Кэпсээ
Войти Регистрация

Аанчык уонна Антон

Главная / Кэпсээн арааһа / Аанчык уонна Антон

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
22.02.2024 14:59
(дьиҥнээх олохтон кэпсээн)   Антон уол, уон алтатын туолуутугар, сэттис кылааһы бүтэрдэ. Кинини дойдутугар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйин солбуйтара ыыттылар. Оччотоҕу сэбиэдиссэйдэр билиҥҥилэр курдук дьаһайа-дьаһайа олорботтор, барыга-барытыгар соҕотоҕун сүүрэр кэмнэрэ. Антон күнү быһа үлэлээн тахсар. Сынньанар бириэмэ суох. Эгэ, өрөбүл күнэ кэлиэ дуо?        Кини үс нэһилиэги тилийэ сүүрэр. Күн аайы бастаан үс, онтон биэс, онтон сэттэ көстөөх сирдэринэн сатыы сылдьар ыарахан. Онон уол убайыттан бэлэсипиэт уларсан сүүрдэр. Күн аайы суумката хайдарынан кинигэ, хаһыат таһар, тэлэгирээмэ, сурук тиэрдэр. Хас балаҕаҥҥа киирдэҕин аайы үөрэ көрсөллөр. Оҕонньоттор-эмээхситтэр кинини си-дьүгээр ыыппаттар, мэлдьи «олоро түс, ону-маны кэпсээ» диэн сулуйаллар, күн аайы кини кэлэрин күүтэллэр. Антон кырдьаҕастарга «Төлкөнү» ааҕар, бэйэтэ истибит сонунун кэпсиир. Чэ, быһата, атахтаах араадьыйа оруолун толорор.    Эдэр уол бу сылдьан биир ыалга сиэн кыыстарын сөбүлүү көрөр. Аанчык баара-суоҕа 15-тээх. Уол кыыһы аан бастаан көрөөт да таптаабыта диэххэ сөп. Сонно тылыттан маппыта. Чобуо бэйэтэ бу ыалга киирэн саҥата көхсүттэн бэрт эрэйинэн булдьугуруур, талах олоппоско умса түһэн баран сиһэ көммөккө, тула өттүн көрбөккө эрэ тахсар буолан хаалбыта. Оттон кыыс кини баарыттан уолуһуйбута, дьиксиммитэ көстүбэт. Хата, кимнээҕэр сытыы-хотуу. Кэлэн аттыгар олорор, кэпсэтэ сатыыр. Балаҕантан тахсан баран уол суолу быһа кыыс сирэйин, быһыытын-таһаатын, чоҕулуччу көрбүт харахтарын, намылхай суһуоҕун санаан тахсар. Аныгыс сырыыга хайаан да кэпсэтиэм диэн иһигэр былааннанар. Ол гынан аныгы да сырыытыгар кыайан кэпсэппэт. Оттон кыыс Антон кэллэр олус үөрэр-көтөр, ас тардар, остуолга кини аттыгар ыкса олорон ааҕарын истэр.    Үһүс сырыытыгар дьиэлээх оҕонньор уолтан ким оҕото буоларын ыйыппытыгар: «Иирэлээххэ олорор Кууһума уолабын. Сэттиһи бүтэрдим. Быйыл ахсыс кылааска оройуон киинигэр барыахтаахпын» — диэн бэрт олуттаҕастык эппиэттээтэ. Эмээхсин уолу истэн баран оҕонньоругар:    — Биһиги да кыыспыт оҕоттон туох атыннааҕый, үөрэттэриэххэ баара. Бу оҕо курдук кэлэн хаһыат, сурунаал ааҕан биэриэ этэ... – диэн истэҕинэ анарааҥҥыта саба бардьыгынаан тохтотто. Мэктиэтигэр бобуллан ылла. Били маарыын сымнаҕас-эйэҕэс бэйэлээхтик унаарытан саҥара олорбута ханна да суох буолла, арааһа, «ыалдьар сирин» таарыйдылар быһыылаах. Ол бириэмэҕэ кыыс уолу илиититтэн ылан таһырдьа таһаарда. Сирэйэ кытаран хаалбыт, кыламаннара сиигирбиттэр:    — Мин Аанчык диэммин. Ийэм кинилэр кыыстара этэ. Аҕам дойду киһитэ, өссө ийэм баарыгар барбыт уонна кэлбэтэх. Кинини ийэбин олус таптыыра дииллэр. Сураҕа үөрэхтээх киһи үһү. Ийэм  кыра истээх хаалбыт, ону аҕам билбэккэ барбыт. Дойдутугар илдьэ бара сатаабытын ийэм барсыбатах. Ийэлээх аҕатын көрөн-истэн, сүөһүлэрин харайан олороору. Бардахпына