Кэпсээ
Войти
Регистрация
Үөр буолбуттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Үөр буолбуттар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.02.2024 15:02
Саха итэҕэлинэн үөр диэн айыы киһитин сиир абааһыны ааттыыллар. Үксүн орто дойдуга олоро кэлбит киһи куһаҕаннык өллөҕүнэ, эрдэ суорума суолланнаҕына, киһи илиититтэн өллөҕүнэ эбэтэр бэйэтэ киһи тыыныгар турбут буоллаҕына үөр буолар. Үөрү, абааһыны киһи куһаҕаҥҥа, ыалдьаары, өлөөрү гыннаҕына көрөр дииллэр. Былыр биһиги өбүгэлэрбит куһаҕаннык өлбүт киһи үөр буолбатын диэн, араас сиэри-туому тутуһаллар эбит. Айыы киһитин үөр буулаатаҕына, киһи олоҕо олох буолбат, алдьанан-кээһэнэн барар. Ол курдук үөр буолбут дьон тустарынан былыргы үһүйээн аата-ахсаана суох үгүс. Бастакы түбэлтэ Былыр, уон тохсус үйэ саҕаланыыта, олоро сылдьыбыт сэниэ ыал туһунан маннык үһүйээн баар. Бу ыал эбэлэрэ, бүдүгүрэ кырдьыбыт Алтахтыыр Алааппыйа биир күн дьиэлээхтэр суохтарына хотонугар тахсан, моҥнон өлбүт. Өлүөн иннинэ бу эмээхсин мэнэрийэн, кутуран тииһигирэр идэлэммит. Тииһигэ киирдэҕинэ: «...арҕаа диэкиттэн ааһан иһэр абааһы аймаҕым бардыбыт диир даа...» — диэн тыллаһар эбит. Бастаан дьоно аахайбакка гынан баран, кэлин куттанар буолан барбыттар уонна чугастан биир соччо-бачча үөргэ, абааһыга сыһыана суох ойууну көрдөһөн-ааттаһан кыырдарбыттар. Ойуун кыырбыт да, буулаабыт абааһыны кыайан үтэйбэтэх. Ити кэннэ дьиэлээбит, тиийэн суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар гына ыалдьыбыт. Оттон эмээхсини үөр бэйэтигэр тиийиннэрэн илдьэ барбыт. Ойуун көрүүлэммитинэн, бу ыал урут бэйэтигэр тиийиммит чугас уруулара киһи сиэр-туом быһыытынан харайыллыбакка үөр буолбут уонна бэйэтин сыдьаанын илдьэ барбыт үһү. Иккис түбэлтэ Эдэр ыал аҕата, суоппар киһи, ардахтаах күн ыраах айантан дьиэтигэр эргиллэн иһэн, массыыната халтарыйан түҥнэстибит. Эрэйдээх улаханнык эчэйэн өрүттүбэккэ, үс уу кырбас оҕотун тулаайах хаалларан өлөөхтөөбүт. Бу кэннэ ыал ийэтэ хас түүн аайы кэргэнин түһээн көрөр идэлэммит. Киһитэ туох да буолбатаҕын курдук, үөрэ-көтө сылдьар буолар эбит. Дьонун суохтаабытын, оҕолорун ахтыбытын кэпсиир, миэхэ кэлиҥ диэн, үүйэ-хаайа тутар. Дьахтар бу туһунан ыал эмээхсинигэр кэпсээбитигэр, сыттыгыҥ анныгар биилээхтэ угун диэн сүбэлээбит. Ол сүбэни толорбутун кэннэ бокуонньук эрин балай эмэ көрбөккө сылдьыбыт. Арай туран, биирдэ эмиэ түһүүр: кэргэнэ элэ-была тылын этэн, кинини үүрбэтигэр, «урут тыыннаахпар таптыыр эбит буолларгын миигин аһын, бииргэ буолуох» диир. Дьахтар кэргэнэ өлбүтүн чуо билэр буолан, хата, аккаастанар. Сүрдээҕин куттанан-уолуйан уһуктар. Түүл түүлүнэн хаалыа эбитэ буолуо да, аны аҕыйах хонон баран, арыый да обургу уола: «Аҕам тыыннаах ээ, миигин кини куруук көрөр, маныыр. Эн тоҕо кинини ыраах барбыта, өлбүтэ диигин?» – диэн соһутар. Дьахтар оҕо тылын аахайбатаҕа буола сатыыр да, онто дьикти кэпсээнин сотору-сотору хатылыыра үһү. Ол иһин огдообо барахсан табыллымына, ити дьиэтиттэн буолуохтааҕар атын кый ыраах бөһүөлэккэ көһөн барарга күһэллэр. Ол куотан да быыһамматах. Син биир түүлүгэр көстөрүн иһин, аал уокка айах тутан, улаханнык көрдөһөн-ааттаһан эрэ баран утуйар идэлэммит. Кэлин дьон сүбэтин ылынан, дойдутугар төннөн кэргэнин уҥуоҕар тэтиҥ тоһоҕону астарбыт. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн бокуонньук кинилэртэн арахпыт. Үһүс түбэлтэ Айан суолун кытыытыгар олохтоох ыал мааны кыыстара, эргэ барар сааһын ситэн баран эмискэ ыалдьан өлөн хаалар. Төрөппүттэрэ хаарыаннаах күҥҥэ көрбүттэрин аһыйан бэркэ ытаабыттар-соҥообуттар. (Сахалар киһи өллөҕүнэ, мээнэ айманары, ытыыры-соҥууру буойаллар этэ. “Өлүөхсүт дууһата чугас дьоно наһаа хараастарыттан барыахтаах сиригэр барбат» диэн буолара.) Эргэ барбакка эдэр саастарыгар суорума суолламмыт кыргыттар орто дойдуга үөр буолан сылдьаллар үһү. Бу кыыс кутун сир ийэ ылбакка үөр буолан айан дьонун куттуур идэлэммит. Ордук ойоҕо суох, сулумах дьон бу суолу быһа охсон ааһалларыттан куттаналлар эбит. Биирдэ орулуур отут сааһыгар диэри ойох диэни билбэтэх Көстөкүүн Сүөдэрэп диэн киһи, өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, суолуттан туораан, чуо бу сиринэн ааһар «дьолломмут». Кыыс үөрүн туһунан бу киһи син үһү-таамах курдук истэрэ эбитэ үһү да, соччо суолта биэрбэккэ маҥан чуоҕур атынан аа-дьуо айаннатан испит. Арай ол айаннатан истэҕинэ ата туохтан эрэ сиргэнэн, иҥэрсийэн ыла-ыла өрө мөхсөн барбыт. Көстөкүүн атын мөҕө иһэн, кэннигэр киһи мэҥэстибитин курдук ыйааһыннаах туох эрэ олорсон иһэрин билбит. Сэрэнэн, хайыһан көрбүтэ, бэрт мааны таҥастаах-саптаах кэрэ бэйэлээх кыыс оҕо кырыыбалыы олорон, мэҥэстиһэн иһэр эбит. Көстөкүүн, төһө кыалларынан билбэтэҕэ буола-буола, атын ыксатан, кымньыылаан ыла-ыла бөтөрөҥнөтөн испит. Ол курдук төһө өр айаннаабыта эбитэ буолла, хонук ыалыгар тиийэн туох буолбутун дьиэлээх оҕонньорго аргыый сипсийэн кэпсээбит. Анарааҥҥыта атын айылгылаах ойох буолан сүктэн кэлбитин сэрэйбит уонна эдэр киһини ойуунунан үтэйтэрэригэр сүбэлээбит. Ити кэпсэтии итинэн хаалбыт. Көстөкүүн ойууннана-таймалана барбатах. Кэлэр сылыгар улаханнык ырбыт-дьүдэйбит, бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах киһи саҥатыттан маппыт. Ол курдук уонтан тахса сыл олоро сатаан баран, моҥнон өлбүт. Олорбутун тухары кэргэн ылыахтааҕар буолуох дьахтар диэҥҥэ ончу чугаһаабатах. Төрдүс түбэлтэ Киһи эрэ үөр буолбат эбит. Торбос, кулунчук абааһыта үөр буолан ыалы ыалынан эһэрин туһунан кэпсииллэр. Ол курдук торбос абааһыта буулаабыт ыалыгар хороҕор муостаах турбат буолар эбит. Оттон кулунчук үөрэ буулаатаҕына, дьөһөгөй оҕото кэхтэн барара үһү. Былыр, саха сис ыалын баайа сүөһүнэн, сылгынан мээрэйдэнэрин саҕана, Топпоттор диэн ааттаммыт ыал хороҕор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн сытыйа байан олорбут. Бу ыал баайдарын аанньа киһи сиэрин таһынан куһаҕан майгылаах-сигилилээх дьон эбит. Ол курдук харахтааҕы утары көрдөрбөккө, тыллааҕы утары этиппэккэ киэптээн-киэбирэн ахан олорбуттар. Кыра дьону наар атаҕастаан, балыйан баайдарын эбии хаҥаталлара үһү. Ол да буоллар сэттэрэ туолан кинилэр да кэһэйбиттэр. Биир дьыл муспут баайдара, сүөһүлэрэ-сылгылара кэхтэр аакка барбыт. Бу ыал ыксаан Хаан Айыы ойуунун ыҥыртаран Ынахсыт тартарбыттар, Дьөһөгөйгө ытык ыстарбыттар. Ол да кэннэ уруккуларын курдук чэчирээн барбатахтар. Сүөһүлэрэ, сылгылара аата-ахса суох төрүүр эбит да тута өлөн-сүтэн, баранан иһэр эбит. Бу ыал ыксаан, эмиэ ойуун ыҥыран кыырдарбыттар. Онтулара кыыран баран, маннык диэн көрүүлэммит: «Эһиэхэ торбос, кулунчук үөрэ бөҕө тоҕуоруспут... үүрэ сатаатым... төннөн кэлбэтэхтэринэ, син ыал сиэринэн олоруоххут. Торбоскут үөрэ туттарбакка сордоото, арҕаа диэки өкөгөр тиит мас үүнэн турарыгар чороччу кэлгийэн кэбистим». Ити кэнниттэн бу ыал олоҕо сыыйа көнөн барбыт. Майгылара-сигилилэрэ, дьоҥҥо сыһыаннара да киһитийбит. Бэһис түбэлтэ Мунан өлбүт киһи дууһата орто дойдуга хаалан үөр буолбутун туһунан маннык үһүйээн баар. Отучча сыллааҕыта куобах үүрэ диэн ааттаан, биир кыра дэриэбинэ эр дьоно тыаҕа тахсыбыттар. Кинилэри кытары биир хаһан да булт эҥин диэҥҥэ кыттыспатах, хараҕынан мөлтөхтүк көрөр Сиимэн диэн саас ортолоох киһи барсыбыт. Балайын билэр буолан, кинини тоһуурга туруорбакка үүрүүгэ ыыппыттар. Ол курдук былааннаан куобах күрэҕин саҕалыыллар. Тиһэҕэр мустуу буолбутугар биирдэ өйдөөбүттэрэ, киһилэрэ суох эбит. Хаһан сүппүтүн ким да билбэт буолан биэрэр. Ол киһини биэс түүннээх-күн көрдөөбүттэр да – көстүбэтэх. Сэмээр, баҕар, өлүгүн булчуттар булуохтара диэн кэтэһэллэр эбит. Кэнникинэн олох да умна