан туора киһини эргийэ сылдьан, сыныйан көрдө-иһиттэ, онтон ыалдьыта дьахтар буоларын билэн, бэркэ дьиибэргии санаата. Таҥаһыттан-сабыттан көрдөххө, бу дойду киһитэ буолбатахха дылы. Көхсүгэр кыһыл, хара кырымахтаах саһыллары, киис харатын иилиммитинэн сылыктаатахха, бэйэтигэр дылы булчут быһыылаах. «Хантан кэлэн муна сылдьар булчут буоллаҕай?» диэн, бэрт өр мунаарда. Акаана дойду киһитэ кинини бэрт дьиибэтик эргийэ сылдьан одуулууруттан кыбыстан, иһиттэн саҥата тахсыбата. Ньукуус аҕылаан көбүөхтэс буолбут кыыһы үүтээнин диэки батыһыннарда. Иккиэн соннук саҥата суох үүтээҥҥэ киирдилэр. Кыыс сылааска киирээт, сылайбытын дьэ биллэ, тобугун сүһүөҕэ тоҕо эрэ өҕүллүбэт, мастыйбыкка дылы. Бэркэ сэрэммиттии туттан, нэһиилэ тас таҥаһын-сабын көҕүрэттэн, наара орону булан, аа-дьуо сытынан кэбистэ. Саҥарар кыаҕыттан тахсан, хараҕа сабыллаары ирим-дьирим барда. Ньукуус ыалдьыттаах киһи быһыытынан, хап-сабар мас киллэрэн оһоҕун отунна, чэй туруорда, этиттэн киллэрэн буһара уурда. Күөһэ буспутун кэннэ ыалдьытын уһугуннараары сэрэнэн ыҥыран көрдө да, анараа киһи утуйан буккураабыта ырааппыт. Кыыс ыас хара суһуоҕа хара солко былааттыы субуруйан
түспүт, хааһа киис кутуругунуу икки аҥыы чөкө ууруллубут. Хоп-хойуу кыламана ибирдии хамсаан көтөн эрэр лыахтыы чэпчэкитик чыпчыҥнаата. Дьэ уһуктан, үүтээн хаһаайынын хара киэҥ хараҕынан өрө көрөн таһаарда. Килбик оҕо кыбыстыбытыныы, мичээрдээн ылла. Үүтээн хаһаайына ыалдьытын хайдах даҕаны хадаҕалыан билбэтэ. Үнүр биир нууччаттан саһылга атастаспыт аһыы утаҕын хостоото. Икки иһиккэ кылыгыраччы кутуталаан баран, бэйэтин киэнин сонно хантас гыннаран кэбистэ. Кыыс эбээннии таҥаһын-сабын көрөн: “Алдан өрүһү кыйа түспүтүҥ дуо?” – диэн ыйыппытыгар Акаана туох да саҥата-иҥэтэ суох төбөтүн кэҕис гыннарда. Били аһа иһирдьэ киирэн, Ньукуус этин-сиинин сылытан, өйүн-санаатын көнньүөрдэн, тылын-өһүн чөллөрүтэн барда. Күҥҥэ үс тылы саҥарар бэйэтэ уоһа өһүллэн, дойдутун, булдун, дьонун-сэргэтин туһунан хааһахтан хостуур курдук, тохтоло суох кэпсии-ипсии олордо. Кыыс син дьиэтийэн, саҥата иһиттэн тахсан, эмиэ тэҥҥэ күлэн-үөрэн барда. Оһоҕун наһаа оттон кэбиспитэ, үүтээнин иһэ быр гына түстэ. Сыа чүмэчи уотугар икки эдэр киһи утарыта көрсөн, дьол тырым-чаҕыл уотун сахтылар. Ньукуус утары наараҕа кус түүтэ тэллэҕи ууран, куобах суорҕаннаан, мааны ыалдьытыгар орон оҥорон биэрдэ. Акаана итииргээн, таҥаһын биир-биир сыбыдахтана олорон, Ньукуус кинини тонолуппакка көрөн олороруттан кыбыстан, имэ кэйдэ. Баччалаах дьылҕа бэлэхтээбит күндү түүнүгэр утуйан буккуруохтара дуо, икки өттүттэн өрүтэ тыыммахтыы сыттылар. Соннук сыта түһэн баран, эр киһи тулуйбата быһыылаах, чэпчэки баҕайытык тэбиргэччи тирэнэн, кыыс суорҕанын анныгар дьылыс гынан хаалла. Акаана барахсан ону эрэ кэтэспиттии, эр киһини моонньуттан күүскэ хам кууһан ылла, сыгынньах түөһүгэр сыһыары тарта. Ньукуус итиччэлээх сылаас сыһыан кэннэ эрдийэн, кыыһы эргитэ сылдьан, харса суох сыллаан-уураан барда. Чэрдээх илиитэ кыыс эмиийигэр тиийдэ, самыытын диэкинэн иһирдьэ сүүрэкэлээтэ. Икки туҥуй сүрэх толугуруу түстэ, имэҥ иэйии кустугар долгуйа уһуннулар, тэллэхтээх суорҕан сиргэ эһиллиэр диэри өрүтэ мөҕүстүлэр. Таптал тырым төлөнө түүнү быһа кутаа уоттуу умайда. Сарсыарда иккиэн сыстыаһахтарынан сыстыһан баран, ийэттэн төрүү сыгынньах саҥата суох сыттылар. Ньукуус – бачча сааһыгар диэри дьахтары кытары мээнэ сылдьыспатах киһи. Акаана – эр киһи умуллан эрэр уоҕун уһугуннарбытыттан астынан, оттон Ньукуус дьахтар барахсан имэҥэ туохтааҕар да минньигэһиттэн, таҕыл диэннэрэ хайдах курдук күүстээҕиттэн манньыйан, кыыс сылаас хоонньугар бигэнэн сытта. Акаана хараҕын аһаатын кытары эмиэ били «табаарыһа» бэлэмин биллэрэн кытаатан хаалла. Аны сарсыардааҥҥы таптал иэйиитигэр куустардылар. Акаана Ньукуус үүтээнигэр сэттэ хонно. Дойдулаах киһи бараары гыммытыгар Ньукуус кыыһы ыытымаары, ыга кууһан өр турда. Хайыахтарай, төһө да таптал уотугар умайдаллар, арахсалларыгар тиийэллэр. Кыыстарын сүтэрбит дьон сотору ирдэһэн тиийэн кэлиэхтэрэ турдаҕа. Иккиэн хомунан-иминэн, үүтээннэриттэн тахсан бардылар. Дойдулаах киһи ыалдьытын өйүөлээн-таймалаан кыраныыссаҕа диэри атааран биэрдэ. Акаана барахсан тапталлааҕыттан арахсарыгар, аны сайын ыһыахха кэлэ сылдьыах буолан эрэннэрдэ. СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан