Кэпсээ
Войти Регистрация

Түүҥҥү булчут

Главная / Кэпсээн арааһа / Түүҥҥү булчут

K
22.02.2024 15:08
   — Туох диигин? Хаһыакка суруй даа... Но! Туох диэн суруйабын ол?.. һэ-һэ, мин кэпсиэм, эн хаһыакка үлэлиир буоллаххына суруй ээ... ...Ким билэр доҕор, туохтан саҕаламмытын.        Аан бастаан ыал буоларбытыгар ийэ кынныбын кытары бииргэ олорбуппут. Мин дьукаах киирдэҕим дии, кинилэргэ. Күтүөттүү. Кып-кыараҕас дьиэлээхтэр этэ. Инньэ гынан, биир обургу хоһу икки аҥы хайытан баран ортотугар хаптаһын быыс туруорбуппут. Быыс нөҥүө өттүгэр эдэрдэр, бэтэрээ өттүгэр – ийэбит. Ийэ кынным дьээбэлээх эмээхсин этэ, муннун тыаһатан утуйбута буола сытан биһигини иһиллиир идэлээҕэ. Мин кыбыстан туттуохпун да туттубаппын, тыытыахпын да тыыппаппын. Оттон саҥа холбоһо сылдьар киһи күүһэ-уоҕа дэлэлээх буолуо дуо?! Биир кэм бырылыы, дыыгыныы, тыгыалыы  сылдьар киһи онтон олус эрэйдэнэрим. Ойоҕум наар «көрүөхтэрэ» дии-дии мүччү-хаччы туттаран куота сылдьара. Кэлиҥҥинэн кыыһыран киирэн барарым. Туох ааттааҕай доҕор, эрдии-ойохтуу аатабыт сүгүн хоонньоспот диэн?! Кыыһым: «Туох ааттаах маньяк курдук киһини хаайан тахсаҕын? Озабочка!» — диэн саарбахтаабыттыы, сиилээбиттии көрөрө. Мин буоллаҕына: «Сэбиэт көҥүллээбитэ! Биэр!» — диибин... Урут Сэбиэккэ эр-ойох буолуу киниискэтин туттараллара. Сэбиэскэй былаас саҕана. Ону этэбин...    Биирдэ (хаарбах соҕус  да буоллар, дьонум «Москвич-41» бэлэхтээбиттэрэ) эмиэ тутуһуу-хабыһыы табыллыбатаҕыттан кыыһыран баран массыынабын собуоттаан доҕорбор баран истим. Киэһэлик этэ. Арай, биир мааны баҕайы кыыс (баҕар, олус мааныта да суоҕа буолуо, ону мин оччотооҕу “көрдүү сылдьар” харахпар олус тупсан  көстүбүтэ) суолга куоластыы турар. Оп-па! Күлэн мичийэн, тииһэ кэчигирээн, түөһэ эппэҥнээн, самыытынан оонньоон... Тохтоотум. «Сайсарыга диэри илдьэн биэрбэккин ээ», — диир. Уонна... мичээрдиир да мичээрдиир... Мин хайдах эрэ эмиэ хороҥноон, кычыгыланан киирэн бардым. Олортум. Кыыһым эйэҕэс, эйэргиир майгытыттан букатын да эрдийэн эрийсэн киирэн бардым. «Хи-хи-хии, ха-ха-хаа» буола истибит. Мин кыратык ону-маны кэпсээбитэ буола олорон ньилбэгиттэн таарыйдым. Кыыһым атыҥыраабата. «Таак! Ол аата сөбүлэһиэхчэ», — силбин быһа ыйыстан баран, илиититтэн ыллым. «Букатын даҕаны утарбат быһыылаах!» Түһүөхтээх аадырыһыгар чугаһаатаҕым аайы ыксыыбын – сүрэҕим субу түөспүн тилэри тэбэн тахсыах курдук. Уруулбун түҥнэри-таҥнары тутан ылбахтыыбын. Билиҥҥим курдук буолуо дуо, “тосхойбут бу дьолбун куоттарыам дуу” диэммин сымыһахпын быһа ытыран олордоҕум үһү! “Ама, охсор үһүө-э” дии санаан баран “хатааһылыы барыахха эрэ” диэн бал гыннардым. Кыыһым саараабыта буолан баран, сөбүлэстэ. Уонна оттон ойуур диэки уруулбун тутан кэбистэҕим дии. Оо, онно астыммыппыан! Дьэ, түһүнэн кэбистим ээ. Олох тохтуур аат суох, субу-субу баҕаран кэлэ турабын, кэлэ турабын. Сарсыарда диэки биирдэ кыыспын дьиэтигэр булларбытым.    Халлаан суһуктуйуута доҕорбор тиийдим. Уонна быры-бырылаччы утуйан хааллым. Санаабар туонна таһаҕаһы ылан бырахпыт курдук чэпчээбит этим.    Суунан-тараанан олоруубар ойоҕум сылгылыы кэллэ.    ...Ээ, суох, арахсар эҥин туһунан толкуйдаабатаҕым. Хата, “бүөмнээн саһа сылдьан киһи син дьыаланы оҥорууһу” диэн үчүгэй кистэлэҥи арыйбытым. Син балайда кэм ааспытын кэннэ эмиэ били кыыспын санаталаан кэлэр буоллум. Кыыспын буолуо дуо, ол соһуччу түбэспит дьол түгэнин. Кимтэн да кыбыстыбакка, туохха да эппиэттээбэккэ уҥа-таала таптаһыыны.    Бу сырыыга харчы өлөрө таксилыы диэн ааттаан таҕыстым. Презерватив, салфетка ыллым, соттор-мыыла угуннум. Уоран киоскаттан, маҕаһыынтан атыыластым. Бу сырыыга ох курдук оҥоһуннум.    Бастаан, халлаан сырдык  эрдэҕинэ, үс-түөрт киһини чиэһинэйдик тастым – харчыланным. Онтон фара уота холбонор кэмигэр, дьэ, аны биирдии турар дьахталлары сонордоһон бардым. Оп-паньки! Турар эбит, чыычааҕым сыыһа... диэбитим баара... кэнниттэн оҕо тахсан кэллэ. Чэ, буоллун. Илдьэн биэрдим. Күн эрдэ.    Төннөн истэхпинэ үс кыыс далбаатыы турар. Ылаттаатым. Кыргыттар биллэ холуочуктар эбит. Хата, бэйэлэрэ ууга-уокка түһэрдилэр. Аадырыстарыгар тиийэн нэһиилэ түһэртээтим. Кэбис. Мин “группен-секс” бакаа  баҕарбаппын.    Түүнү быһа халтай сылдьыбытым кэннэ, ГРЭС диэки байааттаҥныы турар дьахтар көһүннэ. Эдэрчи соҕус. Бааһынай. Сымыйанан нууччалаабыта буолар. Ханна эрэ үөдэн түгэҕин ааттаата. Чэ, олор. Тоҕо музыкаҥ суоҕуй? Бэйэм да ыллыахпын сөп. Ыллаан ыыра бардыбыт. Төрдүстээн «ньургуһуннары» ыллаабыппытын кэннэ, дьахтарым чуо-бааччы «хочу» диэн турда... Мин сатаатар эрэ. Тыа диэки салайдым. Уоннаа... Бааһынай, эбиитин итирик дьахтар уохтаах да буолар эбит!    «Арыгы сыта даа? Ээ, ол баҕарбыт омуҥҥар ону сыттыы сытыаҥ дуо... Короче, было грязно и остро».                       Эс, тугуҥ тылай!? Хайдах кэргэҥҥин кытта араас позаны барытын боруобалыаҥый? Быстах көссүүлэһии диэн быстах буоллаҕа. Онно туох баҕарар көҥүллэнэр. Кэргэниҥ диэн эн оҕолоруҥ ийэлэрэ. Бастатан туран. Онтон эрэ ойох. Ол эн онтуккун-мантыккын уоппут-сыллаабыт уоһунан мин оҕолорбун сыллыа-ууруо дуо?!  Кэбис.    «Араас дьахталлар бааллар. Саха кыргыттара дуо? Саха кыргыттарын туох да диэн түһэрэр-үөҕэр кыаҕым суох. Бары күүлэйимсэхтэр диэн этэр уолаттар, бэйэлэрэ тиксибэтэхтэриттэн кыһыйан этэн эрдэхтэрэ. Эр киһи киһиргэс ээ. Аккаастаабыт кыыһын кыһыытыттан сымыйанан «биэрдэ» диэн тыл ыытыан сөп. Ону бэйэтин курдуктар итэҕэйиэхтэрэ. Олох дьоһуннаах, дуоспуруннаах саха мотуруоналара бааллар, күлэн-салан, элэккэйдэр да көстөллөр. Кыргыттар да араастаахтар. Ол гынан баран холуочук, испит дьахтар, үгэс курдук, олус кэбэҕэстик бэринэр. Дьахтар «правильнай» буолуон баҕарар буоллаҕына — иһиэ суохтаах.    ...Урут, бастаан, эн эппитиҥ курдук, «бултуурум» саҕана — бор этим. Сөбүлэспит дьахтары барытын тыаҕа таһааран иһэрим. Билигин, улахан үөрүйэхтээх киһи быһыытынан, сирэбин-талабын, сыымайдыыбын.    ...Хараҥаҕа туох көстөрүй даа? Хараҥаҕа барыта абылаҥнаах, таайтарыылаах. Тупсан, туолан көстөр. Мин санаабар, түүн киһи, дьэ, дьиҥнээхтик дьиҥэ, кимэ-туга арыллар. Мин, билинэбин, күнүс, халлаан сырдыгар син ыал аҕата, ыал аҕатын курдукпун. Үлэлиибин. Хамнаспын ойохпор туттарабын. Оҕолорум туһугар кыһаллабын, сүүрэбин-көтөбүн, булабын-талабын, кэпсэтэбин-ипсэтэбин. Онтон түүн мин уларыйабын. Булчут ыт курдук сонордьут буолан хаалабын. Холобур, “көрдөөбүт” дьахтары ыраахтан сыттаан билэбин. Кырдьык, кырдьык, күлүмэ. Ол туох сыттааҕый диигин дуо? һэ-һэ, баҕарбыт дьахтар сыты таһаарарын баччааҥҥа диэри билбэт ханна сылдьыбыт киһигиний. Тоҕо күлэҕин? Кырдьык этэбин ээ. Ол оннук сыты ылабын. Биллэр-биллибэт минньигэс сыт кэлэр. Холобур, учуонайдар да этэллэр дии: дьахтар эр дьон болҕомтотун тардыан баҕарар буоллаҕына, кыратык “онтон” ылан кулгааҕын кэннигэр соттуохтаах диэн. Онно киһи соһуйара туох да суох! Французскай парфюмерия кытары ол сокуону тутуһар. Эр киһи бэйэтэ да билбэтинэн ол сыты мэйиитинэн таайар дьоҕурдаах. Сүөһүлэри көрөөччүҥ суох дуо? Сыттаһан быһаарсаллар буолбат дуо?    ...Чэ-чэ, хааллын. Өһүргэнэр буоллаххына... Олус үчүгэй таҥастаах-саптаах эрээри чанчарык баҕайы дьахталлар бааллар. Биирдэ икки мааны баҕайы дьахталлар олорустулар. Кып-кыратык «под шофе». Иккиэн саастаахтар. Чэ, 40-ра эҥин буолуо. Биирдэрэ суон, хара, кэтит сирэйдээх. Хара нуорка саҥыйахтаах. Атына маҥан, сырдык. Арааһа, ... улууһуттан быһыылааҕа. Кинилэр сап-саха буолан баран сырдыктар дии. Королевскай нуорка саҥыйахтаах – маҥан уонна хара эбирдээх. Саҥа атыыласпыт быһыылааҕа, олох туох эрэ чүмэчи курдук чоноччу туттан нэһиилэ хороллон олороро. Мин испэр ити дьахтары баҕара истим. Бастаан суон дьахтары баран түһэрдибит. Мин элбэх дьахтар буоллаҕына, саамай кыраһыабайын, ис киирбэҕин бүтэһик хаалларааччыбын. Бу сырыыга эмиэ кэтэх санаалаах маҥаммын тиһэх илдьэргэ сананным. Итинниги өссө боруобалыы илигим. Кэпсэттибит. Кэргэннээх, түөрт оҕолоох, өссө додо курдук дуоһунастаах эбит. Ону-маны кэпсэтэ олорон кэргэнэ бултуу барбытын биллим. Дьахтар атын эр киһиэхэ мээнэҕэ эрэ суоҕун кэпсээбэт ээ. Сигнал. Быһатын, эмиэ массыына иһигэр мучумааннаныы буолла. Дьахтарбын сыгынньахтаан иһэн өҥө-дьүһүнэ баран хаалбыт ис таҥаһын көрөн уостан хааллым. Суох, кирдээх диэн эппэппин. Хайдах эрэ эргэ баҕайытын көрөн ханнан хаалбытым. Эр киһи хараҕынан таптыыр. Буот, оннук тастара мааны баҕайы эрээри истэрэ соччото суох мадаамнар көстөллөр.    ...Омугунан? Улаханнык умайан туран омуктары сырсыбаппын эрээри, түбэстэхтэринэ аккаастаммаппын. Нууччаларыҥ барахсаттар ити чааһыгар олус судургулар. Били, илии суунар курдук улгумнук уонна улаханнык айгыстыбакка таптаһаллар. Кэлин эрдэригэр тиийэн суобастара оонньуура буолуо да дии санаабаппын.     Биир нуучча кыыһын өйдөөн хаалбыппын. Күһүн. Тыбыс-тымныы. Аппа уҥуоругар биир киһини илдьэн баран төннөн иһэбин. Кыыс турар. Сыгынньах бууттаах, кылгас кууркалаах. Олортум. Ньилбэгэ кып-кыһыл буолбут. Иһэлийбит. Маачаха аҕатыттан куотан дьүөгэтигэр баран иһэр үһү. Харчыта суох. «Натурой» ылаҕын дуо диир. Ыллаҕым дии. Сип-сибиэһэй кыысчаан этэ. Хайдах эрэ бүтэн баран кыбыстыбытым.    ...Кэргэним дуо? Ити түүҥҥү сырыым кэнниттэн кэргэним өссө ыраас буолан көстөр. Минньийэр. Хайдах эрэ сонун, саҥа имэҥ уһуктар. Сороҕор табыллыбатахпына киниэхэ эмиэ кыыһыран кэлээччибин. Таптаабат буолан сэрэйбэт дии санааччыбын. Сороҕор буруйдаах курдук сананан биричиинэтэ суох кэһии, бэлэх бөҕөтүн ылабын. Арааһынай буолар. Сороҕор кырдьык маньякпын дуу, тугуй, диэн саарбахтыыр санаа аалааччы. Ол олох дэҥҥэ.      ...Мин баҕарар дьахтарым дуо? Дьахтар барыта кэрэ. Чэ... дьэтигэр саҥа киирэн эрэр (ол аата дуо? Ол аата отутун туолаары сылдьар), хайдах таптыыры уонна таптатары сатыыр, билэр, сыаналыыр,  чэнчис, үтүө-мааны быһыылаах-таһаалаах  кыыс-дьахтар.     ...Чэ, көрсүөххэ диэри. Ханнык хаһыакка суруйабын диэтиҥ? Ээ, сөп. Ол эрээри, массыынам мааркатын, ааппын суруйаайаҕын эрэ. Киһини онно-манна тиэрдиэххит.    Петр Маслов. Тарҕат:
kyym.ru сайтан