ким кинилэри көрүөй-истиэй диэн чугастааҕы эр дьон кэлэн ыйыта сырыттахтарына кытта батан кэбиһэрэ үһү. Дьоно ыыта сатаабыттарын «оҕобун атаҕастатыахпын баҕарбаппын» диэбит. Ийэм ис киирбэх, сэнэх дьүһүннээҕэ эбитэ үһү. Эһэлээх эбэм уол оҕолоро суох буолан эһэм ийэбин бултуурга үөрэппит. Эһэм билигин 76-та, кыайан көрбөт, ол иһин саатын ийэбэр биэрбит. «Бултаан, илимнээн аһат» диэн. Биир күн ийэм бултуу баран баран сүтэн хаалбыта, туохха түбэспитин билбэппин. Мин кыра этим. Өлүгүн дьон булан аҕалбыттара. Ол кэннэ эбэлээх, эһэбэр көрөр харахтара, истэр кулгаахтара мин хаалбытым. Чугас аймахтарбыт суохтар. Ол иһин мин бу үөрэммэккэ олоробун. Өскөтүн мин билигин ханна эмэ баран хааллахпына кинилэр иэдэйэллэр. Аны сүөһүбүт, дьиэбит үлэтэ хайдах кыайтарыай?... Бу балаҕан ити эһэм дьонун дьиэлэрэ эбит. Урут үчүгэйдик сэниэ ыал ахсааныгар киирэн олорбуттар. Билигин сааһырдылар, кыамматтар. Мин үөрэххэ бардахпына өлөн хаалыахтара. Сүрэ бэрт. Кыахтара суох... Уоллаах кыыс кэпсэтиилэрэ атын таһымҥа тахсыбыт:    — Арай, мин эһигини кытта олордохпуна хайдах буолуой?    — Оччоҕо эн 8-с кылааска үөрэнэ барбаккар тиийэҕин. Үөрэҕиҥ хаалар, үлэҥ хаалар.    — Оттон мин эйигин таптыыбын дии....    — Антон, билигин эн биһиккини ким да холбуо суоҕа. Мин 15 саастаахпын, оттон эн 16-ҥ. Онон хаалар суолу саҥарба. Үөрэххин бүтэр. Ол кэнниттэн кэлээр. Сүбэлэһиэхпит.    — Нэһилиэк дьоно бааллар, кинилэр эбэлээх-эһэҕэр көмөлөһүөхтэрэ буоллаҕа дии    — Суох. Оннук сатаммат. Хаан уруу сиэнээх эрээри нэһилиэк харалтатыгар киириэхтэрэ дуо. Үөрэхтэнэн, үлэлэнэн кэллэххинэ биһигини барыбытын үлэлиир сиргэр көһөрөн илдьиэҥ буоллаҕа дии. Мин онуоха диэри улаатыам уонна эйигин кэтэһиэм. Сурук ыытыаххын сөп этэ эрээри, саатар кыайан аахпаппын-суруйбаппын ээ.    Уоллаах кыыс итинник кэпсэтэн, сүбэлэһэн улахан дьон курдук арахсаллар.    Антон орто оскуолаҕа үөрэнэ барбакка, Дьокуускай куоракка учуутал үөрэҕэр үс сылга үөрэнэ киирэр. Үс сылынан үөрэҕин бэрт кыһалҕалаахтык бүтэрэн кэлэр. Кэлээт да Аанчыгын көрдүү барар....    Тиийэн көрбүтэ, ыалын балаҕана кураанах турар. Арааһа, дьиэлээхтэр манна олорботохторо ырааппыт, сыл буолбут быһыылаах... Антон, биллэн турар, туох буолбутун билиэн баҕарар. Манна чугас ыал суох буолан, икки көстөөх сиргэ олорор  ыалга сүүрүүнэн тиийэр. 80-чалаах кырдьаҕас эмээхсин баара улаханнык тугу да кэпсээбэт. Арай тугу эрэ кистиир курдук туттан-хаптан:    — Киэһэ уолум Хабырыыс кэлиэҕэ. Кини барытын билэр. Бэйэтэ кэпсиэҕэ, — диир.    Антон, киһилии аһаабатаҕа-сиэбэтэҕэ, утуйбатаҕа ырааппыт киһи күүтэн олорон утуйан хаалар.  Дьэдьэн курдук тэтэрбит иэдэстээх Аанчыга киирэн таарыйбытыгар биирдэ соһуйан уһуктар. Кырдьык, кини эбит... * * *    Ааспыт үс сыл иһигэр оҕонньордоох-эмээхсин иккиэн өлбүттэр. Ону көмпүт Хабырыыс диэн сааһырбыт киһи Аанчыгы бэйэтигэр көһөрөн ылбыт.  «Сааһын ситэ илик эдэр кыыс оҕо хайдах соҕотоҕун олоруоҕай?» диэн. Аанчык төрөөрү сылдьар эбит. Эт туппут, төлөһүйбүт, дьахтар киэптэммит.    Кэпсэтии бастакы күн тахсыбат. Аһыы-сии охсон баран уку-суку утуйан хаалаллар. Иккис күн Аанчык ынахтарын ыан, ойуурга үүрэн барбытын көрөн Антон батыһан тиийэр. Уоллаах кыыс өр кэпсэтэллэр.    Аанчык барытын өйдөөхтүк ырытан, сиһилии кэпсии сатыыр, ону Антон өйдүөн баҕарбат. Кини Аанчыгы илдьэ барабын, онон бүтэр, кэнникитэ кэтинчэ да буоллун диэн санаалаах.    Киэһэ Аанчык эрэ Хабырыыс кэлэр. Туох да буолбатаҕын курдук кэпсэтэллэр. Түүн Аанчык кэргэнигэр барытын кэпсээн биэрэр. Хабырыыс соһуйар. Аанчык барсарын көҥүллээбэт.  Аанчык сытан эрэн ытыыр, аһынарыгар көрдөһөр. Тулаайах хаалбытыгар көмөлөспүтүн, илдьэ кэлбитин иһин баһыыбалыыр, ол эрээри син биир ыытарын туруорсар. Сарсыарда Аанчык Хабырыыс ийэтин кытта кэпсэтэр, ааттаһар. Сарсыныгар «дьиэ кэргэн сүбэтигэр» ийэлээх аҕата уолларыгар Хабырыыска:    — Эдэр дьону мэһэйдээмэ. Бэйэҕиттэн быдан балыс, таптаабат эдэр дьахтары кытта олороруҥ уустук буолбут. Ыыппатаххына дьахтарыҥ хаһан даҕаны бырастыы гыныа суоҕа. Куттаан хаһан баҕарар баран хаалыа. Эн, Хабырыыс, сотору 50 сааскын туолаҕын. Хата, кэлиҥҥи өттүгэр кэмсилгэн суох буоларын курдук, үчүгэй баҕайытык тэрийэн ыытыаҕыҥ. Эн оҕоҕун этэҥҥэ атаҕастаабакка иитэллэригэр баҕар. Кыыс 18 да сааһын ситэ туола илик. Сэбиэт саахсалаабаппын диэбит этэ дии. Бэйэҕэр сөптөөх дьахтары булуоҥ буоллаҕа.... – диэбиттэр.    Тэҥнэһиэ дуо, Хабырыыс бэркэ долгуйан, соргута самнан туран онно сөбүлэһэргэ күһэллэр. Кырдьык, кини «барыма» диэбититтэн сылтаан Аанчыга уоскуйан олорон хаалыа биллибэт. Туох да саҥата-иҥэтэ суох күрэһэн хаалбакка, хата, ыйыталаһан көҥүл эрэйбиттэрэ үчүгэй курдук. Ити курдук, Хабырыыс хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа Антоҥҥа:    — Хаһан да ити мин оҕом туһуттан кэргэҥҥин кырбыыр, атаҕастыыр буолаайаҕын. Ону истиэм да бараммын иккиэннэрин тиэйэн аҕалтыам. Ийэлээх аҕам тылларын ылынабын. Аанчыкка, оҕобор, эйиэхэ эмиэ дьолу баҕарабын... Аанчык туох да буруйа суох. Оҕобун уол буоллаҕына бэйэм ааппынан Хабырыыс, оттон кыыс буоллаҕына ийэм аатынан Өкүүс диэриҥ, — диэн алҕаан ыыппыт.    Аанчыктаах Антону оҕонньордоох эмээхсин ас тардан, остуол тэрийэн, дьолу-соргуну баҕаран алҕаан атаарбыттар.  * * *    Күһүнүгэр эдэр ыал уол оҕоломмуттара, онтуларын Хабырыыс баҕа санаатын толорон Гаанньа диэн ааттаабыттара. Кэлин Дьокуускай куоракка көһөн киирэн олохсуйбуттара, бастакы уолларыгар эбии уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Аанчык кэлин үөрэнэн фельдшер идэтин баһылаабыта. Антон үрдүк үөрэҕи кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, үтүөлээх учуутал аатын ылбыта. Кинилэр оҕолоро-сиэннэрэ күн бүгүнүгэр диэри Дьокуускай куоракка, өрөспүүбүлүкэ тас да өттүгэр дьоллоохтук олороллор.    «Үтүө киһи биир тыллаах» дииллэригэр дылы, били, тыаҕа хаалбыт «аймахтарын» кытта Антоннаах Аанчык хойукка диэри сылдьыһа турбуттара, оҕонньордоох эмээхсини тиһэх суолларыгар атаарсыбыттара. Санаттахха, Хабырыыс иккистээн кэргэннэммитэ, ол эрээри оҕоломмотоҕо.   Иннокентий Новгородов. 2007 с. Тарҕат:
kyym.ru сайтан