быһыытыйбыттар. Арай биир кыһын дэриэбинэҕэ дьикти сурах тарҕанар. Былатыан диэн киһи туһаҕын кэрийэ сылдьан титирик быыһынан элэҥнээн, киһи ааһан эрэрин көрөр. Онто хаамарын тухары уоһун иһигэр ытыыр-ыллыыр ыккардынан киҥинэйэрэ үһү. Былатыан хаһыытаан көрөн баран, киһитэ истибэтэҕэр кэнниттэн эккирэтэр. Чаас аҥаара оннук сырса сатаан баран Былатыан тохтуур. Сүүрэрин тухары тоҥуу хаары алдьатан испитин, иннигэр олох да тыытыллыбатах хаар сытарын, дьэ, өйдөөн көрөр. Хата, киһитэ кини буолан муммакка дьиэтигэр кэлбит. Ол сырсыбыт киһитэ дьылыгар сөбө суох халтаҥ таҥастааҕа үһү. Ити түбэлтэ кэнниттэн дьон ойуурга хам-түм биллибэт киһини көрбүт сурахтаахтар. Сорох батыһан муна сыспытын туһунан эмиэ кэпсиир. Ол, били, муммут киһи үөрэ буолуо диэн таайаллар. Мунан өлбүттэр үөрдэрэ киһини муннарар идэлээх дииллэр. Алтыс түбэлтэ Сиэмэх ойуун үөрэ, абааһыта киһини сиир дииллэр, оччоҕо киһи өлөр. Сиэмэх ойуун күүһүн куһаҕаҥҥа эрэ туһанар. Кини сатаспатах киһитин хас да көлүөнэни нөҥүөлээн кыраатаҕына, бу киһи сыдьааннарын ойуун үөрдэрэ, абааһылара сиэн имири эһэллэр. Былыр ойуун, удаҕан олус ытыктанар кэмигэр биир сиэмэҕинэн аатырбыт ойуун олорбут. Кини кырыыр-таныйар үгэстээҕин иһин быһа “абааһы ойууна” диэн ааттыыллар эбит. Кинини хаһан да үтүө дьыалаҕа ыҥыран кыырдарбаттар эбит. Ойуун биир да уруута суох чороҥ соҕотох үһү. Аймаҕын барытын абааһыта сиэбитэ буолуо дииллэр. Дьэ, бу ойуун биир мааны ыал атаах кыыһын ойох ылаары тииспит. Кыыс дьоно куттанан, туох диэн утарыахтарай, сөбүлэспиттэр. Арай кыыстара туран, батынан кэбиспит. Онуоха ойуун өһүргэнэн маннык саҥалаах буолбут: “Сирэ-тала оонньообутуҥ, кэнникитин иэстэбиллээх буоллун, төрөтөр оҕоҥ түҥнэри төлкөлөннүн, кэскилиҥ кэнэҕэһин кэхтэн истин, уу ньуура кэрэ дьүһүнүҥ устар ириҥэ буолан тоҕуннун, омнуолуу көрбүт хараххын суор кыылым оҥо хаһыахтын...” Итинтэн да элбэҕи эппит-тыыммыт. Ити кэннэ кыыс эрэйдээх ымынах баас буолбут, көрөрө мөлтөөн олох да буорайбыт. Оҕо-уруу тэниппэккэ бу сиртэн күрэммит. Сиэмэх ойуун абааһыта сиэн бардаҕа. Өлүөхсүт сүгүн харайыллыбакка эбэтэр сиэр-туом тутуһуллубакка үөр буолан, дьону эрэйдээбитин туһунан үһүйээн элбэх. Онтон үксэ былыр, абааһыга, айыыга итэҕэл күүстээх, үөрэх, сайдыы суох кэминээҕилэр. Билиҥҥи кэмҥэ үөр буулаабытын туһунан түбэлтэ сэдэх. Баҕар, ити былыргы киһи хараҥатыттан, үөрэҕэ суоҕуттан ыарыыны, олоххо табыллыбаты барытын үөргэ, абааһыга күтүрүүрүттэн буолуо. М. Иванова Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан